Өтөрүнэн буолбатах өрө көтөҕүллүүгэ уйдаран
Ааспыт өрөбүлгэ Олоҥхо театрын туруоруутугар «Хардааччы Бэргэн” испэктээккэ сылдьан, олус улахан дуоһуйууну, астыныыны ыллым. Өтөрүнэн буолбатах өрө көтөҕүллүүгэ уйдаран, санаабын үллэстэ охсорго тиэтэйдим.
Бастатан туран, испэктээк элбэх киһи үлэтэ буолара биллэр. Тыыннаах доҕуһуолтан саҕалаан, уота-күөһэ, декорацията — барыта олус табыллыбыт, ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаммыт, сцена кыаҕа толору туһаныллыбыт. Дьиэ-уот ис бараана, айылҕа көстүүтэ диэн суох, оонньуу — барыта кирилиэс курдук үрдээн тахсар икки подиумҥа буолла. Сцена ортотугар эмиэ да сир шара, эмиэ да Уот кудулу байҕал буолан ылар кыра үрдэл баар. Эмиэ да аныгылыы, эмиэ да олоҥхолуу моһуоннаах таҥастарын-саптарын эриэккэһин туһунан этэ да барбаккын, бэл, Абааһыбыт кыыһын таҥаһа үс төгүл уларыйда.
Олоҥхо театрын хас саҥа испэктээгин көрдөҕүм аайы артыыстар балет артыыһын курдук имигэс пластикаларын, кынаттаах кэриэтэ чэпчэкитик көтө-дайа сылдьалларын сөҕөбүн-махтайабын. Итиннэ өссө хамсаныыны, үҥкүүнү кытары тэҥҥэ ыллыахха-туойуохха наада эбээт! Сүрүн оруолу уһулуччу талааннаах, оҕо эрдэҕиттэн олоҥхону толорооччу быһыытынан киэҥник биллибит Гаврил Мэҥкээрэп толордо. Кини ханнык да оруолу толорбутун иһин олус органичнай, итэҕэтиилээх. Бу сырыыга артыыс үгэс буолбут, тоҥ маһы тоҕута тыытар күүстээх-уохтаах бухатыыры буолбакка, уустук быһыыга-майгыга түбэспит саха судургу киһитин иэйиитин, дьайыытын көрдөрдө дии санаатым. Кини Кугас Хаан атын театр саамай пластичнай артыыһа Дмитрий Хойутаанап олус бэркэ биэрдэ. Долгуннурар аһын сиэл курдук санныгар ыһан, ат курдук кистии-кистии, ойон-тэбэн бардаҕына, киһи кинини кытары тэҥҥэ туран эккирэһиэх курдук. Кини оруолун тылынан буолбакка, аҥардас иҥэрсийиинэн, туттуутунан-хаптыытынан чаҕылхайдык арыйда. Хас биирдии оруолун иҥэн-тоҥон, кыайа-хото арыйар Анастасия Алексеева Абааһы кыыһын бу да сырыыга ис-иһиттэн бугуһуйан, экспрессивнэйдик оонньоото. Олоҥхо-испэктээк биир чыпчаал түгэнинэн туохтан да куттаммат-чаҕыйбат Абааһы кыыһа сцена үрдүнэн көтө сылдьыыта буолла. Көрөөччүлэр бары да кылгас кэмҥэ циркэҕэ олорор курдук сананан, долгуйан ыллыбыт быһыылаах.
Чахчы да, театрга кыра оруол диэн суоҕун бүгүн киэһэ артыыстарбыт бигэргэттилэр. Ол курдук, кылгас кэмҥэ киирэн эрэ тахсыбыт илдьит этэр Сорук Боллур испэктээккэ хара маҥнайгыттан ураты тыыны киллэрдэ, оттон Абааһы кыыһын Ыта араастаан туттан-хаптан, хотунун уобараһы ситэрэн-хоторон биэрдэ. Кинилэр олоҥхо омунун, көрүн-көрүдьүөһүн араас комическай кырааскаларынан байытан, тупсаран киэргэттилэр.
Ханнык баҕарар олоҥхоҕо курдук «Хардааччы Бэргэн» олоҥхо биһиги, сахалар, ханнык да абааһы күүһүгэр бэриммэт күүстээх санаалаах омук буоларбытын бигэргэтэр. Олоҥхо сүрүн идеята — хараҥа күүс хайаан да кыайтарыахтаах, сиргэ эйэлээх, дьоллоох олох эргийиэхтээх диэн бары саха дьонун уһук мындаа санаата. Атын олоҥхолортон биир уратыта диэн Хардааччы Бэргэн уонна Туналыкаан Куо оҕолоро Орто дойдуга дьоннорун кытары бииргэ олох олорор кыахтара суох эбит, кинилэр аналлара – Үөһээ дойдуга сылдьан айыы дьонун харыстаһыы. Дьонноро ону ылынан, ытыы-соҥуу, сайыһа хаалбакка, холкутук ыыталлара билиҥҥи олох кыһалҕатын ханан эрэ таарыйар буолуон сөп.
Испэктээк тухары саҥаттан-саҥа ураты уонна дьикти көстүү утуу-субуу солбуһан истэ. Бэл, кыра оҕолор, сахалыы билбэт омук дьоно умсугуйан, сэҥээрэн, кэрэхсээн көрдүлэр.
Олоҥхо бүтүүтэ көрөөччүлэри кытары бииргэ сүһүөхпэр туран, үчүгэйэ, кэрэтэ бэрдиттэн саҥабыттан матан, күөмэйбин хомуок бүөлүү түһэн, «биис, браво” да диэн хаһыытыыр кыаҕа суох ытыспын таһына турдум. Ол туран эрэ Олоҥхо театра уон биэс сыл иһигэр олус да сайдыбыт, Сахабыт сирин атын омуктарга киэн тутта көрдөрөр бастыҥ баайа буолбут дии санаатым.
Көрөөччүлэргэр өрүү кэрэни бэлэхтиир театрбыт, хатыламмат, ураты туруорууларгынан, сонун булумньуларгынан биһигини өссө да уһуннук үөрдэ тур, үүн-сайын, саҥа үрдэллэргэ дабайан ис!
Валентина Семенова.
Уйулҕан түһэриитэ.