Олоҥхо оһуора — күн оһуохайа
Муус устар 7 күнүгэр Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр быйыл саха төрүт үҥкүүтэ – оһуохай – Арассыыйа норуоттарын 100 бастыҥ култуурунай нэһилиэстибэтин ахсааныгар киирбитин бэлиэтээн, оскуолалар икки ардыларыгар аан маҥнайгытын «ОҔО СААС КҮННЭЭХ ОҺУОХАЙА» диэн оҕолорго оһуохай күрэҕэ буолла.
Тэрийээччилэринэн Уолбатааҕы И.Слепцов аатынан Норуот айымньытын киинэ, улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтэ, улуустааҕы Үөрэх салалта буоллулар.
Куонкуруска 6 оскуола толору хамаанданан кытынна. Оһуохай түһүлгэтигэр 36 оҕо күрэхтэстэ.
Ытык Күөллээҕи “Күн туллуктара” оҕо саадын фольклорга уһуйааччыта, олоҥхону толорооччу Альберт Шестаков, А. Е. Мординов аатынан Таатта лицейин саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Оксана Андросова, Уолба нэһилиэгин спорт инструктора, оһуохай этээччи, олоҥхону толорооччу А.Н. Семенов дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
Кыттааччылары сылаас алаадьынан күндүлээн, эҕэрдэ тыллар этиллэн, оһуохайы оройуттан тутан, күн эргииринэн эргийэн, күрэх эрчимнээхтик барда.
Күрэх түмүгүнэн бастыҥнары улууспут, нэһилиэкпит тэрилтэлэрин анал бириистэринэн наҕараадалаатылар, биирдилээн кыттааччыларга анал бириис олохтонно.
«Уран тыллаах оһуохай таһаарааччы» анал аат – Хоютанова Нарыйа, Г.Д. Бястинов аатынан Чымнаайы орто оскуолата. Бирииһи Уолбатааҕы ФАП (сал. Никонова М.И.), Макар Хара аатынан модельнай библиотека (дир. Рахлеева Е.К. туруорудулар.
“ Тэтимнээх оһуохайдьыт” – Таппырова Алина (ветеринарнай учаастак (сал Слепцова З.И.) анал бирииһэ)
«Чуор куоластаах оһуохайдьыт» — Канаев Афоня (Уолба нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Винокуров А.А.)
Оһуохай этэр оҕолору көҕүлүүр сыаллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуохай этээчиллэрин анал бириистэри туруордулар. Ол курдук, Попов Афанасий Николаевич бирииһэ «Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» анал ааты ылбыт Попова Ангелинаҕа (Дьохсоҕон оскуолата), Потапов Иван Иванович бирииһэ «Кэскиллээх оһуохайдьыт» анал ааты ылбыт Окоемов Айталга (Тыараһа оскуолата), Иванов Иван Федотович бирииһэ «Түөлбэ үгэһин тутааччы» анал ааты ылбыт Сабарайкина Каринаҕа (Тыараһа оскуолата)
“Бастыҥ салайааччы” — Прокопьева Татьяна Юрьевнаҕа (Чымнаайы орто оскуолатын учуутала)
«Бастыҥ кыначчыт» — Харбалаахтааҕы оҕо искусствотын оскуолатыттан Алгыстаана Федорова, Алина Сидорова (салайааччы Парфенова В.А), Тааттатааҕы лицейтэн Айыллаана Большакова, Аэлита Петрова ыллылар.
III Үрдэл – В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын хамаандата, салайааччы Боппосова А.П. (Уолба орто оскуолатын анал бирииһэ).
II Үрдэл – М.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы орто оскуолатын хамаандата, салайааччы Говорова М.Ф. (улуустааҕы үөрэх салаатын анал бирииһэ).
I Үрдэл – А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей хамаандата, салайааччы Татаринова П.Ф. (улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ).
Кылаан бириис – А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын хамаандата, салайааччы Попова Л.А. (И.И.Слепцов аатынан Уолбатааҕы норуот айымньытын киинэ туруорбут ПРИНТЕРИНЭН наҕараадаланна).
Оһуохай күрэһин анал көһө сылдьар Кубогын кыайыылаах оскуолаҕа үөрүүлээх чааска туттарыллынна. Биэс сылынан Уолба нэһилиэгэр эргийэн кэлэн ыытылларыгар, бүгүҥҥү түһүлгэттэн куорсун анньынан, оһуохай эйгэтигэр ситиһиилэр кэлэ туруохтарын, киэҥ оһуохай түһүлгэтигэр саҥа ааттар тахсан иһиэхтэрин тэрийээччилэр баҕа санааларын этэн хааллылар.
Бу сайын Чөркөөххө ыытыллар Ойуунускай ааҕыыларыгар оһуохай түһүлгэтигэр бэлэмнэнии саҕаланна.
Өбүгэ саҕаттан олохтоммут оонньууну – оһуохайы – киэҥник тарҕатар, саха норуотун култууратын сайыннарар, сүппэт, симэлийбэт суолун сөргүтэр, кэрэ эйгэлээх оһуохайбыт үйэ-саас тухары аар саарга аатырдын!
Анна Боппосова
Уолба, Таатта