Олоҥхо энциклопедията оҥоhуллуоҕа
Олоҥхону тилиннэриигэ, тарҕатыыга, сайыннарыыга сүҥкэн кылааттаах норуот дьокутаата, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков «Олоҥхо энциклопедиятын» бэлэмнээһин уонна таһаарыы боппуруоһугар сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта.
Бырайыак саха норуотун эпическэй култууратын пааматынньыктарын уонна сүрүн өйдөбүллэрин ситимниир ыйынньыгы киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах-соруктаах. Аныгы эпосоведение ситиһиилэрин күөнүгэр олоҥхоҕо дириҥ интэриэһи үөскэтиэхтээх ХИФУ Олоҥхону чинчийэр научнай институтун дириэктэрэ, таһаарыы кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Руслан Анисимов энциклопедия биэс туомнаах буолуохтааҕын иһитиннэрдэ.
Энциклопедияҕа олоҥхоһуттар, олоҥхону толорооччулар, олоҥхолор ис хоһооннорун, идиэйэлэрин, сюжеттарын, матыыптарын, дьоруойдарын тустарынан матырыйааллар, топонимия, тыл уонна поэтика, философия, итэҕэл өйдөбүллэрэ, этнография чахчылара, сибидиэнньэлэрэ, о.д.а. киириэхтэрэ.
Кини этэринэн, бастакы туом олоҥхоһуттарга ананыаҕа. Билиҥҥи туругунан, испииһэккэ 493 олоҥхоһут киллэриллибит. Кинигэ матырыйааллара научнай-популярнай, публицистическай литератураҕа, архыып, түмэл докумуоннарыгар, фольклорнай эспэдииссийэ матырыйаалларыгар, о.д.а олоҕурар.
Мунньах кыттыылаахтара энциклопедия тутулун, хас биирдии туом ис хоһоонун, СӨ Национальнай художественнай түмэлин пуондатыгар сыыппара көмөтүнэн харайылла сытар олоҥхолор тиэкистэрин куоппуйаларын ырыттылар, салгыы үлэ хаамыытын дьүүллэстилэр.
Ил Түмэн вице-спикерэ Александр Жирков энциклопедия научнай ыстаатыһын намтаппат туһугар, олоҥхо бары хайысхаларынан дириҥ өйдөбүлү биэрэр, киэҥ ис хоһоонноох, үрдүк хаачыстыбалаах уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөнүөмтүө кинигэни бэлэмнээн таһаарарга ураты болҕомтону уурарга эттэ. Бырайыак киэҥ далааһыннааҕын, уһун болдьохтооҕун, итиэннэ көрүгүнэн «Аан дойду норуоттарын эпическэй пааматынньыктара» диэн аан дойдутааҕы бырайыакка сөп түбэһэрин бэлиэтээтэ.
Кини Евразия киэҥ иэнигэр духуобунас уонна култуурунай сибээс сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрэригэр, норуоттар икки ардыларынааҕы култуурунай алтыһыыны, өйдөһүүнү күүһүрдэригэр эрэнэрин биллэрдэ.
Василий Прокопьев
Хаартыска В.Кононов, Интернет ситимиттэн