Өймөкөөннөр Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөхтүк бэлэмнэнэллэр
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар үгүс өрүттээх бэлэмнэнии үлэтэ бары хайысханан тэтимнээхтик ыытыллар. Бу туһунан Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров маннык сырдатар:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтин биэс улахан эбийиэгэр үлэ бара турар.
Куйдуһуҥҥа — алтыс биригээдэ, ипподромҥа сэттис биригээдэ үлэлиир. Нэһилиэкпитигэр тупсаҕай оҥоһуулаах балаҕан тутуута түмүктэнэн эрэр. Толору хааччыллыылаах балаҕан кыһыннары үлэлиэҕэ. Манна ытык кырдьаҕастарбыт мустар сирдэрэ буолуоҕа. Сырдыга, тупсаҕайа — уопуттаах маастардар туппуттара дии саныы сылдьыахпыт.
Ыһыахтыыр түһүлгэҕэ Аал Луук Мас тутуута тэтимнээхтик барар.
Дьон хаартыскаҕа түһэр зоналарын бэлэмнээн бүтэрдибит.
Ипподромҥа Мирон Егоров салайааччылаах олохтоохтортон тэриллибит биригээдэ 512 киһи олорор тырыбынатын тутан бүтэрэн эрэр.
Маны таһынан, күрүө-хаһаа тутулла турар, аттар сүүрэр суолларыгар буор кутуллан бүттэ. Тутуу матырыйаала кэмигэр кэлэн, үлэ харгыстаммат. Онон уолаттар үлэлэрин сотору кэминэн түмүктүүр соруктаахтар. Сордоҥноох эр дьоно ыһыах сиэригэр-туомугар туттулар олоппоско талах быһан бэлэмнээтилэр.
Улуустааҕы култуура управлениетын нэһилиэктэринэн түһэрбит былаана — 20 устуука талах олоппос. Улуус киинигэр Уус Ньараҕа 40 талах олоппос оҥоһуллуохтаах.
Елена Потоцкая, «Саха Сирэ»