Ытык Бахсы Далбар Хотуна - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Ытык Бахсы Далбар Хотуна

Ытык Бахсы Далбар Хотуна

Хайа да кэмҥэ, ханнык да сиргэ, хайа да дьыалаҕа, туруоруммут соругу олоххо киллэрэргэ, этэргэ дылы, дьөрү салгыны да хамсатан ылбакка, чуумпутук, үгүс саҥата-иҥэтэ суох сылдьан, дьаныардаахтык барытын кэмигэр уонна, кылаабынайа, сөпкө оҥорон, үлэни үмүрүтэн, ситэрэн-хоторон иһэр дьон баар буолаллар. Оннук киһилээх буоллаххына, бу – дьол, бу – табыллыы. Оттон кинини таба көрөн, талан ылан, хамаандаҕа киллэрии – туһугар бэйэтэ эмиэ талаан буоллаҕа.

Холобур, биһиги, сахалар, ОЛОҤХОБУТУН ЮНЕСКО-ҕа туруорсуубут курдук улахан үлэ саҕаланыытыгар тэри­йээччилэр чуолаан оннук киһиэ­хэ сөпкө, таба тайаныылара – бу саха норуотугар сүдү суолталаах дьыалаҕа ситиһии төрдө буолбута диэтэхпинэ, арааһа, алҕаһыам суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, ол кэрэ киһи – Елена Николаевна ПРОТОДЬЯКОНОВА, СӨ Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлии­һэ, СӨ «Олоҥхо ассоциа­цията» уопсастыбаннай тэрилтэ вице-бэрэсидьиэнэ.

Чуолаан кини, Елена Протодьяконова, саха норуотун эпоһа олоҥхо 2005 сыллаахха ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уус-­уран чулуу айымньытынан билиниллиитин ситиһиигэ көҕүлүүр, тэрийэр кэмитиэт биир саамай тирэх  киһитинэн буолбута. Ону киниэ­хэ СӨ Платон Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын үрдүк аата анаммыта эмиэ туоһулуур. Оттон  2023 сыл үүнээри турдаҕына, Ил Дархаммыт Айсен Николаев Ыйааҕынан Елена Протодьяконоваҕа “Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк аат иҥэрилиннэ. Онон Елена Николаевнаны туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түһэрбитигэр тоҕоостоох кэм, арааһа, дьэ, үүннэ.

Аатырбыт Слепцовтары удьуордаан…

Саха киһитигэр төрөөбүт дойдута туохтааҕар да күндү. Төрөөбүт төрүт дойдубут, ийэбит үүтүн кытта сахалыы тыыны иҥэриммит иитиллибит эйгэбит Чурапчы Ытык Бахсыта, чахчы да, уус тыллаах олоҥхоһуттары, сээркээн сэһэнньиттэри, удьуор талааннаахтары, үтүөкэннээх үлэһиттэри, майгылаах мааныларын үөскэтэн таһаарбыт ураты дойду буолар. Манна үс үрэх түмсэр сиригэр бэйэ-бэйэлэриттэн чугас икки улуу булгунньах олорор. Үс үрэх Туйма диэн үөс үрэх буолан, уутун Өлүөнэ эбэҕэ кутар.

Өбүгэлэрбит бу сири таптаан, кинилэргэ аат-суол иҥэртээн, дьиэ-уот туттан, сылгыны-оҕуһу сыһытан, олохтоохтук үйэлэр тухары олорорго оҥостуммуттара, сиэри-туому олохтообуттара, сиэри-майгыны сириэдиппиттэрэ, Бахсыны Саха Сирин биир сайдыылаах түөлбэтигэр кубулуппуттара. Саха киһитэ алаһа дьиэтиттэн, төрөөбүт алааһыттан өйө-санаата, майгыта-сигилитэ чочуллан тахсар ээ…” – диэн, төрүттэргин-уустаргын санаан ылыах эрэ диэбиппэр, Елена Николаевна кэпсээнин бу курдук саҕалаата.

Онон Елена киинэ түспүт, биһигэ ыйаммыт сирэ – Чурапчы Ытык Бахсыта. Ытык Бахсы – Саха Сирин биир дьикти кэрэ муннуга, хатыламмат ураты сэдэх көстүүлээх дойду.

Ийэтэ Мотрена Саввична, аҕата Николай Федорович Слепцовтар сахалыы сиэрдээх, муударай дьон этилэр. Оҕолоро бука бары үөрэхтээх, үлэһит мааныта, ыал бастыҥа буолалларыгар туох баар кыһамньыларын уурбуттара. Сиэннэр, хос сиэннэр билигин кинилэр олохторун салгыыллар.

Бахсы – устуоруйаҕа киирбит аатырбыт олоҥхоһуттар, удьуор талааннаахтар, суруйааччылар, худуоһунньуктар, архитектордар, Саха Сиригэр бастакылар кэккэлэригэр тыйаатыр ускуустубатын сайыннарбыт айдарыылаах артыыстар, ырыаһыттар, мусукааннар уутуйан үөскээбит дойдулара. Ол курдук, СӨ норуодунай артыыһа, Саха тыйаатырын биир бастакы дириэктэрэ Тарас  Местников, Арассыыйа уонна СӨ  норуодунай артыыстара Петр Решетников, Марк Слепцов, кийииттэр Мотрена Слепцова, Прасковья Слепцова, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэ­йэтэлэ, суруйааччы-драматург Николай Слепцов-Туобулаахап, СӨ үтүөлээх артыыһа Андриан Слепцов, СӨ үтүөлээх артыыһа Спартак Слепцов, аатыр­быт ырыаһыттар Дарья Барашкова, Анастасия Лыткина, суруйааччылар – СӨ үтүөлээх учуутала Варвара Слепцова, Анна Слепцова уо.д.а. Талааннаах төрөппүттэрин, убайдарын-эдьиий­дэрин батан, музыковед Аиза Решетникова, ырыаһыт Александр Дьячковскай-Саарын, суруйааччы, тылбаасчыт Альбина Борисова, суруналыыс Иннокентий Слепцов, учуо­най Андриан Борисов уо.д.а. билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ааттара киэҥник биллэр. Дьэ, маннык дириҥ силистээх-мутуктаах, саханы саха дэппит үтүө дьоннордоох Чурапчы Бахсытыттан төрүттээх – Бахсы Слепцовтарын удьуордара буолар Елена Протодьяконова.

“Елена Николаевна олоххо, тулалыыр эйгэтигэр, бииргэ алтыһан үлэлиир дьонноругар сыһыана киһи быһыытынан сүрдээх киэҥ-холку, ис-иһиттэн интеллигентнэй, киһиэ­хэ саҥарбакка да эрэ туох эрэ элбэҕи биэрэр көнө сүрүннээх Далбар Хотун. Итинник киһини кытта бииргэ алтыһан үлэлээтэххэ, киниэхэ тугу эрэ үчүгэйи, сырдыгы эрэ оҥоруоххун баҕараҕын. Киһиэхэ барытыгар тэҥ ытыктабыллаах сыһыан­наах, оҕону кытта оҕо, эдэри кытта эдэр, оҕонньору кытта оҕонньор. Араас түмсүүлэргэ, командировкаларга кини эппит санаалара киһи өйүгэр-санаатыгар санаа ситимэ буолан хаалан хаалаллар, элбэххэ үөрэтэллэр. Бииргэ үлэлиир доҕотторун үрдэтэ, кыра да соҕуһу тупсара, киэргэтэ сылдьар олус үтүө хаачыстыбалаах. Бэйэтин тус холобурунан, билии­тинэн-көрүүтүнэн, тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан, саха дьахтара бары бастыҥ хаачыс­тыбатын иҥэринэ сылдьарынан дьон холобур туттар киһилэрэ буолар”, – дииллэр кэллиэгэлэрэ кини туһунан.

“Таҥара дьиэтигэр төрөөбүтүм”

Биир дойдулаахтар киэн туттуулара – Бахсы таҥаратын дьиэ­тэ. Ситэн-тупсан турар кэмнэриттэн, киэргэлэ сиэдэрэйинэн, халлааҥҥа харбаспыт куупалларынан, дьикти кириэстэринэн, куолакаллар дьикти муусукаларынан дьону-сэргэни тардан, кэрэҕэ-сырдыкка угуйа, уһуйа турбута. Ол да иһин, Бахсыттан  талааннар тахса турар буоллахтара…

– Мин Таҥара дьиэтигэр төрөөбүтүм ээ… Ити 1952 сыл­лаахха, оччолорго Бахсы Таҥа­ратын дьиэтэ, Аҕабыт дьиэ­тэ ФАП – фельдшерскэй-акушерскай пуун буолан турара. Екатерина Петровна Савватеева диэн бэртээхэй биэлсэрдээх этибит, – диир Елена Николаевна.

Оттон манна төрөөбүт “иэһин” кини толору төлөөтө, диэххэ сөп. 1978 сыллаахха, Оҕону сайыннарар “Алгыс” киин сэбиэдиссэйинэн үлэлии сырыттаҕына, көхтөөх уопсастыбанньык, пропагандист, 4 ыҥырыыга олох­тоох Сэбиэт  дьокутаата, Дьахтар сүбэтин салайааччы, иллээх ыал ийэтэ Елена Протодьяконованы биир дойдулаахтара Бахсы нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, билиҥҥилии эттэххэ – баһылыгынан талбыттара. Дьэ бу эппиэттээх үлэҕэ талыллан баран, Елена Николаевна биир бастакынан бахсылар бары ытыктыыр киһилэрин, эдьиийдэрин, учуутал, суруйааччы Варвара Слепцова көҕүлээһинин өйөөн, Бахсы Таҥаратын дьиэтин чөлүгэр түһэрии, сөргүтүү үлэтин саҕалаабыта. Бахсы дьонун дьылҕатыгар улахан суолталаах бу Таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэриигэ саҥа баһылыгы өйөөн, сөбүлэһэн, дьон-норуот түмсэн үп-харчы бэйэтэ хомуйан, улаханнык көмөлөспүтэ. Онон Уус Алдантан уопуттаах мас уустара ыҥырылланнар, Таҥара дьиэтин реставрациялаан, чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Билигин бу Таҥара дьиэ­тин эркинигэр махталлаах биир дойдулаахтара бэлиэ-сурук ыйаа­быттар, онно талааннаах мас уустарын уонна бу кэскиллээх үлэни саҕалаабыт Бахсы Далбар хотуннара Варвара Григорьевна Слепцова уонна Елена Нико­лаевна Протодьяконова ааттара суруллубуттар.

Ити курдук саҕаламмыта Олоҥхобутун саҥа тыынныырга учуонай доҕотторугар сүрүн күүс, эрэллээх тирэх буол­бут,  Олоҥхону үөһээ көтүппүт, чаҕылыппыт, үйэлээх оҥорсубут, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхо эйгэтэ баар буолуутугар, тарҕаныытыгар биир саамай быһаарар оруолу ылар Елена Протодьяконова киэҥ далааһыннаах уонна улахан сыралаах үлэтэ.

Олох салҕанар

1936 сыллаахха Бахсы хас да ыччата Москва куоракка ГИТИС-и бүтэрэн кэлэн, төрөөбүт дойдуларын, Саха сирин, саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын бүтүннүү сэргэхсиппиттэрэ, сырдаппыттара. Кинилэр ортолоругар: Марк Слепцов, Кузьма Барашков, Николай Слепцов-Туобулаахап, Василий Скрябин, Тарас Местников, Петр Решетников, Андриан Слепцов, итиэннэ ки­­йииттэр Матрена Слепцова, Прасковья Слепцова бааллара. Ити кэмҥэ Алаас Ньукулайын уола лүөччүк Константин Слепцов, ырыаһыт Дарья Барашкова, Игнатий Слепцов уолаттара Москванан, Дьокуускайынан үөрэнэн учуутал, Григорий Барашков уолаттара сэбиэскэй, бартыыйынай үлэһит буолан, дойдуларын ааттаппыттара.

Бахсы дьоно түстээбит бөҕө-таҕа олохторо, ол эрээри, үгүстүк аймаммыта. Бастакы аймалҕан кулаактааһын саҕана буолбут, иккис аймалҕан – Аҕа дойду сэриитин сыллара. Бахсы бастыҥ дьоно уоттаах сэриигэ барбыт, онтон аҕыйах киһи дойдутугар эргиллибит. Сэрии аймалҕанын, оччотооҕу салалта сыыһа дьаһалынан тэриллибит, Чурапчы  холкуостарын хоту күүс өттүнэн көһөрүү өссө сэтэриппитэ. Ол курдук, 1942 сыллаахха Бахсы сирин 82 хаһаайыстыбата хоту көһөрүллүбүтэ, онтон баара-суоҕа 27 хаһаайыстыба дойдутун буоругар үктэммитэ… Кинилэр ортолоругар Еленалаах аҕалара Николай Слепцов баара.

– Аҕабыт 1942 сыллаахха Чурапчы көһөрүллүүтүгэр түбэһэн, Кэбээйинэн Эдьигээҥҥэ балыктааһыҥҥа уонна күндү түүлээх булдугар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн, хайдах сылдьыбытын кэпсиирэ. Бастаан баралларыгар күһүн Бэстээх биэрэгэр борохуот кэлэрин кэтэһэн, иитиллибит ийэтин уонна икки эдьиийин кытта аһаа­бакка да, аһаҕас халлаан анныгар тоҥо-хата хас да хоммуттар, онтон борохуот дьэ кэлэн хаһыытыы турдаҕына, биэрэккэ ийэлэрин тыына быстаахтаабыт…  Аҕабыт эдьиийдэрин кытта эрэй бөҕөтүн көрсөллөр. Ыарахан айан кэмигэр аны улахан эдьиийдэрэ ыалдьан, кыайан өрүттүбэккэ, өлөр. Онон аҕабыт көһөрүү ыар тыынын билбит киһи,.. – диир Елена Николаевна.

Кинилэр эһэлэрэ Михаил Дмитриевич Слепцов Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыы­лааҕа, сэрииттэн улаханнык контузия­ланан, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кинини үтүө, оҕолуу элэккэй, ыраас суобас­таах, көнө сиэрдээх-майгы­лаах киһи этэ дииллэр. Александра Афанасьевна Винокурова-Слепцовалыын-Эбээ Шуралыын эһэлэрэ Госбааҥҥа бииргэ үлэлии сылдьан, билсиһэн, ыал буолбуттар.

Бахсы дьоно-сэргэтэ, төһө даҕаны олохторугар үгүс үтүргэни, ыарахаттары, аччыктааһыны, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүттэрин да иһин, сырдыкка, кэрэҕэ, үөрэххэ, дьолго тардыһыылаах, кытаанах санаалаах, дьиэ кэргэттэрэ бигэ тирэхтээх буоланнар, барытын тулуйан, баччаҕа кэллэхтэрэ. Олох салҕанар.

ОЛОҤХОҔО айан

Елена Николаевнаҕа биир сүрүн ыйытыыбынан, биллэн турар, олоҥхо туһунан, олоҥхоҕо хайдах кэлбитин туһунан буолар.

Чурапчы  улууһа айылҕаттан айдарыылаах элбэх олоҥхоһут ыллаан-туойан олорон ааспыт түөлбэтинэн биллэр. Ол курдук, араас источниктартан ырытар-чинчийэр үлэ ыытыллан, барыта 239 олоҥхоһут олорон ааспыта чуолкайдаммыта. 2015 сыллаахха Чурапчыга Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан, «Чурапчы олоҥхоһуттара» антология бэлэмнэнэн күн сирин көрбүтэ. Манна көстөрүнэн, Бахсы нэһилиэгэр 12 олоҥхоһут олорон ааспыта биллэр. Ол курдук, холобур, Прокопий Местников-Маҥан Борокуоппай (1810-1900), XVII үйэ бүтэһигэр  XVIII үйэ саҕаланыытыгар Маҥан алааһа диэн сиргэ олоҥхоһут, ырыаһыт быһыытынан биллибит. Репертуара: «Тэрэпиискэ илиилээх-атахтаах оҕонньордоох эмээхсин оҕото Эр Бэрдэ Эриэдэл Бэргэн» улахан олоҥхо. Көскө кэлбит, олохтоохтору атаҕастаабыт татаардары өлөрүүгэ уорбаланан, хаайылла сылдьыбыт эрээри, буруйа дакаастаммакка босхоломмут. Николай Местников-Ньоодьуска Уола Ньукулай, Олоҥхоһут Ньукулай. Бахсы биир ытык кырдьаҕаһа, 104 сааһыгар өлбүт. «Туналыҥса Дьаргыстай» олоҥхото Саха сиринээҕи научнай киин архыыбар хараллан сытар. Репертуара: «Туналыҥса Дьаргыстай», «Эрэйдээх-Буруйдаах Эр Соҕотох», «Сүрдээх кэптээх Күчүйэ Баатыр», «Томороон Дугуй бухатыыр». Яков Титов-Дьүлэй Бүөкээн. Бахсы урукку көлүөнэ дьонун уоһуттан Дьүлэй Бүөкээни диэн аат түспэт буолара. Бэл, Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар ааҕабыт:

Улуу олоҥхоһуттарым

Уһуйан кэбиспиттэрин

Ондуруоһап эмээхсин курдук

Онолуйа туойдахпына,

Дьүлэй Бүөкээни курдук

Дьүөрэ тылынан

түһэрдэхпинэ,

Үс саха үөскээн тэнийбитин

Үөрэ-көтө үрүһүйдэхпинэ…

Бу курдук, олоҥхоһуттар тустарынан Елена Николаевна төһөнү баҕарар сэһэргиэн сөп.

Елена Протодьяконова оҕону сайыннарар “Алгыс” киин сала­йааччытынан, дьокутаатынан, онтон нэһилиэк баһылыгынан талыллан үлэлиир сылларыгар Бахсы нэһилиэгин сэбиэтин үлэтэ улууска бастыҥнар ахсаан­нарыгар киирбитэ. Ол эрээри, Протодьяконовтар 90-с сылларга, дьиэ кэргэннэрин балаһыанньатынан – наһаа ыарахан кэмнэр бааллара, тапталлаах уол оҕолорун олус хомолтолоохтук сүтэрэн, сүрэх баастаах дьон, кыыстара үөрэххэ киирэригэр, Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ.

Ытыктыыр эдьиийдэрин – педагогтар, суруйааччылар Варвара Григорьевна, Анна Дмитриевна Слепцовалар сүбэлэринэн ГЧИ-гэ үлэ ыйыталаһа тиийиитэ кини дьылҕатыгар сүдү улахан оруол­лаах буолбута. Салайар үлэҕэ уопуттаах, көхтөөх уопсастыбанньык киһи саҥа да кэлэктиип­кэ тута харахха быраҕыллыбыта. Елена Николаевна 1996-2007 сс. Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаа­тын Гуманитарнай чинчи­йии институтун научнай үлэһитинэн, 2004 сылтан Олоҥхоҕо салаа сэбиэдиссэйин солбуйаач­чытынан үлэлээбитэ. Институт научнай уонна уопсастыбаннай олоҕор кыттыбыта, профком бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Үлэһиттэр дьиэлэниилэрэ, оҕолорго уһуйааҥҥа миэстэ булуу курдук тыын боппуруостарга  ситиһиилээхтик үгүс үлэни ыыппыта.

Олоҥхо салаата «Олонхо: национальное и общечеловечес­кое» тиэмэтин чэрчитинэн илин эҥээрдээҕи улуустарга фольклорнай эспэдииссийэни салайан, ол түмүгүнэн «Илин эҥээр улуус­тарга фольклор билиҥҥи туруга» научнай отчуоту оҥорон туттарбыта. «Олоҥхо ассоциацията» уопсастыбаннай тэрилтэ былааныгар киллэрэн, «Саха боотурдара» диэн 21 туомнаах научнай-популярнай сиэрийэни олохтооһуҥҥа уонна таһаарыыга суолун-ииһин булларар элбэх үлэни ыыппыта. Сиэрийэ 11-с туомугар Кэбээйи улууһун олоҥхоһута И.А. Николаев-Куоҕас Уйбаан «Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун бэлэмнээн таһаар­быта.

“Олоҥхо ассоциацията” уопсас­тыбаннай тэрилтэ бэрэсидьиэнэ, СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев, Ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ, саха норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов, ГЧИ дириэктэрэ Василий Иванов өйөбүллэринэн, Олоҥхо салаатын сэбиэдиссэйэ Агафья Захарова салалтатынан 2003-2005 сс. тэриллибит сүрүн бөлөххө Е.Н. Протодьяконова кыттыыты­нан, саха героическай эпоһын киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин уһулуччулаах айымньытынан ааттыырга Досье оҥоһуллан  бэлэмнэммитэ. 2005 сыллаахха бу сыралаах үлэ түмүгүнэн саха героическай эпоһын ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин уһулуччу айымньытынан биллэрбитэ.

Учуонайдар, фольклористар – элбэх киһи кыттыһан, олоҥхо суолтата араас өттүттэн чинчиллэн, ырытыллан оҥоһуллубута, 10 сыллаах «План действий» диэн өрөспүүбүлүкэ ыытар үлэтинэн докумуоннар бэлэмнэнэн систиэмэлэммитэ, олоҥхо альбома, олоҥхо ырыаларын дискэтэ, олоҥхону сырдатар 2 киинэ бэлэмнэнэн ыытыллыбыта.

Елена Николаевна 2008 сылтан күн бүгүнүгэр диэри научнай-мэтэдиичэскэй үлэни ыытыыга уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинигэр үлэлиир. Кини Олоҥхо киинин бары бөдөҥ бырайыактарын көҕүлээччитинэн уонна эппиэттээх толорооччутунан буолар. ЮНЕСКО-ҕа бэриллибит «План действий» чэрчитинэн кэскиллээх бырайыактары олоххо киллэрэр сыаллаах-соруктаах үлэ кини тус кыттыытынан сити­һиилээхтик ыытыллар. Ол түмүгэр үгүс бырайыак үгэскэ кубулуйан, олоҥхону харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга уонна тарҕатыыга улахан суолтаны ылла:

саха героическай эпоһын киһи аймах тылынан уонна материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин уһулуччулаах айымньытын быһыытынан Аан дойдуга сүрэхтэниитэ;

«Өбүгэ тыыннаах утума» куонкурус; «Олоҥхо олуктара» сиэрийэни бэлэмнээн таһаа­рыы;

Олоҥхо Национальнай күнүгэр анаан ыытыллар Олоҥхо дэкээдэтэ;

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын Олоҥхо түһүлгэлэрэ;

үгэскэ кубулуйбут сыл аайы ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун», «Муҥха олоҥхото», «Өбүгэ быстыбат ситимэ», норуоттар икки ардыларынааҕы «По зову земли Олонхо» бэсти­бээллэр  уо.д.а.

2006-2015 сс. ыытыллыбыт үлэ түмүктэринэн ЮНЕСКО-ҕа өрөспүүбүлүкэ отчуота Елена Николаевна тус кыттыытынан оҥоһуллубута.

Олоҥхо киинин үлэтин биир сүрүн хайысхатынан научнай-популярнай кинигэлэри уонна да атын бэчээт бородууксуйаларын, хомуурунньуктары таһаарыылары бэлэмнээн оҥоруу буолар.

Бу сыллар тухары мин кинини, ОЛОҤХО туһугар күннэри-түүннэри, өрөбүлү да аахсыбакка, тохтоло суох үлэлии-хамсыы сылдьар, суруналыыстар туох баар боппуруостарыгар толору, сиһилии хоруйу биэрэр сэмэй киһини,  куруутун бэлиэтии көрөбүн…

“Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай түмсүү

Билигин олоҥхону чинчи­йээччилэр, учуонайдар, фольклористар, тыл, култуура исписэлиис­тэрэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олоҥхо эйгэтэ үөскээтэ диир кыахтаахтар.  Ол курдук, олоҥхону толорооччу ахсаана сыллата элбиир. Ыччаттарбыт олоҥхоҕо ылыстылар. Олоҥхоҕо сүгүрү­йээччи, сөбүлээн истээччи ахсаа­на хаҥаата. Олоҥхо ыһыахтара ыытыллаллар. Улуустарга Олоҥхо дьиэлэрэ үлэлииллэр. Манна уопсастыбаннас күүһүн түмэр, тэрийэр үлэни Февронья Шишигина бэрэсидьиэннээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо Ассоциацията” ыытар.

2017 сылтан Ассоциация вице-бэрэсидьиэнинэн Елена Протодьяконова талыллан үлэлиир. Кини 1998 сылтан бу тэрилтэ Устаабын, учредительнай докумуоннарын оҥорон, судаарыстыбаннай регистрацияны аһаран, күн бүгүҥҥэ диэри үлэни тута сылдьар. Саха сиригэр хамсааһын тахсыытыгар биир улахан оруолу ылар киһибитинэн буолар. Өрөспүүбүлүкэ улуустарынан Олоҥхо Ассоциациятын көһө сылдьар мунньахтарын ыытыы, үтүө үгэскэ кубулуйбутун, үчүгэй уопуту үөскэтэрин, суруналыыс быһыытынан кинилэри кытта үгүстүк командировкаларга сылдьан, илэ харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн кэлитэлээбитим…

Олоҥхо Ассоциацията, улуус филиалларын үлэлэрин көҕүлүүр сыалтан, “Бастыҥ үлэлээх Олоҥхо ассоциациятын филиала” анал Балаһыанньаны оҥорон, куоталаһыы олохтообута. Бастакынан, 2015 сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээх филиал аата Мэҥэ Хаҥалас улууһугар иҥэриллибитэ (салайааччы Ф.В. Шишигина, Е.Н. Иванова), 2016 сыл түмүгүнэн Бүлүү (Т.П. Степанова), 2017 сылга – Таатта (И.А. Сивцева), 2018 сылга – Сунтаар (М.В.Кобельянова), 2019 сылга – Чурапчы (В.П.Герасимов), 2020 сылга – Уус Алдан (М.В.Борисов), 2021 сылга – Дьокуускай куорат (Л.И. Платонова), 2022 сылга – Нам (И.С.Новиков) улуустарын филиалларын үлэлэрэ бастыҥнарынан  ааттаммыттара.

Ассоциация уопсастыбаннай тэрилтэ буоларынан,  биир да хамнастаах үлэһит суох, дьон бары сүрэхтэрин баҕатынан үлэлииллэр. Үлэни былааннааһын, тэрийии, хас кыбаартал, сыл аайы отчуоттары туттарыы, киһи ааҕан сиппэт элбэх ымпык-чымпык сурук үлэтэ бу сыллар тухары Елена Николаевна иилээһининэн-саҕалааһынынан, тустаах үлэтин таһынан, ыытыллан кэллэ диэтэхпитинэ,  омун буолуо суоҕа.

2013 сылга Олоҥхо ассоциациятын көҕүлээһининэн, олоҥхоҕо үлэлэһэр дьону өйүүр сыаллаах анал бириэмийэ олохтоммута: бастыҥ олоҥхону толорооччуга, бастыҥ уһуйаач­чыга, бастыҥ олоҥхону тарҕа­тааччыга. 2018 сылтан бу дьоһуннаах бириэмийэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах Бэрэссэдээтэлин бастакы солбу­йааччы Александр Жирков сала­йааччылаах СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир “Олоҥхо” Национальнай кэмитиэтин аатыттан сыллата Олоҥхо күнүгэр үөрүүлээхтик туттарыллар.

“Үтүө-мааны дьоммор махтанабын!”

– Олоҥхобут өлбөт-сүппэт суолга киириитигэр улахан өҥөлөөх, ыытар киэҥ кэскиллээх үлэбитигэр куруутун өйөбүл, тирэх буолбут, буола да турар үтүө-мааны дьоммор махталым муҥура суох. Кинилэр ортолоругар улахан ытыктабылынан ааттаталыыбын:

Гуманитарнай чинчийии институтун уонна кэлин Олоҥхо институтун дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбит и.н.д. В.Н. Иванов; ГЧИ-тэн саҕалаан, билигин Олоҥхо киинигэр 28 сыл устата бииргэ үлэлээн кэлбит салайааччым, олоҥхо чулуу айымньылар кэккэлэригэр кии­риитигэр быһаарар оруолу ылбыт, ф.н.к. А.Е. Захарова; “Олоҥхо Ассоциация” бастакы бэрэсидьиэнэ, СӨ бастакы бэрэси­дьиэнэ М.Е. Николаев, вице-бэ­­рэсидьиэн, 8 сыл бииргэ үлэлээбит, олус истиҥник саныыр киһим, саха норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов; 2010 сылтан 8 сыл устата Олоҥхо ассоциациятын бэрэсидьиэнинэн талыллан, улуус­тарга көһө сылдьар мунньахтары ыытыыны саҕалаан, хамсаа­һыны таһаарбыт, куруутун өйүүр, дойдутун, норуотун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар ытыктыыр киһибит Феодосия Габышева; Олоҥхо 10 сылын тэрийэн ыытар СӨ Олоҥхо национальнай кэмитиэтин солбуллубат салайааччыта, норуотун туһугар дириҥ хорутуулаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, ыытар үлэбитигэр хайысха биэрэр, ытык­тыыр киһибит А.Н. Жирков; элбэх бырайыактар ЮНЕСКО болҕомтотугар ылыллан, өйөнөн, үлэ барыытыгар быһаарар оруо­лу ылбыт, СӨ ЮНЕСКО национальнай кэмитиэтин сала­йааччытынан үлэлээбит Е.А. Сидорова; уопсас­тыбаннай тэрилтэ бастаан тэриллиитигэр уонна «Саха боотурдара» 21 туомнаах сиэрийэни көҕүлээн, күн сирин көрүүтүгэр улахан оруоллаах, ф.н.к., ГЧИ ст. научнай үлэһитэ С.Д. Мухоплева, ХИФУ бэрэпиэс­сэрэ, ф.н.д. В.В. Илларионов; СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир Тыл бэлиитикэтин сүбэтин салайаааччыта, ф.н.к. Р.Р. Жиркова; Олоҥхо педагогикатын төрүттээбит, көмө-тирэх буолар ытык-мааны дьоннорбут, п.н.к. Е.П.Чехордуна, ф.н.к. Н.И.Филиппова; олоҥхону харыстааһыҥҥа, ыччакка тиэрдиигэ улахан өҥөлөөх, п.н.к. Галина Попова-Санаайа, СӨ үтүөлээх учуутала Д.Г.Ефимова; фольклорист П.Н. Дмитриев; Олоҥхо пресс-киинин сала­йан, элбэх үлэни ыыппыт ф.н.к., «Аал Луук Мас» студия салайааччыта Евдокия Избекова; А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Олоҥхо Киинин үлэтин өйөөбүт, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Р.Е. Колосова; Арчы дьиэтин дириэктэринэн уһуннук үлэлээбит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда  Толбонова; Арчы Дьиэтин дириэктэринэн үлэлээбит култуура, бэчээт туйгуна Валентина  Бочонина; ГЧИ научнай үлэһитэ, ф.н.к. Анна Данилова; Олоҥхо Киинэ ыытар үлэтин бары өттүнэн өйүүр, Олоҥхо Тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева; Олоҥхо Киинигэр билигин бииргэ үлэлии сылдьар кэллиэгэлэрим: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Зоя Сысолятина, култуура туйгуна Ульяна Флегонтова; 2017 сылтан Олоҥхо Ассоциация бэрэсидьиэнэ, бииргэ алтыһан үлэлиир, ытыктыыр киһибит Февронья  Шишигина уо.д.а.

Олоҥхону толоруу үгэс­тэрэ сайдалларыгар боччумнаах кылаа­ты киллэрэ сылдьар ытыктыыр, сүгүрүйэр ытык-маа­ны олоҥхоһуттарбытын, олоҥхону толорооччуларбытын кытта алтыһарбытынан биһиги дьоллоох­пут. Кинилэргэ айар үлэлэригэр, олохторугар куруутун өйөбүл, күүс-көмө буолуоҕуҥ, маанылыаҕыҥ, кэмигэр үтүө тыллары этэ туруоҕуҥ! – диир Елена Николаевна.

Дьиэ кэргэнин туһунан

Елена Николаевна кэргэнэ Филипп Иванович Протодьяконов Алаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх, биир кылааска үөрэммиттэрэ, дойдутугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар уһуннук үлэлээбитэ.

Куоракка көһөн кэлэн, «Айар» НКК үлэлээбитэ, үлэ бэтэрээнэ этэ. Филипп Иванович,  төһө да кылгастык олорон аастар, таҥара биэрбит үрдүк дьолун – олоҕу сиэрдээхтик олорон, Айыы киһитин ытык иэһин толорон, үтүө өйдөбүлү хаалларан, бу орто дойдуттан барбыта…

Кыыстара Софья Филипповна филолог идэлээх, Арассыыйа Суруналыыстарын  сойууһун чилиэнэ, билиҥҥи олох сиэринэн, бэйэтэ биисинэстээх. Кэргэнэ В.П. Толстяков юрист идэлээх, Баайы-дуолу регистрациялыыр федеральнай тэрилтэ судаарыс­тыбаннай регистратора, 2 уол оҕолоохтор.

“Эрэлбит – ыччаппытыгар!”

– Төрүт үгэстэри сөргүтэр үлэбит барыта олоҥхоҕо тирэҕирэн, сокуоҥҥа олоҕуран, тохтоон хаалбакка өйөнөн, бара турарыгар баҕарабыт. Ыытыллар үлэни сырдатыыга, тарҕатыыга “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа идеологическай киин буолуох­таах. Олоҥхо пресс-киинэ тэриллиэхтээх.

Биир улахан боппуруоһунан Олоҥхо дьиэлэрин статустара быһаарыллан, сөптөөх штатнай үлэһиттэр көрүллэн, аналларынан үлэлиир усулуобуйалара тэриллиитэ буолар.  2022 сылга Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан Олоҥхо Дьиэлэрэ биир ситимҥэ киирдилэр, онон, салгыы статустара быһаарылларыгар эрэллээхпит.

Улахан болҕомто олоҥхолооһун үгэстэрин тилиннэриигэ ууруллуохтаах. Манна сүрүн төһүү күүс буолар 4 бэстибээлбит дьиҥнээхтик өйөнүөн баҕарабыт. Ыччаты олоҥхоҕо уһуйууга, ким да ыйыыта-кэрдиитэ суох, биир-биэс харчыта суох, олус бэриниилээхтик үлэлии сылдьар педагог-уһуйааччылар биһиэхэ элбэхтэр. Кинилэр болҕомтоҕо ылыллыахтаахтар.  Оскуолаларга олоҥхо педагогикатын олоххо киллэриигэ тиһиктээх үлэ салгыы ыытыллыахтаах.

Өрөспүүбүлүкэ улуустара төрүт үгэстэрин уратыларыгар, сиэргэ-туомҥа, итэҕэлгэ болҕомто ууран, Олоҥхо ыһыаҕа түмэр, көҕүлүүр суолтата сүтэн хаалбакка, өйөнөн бара турарыгар эрэнэбит.

Олоҥхону чинчийиини, тыл­баас­тааһыны салгыы информационнай ситимҥэ  киэҥник киллэрэн, аан дойду таһымыгар таһаа­рыы, архыыпка, араас пуон­даларга сытар магнитофоннай суруйуулары чөлүгэр түһэрии соруга салгыы турар.

«Ыччат олоҥхоһут» түмсүү Юрий Борисов салалтатынан, ситиһиилээхтик үлэлээн кэллэ. Быйыл салайааччынан Анастасия Алексеева талылынна. Эрэлбит – ыччаттарга.

Үүммүт 2023 сыл барыгытыгар уйгуну-быйаҥы аҕаллын, олоҥхобут тула түмсэн, Үлэ сылыгар былааммыт барыта санаа хоту олоххо киирэригэр баҕарабыт! – диэн, кэпсэтиибит түмүгэр Елена Николаевна баҕа санаатын үллэһиннэ.

Бу курдук, олоҥхобутун араҥаччылааһыҥҥа, сайыннарыыга иннибитигэр үлэ элбэх, ону олоххо киллэрии бары тутуспутунан,  төһө көхтөөхтүк, ис дууһабытыттан баҕаран туран  үлэ­лиирбититтэн быһаччы тутулуктаах.

Татьяна МАРКОВА,

«Саха Сирэ» хаһыат суруналыыһа

Поделитесь этой страницей