Евразия норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ
Бу күннэргэ биллиилээх саха фольклориһа, эпосоведа, филологическай наука доктора Николай Васильевич Емельянов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Эпические традиции народов евразии: проблемы и перспективы исследования» диэн научнай үлэ хомуурунньуга электроннай көрүҥүнэн бэчээккэ таҕыста.
Бу хомуурунньук 2021 с. тохсунньу 2-3 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэ матырыйаалларынан таҥылынна.
Хомуурунньук Гуманитарнай чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын үөрэтэр институт иһинэн бэлэмнэнэн таҕыста. Бас эрэдээктэр — ф.н.д. Н.В. Покатилова, матырыйааллары хомуйан оҥордо — институт фольклорга уонна литератураҕа салаатын научнай үлэһитэ, ф.н.к. А.Н. Данилова.
Научнай үлэ хомуурунньугар кэмпириэнсийэҕэ ааҕыллыбыт дакылааттар таҥыллан киирдилэр.
Матырыйааллар Евразия норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэтин, фольклорнай, мифологическай айымньылары үөрэтиигэ саҥа чинчийэр ньымалар туһунан, фольклор тылын уратытын, музыкальнай аспектарын дириҥник көрдөрөр түөрт сүрүн салаанан бөлөхтөһөллөр. Киирии эҕэрдэ тыллары институт директора Н.И. Попова, Н.В.Емельянов кыыһа Г.Н. Попова, нуучча биллиилээх фольклориһа С.Ю. Неклюдов эппиттэрэ киирдилэр.
Хомуурунньук фольклористарга, этнографтарга, литературоведтарга, музыковедтарга, Евразия норуоттарын айымньыларын кэрэхсээччилэргэ ананар.
В сборнике научных трудов представлены материалы докладов и выступлений на Всероссийской научной конференции «Эпические традиции народов Евразии: проблемы и перспективы исследования», посвященной 100-летию со дня рождения известного якутского фольклориста, эпосоведа Н.В. Емельянова (г. Якутск, 2-3 декабря 2021 г.).
Материалы группируются по четырем основным разделам, отражающим проблемы изучения эпического наследия народов Евразии, междисциплинарных подходов к нему, особенностей языка фольклора, музыковедческих аспектов звучащего устного текста. Издание адресовано фольклористам, этнографам, литературоведам, музыковедам и широкому кругу читателей, интересующихся традиционной культурой и эпической традицией народов Евразии.
УДК 398.22(=512.157)(063) ББК 82.3(2=634.1)я43 ISBN 978-5-7513-3497-0 © Институт гуманитарных исследований и проблем малочисленных народов Севера СО РАН, 2023