Аар Дархан этээччи, олоҥхоһут Семен Черноградскай - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Аар Дархан этээччи, олоҥхоһут Семен Черноградскай

Аар Дархан этээччи, олоҥхоһут Семен Черноградскай

2022 сыллаахха Аар Дархан этээччи аатын сүкпүт Семен Ильич Черноградскай – оһуохайы таһаарар, олоҥхону туойар, Саха Сиригэр тарбахха баттанар ытык кырдьаҕас. Олоҥхо абылаҥар хайдах ылларбытын, ханнык кэмтэн ыкса ылсан дьарыктаммытын туһунан бу ыстатыйаҕа кэпсиэҕэ.

…Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Сеня Черноградскай дьонун кытта дэриэбинэттэн үс биэ­­рэстэ тэйиччи сытар сиргэ олорор. Онон күн аайы оскуолаҕа сатыылыыр. Биир күн хааман иһэн көрбүтэ – суол кытыытыгар хаартан туох эрэ быган хараара сытар. Уол оҕо ону таах хаалларыа дуо, тиийэн тэбиэлээн көрдө. Онтуката халыҥ тастаах улахан кинигэ буолан биэрдэ. Арыйбыта, эрдэ көрбөтөх буукубаларынан суруллубут хоһооннор эбит…

“МҮЛДЬҮ БӨҔӨ” – БАСТАКЫ ААХПЫТ ОЛОҤХОМ

– Ити диэки чугаһынан балаҕан турара, онно эрдэ үөрэхтээх киһи олоро сылдьыбыта диэн кэпсииллэрэ. Ол киһи кинигэтэ буоллаҕа, Дмитрий Говоров 1937 сыллаахха бэчээттэммит «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун А.Ф. Бояров сурукка түһэрбитэ. 1959 сыллаахха 3-с кылааска үөрэнэр киһи ааҕары сатыыр буоллаҕым дии, ол эрэн, ити кинигэ Новгородов алпаабытынан латыынныы буукубаларынан таҥыллыбыт буолан, улаханнык му­­наарбытым. Ити сыл эһиилигэр төрөппүттэрбинээн аны дэриэбинэттэн сэттэ биэрэс­тэлээх сиргэ кыстыы көспүппүтүгэр, Борисова Мааппа диэн былыргы алпаабыты билэр дьахтар дьукаахтаспыта. Дьэ, уонна кинилиин субуо­та уонна баскыһыанньа киэһэлэргэ солбуһа сылдьан чүмэчи уотугар аахпыппыт. Бу санаатахха, “Мүлдьү Бөҕө” түҥ былыргыттан кэлбит олоҥхолорго киирсэр айымньы буоллаҕа дии, тыла-өһө сэбиэскэй ос­­куола үөрэнээччитигэр бэрт уустук буолуо эбитэ буолуо. Ол эрэн, ис хоһооно абылаан, бэрт умсугуйан туран аахпыппыт. Оччолорго олоҥхо туойар туһунан санаа суоҕа, көннөрү ааҕан, бастакыбын билистэҕим.

ХАҺАН БАҔАРАР САҔАЛЫАХХА СӨП

Олоҥхоҕо улахан интэ­риэс, норуокка тарҕаныы, биллэрин курдук, сэбиэскэй бы­­лаас уурайбытын кэнниттэн саҕаламмыта. Мин үйэм-саа­һым тухары оскуолаҕа устуоруйа учууталынан үлэлээбитим. Ол эрэн, элбэх аймах дьонум “дьэ-буо” тойук ырыаны сатаан ыллыыр дьон этилэр. Онон, кыра эрдэхпиттэн тойугу сатыыр, ыллыыр ыра санаа­лаах этим. Устудьуоннуу сылдьан оһуохай этиинэн үлүһүйбүтүм, оччотооҕу кэмҥэ чугас доҕорум, Атос Реасович Кулаковскай ити саҕалааһыммар угуйааччы буолбута. Миигин араспаанньабыттан таһааран, Чуорунай диэн ааттыыр этэ. Оһуохай тэрээһиннэригэр сылдьыбыппыт. Суруйааччы оҕото киһи тыла-өһө хомоҕой, оччотооҕу кэмҥэ бэрт үрдүк таһымнаах этээччи этэ. Кэнники Атос туһунан хоһоон суруйбутум, онно кинини кэриэстээн, Чуорунай диэн псевдонимынан илии баттаабытым.
Оттон олоҥхоҕо төнүннэххэ, бастакыбын 60 сааспын туолан баран олоҥхолоо­бутум. Ити хайдах буолбутай? Ити кэмҥэ Саха Сиригэр сыл аайы улуустары уларыта сылдьан Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии саҕаламмыта. Олоҥхо III ыһыаҕа 2009 сыллаахха Уус Алдаҥҥа ыытыллара биллибитэ. Улууспут тэрийээччилэрэ өйдөөбүттэрэ, олоҥхоһут суоҕун кэриэтэ – кырдьаҕастар өлөн хаалбыттар, утумнааччылара хаалбатах. Олорон хаалар сыыһа буоллаҕа, улуустааҕы Култуура дьиэтин мэтэдьииһэ Елизавета Данилова үс сүһүөхтээх күрэх тэрийэн ыыппыта. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕар олоҥхоһут оруолун толорор эппиэтинэһи миэхэ сүктэрбиттэрэ. “Сайын олоҥхо этэҕин да сабаас!” диэн бири­кээс кэриэтэ сорудах ылбытым. Дьэ, ити курдук, Уус Алдан улуу олоҥхоһута Дмитрий Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй “Мүлдьү Бөҕөтүн” аахпытым 50 сыл ааспытын кэнниттэн, нойосуус саҥа үөрэтэр түбүккэ түспүтүм. Дьэ, уонна ыһыах аһыллыытыгар ситиһиилээхтик толорон, олоҥхоһут аатын сүкпүтүм. Олоҥхону чинчи­йээччи, ХИФУ бэрэпиэссэрэ В.В. Илларионов кэлэн, илии­тин тутуспута, эҕэрдэлээбитэ. Онтон ыла билиим хаҥаан, өйдүүрүм кэҥээн, син дьону сэҥээрдэр олоҥхоһут аатыран сырыттаҕым.

ААР ДАРХАН ЭТЭЭЧЧИ

– Эппитим курдук, сүүрбэччэ сыл учууталлаабыт киһибин. 2009 сыллаахха биэнси­йэҕэ тахсыбытым, оччолорго 16 төбө сүөһүнү иитэн олорор тыа сирин киһитэ этим. Иллэҥсийбит киһи, күүстээх быһаарыныы ылан биир нэдиэ­лэ иһигэр сүөһүбүн эспитим уонна куоракка көһөн киирбитим. Дьэ, онтон ыла ыкса ылсан оһуокайынан дьарыктанан барбытым. Туймаада хочотугар араас этээччилэр түмсэн таһаа­раллар, ньурбалар, сунтаардар этээччилэрэ таһымнара үрдүгүн сөҕө-махтайа истибитим. Дьону истэн, кинигэлэри ааҕан, бэйэм этэр ньымабын чочуйбутум. Оһуохайбын уонна олоҥхобун ити кэмнэртэн саҕа­лаан сайыннаран, үөрэтэн барбытым.
Оһуохай киин оройуоннарга өр кэм устата кэхтэ, улугура сылдьыбыта кистэл буол­батах. Оһуохай үгэһин өбү­гэлэртэн ситимин быспакка, биһиги кэммитигэр тиэрдибит дьонунан Бүлүү бөлөх улуустар этээччилэрэ буолаллар. Ити улуустарга оһуохай кэхтиэхтээҕэр сайдан, тупсан кэлбитэ. Билигин оһуохайы этии 38 көрүҥэ араарыллар. Холобур, хаҥаластар түөрт араас ньыманан этэллэр, Уус Алдаҥҥа уус алданныы, найахылыы диэн икки ньыма араарыллар. Ити курдук, сорох улуустарга иккилии тус-туспа таһаарыы баар. Сорохтор майгыннаһаллар, ол эрэн, холобур, “чыама­йыкылыы” этии “чурапчылыы” этииттэн туох уратылааҕын дьарыктанар киһи тута билэр.
2012 сыллаахха Үс Хатыҥ ыһыаҕар оһуокай этээччилэр күрэхтэригэр кыттыбытым. Улахан суолталаах күрэх – бастаабыт киһи Дархан этээччи аатын сүгэр. Күрэххэ үс бөлөххө араараллар 35 саастарыгар диэри, 55 саастарыгар диэри уонна 60-нарыттан үөһээлэр диэн. Онно 60-нарыттан үөһээ саастаахтар бөлөхтөрүгэр ити сылга икки киһиэхэ Дархан этээччи чыынын сүктэрбиттэрэ, Сунтаар этээччитин кытта бииргэ бастаабыппыт.
Оттон 2022 сыллаахха Аар Дархан буолбутум. Саха Сирин үрдүнэн ити ааты сүкпүт дьон бэһиэбит. Үс сылга биирдэ ыытыллар күрэххэ Дархан этээччи ааттаах дьон күрэхтэһэллэр, бастаабыттара Аар Дархан буолар.

Егор Карпов,

Хаартыскалар
С. Черноградскай
архыыбыттан.

Поделитесь этой страницей