Хаҥаласка Олоҥхо дьиэтин тэрийиэхтэрэ
Геокултуурунай сайдыы үнүстүүтүн анал сырыыта бэс ыйын 6 күнүгэр Хаҥалас улууһугар тэрилиннэ.
Бу сырыы чэрчитинэн Чапаево сэлиэнньэтигэр 8-ыс сылын үлэлээбэккэ турар элбэх хайысхалаах уопсастыбаннай-култуурунай киини сөргүтүү боппуруоһун тула кэпсэтии буолла.
Ол курдук, МФОКЦ диэн кылгатыллан ааттанар дьиэ 2012 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. 2016 сылга диэри толору үлэлээбитэ. Манна оҕо театральнай оскуолата, олохтоох кулууп уонна бибилэтиэкэ баара. Ол эрээри хомунаалынай өттүнэн кыаллыбакка тоҥорон кэбиспиттэрэ.
Кэпсэтии түмүгүнэн Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи модельнай дьиэтин манна тэрийэр буоллулар. Ол туһунан 6 өрүттээх Сөбүлэҥи түһэристилэр: Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Валериевич Иринеев, Геокултуурунай сайдыы үнүстүүтүн сүрүннүүр дириэктэрэ Андрей Саввич Борисов, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Васильевна Турантаева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын генеральнай дириэктэрэ Сергей Степанович Семенов, Өктөм нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Акулина Иннокентьевна Максимова, оҕо театральнай оскуолатын дириэктэрэ Александра Ивановна Афанасьева.
Онон мантан инньэ өрөмүөҥҥэ харчы көрүллэн, киин ититиигэ холботторо охсон, уһаппакка үлэҕэ киллэрэр сорук турда. Олоҥхо киинин кытта, бука арааһа, оҕо театральнай оскуолата дьукаахтаһара буолуо.
Олоҥхо модельнай дьиэтэ тигинэччи үлэлээтэҕинэ, норуот уус-уран айымньытын Хаҥалас сиригэр тарҕатыыга, олоҥхо бырайыактарынан таһаарыылаахтык үлэлииргэ төһүү күүс буолуо этэ.
Тыгынтан тардыылаах хаҥыл хаҥаластар фольклорбут жанрдарын сайыннарыыга ыкса ылсан үлэлииргэ кэммит кэллэ. Маныаха СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, СӨ геокултуурунай сайдыыга үнүстүүтэ, Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ, Олоҥхо тыйаатыра күүс-көмө буолуохтара.
Фекла Варламова,
Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын салайааччыта.