«Подкасты» салааҕа П.Ядрихинский-Бэдьээлэ толоруутун истиҥ - Сайт Олонхо
Главная / События / «Подкасты» салааҕа П.Ядрихинский-Бэдьээлэ толоруутун истиҥ

«Подкасты» салааҕа П.Ядрихинский-Бэдьээлэ толоруутун истиҥ

Олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, тойуксут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ репертуарыттан 8 ырыа “Подкасты” анал салааҕа киирдэ. “Тараҕана сайылык”, “Ньургун трактор”, “Торбосчут Домна” уус-уран ааҕыы, олоҥхо ырыалара: “Абааһы уолун ырыата”, “Бухатыыр ырыата”, “Сорук Боллур ырыата”, “Ытык Хаскыйдаан ырыата” уонна оһуохай киирдилэр. Бу репертуары Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ туспа диискэ оҥорон, Нам улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар анаан 2019 сыллаахха таһаарбыта.

https://olonkho.nlrs.ru/archives/category/radio-olonkho/%d0%b8%d1%81%d0%bf%d0%be%d0%bb%d0%bd%d0%b5%d0%bd%d0%b8%d0%b5-%d1%80%d0%b0%d0%b4%d0%b8%d0%be-%d0%be%d0%bb%d0%be%d0%bd%d1%85%d0%be

П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын союһун чилиэнэ, тойуксут уонна олоҥхоһут. Бэйэтин кэмигэр бастыҥ чулуу үлэһит, инники күөҥҥэ сылдьар стахановец этэ, төрөөбүт-үөскээбит Көбөкөнүн нэһилиэгэр колхуос төрүттэнэригэр төһүү күүс буолбута. Колхуос, сопхуос үлэтин бэтэрээнэ. Норуот тылын уус-уран айымньыта үйэтийэригэр кылаатын киллэрбит Нам улууттан П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аата фольклор эйгэтигэр дьоһун миэстэни ылар. Кини тута хоһуйааччы быһыытынан ыллаан-туойан хаалларбыт “Тараҕана сайылык” айымньыта саха литературатын хрестоматиятыгар бигэтик киирэн хас да көлүөнэ саха ыччатын өйүгэр хатаммыта, уус-уран тыл дэгэттээх умсулҕаныгар уһуйбута. Маны сэргэ, “Ходуһа уһуктуута” (1964), “Олоххо айхал” (1971) уо.д.а тойуктара бэчээккэ тахсыбыттара.

Прокопий Ядрихинскай олоҥхоһут быһыытынан “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр” уонна “Күн Дьөһүөлдьүн” айымньыларын суруттаран хаалларбыта радио фондатыгар харалла сытар. Кини тыыннаах куолаһыттан суруллубут олоҥхотун фольклорист Петр Никифорович Дмитриев анаан устан, кэлин “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыырын” (1981)  бэчээккэ бэлэмнээн таһааттарбыта.

Кэлин Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр” олоҥхото сахалыы-нууччалыы тылынан филологическай наука кандидата Тамара Ивановна Петрова салалтатынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ тылбаас салаатын устудьуоннара кыттыгастаах академическай таһымнаах кинигэ буолан тахсыбыта (2010).

Варвара Обоюкова, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин научнай үлэһитин суруйуута туһанылынна.

Поделитесь этой страницей