Омук тылынан тахсыбыт бастакы олоҥхо
Сурукка тиһиллибит бастакы олоҥхонон “Эрэйдээх-буруйдаах Эр соҕотох” айымньы буолар. Саха уус-уран литературатын бастакы хараҥаччыта Афанасий Уваровскай нуучча академига Отто Бетлингк көрдөһүүтүнэн кылгатан суруйбута.
Бу аан маҥнайгы саха тылынан суруллубут сурук 1848 сыллаахха академик Александр Миддендорф «Сибиир хотугу уонна илиҥҥи өттүгэр айан» диэн кинигэтигэр сахалыы уонна ньиэмэстии тылларынан бэчээттэммитэ. Онтон ити матырыйааллар үс сыл буолан баран, 1851 сыллаахха тахсыбыт О. Н. Бетлингк «Сахалар тылларын туһунан» диэн улахан үлэтигэр киирбиттэрэ.
Поделитесь этой страницей