Олоҥхо педагогикатын ис кыаҕын толору арыйдарбыт…
Мин кинини бэйэтин, хайдах эрэ, олоҥхо персонаһын курдук ылынабын уонна оннук харахпар ойуулаан көрөбүн. Намыын саҥатын, уран тылын-өһүн, сэмэйдик туттан-хаптан сылдьарын, өйө-санаата дириҥин, билиитэ-көрүүтэ киэҥин, дьону кытта сэмэйдик, көрсүөтүк кэпсэтэр, алтыһар сахалыы майгытын иһин.
Бэйэтигэр итинник диэбиппэр, күлэн кэбиһэн баран, олус судургутук: «Учуутал буоллаҕым дии!» — диэн хоруйдаабыта.
Кырдьык, учуутал үөрэтэр биридимиэтин эрэ нөҥүө оҕоҕо дьайар, сабыдыаллыыр буолбатах. Айан, чочуйан таһаарбыт уобараһынан, олорор олоҕунан, үлэҕэ-дьоҥҥо сыһыанынан эмиэ үрдүккэ кынаттыыр, уһуйар кыахтаах эбээт!
Ыраахтан сыыйа билсэн, кэлин «Эркээйи эргииринэн» чугаһыспыт, эйгэлэспит, үтүө доҕорбут диэн киэн тутта ааттыыр киһибит, олоҥхо педагогикатын научнай төрүөтүн оҥорбут, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа социальнай уонна педагогическай наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, педагогикаҕа наука хандьыдаата Екатерина Петровна Чехордуналыын сэһэргэһиибит сүрүн санааларын эһиэхэ билиһиннэриэм.
Айымньы байҕалыгар умустаххына
– Екатерина Петровна, олоҥхо эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний? Эбэтэр Таатта буоллуҥ да, айар, суруйар дьоҕур диэн айылҕаттан баар буолар дуу?
– Ити ыйытыыгар хоруйбун ыраахтан саҕалыахпын баҕарабын. Бэйэм олохпуттан таһааран. Сүүрбэһис үйэ иккис аҥаарыгар орто дойдуга кэлбит киһи буоларым быһыытынан, син арааһы көрүстүм. Онуоха киһиэхэ тулалыыр эйгэ ордук күүскэ сабыдыаллыыр, өй-санаа олоҕуруутугар улаханнык дьайар эбит. Холобур, аҕам олоҥхоһут буолан, мин бу эйгэҕэ улгумнук киирбитим.
Быыкаа эрдэхпиттэн олоҥхону истэ улаатаммын, уустаан-ураннаан, хоһуйан-байытан этэргэ дьулуһарым. Өҥ буорга түспүт сиэмэ ордук сириэдийэ ситэринии, миэхэҕэ оҕо эрдэхпиттэн олоҥхо тыла-өһө, ырыата-тойуга сабыдыаллаан, үтүө өрүттэри көбүттэҕэ дии.
Ол эрээри мин да бастаан утаа олоҥхо тылын олох өйдөөбөт уонна ылыммат этим. Дьэ, инньэ гынан ньоҕойдоһон туран, бэйэм дьаныардаах уонна дьүккүөрдээх буолан дьирээлэһэн, олоҥхо ис номоҕор киирбитим. Кырдьык, оччолорго олоҥхо киэҥ биһирэбили ыла, үөрэх-култуура эйгэтигэр маассабайдык тарҕана илик кэмэ этэ. Онон, мин саныахпар, олоҥхо киһини киллэрэр уонна киллэрбэт буолар эбит. Быһатын эттэххэ, дьаныардаах эрэ дьон айымньыга өтөн киирэр кыахтаахтар. Биирдэ ааҕан көрөн баран быраҕан кэбистиҥ да, эн олоҥхоҕо төрүт да эргиллимиэххин сөп. Онтон санаан кэлэн арыйталаан көрө сырыттаххына, чуолаан дууһаҥ муунтуйдаҕына, биитэр төттөрүтүн олус үөрэн, сүргэҥ көтөҕүллэн, санааҕын сааһылыыр сыаллаах аахтаххына, олоҥхо сыыйа-баайа киллэрэр, бэйэтигэр тардар, угуйар дьикти алыптаах эбээт! Дьэ, доҕоор, аны айымньы байҕалыгар умустаххына, онтон кыайан тахсыбаккын. Ол курдук норуот уус-уран тыла-өһө, өркөн өйө, дириҥ билиитэ бүтүннүүтэ олоҥхоҕо баарын быһыытынан, сүрэҕэлдьиири да умнан, салҕар-сылайар диэни да билбэккэ, бэйэҕэр саҥаттан саҥаны арыйан иһэҕин.
– Дьэ, оччотугар олоҥхобутугар аныгы ыччаты хайдах киллэрэбит?
– Туох ханнык иннинэ олоҥхону истэ сатааҥ. Билигин толорооччулар да элбэхтэр, ыһыахтарга да анал түһүлгэлэр тэриллэллэр. Урукку уһуллубуттара да баар. Кэлиҥҥи кэмҥэ Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо ыһыаҕа, Олоҥхо күнэ олохтононнор, сүдү айымньыбыт киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар көдьүүстээх үлэ барда. Онон олоҥхо ханна эрэ үрдүк чыпчаалга, «киһи тиийбэт сиригэр» баар диэн өйдөбүл уурайыахтаах. Кини аттыбытыгар баар, күннээҕи олохпут аргыһа буолар кыахтанна. Арай бэйэбит кини диэки эргиллэн, аҕыйах хардыыны эрэ оҥоруохпутун наада. Дьэ, аны ол истибиппит, барыта да буолбатар, сэргэх санаата өйгө-санааҕа хатанан хаалар үгэстээх. Уонна сирдьит буолан, эйигин олоҥхоҕо сиэтэн киллэриэ турдаҕа…
Ойуунускай ааҕыыларыттан саҕалаан
Екатерина Петровна: «Олоҥхону чинчийиигэ хайдах уонна хаһан кэлбиппиний?» — диэн бэйэтигэр ыйытыы биэрэн, санаан көрбүт түгэннэрдээх. Маныаха: “Оскуолаҕа киирэн да баран, кэлин Бүлүү училищетыгар, оннооҕор университекка үөрэнэ да сылдьан, олоҥхоҕо сыһыаным суох этэ”, — диир. Учуутал буоларын быһыытынан, оҕолору үөрэтэр эрэ эбит, онтон атын сэҥээрии суохха дылы. Кини дойдутугар Тааттаҕа уопсайа 25 сыл саха тылын уонна литературатын учууталынан, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит. 1983 с. Чөркөөххө үлэлии сылдьан, Ойуунускай төрөөбүтэ 90 сылын оҕо кутугар-сүрүгэр иҥэр гына далааһыннаахтык ыытарга санаммыттар. Бэлиэтээн этэр эбит буоллахха, бу кэмтэн ыла Ойуунускай ааҕыылара диэн оҕо литературнай бырааһынньыга үбүлүөйдээх сылларга тэриллэр үтүө үгэскэ кубулуйар. Екатерина Петровна тэрээһиннэри былаанныыр, оҕолору кытыннарар сыалга-сорукка сылдьан, “чинчийии наада эбит” диэн санааҕа кэлэр…
– Салгыы чинчийээччи быһыытынан ситииҥ-хотууҥ туһунан кэпсэтиэххэ эрэ. Сыныйар, кэтээн көрөр үлэни сүрүннүүргэр туохха олоҕурдуҥ? Бу кэскиллээх хайысха сылдьар диэн сэрэйбит буоллаҕыҥ дуу?
– Аан бастакы чинчийиибин ыытарбар Д.С. Макаров «Народные знания» кинигэтэ көмөлөспүтэ. Кини олоҥхону ырытыытыгар, айымньыга этиллибит биһиги олохпутугар маннык түгэҥҥэ көстөр, бэлиэтэнэр, дьүөрэлэһэр диэн тэҥниир. Холобур, «аҕыс иилээх-саҕалаах атааннаах-мөҥүөннээх айгыр силик аан ийэ дойду» диэн хоһуйууга «илин, арҕаа, хоту уонна соҕуруу» диэн түөрт хайысхабытын таһынан, олор икки ардыларынааҕы «хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа…» диэбит курдук хайысхалар эбиллиилэригэр, оруобуна аҕыс хайысха тахсан кэлэр. Саҕа – саҕаланыыта. Ии – төгүрүк иһэ. Ол ии кыараҕас да, киэҥ да буолуон сөп. Оччотугар «иилээх-саҕалаах» диэн туох эрэ хантан эрэ саҕаланар уонна ханна эрэ тиийэн бүтэр түгэхтээх. Бу ойуулааһыҥҥа дойдубут кэтитэ-киэҥэ, уйаара-кэйээрэ биллибэт нэлэмэн иэнэ этиллэр буоллаҕа дии. Дьэ, итинтэн саҕалааммын, олоҥхо этиититтэн этиитигэр, санаатыттан санаатыгар өтөн киирэн, хасыһан барбытым. СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэр кэмнэрбэр Дьокуускайга М.А.Черосов уонна Д.С.Макаров салалталарынан үлэлиир научнай куруһуок баарын истэрим. Холобур, В.В.Илларионов, Н.И.Филиппова ол куруһуокка дьарыктанан, билигин олохторун сүрүн хайысхата оҥостубут улахан учуонайдар таҕыстахтара дии. Мин тыаҕа үлэлии олорор киһи Черосовтаах Макаров ыстатыйаларын уура сылдьан ааҕарым. Маннык көрөллөр, итинник гыналлар эбит диэн. Оччотугар бастаан олоҥхону өйдөөтөхпүнэ сатаныыһы диэн түмүккэ кэлбитим. Дьэ, итинник мучумааннанан уонунан сыл ааспыта…
–Төрүт оскуоланы саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ өрө анньан киирэр кэмигэр эһиги, таатталар, көҕүлээбит Ойуунускай ааҕыылара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсар. Киэҥ сэҥээриини ылар. Ону сэргэ тус бэйэҕин ис хоһоонноох үлэҕэ киллэрдэҕэ, чинчийээччи буоларга салайдаҕа дии?
– Кэнсиэпсийэни олоххо киллэрэр кэмҥэ мин Таатта улууһун үөрэҕириитин салаатыгар мэтэдиичэскэй кэбиниэт сэбиэдиссэйэ этим. Инньэ гынан улууска тэрийэр үлэҕэ күүскэ кыттыспытым. Саҥа үлэ ис хоһоонугар тутуспутунан бары киирбиппит.
Хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ сирэйдээх, суоллаах-иистээх, тиэмэлээх буолбута. Маныаха фольклорбутун, олоҥхобутун, хомуспутун, тойукпутун, оһуохайбытын бүтүннүүтүн бииргэ илдьэ сылдьабыт. Тааттаҕа фольклору дириҥэтэн үөрэтиини Чымнаайы оскуолата иилээбитэ-саҕалаабыта. М.П. Прокопьева идэлээх киһи буолан, фольклорга анал куруһуогу, ону таһынан кылаас чааһын быһыытынан, эбии дьарык курдук тэрийэн, оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри түмэ тардан, бу хайысхаҕа нэһилиэк күргүөмнээхтик ылсыбыта. Онтон дьиэ-уот оҥоруутугар, сахалыы мандардаан тутууга Туора Күөл оскуолата, Э.А. Алексеев салалтатынан, инники күөҥҥэ тахсыбыта. Салгыы ити хайысханы дириҥэтэн, саха балаҕанын научнай таһымҥа ырытта. Туора Күөл кэнниттэн үөрэнэр хоһу сахалыы моһуоннаан тупсарыыга Чычымах оскуолата туруммута. Дьэ, ити курдук саҥалыы тэринэн, айымньылаах үлэни көҕүлээбиппит. Үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институттан Е.К. Васильев, В.Р. Шишигина, ону кытта Кэнсиэпсийэ айар бөлөҕүттэн Т.И. Петрова Тааттаҕа элбэхтик мэтэдиичэскэй көмөнү оҥорбуттара. Онон оҕолуун-улаханныын олоҥхону чинчийиигэ бииргэ киирбиппит диэххэ сөп. Ити кэмтэн ыла П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун хас биирдии этиитин, тылын, өйдөбүлүн дьиҥнээхтии ырытан, дириҥник ылсыым саҕаламмыта. Фольклор муҥутуур чыпчаала – олоҥхо — бары хайысханан билиини иҥэриммит буолан, саха үөрэҕэ буолар кыахтаах диэн санааҕа кэлбитим. Онон Тыараһа оскуолатыгар учууталларга икки сыллаах научнай-практическай сэминээр тэрийбитим. Маннык үлэлээн-хамнаан, оскуола бүтүннүүтэ олоҥхо тылынан саҥарар, дьүһүйэр, олорор буолбута. Олоҥхо дириҥ философиятыгар тирэҕирэн, «Сырдык аартык» диэн бырагырааманы тобулбуппут.
Олоҥхону үөрэх эйгэтигэр сыһыарыы
1994 с. Тыараһа оскуолата эксперименниир былаһаакка буолуоҕуттан бэттэх уонча сыл Екатерина Петровна ити өйдөбүлү, «олоҥхо култуурата», «саха үөрэҕэ» диэн араастаан ааттыы-ааттыы, үөрэх-иитии эйгэтигэр киллэрэ сатаабыт. Тус толкуйугар, көрүүтүгэр олоҕуран, «Күн сирин оҕото» диэн бырагырааманы суруйбут. Оччолорго олоҥхону «педагогика» таһымыгар таһаарыан олус куттанар эбит. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмҥэ олоҥхону норуот тылынан уус-уран айымньытын халыыбынан эрэ көрүү, чинчийии баһылыыр суолталааҕа. “Оттон педагогика науката систиэмэ быһыытынан олоҕурбут өйдөбүллэрдээх буолан, эмиэ сатаммат курдуга”, — диэн кэпсиир. Онон бу кэмҥэ олоҥхону педагогика диэки иэҕэргэ төрүт ким да санамматах.
Екатерина Петровна 1996 с. куоракка көһөн кэлиэҕиттэн Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институкка үлэлээбит. 2004 с. сыралаах үлэ түмүгэр, ситиһиилэригэр тирэҕирэн, олоҥхону толорор оҕолору кэтээн көрөн, учууталлар чинчийиилэрин сэргэ тутан, «Оҕону иитэргэ олоҥхо эйгэтэ» диэн ааттаан, оччугуй кинигэни таһаарбыт.
– Олоҥхо педагогиката диэн өйдөбүл научнай төрүөтүн илдьиритэн быһаарыахха эрэ.
– 2005 с. олоҥхобут, ЮНЕСКО быһаарыытынан, киһи аймах култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньыта буолбута.
Дьэ, ол кэннэ олоҥхоҕо интэриэс бары өттүттэн улаатар. Бу сылларга Ороһутааҕы норуот педагогикатын музейын төрүттээбит К.С.Чиряев «Олох педагогиката» диэн кинигэтэ тахсар, ол иһигэр олоҥхо педагогикатын туспа тутан сиһилии сэһэргиир. Биһиги үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут! Бу иннинэ итинник санааны күөрэттэхпинэ, букатын «хайдах буоллуҥ?» диэбиттии киһини көрөллөрө-истэллэрэ. Ону мин «Константин Спиридонович этиитин тутуһан, ити хайысханы дириҥэтэн ырытабын», — диэтэхпинэ, биирдэ сөпсөһөллөрө. Инньэ гынан К.С. Чиряевы бу хайысхаҕа суолу тэлэн биэрбит киһинэн билинэбит. Кини бастакынан «олоҥхо педагогикатын» ырыппыт, ис хоһоонун арыйбыт улахан өҥөлөөх. Үлэтин сүрүн санаата – күннээҕи олохпутугар олоҥхоҕо сөҥөн сытар билиини арыйаммыт, ньымаҕа киллэрэммит, толору туһаныахтаахпыт диэн. Онтон «олоҥхо ис хоһоонугар киирэн, үөрэх эйгэтигэр сыһыарыы» диэн хайысхаҕа биһиги үлэлээн саҕалыыбыт. Чинчийиибэр Ойуунускай «Олоҥхо – олох оскуолата» диэн этиитин тутуһабын. Быһатын эттэххэ, олоҥхоҕо баар төрүт билиилэри ырытаммыт, саха үөрэҕэ оҥостоммут үлэлиэхтээхпит. Бу сыллар тухары утумнаахтык чинчийиинэн дьарыктанан, 2010 с. Н.И.Филиппова, Д.Г.Ефимова, Н.П.Карпова буолан, «Олоҥхо педагогикатын төрүттэрэ» диэн кэлэктиибинэй монографияны, онтон олоҥхо педагогикатын хайысха быһыытынан киэҥник билиһиннэрэр сыалтан бу үлэбитин 2016 с. кылгатан, нууччалыы барыйаанын бэчээттэппиппит. Олоҥхо педагогикатын олоххо киллэрэр сүрүн ньыманан СЭДИП технологияны ааттыыбыт. Бу ньыманы наука өттүттэн көрөн сиһилии ырыппыппыт. 2019 с. ХИФУ бэрэпиэссэрэ, педагогика наукатын дуоктара Н.Д.Неустроевы кытта этнокултуурунай үөрэхтээһини тэрийэргэ ФГҮөС ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, «Технология педагогики олонхо – СЭДИП» диэн устудьуоннарга аналлаах үөрэх босуобуйатын оҥорбуппут. Биллэн турар, бу наука таһымынан сиһилээһин буолар. Онтон оҕону кытта практическай тосхоллоох, быһаччы дьайыылаах үлэни тэрийэргэ анаан «Олоҥхо дойдута», «Олоҥхо тыла-өһө», «Олоҥхо эйгэтэ» диэн чинчийии аҥаардаах кинигэлэри эмиэ таһаарбыппыт.
– Олоҥхо олоҕу уруйдуур идиэйэтэ диэҥҥэ туох өйдөбүллэри киллэрэҕит? Киһилии киһини иитии диэн санааҕа тиэрдэр буоллаҕа…
– Оннук, эн сөпкө бэлиэтээтиҥ! Ол аата «олоҥхо педагогиката» диэн төрүт билии, төрүт өй-санаа, ытык өйдөбүллэр. Итилэри олоҥхоттон ылҕаан ыламмыт, билиҥҥи киэпкэ киллэрэбит. Аныгы кэм өйүгэр-санаатыгар туһаайабыт, сайдыылаах олох тиэрминнэрин туттабыт диэн буолар. Олоҥхо билиитигэр, норуот муудараһыгар тирэҕирэн, күннээҕи, сирдээҕи олохпутун оҥостуохтаахпыт. Маныаха кэрэ (эстетика) диэн өйдөбүл толору арыллар. Аны туран «кэрэбит» бэйэтин иһигэр биэс категориялаах. Ол ахсааныгар олох үчүгэй эрэ өрүтэ киирбэт. Мөкүтэ, трагедията эмиэ баар. Оччотугар кэрэ суолтата киһи дьүһүнүттэн саҕалаан, таҥаһыгар-сабыгар, аһыгар-үөлүгэр, олорор усулуобуйатыгар тиийэ баар. Атыннык эттэххэ, киһи чочуллан, имиллэн тахсыыта ааттанар. Хас биирдии киһи олоҕун усталаах-туоратыгар арааһынайы барытын көрсөр. Наар үчүгэйинэн эрэ барбат. Куһаҕаны туораатаҕына, үчүгэйгэ таластаҕына — дьолго тиксэр. Сыыһаны да оҥордоҕуна сатаан көннөрүнэр буолуохтаах. Аны туран, сыыһатын өйдөөн-санаан туран, кырдьыгынан, көнөтүнэн билиниэхтээх. Олоҥхо ону этэр. Айыы уонна абааһы киирсиилэрэ бүтүннүү кэрэ категориятынан ойууланар.
Маннык суолу тутуһар ньымабыт биир эрэ – олоҥхо педагогикатынан үөрэх эйгэтин тэрийии, баары кэҥэтии, дириҥэтии. Ол эбэтэр оскуолаҕа, оҕо саадыгар, маны таһынан талан ылбыт хайысханан (дьарык таһымынан) уһуйар эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр уонна оҕо ускуустубатын дьиэлэригэр тиийиэхтээх. Бу өйү-санааны өйдөөбүт, баһылаабыт, иҥэринэ сылдьар педагогтар дэлэйиэхтээхтэр. Холобур быһыытынан Екатерина Петровна олоҥхо педагогикатынан үлэлиир оскуолалар ситимнэрин ааттыыр. Онно түөрт тэрилтэ киирэ сылдьар эбит: Бүлүүттэн Тааһаҕар уонна Мастаах, Тааттаттан Тыараһа, Мэҥэ Хаҥаластан Тарат. Маны таһынан оҕолору кыра сааһыттан олоҥхону истэргэ угуйар туһуттан, олоҥхо тылынан саҥарда үөрэтэр санааттан, «Арылы кустук» диэн оҕо саадтарын ситимнэрин олохтообуттар. Балар кэккэлэригэр билигин таатталар эрэ буолбакка, Чурапчы, Амма, Хатас, Дьокуускай оҕо тэрилтэлэрэ эмиэ киирбиттэр.
Сэдиптээһини туһанан
– Уйгулаах, бигэ туруктаах олоҕу оҥоруу санаабыт хоту чэпчэки буолбат. Оннооҕор олоҥхоҕо бэрт эридьиэстээхтик ойууланар эбээт!
– Олоҥхоҕо «сүүс сүүстэриттэн аалсаннар, биир сөптөөх түмүгү оҥостуналлар» диэн этии түгэх санаатын таайа сатыыбын. Нууччалыы, “кодовое слово” диэн ааттыыбыт. Манна туох-туох киирсэрий? Былаас икки ардыгар, судаарыстыбалар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар, дьон дьону кытта алтыһыытыгар, уопсай тылы булуутугар ити таайа сатыыр өйдөбүлбүт ньыма буолуохтаах. Ону ыһыктан, төрүт өйбүтүттэн түһэрэн кэбиспиппит быһыыта… Утары күүстэр хапсыһыыларыгар тохтооннор, биир сиргэ түмсэн олороннор сүбэлэһэллэр, «сүүс сүүстэриттэн аалсаллар». Бу сылдьар дипломатия улахана! Маннык түгэн кэннэ олоҥхоҕо дойду үллэстиитэ саҕаланар. Киһи дьиибэргиирэ диэн, бэйэлэрэ талаллар ханна баралларын. “Эн онно бар” диэн кыйдаспаттар ээ. Аллара дуу, үөһэ дуу барааччылар дойдуларын талалларыгар тоҕотун чопчу быһааран баран аттаналлар. Түүҥҥү сырыыларбытыгар, түөкүннүүрбүтүгэр табыгастаах буоллун диэн, ону өйдүү-өйдүү бараллар. Орто дойдуга ким да хаалбат… Дьэ ол иһин «сүүс сүүстэриттэн аалсыы» түмүгэр, орто дойдуга Саха Саарын Тойону, Сабыйа Баай Хотуну – үөһээ дойду аллараа эҥээригэр олорор дьону — түһэрэллэр. Кинилэр оҕолонон, төрөөн-ууһаан, орто дойдуга Айыы дьонун үөскэтэллэр.
– Тылбыт баайа, этигэн кэрэтэ сайдыы эйгэтин олохтуохтаах диибит. Ити уустук эрээри, дьиҥ бэйэбит киэнин ылынар үөрүйэхтэрбит сахаҕа баар буоллахтара дии. Арай ону аныгы дьон кыайан уһугуннарбаппыт буолуо ээ?
– «Олоҥхо тыла наһаа уустук, оҕолору сордоомоҥ» диири олох өйдөөбөппүн. Биһиги тылыттан тылыгар нойосуустата сатаабаппыт ээ. Оҕо оҕоттон үөрэнэр. Көрөн, истэн. Аны олоҥхоҥ тыла дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонунан суруллубут. Тыл тылы сиэтэн таһааран иһэр. Этэргэ дылы, тыл ис хоһоонун өйдөөбөккө да ааҕан субурутан баран иһиэххин син. Биир санааны, дьайыыны тыл араас толбонунан биэрии, хоһуйан уустаан-ураннаан тиэрдии – саха өйүн уратыта дии саныыбын. Ыраахтан эргитэн аҕалан, бары өттүттэн тыктаран көрөн, дьиҥнээх түмүгүн бүтэһигэр этэр үгэстээхпит. Саха өйдүүр өйүн уратыта итиннэ сытар. Саха эргийэн барар идэлээх. Тулатын кирийэн көрөр, анаарар, одуулуур үгэстээх. Ылла да барбат, сананна да оҥорбот. Сыыйа. Бытааннык, оттомноохтук. Сэрэх дьоммут. Муударай норуот диэхпин баҕарабын. Ол да иһин баччааҥҥа диэри ойдубакка-быстыбакка, төрдүбүтүн ыһыктыбакка тиийэн кэллэхпит дии. Дьэ, ол иһин ойуулуур-дьүһүннүүр тылбыт арааһа олус элбэх, муҥутуу сайдыбыт. Ити барыта олох олорууну, толкуй хайысхатын кытта ситимнээх. Олоҥхо курдук баай нэһилиэстибэ ол иһин үөскүүр кыахтаах. Мантан сиэттэрэн, сахаҕа сэдиптээһин технологията баар диэн этэбит. Чопчу баара биллэр. Хайдах оҥороруҥ, ханан тиийэриҥ, дьэ, биллибэт. Ол иһин сэдиптээн сөпкө оҥоруохтааххын. Бу ордук уустарга, сылгыһыттарга, булчуттарга сайдыбыт. Кэтээн көрөн, араас билиини мунньунан, ырытан-сыныйан, тэҥнээн көрөн, туохтан тулуктааҕын, ким сабыдыаллаабытын билэн туран. Толкуй таһыма диэххэ сөп курдук. Ону биһиги утум-ситим дьайыынан ситиһэбит диибит. Туохтан эрэ саҕалыыгын уонна сыыйа баран иһэҕин. Дьэ, иннэ гынан олоҥхо философиятыгар сэдиптээн тиийиэхтээхпит, ис номоҕун арыйыахтаахпыт.
Айыыбытын бэйэбит үүннэриэхтээхпит
– Ньургун Боотур – Айыы киһитин идеала, кылаан кэрэтэ. Кининэн сирэйдээн, билиҥҥи ыччаппытыгар ханнык хаачыстыбаны иҥэрэргэ дьулуһуохтаахпытый?
– Ханнык да киһиэхэ, Ньургун Боотурга да, араас хаачыстыба үөскэҕэ баар. Ол эрээри киһи бэйэтин хонтуруоллана, салайына, сайыннарына үөрэниэхтээх. Холобур, Ньургун Боотур бэйэтэ хаһан даҕаны Айыы да ыалын, абааһа да аймаҕын атаҕастыы барбат ээ. Күн сирин көмүскүү кэлбит аналын тутуһар уонна толорор. Дьон кэлэн көрдөстөҕүнэ эрэ быыһыы аттанар.
Иккис холобур – Күн Дьирибинэ. Айыы да бухатыырыгар мөкү хаачыстыба баһыйар түгэнэ баарын көрдөрөр. Буутун этэ буһаат, эдэр сааһыгар сылдьан, киһиргиир санаата баһыйан, дуорааннаахтык дуораһыппытыгар, Уот Уһутаакы орто дойдуга үөгүлүүр. Үһүс холобур – Абааһы уола. Кини истээт, тута хоруйдаан иһэр. Толкуйдуу, анаара, кэнникитин-инникитин санаан ылбакка эрэ оҥорор. Биллэн турар, онтуката алдьатыылаах буолар. Киһиэхэ араас хаачыстыба хайдах баҕарар үөскүүр кыахтаах. Үчүгэй да, куһаҕан да санаа киирэн ылар түгэннэрдээх. Ол иһин Айыы икки, абааһы икки хас биирдиибитигэр испитигэр олорор диибит. «Абааһыта киирбит», «Абааһыҥ арҕаалаата дуо?» диэн куһаҕан быһыыны этэллэр. Айыы киһитэ Айыытын бэйэтэ үүннэриэхтээх. Үчүгэйи үксэтэр, кэрэҕэ тардыһар, көмөнү-туһаны оҥорор аналынан. Дьэ, оччотугар Айыыҥ баһыйан, киһилии киһи киэптэнэҕин. Ол иһин “ортотунан сырыт” диибит. Боччумнаахтык, оттомноохтук. Отуору хамнаппакка, сиэри тутуһан. Бу түгэҥҥэ эйгэлэһии, бииргэлэһии сүрүн суолталанар. Хардарыта дьайсан, үтүөнү түстэһэн. Дьонноох, киһилээх буолуу уруйданар. Кэскиллээх, кэнчээри ыччаттаах буолуу биһирэнэр.
– Екатерина Петровна, олоҥхону күннээҕи олох бытархайдарыгар тиийэ сэргэ тутан кэпсиириҥ олус суолталаах. Дьоһуннаах кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Кэпсэттэ Геннадий Охлопков.