«Мэндэ Бухатыыр» олоҥхо-испэктээк премьерата буолла
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра 31-с айар үлэтин дьылын «Мэндэ Бухатыыр” олоҥхо-испэктээгинэн түмүктээтэ.
Бу испэктээкил Олоҥхо ыһыаҕар көрдөрүллүөҕэ. Айымньы ааптара — оҕо биллиилээх суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдо, сыанаҕа туруорааччы режиссер – СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец, сыананы киэргэтээччи уонна көстүүмү таҥааччы – СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова.
«Мэндэ Бухатыыр» испэктээк саҕаланыан иннинэ, үгэс быһыытынан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ уонна норуодунай артыыһа Алексей Павлов эҕэрдэ тылын эттэ, 31-с айар үлэ дьыла этэҥҥэ түмүктэммитин биллэрдэ уонна буолаары турар испэктээкил 16-с төгүлүн ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар көстүөхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.
Олоҥхо ис хоһоонун кылгастык сырдаттахха, былдьаһыктаах дьыллар быданнаах кэтэхтэригэр өйүмүлээх Өймөкөөн сиригэр саха-эбээн омуктара уйгуну-быйаҥы түстэһэн, эйэлээхтик уонна илгэлээхтик олорбуттар. Кинилэр аатырар-сураҕырар, албан ааттаах, астык бэйэлээх Мэндэ Бухатыыр диэн киэн туттар күүстээх боотурдаахтар эбит. Маны сэргэ, хотугу дойду киэҥ туонатыгар олорор саха уонна эбээн омуктара үүт маҥан дьүһүннээх, имигэс мааны Табачааннарын ытыктыыллар уонна таптыыллар эбит.
Бу курдук үтүө-мааны дойдуга бур-буруо таһааран, быр-бааччы олоруохтарын, оонньуу-көр кэмигэр Күүдээх Боотур алҕаска Мэндэ Бухатыырга олооччутун үктэтэр. Ол ыарыытыттан киниэхэ өһүрэн, орто дойду дьонун чоп курдук тосторун бэрдэрээри, иэстэһээри, абааһы аймаҕар үҥсэ ыстанар. Дьэ, ол кэнниттэн аан дойду атыйахтаах уу курдук дьалкыйар. Маныаха, абааһы аймаҕын тойоно Уот Урбалдьын үрүҥ Табачааны уоран ылар.
Үтүөнү тарҕатар аналлаах кыылларын быыһыы диэн Мэндэ Бухатыыр боотурдарын кытта уһун айаҥҥа ыстанар. Кини аара Үрүҥ Аар Тойонтон Хомпоруун Хотой тыынын, онтон Лабыҥкыр Айыыттан сүдү тыыны ылан, күүһүгэр күүс эбинэн, Хотой куттаах, Луо тыыннаах, орто дойду олоҕун көмүскүүр аналлаах Мэндэ Бухатыыр буолан, абааһыларга турунар. Түмүккэ, олоҥхоҕо буоларыныы, хараҥа күүһү сырдык күүс кыайар. Маныаха, үрүҥ Табачаан киһи буолар, кэскили тэнитиэхтээх кистэлэҥ анала арыллар…
Ити курдук, туруоруу бастакы көрдөрүүтэ олус бэркэ уонна үрдүк таһымнаахтык ааста. Көрөөччүлэринэн сайыҥҥы лааҕырдартан кэлбит оҕолор, учууталлар, иитээччилэр уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар буоллулар. Кинилэр испэктээкил муусукатын, тыаһын-ууһун, артыыстар күүстээх оруолларын, чаҕылхай көстүүмнэрин, сыана ураты киэргэтиитин сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр. Сүрүн оруоллары Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Мария Данилова, эдэр артыыстар Айыына Слепцова уонна Кирилл Рожин толордулар.
Түмүккэ көрөөччүлэр бука бары туран, дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Маны таһынан, олоҥхо ааптарыгар Евдокия Иринцеева-Огдоҕо, режиссер Валентина Якимецка, сыананы киэргэтээччи, көстүүмү таҥааччы Мария Ивановаҕа уонна сүрүн оруолу толорбут артыыстарга сибэкки дьөрбөтүн туттардылар диэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата иһитиннэрэр
Ангелина Васильева,
Хаартыска: Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата