Олоҥхо түһүлгэтэ - түмсүү түһүлгэтэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо түһүлгэтэ - түмсүү түһүлгэтэ

Олоҥхо түһүлгэтэ — түмсүү түһүлгэтэ

Олоҥхоһуттар түһүлгэлэрин аһыллыыта бэс ыйын 30 күнүн киэһэ буолла. Таатталар бэркэ тэрийэн ыыттылар.

Ол курдук, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина, былырыын Үөһээ Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕын «Кылаан чыпчаал» аатын ылбыт муҥутуур кыайыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ, Саха Сирин оһуохайын үтүөлээх этээччитэ, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ дьиэ кэргэнин ытык аҕата, “Төрөппүт Албан аата” уордьан кавалера Афанасий Николаевич Попов аман тылынан алҕаата, тойугунан арчылаата, буруо таһааран ыраастаата, аал уоту айах тутта.

Алгыс сиэрин-туомун кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев түһүлгэ ыалдьыттарын эҕэрдэлээтэ:

-Тымныы оройугар саха омук саамай ытык бырааһынньыгын ыытыахха диэн быһаарынан, бүгүн манна, Өймөкөөн сиригэр, элбэх улуустан, куораттартан дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Тыйыс усулуобуйаҕа олордоллор да, этиибитин быһа гыммакка ылынан, бу ыһыаҕы тэрийбит өймөкөөннөргө ис сүрэхпиттэн махтанабын.  Чахчыта да, хайдахтаах курдук Томтор уларыйбытын, тупсубутун көрөн үөрдүбүт.  Ытык кырдьаҕас олоҥхоһуттарбыт ыраах диэбэккэ айаннаан кэлбиттэрэ хайҕаллаах уонна махталлаах. Бу күннэргэ манна бэртээхэй олоҥхолор толоруллуохтара, сахалыы уран тыл түһүлгэтэ түстэниэҕэ. Үчүгэй ыһыах буоллун!

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо иккис 10 сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков:

-Ыраах сири айаннаан кэлбиккитигэр махтал! Үгүс үйэлэр анараа өттүлэригэр биһиги өбүгэлэрбит сөмөлүөтэ, массыыната суох атынан, атаҕынан бу сири булбуттара. Байаҕантайдар, бороҕоттор, боотур уустара, хаҥаластар, онтон илин эҥэрдэр олохсуйбуттара.  Бу Томтортон чугас Өксөкүлээх Өлөксөй ыалдьыттаабыт балаҕанын сөргүппүттэр, туруорбут 2 сэргэтин эргиппиттэр. Ону хайаан да быыс булан көрүҥ. Бачча кэлбиччэ. Аны иккистээн манна Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара биллибэт. Ол иһин халлаан туран биэрдин диэн көрдөһөбүт. Өйдүү-саныы сылдьар ыһыаҕы ыһыахха!

Оннук эрэ буоллун!

Таатта баһылыга Михаил Михайлович Соров эҕэрдэтигэр эппитинии, урааҥхай сахалары  аан дойдуга тымныытынан аатырбыт Өймөкөөҥҥө олоҥхобут түмтэ. Онон Олоҥхо түһүлгэтэ – түмсүү түһүлгэтэ!

Сырдатта Анисия Иевлева

Поделитесь этой страницей