Томтор тускуллаах туонатыгар
От ыйын өҥүрүк куйааһа сатыылаан турар кэрэ кэмигэр бурҕаат буордаах бороҕоттор Томтордорун туоната ырыанан-тойугунан туолла.
Бу сүҥкэн тэрээһини сүрүннэспит култуура миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев санаатын үллэһиннэ:
-Өймөкөөн сиригэр-уотугар, II Бороҕон нэһилиэгэр, Томтор бөһүөлэгэр хаһан да кэлбэтэх элбэх киһи мустан, икки күн устата кэлин кэпсээн буолан кэрэхсэнэр ытык ыһыаҕы ыстылар.
Олоҥхо XVI ыһыаҕар Сахабыт Сирин 26 улууһуттан 800-чэкэ кыттааччы тоҕуоруста. Онно өссө ыалдьыттары, аймах-билэ дьону эбэн кэбиһиэххэйиҥ. Онон биһиги, тэрийээччилэр, санаабычча киһи айаннаабат ыраах сиригэр олоҥхо истээри, тойук туойаары, оһуохайдаан оонньоору, саха култууратын ыччат дьоҥҥо тарҕатаары, улахан соруктаах тиийэн кэлбит дьоммутугар махтанабыт.
Олоҥхо ыһыаҕа диэн икки күннээх көр-нар буолбатах. Сыл устата элбэх үлэ барда. Ол курдук, Томтор тускуллаах туонатыгар бу “Көмүс Күрүө” диэн этнографическай комплекс дьэндэйдэ: ураһалар, Чысхаан дьиэтэ, аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрэ, бабаарына, тырыбына…
Иккиһинэн, тоҕус кинигэ бэчээттэнэн таҕыста: Өймөкөөн олоҥхоһута М.Ф. Аммосов “Дугуйа Бөҕө” олоҥхото, Өймөкөөн фольклорун чинчийэн, сурукка-бичиккэ үйэтиппит Сэһэн Боло хотугу улуустарга сырыытын күннүгэ, кулун тутарга манна, Томторго, ыытыллыбыт олоҥхо XVI кэмпириэнсийэтин матырыйаалларынан научнай-практическай суолталаах хомуурунньук, Өймөкөөнү кытта ситимнээх, итиэннэ олоҥхо тыыннаах айымньылар, Өймөкөөн номоҕо, олоҥхолоро, эбээннэрин фольклора,.
Олоҥхо ыһыаҕын бастакы тэрээһинэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 сыллаахха Үрэх Төрдүгэр ыһыах ыспыт, үс сэргэни туруорбут сириттэн саҕаланна. Онно кини ыалдьыттаабыт балаҕаныгар атах тэпсэн олорон, саха омук уонна өрөспүүбүлүкэ кэскилин туһунан санаа атастаһыыта буолла. Ону сэргэ Николаев-киин “Өксөкүлээх Өлөксөй туһаайбыт суолунан” диэн быыстапканы туруорда. Итиэннэ “Өксөкүлээх уонна аныгы кэм” диэн төгүрүк остуол тэрилиннэ.
Өймөкөөн төрүт олохтоохторунан эбээннэр буолаллар. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ, Аллараа Халыма эбээннэрин талааннаах худуоһунньук кыыһа Екатерина Суржанинова быыстапката аһылынна.
Онон икки күн устата өймөкөөттөр, ырыа-тойук истэн, сиэдэрэй оҥоһуктары көрөн, иистэри-уустары кытта алтыһан, олоҥхону истэн, чахчыта да, олоҥхо дойдутугар ыалдьыттаатылар.