Өймөкөөн олоҥхоһуттарын уонна олоҥхолорун үйэтитэн - Сайт Олонхо
Главная / События / Өймөкөөн олоҥхоһуттарын уонна олоҥхолорун үйэтитэн

Өймөкөөн олоҥхоһуттарын уонна олоҥхолорун үйэтитэн

“Олоҥхо ыһыахтарын кэнниттэн дьон-сэргэ тутан хаалара – ландшафтнай-этнографическай комплекстар уонна кинигэлэр”, — диэн бэлиэтээн эттэ Олоҥхо үнүстүүтүн дириэктэрэ Руслан Анисимов Олоҥхо XVI ыһыаҕын көрсө тахсыбыт кинигэлэри сүрэхтиир, дьоҥҥо билиһиннэрэр дьоро киэһэҕэ.

-Олоҥхо үнүстүүтэ аан бастаан 2012 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кыттыһан, үс кинигэни бэлэмнээн таһаарбыппыт. Дьэ, ол кэнниттэн сыл аайы күүскэ үлэлээн, билиҥҥитэ олоҥхоҕо уонна фольклорга сыһыаннаах 80-тан тахса кинигэни Олоҥхо ыһыахтарынан оҥорон бэчээттэппит эбиппит. Саамай муҥутаан элбэҕи 2013 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка буолбут Олоҥхо ыһыаҕар таһаарбыппыт –  24 кинигэни! Оттон бүгүн Томтор сиригэр 8 кинигэни сүрэхтиибит, — диэн презентацияны иилээн-саҕалаан ыыппыт Руслан Николаевич Анисимов билиһиннэрэн кэпсээтэ уонна салгыы тылы ааптардарга биэрдэ.

Эпосовед бэрэпиэссэр Василий Васильевич Илларионов:

—  Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн соруга – дьоҥҥо, норуокка өйдөбүл быһыытынан хаалар кинигэлэри бэчээттэтэн таһаарыы. Быйыл ХИФУ фольклорга уонна култуураҕа кафедрата үнүстүүтү кытта кыттыһан, 3 кинигэни таһаарда.

Бастатан туран, “Сэһэн Боло хотугу улуустарга сырыытын күннүгэ уонна олоҥхоһуттары кытта үлэтэ”.  

Сэһэн Боло 1940 сыллаахха хотугу  фольклорнай эспэдииссэйэ састаабыгар киирэн, икки сыллаах чинчийэр айанын бу Өймөкөөнтөн саҕалаабыт. Икки ый устата Өймөкөөн олоҥхоһуттарын,  норуот талааннаахтарын, сээркээн сэһэнньиттэрин көрсөн,  үлүгэр элбэх матырыйаалы хомуйбут. Аны, эспэдииссийэҕэ икки сыл сылдьыбытын тухары күн аайы иэс моонньоҕун курдук күннүк (дневник) сурунар эбит. Ону туспа кинигэнэн таһаараары гыммыппын,  хомойуох иһин, чинчийэр үнүстүүт көҥүллээбэтэҕэ. Хата, үөрэнээччим, Муомаҕа кыраайы үөрэппит Григорий Михайлович Федотов архыып аһаҕаһыгар, устудьуоннуу сылдьан,  ол күннүгүттэн эҥин сурунан ылбыт эбит. Ону  доцент Туйаара Илларионовалыын биһикки ылан, икки түһүмэххэ арааран, кинигэ суруйдубут. Мантан өймөкөөннөр Сэһэн Боло хайдах курдук үлэлээбитин  билиэххит.

Иккис кинигэ – “Күн Эрэли” олоҥхо.

Сэһэн Боло сүрүннээн сэһэнньиттэри кытта алтыһара. Арай Өймөкөөҥҥө уонна Муомаҕа олоҥхоһуттар тустарынан, кинилэр ханнык олоҥхолоохторун суруйбут эбит. Ол курдук, бу кинигэҕэ “Күн үрдүгэр күүстээҕинэн аатырбыт күөкэри дьаҕыл аттаах Күн Эрэли бухатыыр” олоҥхону 1940 сыллаахха Сэһэн Боло Н.П. Атласов-Дардай тылыттан устан хаалларбытын уонна  П.Н.Дмитриев-Туутук  1978 с. кэлиҥҥи кэм олоҥхоһута Е.А. Слепцов “Күн эрэли” олоҥхону толорбутун магнитофоҥҥа устубутун киллэрдибит. Тэҥнии тутан, киирии тылыгар сиһилии ырыттыбыт.

Үһис кинигэбит – “Сказительские традиции народов Якутии”.

Бу кинигэни суруйбутум уонча сыл буолла. Өймөкөөнтөн нимкаланнардаах эбээн олоҥхоһута Е.А. Данилов, Громовтар тустарынан ахтыллар.

Олоҥхо үнүстүүтүн үлэһитэ Юрий Борисов:

-Кэллиэгэм Антонина Федоровна Корякиналыын Өймөкөөнү кытта ситимнээх 5 айымньыны түмэн, “Уостубат утум: олоҥхо тыыннаах айымньылар” диэн кинигэни таһаардыбыт.

Манна Елена Слепцова “Баараҕай Баатыр”, Евдокия Иринцеева-Огдо “Хахай куттаах, луо тыыннаах, орто дойду олоҕун көмүскүүр аналлаах  Мэндэ бухатыыр”,  Илья Семенов-Ураанай Уола  “Кэхтибэт кэптээх Кырбаһааҥкын Боотур”,  “Илэ түүл”, Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа “Дьүкээбил дьирбиитин иилиммит, Ала Булкун аргыстаах Чысхаан Тыал” олоҥхо киэптээх айымньылара киирдилэр.   Научнай аппарааттаах буоллун диэн, этнографическай реалиялар, быһаарыылар, мифологическай уонна эпическэй персонажтар, дойду географическай ааттарын  ыйынньыктара оҥоһулуннулар. Тоһоҕолоон эттэххэ, бу айымньылар Өймөкөөн фольклорун кытта ыкса сибээстээхтэр. Ону үһүйээннэртэн, номохтортон быһа тардан киллэрбит киллэриктэрэ да туоһулууллар. Лабыҥкыр күөлэ, Сэттэ Сирэй хайа, Эмээхсин хайата, о.д.а. Өймөкөөн сирин-уотун ааттара ааттаммыттара да бигэргэтэр.

Варвара Георгиевна Белолюбская-Аркук:

-Өймөкөөн эбээннэрэ көс олохтоох буолан, нимканнара суруллан хаалаахтаабатах. Ол эрээри 1991 с. “Розовая чайка” диэн сурунаалга Егор Данилов нимканнара, номохторо тахсыбыттар этэ.  Итиэннэ Сордоҥнооҕунан көһө сылдьыбыт Громовтар сыдьааннара Яков Григорьевич Громов, аҕата  Григорий Яковлевич, кыыһа Екатерина Григорьевна номохторун, таабырыннарын булан, бу “Фольклор эвенов Оймяконья” кинигэни таһаардыбыт – бүгүҥҥү күҥҥэ Өймөкөөн эбээннэрин фольклоругар бастакы кинигэ курдук ааҕыллар.

Кинигэни таһаарбыт ааптардары СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эҕэрдэлээтэ:

-Бу күһүн Олоҥхо үнүстүүтүн үлэһиттэрин  кытта көрсүбүтүм. Идиэйэ бөҕөлөөхтөр этэ. Ол этиилэрин өйөөн, олоҥхоһуттар тустарынан  5 томнаах энциклопедия үбэ көрүлүннэ. Итиэннэ олоҥхоҕо аналлаах мобильнай сыһыарыыны төлөпүөҥҥэ оҥоруохтаахтар. Дьиктитэ диэн, ол бара сылдьан, остуолларыгар уурталаабыт кинигэлэриттэн 2013 сыллаахха тахсыбыт ыйынньыгы ылан арыйа баттаабытым, оруобуна онно хос эһэм Андрей Местников-Суруксут Өндөрүүс туһунан суруллубут эбит. “Бардам Баабый” диэн олоҥхолооҕун саҥа билэн соһуйбутум. Мээнэҕэ оннук түбэспэт, Үрдүкү Айыылар бэлиэ ыыттылар диэн чопчу өйдөөбүтүм уонна  хос эһээм олоҥхотун көрдөөн булуохтаахпын диэн бэйэбэр сорук туруорбутум. Онуоха гуманитарнай үнүстүүт үлэһиттэрэ көмөлөһөннөр, архыыптан илиинэн суруллубут олоҥхотун, номохторун, алгыстарын булан биэрбиттэрэ. Ону түмэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта кинигэбитин бэчээттэтэн таһаартардыбыт. Онон олоҥхону кытта олоҕум суола ситимнэспитэ хос эһээбиттэн ыйаахтаах эбит.

         Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев:

-Кулун тутарга бу Томторго Олоҥхо ыһыаҕын кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта. Онно ыһыах кэнсиэпсийэтэ, бырагыраамата, тутула, суолтата – барыта чопчуламмыта. Дьон бэлэмнэнэн аҕай кэлэн,  этиилэрин, санааларын, бырайыактарын кэпсээбиттэрэ. Ону барытын түмэн, кинигэтэ оҥороллоругар тэрийээччилэргэ эппитим. Бэрт кылгас кэмҥэ барытын чочуйан, сааһылаан, наардаан, халыҥ кинигэни таһаарбыттарыгар махтанабын. Маны ааҕан, үлэлэрэ киирбит дьон өссө айарга-тутарга кынаттаныахтара дии саныыбын.

Суруллубут – суоруллубат. Олоҥхо ыһыаҕынан бу тахсыбыт кинигэлэр Өймөкөөн эрэ буолуо дуо, бүтүн Саха Сирин үйэлээх баайа буолан хаалыахтара…

Поделитесь этой страницей