Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уратылара - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах / Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уратылара

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уратылара

Олоҥхо ыһыахтара төһө да биирдиҥи халыыптаахтарын иннигэр, ханна ыытыллалларынан көрөн, уратылаах буолаллар.

Түөрт сүдү сис хайаларынан тулхадыйбат тулааһыннаах, өйүмүлээх Өймөкөөн сиригэр, Томторго, «Көмүс күрүө» этнокомплекска от ыйын 1-2 күннэригэр ыһыллыбыт ХVI Олоҥхо ыһыаҕа ол үгэстэн туораабата – ыһыаҕы арыйыы сиэригэр-туомугар Өймөкөөн улууһун уратыта да арылынна, күрэхтэһиилэргэ саҥа көрүҥнэр да баар буоллулар.

Өксөкүлээх ыһыаҕыттан саҕыллан

Өймөкөөн туйгун сирин ытык кута буолбут аарыма кырдьаҕаһа Реворий Ефимов аан тылын амалыйан, көҥүл биэрбитин кэнниттэн, Алгысчыт (Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ) сэттэ кыталык кыыс, тоҕус туруйа уол арыалдьыттанан тахсан, Үрдүк Айыылар ааттарын биирдии-биирдии ааттаан туран, араҥаччылыы сылдьалларыгар көрдөстө. «Алгыстаах ас үрдүн амсай»,— диэн үүт кэрэ дьүһүннээх сылгыга кымыс иһэртэ.

Алгыс.jpeg

Салгыы Олоҥхо тыйаатырын, Саха тыйаатырын, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уо.д.а. артыыстара бииртэн биир композицияны көрдөрөн истилэр. Саха уус-уран литературатын төрүттээбит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өйүмүлээх Өймөкөөҥҥө сэттэ төгүл сылдьыбыта, 99 сыл анараа өттүгэр сэргэ туруоран, ыһыах ыспыта, атыыһыт Ньукулай Кривошапкины кытары доҕордоспута чорботуллан көрдөрүлүннэ (бу туһунан хаһыат кэлэр нүөмэригэр сиһилии суруллуоҕа). Сэһэн Боло 1939-1940 сс. Өймөкөөн түөрт олоҥхоһутун олоҥхолорун сурукка киллэрэн үйэтиппитэ махталынан ахтылынна. Олортон бастыҥнарын, Максим Аммосов «Дугуйа Бөҕө» диэн олоҥхотунан испэктээх туруорулунна. Түмүккэ сүүһүнэн сылгыны толору симээн киллэрбиттэрэ Өймөкөөн сирэ чахчы даҕаны сылгыны иитии киинэ буоларын, манна Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйүү ураты тыына баарын кэрэһилээтэ.

Салалта.jpeg

Олоҥхо сомоҕолуур

Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕын Ытык дуоҕатын анньарыгар Өймөкөөн чулуу уолаттара: удьуор сылгыһыт Дугуйдан Винокуров, Эверест чыпчаалыгар сахаттан бастакынан тахсыбыт Евгений Кривошапкин арыаллаатылар.

– Бу бүгүн Тымныы оройугар, Томторго, буола турар Олоҥхо ыһыаҕа саха дьоно-сэргэтэ олоххо тардыстыылаахтарын, айылҕаны кытары биир ситим буолан олороллорун көрдөрөр Мин махтанабын ыараханы ыарахан диэбэккэ маннык дьоһун түһүлгэни тэрийбит Өймөкөөн олохтоохторугар, ырааҕы ыраах диэбэккэ араас улуустартан кэлбит кыттааччыларга, ыалдьыттарга. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт ыһыахха этиллибит алгыс тылларын көмөтүнэн кыайан-хотон, этэҥҥэ эргилинниннэр, – диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

– Күндү доҕоттор, үгүс үйэлэр анараа өттүлэригэр сүүһүнэн көс сири уҥуордаан, биһиги өбүгэлэрбит, байаҕантайдар, бороҕоттор, боотур уустар, намнар кэлэннэр бу Өймөкөөн сирин сөбүлээн, төрүт олохтоох омуктары кытары алтыһан, аймаҕыргаһан олохсуйбуттара. Саха үгэһинэн, чэчир анньан, аар баҕаҕы туруоран, биэ ыан, кымыс көөнньөрөн, бастакы ыһыаҕы ыспыттара. Өбүгэлэрбит ол үтүө үгэстэрэ өссө үйэлээх буоллун диэн, бу мустан олоробут. Өксөкүлээх Өлөксөй оччолорго Саха сиригэр киирэр Сэйимчээнтэн төннөн иһэн, бу Томтор сиригэр, Үс Күрүө учаастагар, атын итэҕэл киириэҕиттэн умналлан испит үгэһи сөргүтэр туһуттан, 1924 сыллаахха ыһыах ыспыта. Биллэрин курдук, ыһыах дьон-сэргэ түмсэр, аһы-үөлү хааччыйар кыахтаах ыаллардаах сиргэ ыһыллар. Билигин Томтор – Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ! Бу улахан суолталаах, утум уонна үгэс салҕаныылара буолар, ол эбэтэр биһиги ааспыты умнубаппыт, инники өттүбүтүгэр эрэллээхпит. Бүгүн бэлиэ күн – оттубут аал уоппут торҕо буруота үөһээ халлааҥҥа унаарыйан тиийэн, саха дьоно мустан, ыһыах ыһан эрэрбитин Үрдүкү Айыыларбытыгар биллэрдин, кинилэр бэйэлэрин алгыстарын, быйаҥнарын-уйгуларын биһиэхэ туһаайдыннар, – диэтэ Ил Түмэн бастакы вице-скиперэ, олоҥхо иккис Уон сылын тэрийэн ыытар национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков.

ИД_с_олонхосутами.jpeg

Кыттааччы элбиир

Кэм-кэрдии хаамыытынан сүтэрбит үгэстэрбит, дьарыктарбыт Олоҥхо ыһыахтарыгар тирэҕирэн сөргүтүллэллэр. Баара эрэ сүүрбэччэ сыллааҕыта ыһыахха ахсааннаах киһи сахалыы таҥнарын өйдүүргүт чахчы, оттон билигин сахалыы таҥастаах олус элбэх. Саха таҥаһын көрүҥэ элбээтэ, ол тэҥинэн, сахалыы симэх, иһит-хомуос, туттар тэрил эмиэ байытылынна, хас улуус, нэһилиэк ахсын идэтийбит маастардар баар буоллулар. Холобур, нууччалыы тыллаах нэһилиэнньэ баһыйар сиригэр Мирнэйгэ туосчут Ульяна Попова уонна уран тарбахтаах уус Мария Захарова саха материальнай култууратын тарҕатар дьоһун аналы толороллор. Кинилэр 200-тэн тахса көс сири айаннаан кэлэн, быыстапкаҕа кытыннылар. Мария Захарова: «Чороону, кытыйаны оҥорорго былырыын үөрэммитим», – диэтэр да оҥоһуктара улахан маастар киэниттэн итэҕэһэ суохтар.

Мирные.jpeg

Тойукка, эгэ олоҥхоҕо дуо, холонор киһи урут тарбахха баттанара, күн бүгүн кинилэр ахсааннара үүнэ-үксүү турар – 25 улуустан 200 олоҥхоһут кэлбит. Ыччат дьон элбэҕэ үөрдэр, ол курдук оскуола саастаах 50 оҕо, 35-гэр диэри састаах 28 эдэр киһи баар. Олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу кэҥиир – 21 бөлөх баарыттан аҥардас Таатта улууһуттан биэс бөлөх кэлбит! Онон, бастыҥнар 5 көрүҥүнэн быһаарылыннылар: оҕолорго, ыччаттарга, 36-ларыттан үөһэ саастаахтарга итиэннэ бөлөҕүнэн толорууга ыччаттарга уонна улахан дьоҥҥо. Оттон үҥкүү тылын этиигэ 88 киһи көмүс күөмэйинэн күөн көрүстэ.

Ыһыах иһинэн тэриллибит V эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Өбүгэ барҕа баайа» диэн ат симэҕин бэстибээлигэр 15 айар кэлэктиип, ол иһигэр Тыва уонна Алтаай бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Охчут.jpeg

Ох саа хайдах суох буолуой?

Олоҥхо ыһыаҕар оҕунан далла мэндэйии Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, олоҥхо иккис Уон сылын тэрийэн ыытар национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн 2018 с. киллэриллибитэ. Онтон ыла охчут кэккэтэ хаҥаан иһэр.

Ох сааны Бүлүү ыһыаҕар аан бастаан көрөн сөхпүт Чурапчы Мындаҕаайытын олохтооҕо Павел Попов билигин бэйэтэ биллэр маастар. Маска стеклопластигы холбоон оҥорор охторо далла мэндэйиигэ олус табыгастаахтар, 195 миэтэрэҕэ тиийэ тэбэллэр. Быыстапкаҕа хас да саҥа үлэтин аҕалбыт уонна далла мэндэйиигэ эмиэ кытынна. Павел Константинович оҥорбут ох сааларын, оноҕосторун тутан-хабан баран, Ирландияттан сылдьар ыалдьыт, орнитолог Ниалл Харми бэркэ сэҥээрдэ.

Севера.jpeg

Доҕордоһуу түһүлгэтэ

Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох хотугу омуктарын эмиэ түмэр. Алдаҥҥа (2018), Өлүөхүмэҕэ (2021) ыһыллыбыт ыһыахтарга эбэҥкилэр түһүлгэлэрэ тэриллибитэ. Быйылгы ыһыахха эбээн омукка анаммыт улахан түһүлгэ тардыллан, Абыйтан саҕалаан Нерюнгрига тиийэ, эбээннэр түөлбэлээн олорор улуустарыттан айар кэлэктииптэр түмүстүлэр. Кинилэр кэккэлэригэр төрүт сиэри-туому билэр, нимнгаканы толорооччулар: 93 саастаах Анфиса Авелова, 86 саастаах Дария Осенина (иккиэн Тополинайтан), Максим Дуткин (Аллайыаха) бааллара түһүлгэни байытан биэрдэ.

Хас да сиринэн тардыллыбыт ураһаларга төрүт ас-үөл, таҥас-сап, таба симэҕин, туттар тэрил быыстапкалара тардылынна. Һээдьэни таһаарыыга, нимканы, нимнгаканы толорууга күрэхтэһии итиэннэ «Чиктикан оонньуулара» ыытылынна.

Мома.jpeg

Сыыппара элбэҕи кэпсиир

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 17 эбийиэк (ураһалар, Аал Луук мас, ипподром уо.д.а.) үлэҕэ киллэриллибит. Ыһыах түһүлгэтэ 5 тыһыынча киһини түмтэ. Тэрээһиҥҥэ 1000 киһи, ол иһигэр ыһыах аһыллыытын сиэригэр-туомугар 700 киһи кытынна (өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын артыыстара, үҥкүүһүттэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, айар холбоһуктар кыттыылаахтара). Сүрүн режиссер Андрей Борисов, сценарист Майя Власьева. Улуустартан тиийбит дьону оскуола, кулууп о.д.а. тэрилтэлэр дьиэлэригэр түһэрдилэр, нэһилиэктэр түһүлгэ тардан ыһыах кэмигэр аһаттылар.

Ыһыахха 80 тэрээһин: ол иһигэр 42 көрүҥүнэн 10 куонкурус, күрэхтэһии, «төгүрүк остуоллар», араас быыстапкалар, хорчуопкалар, атыы-тутуу ыытылынна. Бары былааннаммыт култуурунай-маассабай дьаһаллар толору уонна үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.

Бастыҥнар

Түмүккэ олоҥхону толорууга улахан дьоҥҥо Алексей Николаев (Таатта), ыччаттарга Марфа Федорова (Мэҥэ Хаҥалас) Гран-при хаһаайына буолан, туһааннааҕынан 700 тыһ. солк. уонна 300 тыһ солк суумалаах сэртипикээти туттулар.

Гран-при.jpeg

Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов Ытык дуоҕаны Амма улууһун баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа туттарда. Олоҥхо ыһыаҕа эһиил онно буолуоҕа. 

Раиса Сибирякова

Хаартыскаҕа ааптар уонна Андрей Сорокин (ЯСИА) түһэриилэрэ.  

Поделитесь этой страницей