Икки сыллаах бэлэмнэнии көдьүүһэ – икки күннээх ыһыах үрдүк таһыма
Кыһыннары тоҥмот өйүмүлээх, сайыннары ууллубат тарыҥнаах, халлааҥҥа харбаспыт хаардаах хайалардаах, күүгэннэрэ күрүлүүр күрүлгэннээх Өймөкөөн сиригэр от ыйын 1-2 күннэригэр ыһыллыбыт ыһыах түмүктэннэ.
Тэрийэн ыыппыт Томтор бөһүөлэгин, чопчу эттэххэ, II Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров санаатын үллэстэр:
-Былырыын 2022 с. Үөһээ Бүлүүгэ Өймөкөөн дэлэгээссийэтэ баран, Олоҥхо ыһыаҕын хайдах тэрийэллэрин анаан көрбүппүт. Туох кистэлэ кэлиэй, үрдүк таһымыттан саллыбыппыт. “Итиччэ баараҕай тутуулары кылгас кэмҥэ хайдах дьэндэтэбит? Маассабай сыаналарга итиччэ үтүмэн киһини хантан булабыт?” диэн мунаахсыйан ылбыппыт. Кэлэн баран мунньахтыырбытыгар, хайдах эрэ, тэрийэр боппуруостары быһаарар ыарахан соҕус курдук этэ. Ол эрээри, төһө да ыраах, тыйыс айылҕалаах сиргэ олордорбут, ахсааммытынан да аҕыйах, итиэннэ маннык улахан тэрээһиннэри ыытарга уопута суох да буолларбыт, сүктэриллибит эппиэтинэһи чиэстээхтик толорорго соруммуппут. Икки сылы быһа күүскэ бэлэмнэммиппит. Кэлин аһара сылайан: “Хаһан бу ыһыах этэҥҥэ ааһа охсор”, — дэһэн ылбыппыт да мэлдьэх буолбатах. Оттон билигин номнуо аҕынныбыт, сайыһа хааллыбыт. Буоларын саҕана, этэргэ дылы, утуйбукка да үлэлээтибит. Томтор олохтоохторо бары солото суох сырыттылар. Күнүһүн оҕолуун-уруулуун репетицияҕа сылдьыы, култуурунай чааһыгар бэлэмнэнии. Киэһэтин эр дьоммут түһүлгэҕэ уһаныы, түүнүн дьахталларбыт иистэнии. Бу тэрээһин түбүгүн хоруйа ити буоллаҕа – уһамматах дьоммут уһанар, иистэммэтэх дьахталларбыт иистэнэр, ханна да кыттыбатах дьоммут көхтөөх буолбуттара: ыһыах талааннарын арыйда, өссө түмсүүлээх буоларга туһаайда. Күргүөмнээх уонна сыралаах үлэбит көдьүүһэ – ыалдьыттарбыт үрдүк сыанабыллара, астынан-дуоһуйан барбыттара уонна истиҥ махталлара. Айылҕабыт улаханнык көмөлөстө: кэрэтин кэрэхсээтилэр, уратытын бэлиэтээтилэр. Күммүт да туран биэрдэ.
Биһиги Томторбутугар бачча элбэх киһи хаһан да тоҕуоруһа илигэ – 5000 киһини аһатарга аспыт-үөлбүт эппиэттэстэ диэн үөрэбит. Олохтоох дьоммут түөрт күн атахтарыгар тура ас астаан, аһатан, бэйэлэрэ кэтэспит уонна тэрийсибит ыһыахтарыгар да сылдьыбатылар. Күрэхтэһиилэри наллаан олорон көрбүт киһибит да аҕыйах буолуохтаах. Ити иһин нэһилиэгим хас биирдии олохтооҕор – оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ – бары көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Барҕа махталбын өссө тиэрдэбин Сордоҥноох, Аартык, Төрүт, Уус Ньара, Өймөкөөн баһылыктарыгар, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Нам улуустарыгар – олус өйөөтүлэр.
Өймөкөөттөр бэйэбитин хайа да өттүттэн үчүгэйдик көрдөрдүбүт дии саныыбын: олохтоохтор ыалдьытымсахпытынан да, дьоммут үлэһиттэринэн да, нэһилиэктэрбит түмсүүлээхтэринэн да, айылҕабыт кэрэтинэн да.
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уратыта диэн, улуус киинигэр буолбакка, тыа сиригэр ыытылынна. Ол, биллэн турар, кэккэ ыарахаттары да үөскэтэн ылла уонна үгүс үчүгэй өрүттээх да буолла. Кэрэ айылҕатын көрөөрү, дьон-сэргэ бачча ыраах айаннаан кэллэ. 1924 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй, оччолорго Саха Сиригэр киирэр Сэйимчээнтэн төннөн иһэн, бу Томтор сиригэр, Үс Күрүө учаастагар, ыһыах ыспыта. 99 сыл буолан баран, Томтор сирэ эмиэ төрүт сахалыы сиэрдээх-туомнаах ыһыах түһүлгэтин түстээтэ. Быйылгы ыһыах төһө да ыраах улууска тэрилиннэр, кыттааччы ахсаана эбиллибитэ үөрдэр. Аҥаардас спорт көрүҥнэригэр 160 спортсмен күрэхтэстэ. Оттон олоҥхону толорууга, холобура, ыччат бөлөҕөр 25 киһи кытынна. Урукку дьылларга 10-15 эҥин буолааччы. Ити аата олоҥхобут судаарыстыбаннай таһымҥа үчүгэйдик өйөнүллэр буолан, дьон-сэргэ, чуолаан оҕо-ыччат дьон сэҥээрэр буолбутун туоһулуур. Ол буоллаҕа эбээт – Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн соруга – төрүт култуурабытын үүнэн эрэр эдэр көлүөнэҕэ тириэрдии.
Степан Кузьмин, Амма улууһун баһылыга:
— Ил Дархан 2023 сыллааҕы бастакы ыйааҕа Олоҥхо ыһыаҕын 2024 сылга Аммаҕа ыытар туһунан этэ. Дьэ, Олоҥхо ыһыаҕын Ытык Дуоҕатын аммалар туттубут. Номнуо үлэ бара турар. Аал Луук Маспыт акылаата түспүтэ. Тутуу икки түһүмэҕинэн ыытыллар: сороҕо быйыл, сороҕун эһиил түмүктүөхпүт. Хаһан буолар күнүн-дьылын “Азия оҕолоро” оонньуулар даататыттан көрөн бигэргэтиэхпит. Онон Кыыс Амма кытылыгар эһиил Олоҥхо ыһыаҕар барыгытын долгуйа күүтэбит!
Михаил Эверстов устуутуттан Анисия Иевлева бэлэмнээтэ
М.Эверстов уонна Интернет ситимин хаартыскалара