Олоҥхо ыһыаҕар Чурапчы түөлбэтин оһуохайа инники кэккэҕэ таҕыста
Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ХVI ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан ыалдьыттар ыраахтан-чугастан айаннаан кэлэн, ыһыах бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, Олоҥхо ыһыаҕын сиэрин-туомун ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Норуот баай ускуустубата – оһуохай, тойук, олоҥхо, хомуска оонньооһун, маастартар, уустар күрэстэригэр бэйэлэрин да көрдөрдүлэр, уопут да ыллылар.
Чурапчы улууһуттан кэлбит дэлэгээссийэ Олоҥхо ыһыаҕар сырыытын уонна ситиһиилэрин туһунан Чурапчытааҕы Олоҥхо киинин исписэлииһэ Оксана Монастырева маннык кэпсээтэ:
— Өрөгөйдөөх Өймөкөөн сиригэр Чурапчы улууһуттан 79 киһилээх дэлэгээссийэ олус ситиһиилээхтик сылдьан кэллибит. Ыһыах уопсай ис хоһооно табылынна, айылҕабыт да, күммүт-дьылбыт да туран биэрэн, барыта уурбут-туппут курдук орун оннугар буолла. Көрбүт эрэ киһи сөҕөрүн, кыттыбыт эрэ киһи дуоһуйарын курдук ыытылынна. Бу барыта олус элбэх үлэ түмүгэ буолар. Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар ыһыаҕы бэлэхтээбит хас биирдии тэрийээччигэ махтанабыт.
Олоҥхо ыһыаҕын күөн күрэстэригэр барытыгар кыттаммыт миэстэлэһэн, кылаан бириистэрин дойдубутугар кэһии оҥостон, өттүк харалаах кэлэн дьоммутун-сэргэбитин үөртүбүт. Биһиги улуус ыһыахтарыгар саамай ситиһиибитинэн буолар Чурапчылыы түөлбэбит оһуохайа инники тахсыыта кыайыыларбытыттан биирдэстэринэн буолар. Чабырҕах көрүҥэр Мария Андреевна Герасимова курдук төрүт үгэс чабырҕаҕын илдьэ сылдьааччылаах буоламмыт, Мария Андреевна утумнааччылара тэҥнээхтэрин булбатылар.
Баар суох киэн туттар кыыспыт Анастасия Алексеевабыт кыттыбыт күрэстэрин таһымын үрдэтэриттэн биһиги киэн туттабыт. Улууспут уустарын, маастардарын үлэлэрэ хатыламмат дьиктилэринэн үрдүк ситиһиилэннилэр. Саха ох саатынан ытыыга охчуттарбыт инники күөҥҥэ таҕыстылар. Күөн күрэс хас биирдии көрүҥэр кыайыыбытын биһиги биир сомоҕо, биир күүс буоламмыт ситистибит.
Ситиһиилэрбитин киэн тутта билиһиннэриэхпитин баҕарабыт
Оҕолорго, олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга:
- «Түһүлгэлээх толорооччулар» анал ааты ыллылар: Нарыйаана, Туйгууна, Чэмэлиинэ Павловалар (салайааччы Павлова Татьяна Михайловна), бирииһэ — 5 тыһыынча солкуобай.
Эдэр ыччакка биирдиилээн олоҥхону толорууга:
- П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ 100 сылыгар анаммыт «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхону толорон анал бирииһи (10 тыһыынча солкуобай) Алексеева Анастасия Васильевна ылла;
- “Дорҕоон тойуктаах” анал аат — Захаров Анатолий Анатольевич (5 тыһыынча солкуобай).
Улахан дьоҥҥо олоҥхону толорууга:
- «Олоҥхо этиитин тэтимэ» анал аат – Сусанна Васильевна Лазарева.
- Тута хоһуйуу «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ» анал аат — Сусанна Васильевна Лазарева.
- «Дорҕоон тойуктаах» анал аат — Григорьев Николай Никитич.
- «Уран тыллаах хоһуйааччы» анал аат — Григорьев Николай Никитич.
- “Түөлбэ олоҥхоһута” анал аат — Дьячковскай Николай Романович.
- Махтал сурук — Христофоров Анатолий Николаевич.
Бөлөҕүнэн толорууга:
- Иккис үрдэл — “Айылгы” Норуот айымньытын дьиэтэ (салайааччы В.И. Оконешникова), 40 тыһыынча солкуобай;
«Дьырылата дьүрүһүйэр Олонхо дойдутун хомуһа»:
- «Кэскиллээх бөлөх» анал аат — Норуот айымньытын дьиэтин «Иэйии» бөлөҕө “Сайдыс” (сал. Н.П.Потапова), Одьулуун (5 тыһ.солк.)
- «Тэтимнээх хомусчут»— Лоскина Күннэй Сергеевна, Чурапчы (5 тыһ. солк.)
- «Айхаллаах хомусчут” — Потапова Надежда Прокопьевна, Одьулуун. (5 тыһ.солк.)
«Дэгэйэ дьиэрэй дэгэрэҥ ырыам!»:
- Анал аат — Корякин Влерий Егорович, Хоптоҕо нэһилиэгэ (5 тыһ. солк)
«Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ — барыбыт түмсүүтэ!»:
- Үһүс үрдэл — Дьячковская Валентина Ивановна, Болтоңо нэһилиэгэ (10 тыһ. солк.)
- “Утумнаах этээччи” — Морфунов Семен Семенович, Чурапчы нэһилиэгэ (5 тыһ.солк).
«Чэй эрэ, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» — биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга:
- «Кылаан кыайыылаах» Алексеева Анастасия Васильевна, Чурапчы (30 тыһ.солк)
- Анал аат – Монгуш Любвь Николаевна, Кытаанах нэһ. (5 тыһ.солк)
- Анал аат – Максимова Александра Семеновна, Болтоңо нэһилиэгэ (5 тыһ.солк)
- Маннайгы үрдэл — “Утум” Болтоҥо нэһилиэгэ (салайааччы А.С. Максимова), (30 тыһ.солк)
- Иккис үрдэл — “Кытаанах кыайардара” (салайааччы Л.Н. Монгуш), Кытаанах нэһилиэгэ (20 тыһ. солк).
Тимир уустарын күрэҕэр уонна быыстапкаҕа:
- Сыахай, куукула оҥоруутун күрэҕэр — бастакы үрдэл Кузьмина Изабелла Степановна, Төлөй, (30 тыһ. солк.)
- “Өбүгэлэрбит нэһилиэстибэлэрэ” ат толору симэҕин күрэҕэр — иккис үрдэл (20 тыһ. солк.)
- «Ыҥыыр сэргэтэ — хоҥсуоччу» анал аат (5 тыһ. солк.), «Алгыстаах бэрэмэдэй» — Петрова Августина Егоровна, Одьулуун (5 тыһ. солк.).
- Кыл сэлээппэ күрэҕэр үһүс үрдэл – Анемподистова Матрена Григорьевна, Хоптоҕо, (5 тыһ. солк.).
- «Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» быыстапкаҕа төрүт иискэ анал аат — Ахматова Надежда Прокопьевна, Чурапчы (5тыһ. солк.).
- “Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ” быыстапкаҕа төрүт иискэ анал аат – Попова Александра Петровна, Хатылы (5тыһ. солк.).
- “Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ” быыстапкаҕа мас оҥоһуктарга анал аат – Егоров Гаврил Васильевич, Болтоҥо (5 тыһ. солк.)
- «Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» быыстапка иккис үрдэлэ — «Сиэл тойуга» түмсүү, Чурапчы (сал. Бурнашева В.Г.)
- Саха таҥаһыгар үһүс үрдэл — Карсанаева Татьяна Николаевна (Чурапчы)
Тимир уустарыгар:
- Тимир уустарын «Ат иҥэһэтэ — бигэ тирэҕим» күөн күрэстэригэр — иккис үрдэл Хомус Эдвард Иванович, Чурапчы (50тыһ. солк.)
- «Саха тимириттэн — бастыҥ батыйаны» күөн күрэх анал аата — Кычкин Виктор Викторович, Хатылы (5 тыһ. солк.)
- Тимир уустарын «Ат уостугана — салайыы сатабыла» күөн күрэхтэрин анал аата — Дьяконов Борис Гаврильевич, Чурапчы (5 тыһ. солк.)
- Махтал сурук — Константинов Анатолий Иванович (Хатылы)
«Сахалыы оҥоһуулаах ох саа» төрүт үгэһинэн оҥоһуллубут ох саа күрэҕэр 1 миэстэ — Попов Павел Константинович.
«Далла мэндэйии» төрүт үгэһинэн оҥоһуллубут ох саанан сыалы, ырааҕы ыытыыга:
- 1 миэстэ — Ефимова Эльвира Прокопьевна
- 1 миэстэ — Баишев Борис Иванович.
Надежда Егорова суруйуута,
О. Монастырева хаартыскалара