Аныгы кэм бухатыырдара — Олоҥхо ыһыаҕын дьоруойдара
Олоҥхо дьоруойдарын тэҥэ аныгы кэм Үрүҥ Уоланнара суолталаах тэрээһин ыытыллар сылыгар төрөөбүт Өймөкөөннөрүн аар-саарга дорҕоонноохтук сураҕырдан, уолаттар Олоҥхо ыһыаҕын сынаарыйыгар киирдилэр.
Бу сонун көстүү туһунан сценарист Майя Власьева маннык быһаарда:
— Олус сүгүрүйэ ааттыыр фольклориһым Сэһэн Боло сэрии аҕай иннинэ сурукка тиспит Өймөкөөн олоҥхоһуттара Максим Аммосов “Дугуйа Бөҕө”, Николай Атласов “Күн Эрили” олоҥхолоруттан сюжет ылан, эбэн-сабан суруйбутум. Түмүгэр бүтүн саха норуота киэн туттар дьоно, Биэрэк Үрдүттэн Арассыыйа Дьоруойа, «Боотур» добровольческай бастакы этэрээт хамандыыра Александр Колесов, сахалартан Эверест хайаны аан бастаан дабайбыт, туризмы сайыннарааччы Евгений Кривошапкин, Москваҕа, Магадаан уобалаһыгар саха атынан тиийбит экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуров XXI үйэ Айыы бухатыырдара буолан, Айыы санаа айанын айаннаабыттарын хоһуйан киллэрбитим.
Сценарийы киһи халлаан диэки хантаччы көрөн олорон суруйбат. Үгүс матырыйаалы, архыып чахчыларын хасыһан, ааҕан, ырытан, ситимнээн, олоҥхо тылынан дьүһүйэн таһаарыахтааххын. Ол курдук, 90 олоҥхо сюжетын ааҕарбар Олоҥхо институтун дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Руслан Анисимов электроннай матырыйаалларынан көмөлөһөн, үлэбин суһал соҕустук бүтэрбитим. Маны сэргэ, ыһыах алгысчыттарыттан биирдэстэрэ Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ сирин-дойдутун, хайаларын ойуулуурбар сүбэтэ-соргута, төрөөбүт дойдутун дьыл түөрт кэмигэр түһэрбит хаартыскаларын ыытан, иэйиим уһуктарыгар олус көмөлөстө. Бу ааттаабыт дьоммор махталым муҥура суох.
Ити курдук, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, үйэлэргэ хаалар үтүө дьыаланы оҥорон, төрөөбүт Өймөкөөннөрүн улууһун аар-саарга аатырбыт саха хоһууннара чиэстээхтик бэлиэтэннилэр.