Ыраах Өймөкөөҥҥө – Олоҥхо ыһыаҕа!
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, саха норуотугар бүттүүнүгэр даҕаны улахан суолталаах тэрээһин – Олоҥхо Ыһыаҕа Аан дойдуга тымныы оройунан билиниллибит ытык Өймөкөөн сиригэр үрдүк таһымнаахтык тэриллэн, сир-сир аайыттан ыалдьыт бөҕө тоҕуоруһан, дьиҥ сахалыы ыһыахтаан, үөрэн-көтөн, ыалдьытымсах, үлэһит Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр уһун кэмҥэ умнуллубат махтал-алгыс тылларын этэн тарҕастылар.
Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн тэрийсээччи, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков эппитин курдук: «Тыһыынчанан киһи сүүстэн тахса көстөөх сири уҥуордаан, саха икки улуу өрүһүн туораан, ыһыах ыалдьыта буолан Өймөкөөн сиригэр этэҥҥэ айаннаан кэлэн, толору түмсэн, астына, дуоһуйа ыһыахтаан, өйдүүн-санаалыын чэгдийэн-бөҕөргөөн, бары этэҥҥэ дойдуларын буллулар».
Ааспытын кэннэ аҕыннахха, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын ыһар туһунан кэпсэтии саҕаланыытыгар балайда сэрэхэдийиилээх этэ. Утарсар өттүттэн: «Өймөкөөн ырааҕа бэрт, суола-айана улахан эрэйдээх, дьон барыа суоҕа, тиийдэҕинэ даҕаны ыһыах буолар түөлбэтэ улуус киинэ буолбатах, орто нэһилиэк эрэ киинэ, кэлбити барытын кыайан батаран, хоннорон, аһатан-сиэтэн, ыһыаҕы тэрийэн ыытар күчүмэҕэй буолуоҕа, аат барыаҕа», — дэһии баара.
Онтон өйүүр өттө: «Саха дьоно, олохтоох дьон бу сири-уоту сүүһүнэн сыллар уҥуоргу өттүлэригэр булбуттара, айаннаан тиийбиттэрэ, бытархан тымныылаах, өлгөм баайдаах, киэҥ сыһыылардаах сири-дойдуну сөбүлээн, ылынан, анаан-минээн олохсуйбуттара, дьиэтиппиттэрэ, тэнийбиттэрэ. Бастакы ыһыаҕы ыспыттара. Өймөкөөн онтон бэттэх олохтоох омуктар уутуйан олохсуйбут сирдэрэ буолбута. Ону тумнар сатаммат, омук баар сиригэр өйөбүл-тирэх ылыахтаах, үгэс, сиэр-туом салҕаныахтаах, удьуор тохтуо, ситим быстыа суохтаах», — диэн туруорбута. Улуус оччотооҕу салалтатын санаата-баҕата эмиэ оннук этэ.
Дьэ, онон, бүтэһиктээх быһаарыыны Ил Дархаммыт Айсен Николаев ылыммыта. Бырабыыталыстыба солбуйар бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников уонна Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллибитэ.
Үлэ түмүгэ – бу дьыл от ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөн сиригэр тэриллибит ыҺыах бу ыһыахха сылдьыбыт дьоҥҥо эрэ буолбакка, көрбүт, истибит дьоҥҥо барыларыгар даҕаны үгүс сылларга умнуллубат, кэпсэлгэ, номоххо киирэр үтүө өйдөбүлү хаалларда.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтата: Ил Дархан Айсен Николаев, Правительство солбуйар бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков Ыһыахха толору сылдьыбыттара ыһыах таһымын ордук үрдэттэ, дьон-сэргэ да астынна. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Өймөкөөн ыһыаҕар икки күн тилэри сырытта. Бастакы күнүгэр кини Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 с. ыһыах ыспыт Үрэх Төрдө диэн сиригэр тиийэн, Өксөкүлээх туруорбут сэргэлэригэр салама ыйаата, улуу биир дойдулаахпыт аатын кэриэстээтэ. Ол киэһээ ыһыах түһүлгэлэригэр сырытта, саха уустарын, олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, иистэнньэҥнэри кытта көрүстэ.
Иккис күнүгэр Ил Дархан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын аста, ытык Өймөкөөн сиригэр ытык дуоҕаны туруорда. Салгыы саха тыынын өллөйдөөбүт, саханы аар-саарга аатырдыбыт саха сылгытын көрүүгэ, ат тэрилин-симэҕин, сэбин-сэбиргэлин уустаан-мандардаан оҥоруу күрэҕэр, норуот маастардарын кытта көрсүһүүгэ сырытта, онтон тиийэн үс Халыматтан, Дьааҥы, Индигир, Өлөөн, Муома, Абый, Алдан, Дьокуускай эҥэрдэриттэн олччу мустубут сүүһүнэн ыалдьыттаах хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр күүтүүлээх, мааны ыалдьыт буолла, остуол төрдүгэр олордо, ирэ-хоро кэпсэттэ-сэһэргэстэ.
Ыһыаҕы тэрийээччилэри, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кэлбит ыалдьыттары, олохтоохтору түмэн остуол тардан, Ыһыах түһүлгэтин аспыт киһи быһыытынан анаан-минээн күндүлээтэ, сиэри-туому тутуста. Олохтоох дьон, үгүс ахсааннаах ыалдьыттар Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана олоҥхо ыһыаҕар, саха төрүт үгэһигэр үрдүк ытыктабыллаах сыһыанын сөбүлүү, хайгыы көрдүлэр, анаан бэлиэтээтилэр. Олоҥхо Ыһыаҕа олохтоох олоҥхоһут М.Ф. Аммосов Дугуйа Бөҕө олоҥхотун ис хоһоонунан туруоруллубут көрдөрүүнэн саҕаланна. Өймөкөөн улууһун олохтоохторун уонна ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Олоҥхо Ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.
«Саха былыр-былыргаттан илдьэ кэлбит үгэһин – олоҥхону, тойугу, оһуохайы, хомуһу, тимир уустарын, норуот маастардарын холбоон аан дойдуга барытыгар Олоҥхобут Ыһыаҕынан биллэр буоллубут уонна онон киэн туттабыт»,– диэтэ Ил Дархан. Кини: «Олоҥхобутугар орто дойдуга киһи олорор философията барыта баар. Онно – кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, үтүө куруук кыайар – диэн өйдөбүллээхпит. Биир сомоҕолоох буоллахпытына – Саха сирин, саха омугун кыайар суох», – диэн анаан бэлиэтээтэ.
Ил Дархан кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков бэлиэ тыллары эттэ:
«Үгүс үйэлэр анараа өттүлэригэр сүүһүнэн көс сири уҥуордаан биһиги аймах-билэ дьоммут – бороҕоттор, байаҕантайдар, боотур уустара, намнар, онтон мэҥэлэр, хаҥаластар, бүлүү бөлөхтөр Өймөкөөн сирин сөбүлээн, талан, ыҥырсан, сирдэтэн кэлэннэр олохсуйбуттара. Онон бүгүн биһиги былыргы аймахтарбыт-өбүгэлэрбит сиригэр-уотугар кэлэн турабыт. Биһиги дьоммут манна кэлэн олохтоох дьүкээгир, эбээн дьонун кытта бэркэ бодоруһан, бу сири сөбүлээн, хайҕаан, «инники өттүгэр манна олохсуйуохпут, алгыстаах буоллун» диэн саха үгэһинэн салама тардан, сэргэ туруоран, чэчир анньан, аар баҕаҕы туруоран, биэ ыан, кымыс көөнньөрөн бастакы ыһыаҕы ыспыттара. Бүгүн биһиги өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин инники өттүгэр салгыы үйэтитэр туһугар муһуннубут.”
Салгыы Александр Жирков биир үйэ анараа өттүгэр манна улуу Өксөкүлээх Өлөксөй ыһыах ыспытын санатта: “Өймөкөөттөр, эһиги үһүйээннэргитин үчүгэйдик хомуйбут дьоҥҥут. Ол үһүйээннэргэ XIX үйэ диэки саха дьоно ыһыаҕы, сорох үгэстэри сыыйа умнан барбыттара диэн суруллара сылдьар. Ону 1924 сыллаахха Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Сэйимчээнтэн Дьокуускайга төннөн иһэн Үрэх Төрдө диэн сиргэ саха үгэһин хаттаан сөргүтэр инниттэн сахалыы ыһыах ыспыта. Ол кэнниттэн биир үйэ буолан баран биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев быһаччы дьаһалынан, манна ыһыах ыһарга, дьону түмэргэ, инники өттүбүтүгэр алгыс түһэрэргэ анаан муһуннубут.Утум салҕанар, үгэс салҕанар”, — диэтэ Александр Николаевич.
Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕа хара саҕаланыаҕыттан үгүс үтүө уратылардаах буолла. Бастатан туран, ыалдьыт ахсаана. Олоҥхо Ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө уруккулар курдук улуус киинигэр буолбакка, олохтоох дьон түөлбэлээн олорор биэс нэһилиэктэрин эргийэр киинэ буолбут Томтор (II-с Бороҕон) нэһилиэгин сиригэр тэрилиннэ. Манна, тыһыынчаны кыайбат нэһилиэнньэлээх түөлбэҕэ өрөспүүбүлүкэ иһиттэн-таһыттан биэс тыһыынчаттан тахса ыалдьыт түмсэн ыһыахтаата. Биир олохтоохххо – биэс ыалдьыт! Олору барыларын Өймөкөөн үтүө дьоно үөрүүнэн көрсөн, хоннорон, аһатан, ыалдьыттатан атаардылар. Ол туһугар өймөкөөттөр ыалдьыт дьон, Ыһыаҕы тэрийээччилэр улахан махталларын, алгыстарын ылыахтарын ыллылар.
Аны, Олоҥхо Ыһыаҕар тэриллэр эгэлгэ күрэхтэр, күрэстэр көрүҥнэрэ сыллата эбиллэн, кыттааччыта, ордук оҕо-ыччат өттө эбиллэн, элбээн иһэрин үгүс дьон таба көрдө. Ол туһунан Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников: “Олоҥхону толорууга, оһуохай тылын таһаарыыга сыллата оҕо, ыччат өттө ордук эбиллэн, таһымнара үрдээн иһэрэ киһини үөрдэр”, — диэн анаан бэлиэтээтэ.
Дьон ураты болҕомтотун көлүүр, ыҥыыр аттарын араас эҥин эгэлгэ тэрилин, киэргэлин-симэҕин көрүү тарта. Саха былыр-былыргаттан Дьөһөгөй оҕотун, сылгы барахсаны өрө тутар. Ыһыах сиэрэ-туома эмиэ сылгы айыытын кытта быстыбат ситимнээх. Өймөкөөн сирэ үгүс үйэлэргэ бэйэтин ураты тулуурдаах, быстыбат сындааһыннаах, минньигэс, иҥэмтэлээх үүттээх-эттээх сылгытынан киэҥник биллэр. Аны, Өймөкөөн хоһуун ыччата, сылгыһыт Дугуйдаан Винокуров ааспыт кыһын дойдутуттан Москва куоракка тиийэ атынан айаннаан тиийэн саха сылгытын аатын аар-саарга аатырта. Онон, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕар саха сылгыта барахсан ураты суолталанна, ытыгыланна.
Олоҥхо Ыһыаҕын үгүс түһүлгэлэриттэн ордук элбэх киһи хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр ыалдьыттаата диэтэхпитинэ, бука сыыстарбаппыт буолуо. Өскөтүн Өлүөхүмэ, Алдан сиригэр буолбут Олоҥхо ыһыахтарыгар сүнньүнэн ити эргин уонна өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар, тас сирдэргэ олорор эбэҥки дьоно-сэргэтэ хото мустубут буоллаҕына, Өймөкөөҥҥө Саха сиригэр олохтоох эбээн норуотун бэрэстэбиитэллэрэ уонунан улуустан муһуннулар. Кинилэргэ Ил Дархан Айсен Николаев, Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийээччилэр, култуура, атын да министиэристибэлэр салайааччылара, үгүс дьон-сэргэ ыалдьыттаатылар.. Александр Жирков Өймөкөөн үһүйээннэригэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй бу Өймөкөөн сиригэр икки төгүл ыһыах ыспытын курдук номох баарын, олортон биирдэстэригэр олохтоох эбээн үгүс дьоно кыттыбытын туһунан кэпсэнэрин иһитиннэрдэ. Хотугу норуоттар билиҥҥи тумус дьонноро Михаил Погодаев, Константин Роббек, Елена Голомарева бу түһүлгэҕэ мустубут олохтоох омуктар кыһалҕаларын өрүү быһаарса, көмөлөһө, өйүү сылдьалларын иһин ытык ыалдьыттарыгар Айсен Николаевка, Александр Жирковка махтал бастыҥ тылларын эттилэр.
Олоҥхо Ыһыаҕын үгэс буолбут күрэстэриттэн “эдэрдэрэ” — саха ох саатынан ытыыга күрэстэһии – далла мэндэйии. Бу күрэҕи саха ох саа оҥостор, туттар төрүт дьарыгын сүтэрбэт туһугар Александр Жирков бэйэтэ туруорсан, тэрийэн, олоҥхо ыһыаҕын программатыгар киллэттэрбитэ. Саха оҕунан ытыыга бастакы күрэх 2017с. Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо Ыһыаҕар тэриллибитэ. Саха уустара бэйэлэрэ былыргы үгэһинэн оҥорбут охторун аҕалан эбэтэр бэйэлэрэ ыталлар, эбэтэр анал ытар киһилээх кэлэллэр. Бу күрэх биир көрүҥэр – ырааҕы ытыыга – ким бастакынан 200 хаамыы (миэтэрэ) нөҥүө ыппыкка Александр Жирков анал бириис олохтообута. Ол болдьох дьэ быйыл, алта сыл буолан баран, Өймөкөөн Ыһыаҕар, буолаары буолан икки төгүллээн куоһарылынна.
Бастакы миэстэни 209 хаамыыга ытан Сунтаар ууһа, охчута Кирилл Петров ылла. Иккис 200 хаамыыны аһара түһэрбит ытааччынан Уус Алдан ууһа, охчута Семен Петров буолла. Кини оноҕоһо 204 хаамыылаах сиргэ тиийэн түстэ. Бу дьоҥҥо аны күһүн өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо декадата аһыллыытыгар Александр Жирков анал бирииһэ туттарыллыаҕа.
Аны биир кэрэхсэбиллээх түгэн. Биллэрин курдук, Өймөкөөн сиригэр төрүт үгэһи сөргүтэн, 1924 с. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй анаан-минээн ыһыах ыспыта. Ол кэнниттэн быйыл, биир үйэ буолан баран, бу ытык сиргэ Олоҥхо Ыһыаҕа ыһылынна. Дьэ бу ыһыахха Өксөкүлээх биир дойдулаахтара, Таатта дьоно-сэргэтэ анаан-минээн оҥостон, тэриллэн кэлэн дьон эрэ астыныах, хайгыах курдук дьоһуннаахтык кытыннылар. Ол курдук Олоҥхо Ыһыаҕын бастыҥ олоҥхоһутунан Таатта тойуксута Алексей Николаев ааттанна. Алексей Николаевич Таатта, улуу Өксөкүлээх төрөөбүт түөлбэтэ – Чычымах киһитэ. Анаабыт курдук! Ити түгэни: «99 сыл анараа өттүгэр ытык Өймөкөөн сиригэр Өксөкүлээх Өлөксөй анаан-минээн ыһыах ыспыта, ыллаан-туойан ааспыта. Оттон бүгүн улуу Өксөкүлээх төрүт сириттэн биир дойдулааҕа Өлөксөй тойуксут кэлэн Ыһыах кылаан тойуксутун аатын ылла», — диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков анаан бэлиэтээтэ, таатталарга махтал тылларын эттэ.
Таатталар хомуска (уус Эдуард Тарабукин) , сылгы киэргэлин оҥорууга-тигиигэ, (иистэнньэҥ Изабелла Захарова), сахалыы тыл ууһун күрэҕэр – чабырҕахха (“Кылыһах” фольклор ансаамбыла, сал. Марина Говорова) эмиэ бастаатылар. Аны, ыһыахха тэриллибит «Эр бэрдэ” күрэххэ эмиэ Таатта киһитэ Владимир Михайлов муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста. Таатта дьоно Олоҥхо Ыһыаҕар дьоһуннаах кыттыыта улуу өбүгээлэрин, биир дойдулаахтарын А.Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатын аататтыы биир бэлиэ, үтүө түгэнинэн буолла.
Эһиил Олоҥхо Ыһыаҕа Кыыс Амма сиригэр-уотугар ыытыллыаҕа. Амма улууһун баһылык Степан Кузьмин салайааччылаах делегацията кэлэн Өймөкөөн улууүун салалтата Александр Иванов илиититтэн Ыһыах дуоҕатын тутта.
Онтон 2025 сылга Олоҥхо Ыһыаҕа промышленнай Нерюнгри улууһугар тэриллиэҕэ. Нерюнгри баһылыга Роман Щегельняк хайы-үйэ Олоҥхо Ыһыаҕа ыһыллар саҥа сирин булан, тэрээһиҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьар сураҕа иһиллэр
Түмүккэ, Олоҥхо Ыһыаҕын туһунан бу ыһыаҕы сүрүн көҕүлээччи уонна тэрийсээччи, Ил Дархан иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Аан дойду “Эпосы народов мира” түмсүү вице-президенэ, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков этиитин истиэҕиҥ:
“Олоҥхо Ыһыаҕа – олохтоох омуктар төрүт үгэстэрин харыстыырга, олохсутарга, тарҕатарга, олохтоох омук тылын-өһүн, аһын-үөлүн, таҥаһын-сабын, олоҕун эйгэтин умнубатыгар, тутуһарыгар көмөлөһөргө соруктанан Ил Дархан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатынан анаан тэриллэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах соҕотох тэрээһин. Олоҥхо ыһыаҕа сылын ахсын бииртэн биир улууска тэриллэр. Ити Олоҥхо Ыһыаҕын төрүт соругун кытта ситимнээх. Биһиги омук быһыытынан бэйэбитин билинэрбитигэр, атын омуктарга биллэрбитигэр, кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын умнубаппытыгар, өбүгээлэрбит үтүө үгэстэрин аныгы олоххо тирэх, көмө оҥосторбутугар Олоҥхо Ыһыаҕын курдук үгүс дьону хабар дьиҥ сахалыы тэрээһин күннээҕинэн кэмнэммэт улахан суолталаах. Өрөспүүбүлүкэ салалтата, дьон-сэргэ ону өйдүүр, ылынар кыаҕа сылтан сыл аайы улам кэҥээн, күүһүрэн иһиэҕэ”.
:
Александр Трушков, Ил Түмэн