Олоҥхото суох олохпун сатаан көрбөппүн…
Олоҥхо ыһыаҕар кини култуура волонтерунан үлэлии барбыта. Өймөкөөн Томторугар хас да күн иннинэ тиийэн, үлэ бөҕөтүгэр түспүттэрэ: хомуйуу-сууйуу, илдьии-таһыы, оҥоруу-толоруу… Олоҥхотугар анаан бэлэмнэнэр да солото суох сылдьыбыта.
Соннук утуйар-утуйбат икки ардынан сынньаммакка да түбүгүрэ сылдьан, ыччат олоҥхоһуттар күрэстэригэр кыттара бу кэлбитин өйдөөн, тиэтэлинэн оҥосто охсон, күөн күрэс буола турар сиригэр тиийбитэ, номнуо улахан аҥаардара олоҥхолорун толорон барыталаабыт этилэрэ.
Куйаастан сөрүүн балаҕаҥҥа киирэн, уу чуумпуга олоҥхо тойуктаах дорҕоонугар бигэнэн, хайдах эрэ, налыйан, уоскуйан, долгуйбута-омуннурбута сүтэн-симэлийэн хаалбыта.
—Оннук наһаа дьикти турукка киирбитим. Баҕар, сылаарҕаан дуу… Дьүүллүүр сүбэ ыҥырбытыгар, сүһүөхпүн да, атылбын да билбэт курдук буолбут этим, устан эрэр курдук хааман тахсыбытым. Илэттэн тэйэн, арахсан хаалбыт курдугум… Дьон көрөрүгэр кыһаллыбакка, түннүгүнэн ыраах көстөр хайалары одуулаан олорон, оргууй наллаан олоҥхолоон барбытым…
Урут олоҥхолуурбар “ити кэнниттэн ол буолар” диэн, тугу этиэхтээхпин эрдэттэн бэриэт толкуйдуу олорор эбит буоллахпына, бу сырыыга тылым бэйэтэ суккуллан-кутуллан тахсан испитэ… Бүтэн баран, этэргэ дылы, сиргэ түһэн, тулабын көрүммүтүм, бары иһийэн баран олороллор этэ… Олоҥхоһут доҕотторум: “Эйигин кытта былыргы дьыллар быыстарын сэгэттибит, наһаа үчүгэйдик толордуҥ”, — диэбиттэрэ, — диэн кэпсээн саҕалыыр Олоҥхо ыһыаҕар ыччакка “Кылаан чыпчаал” ааты ылбыт Марфа Аммосова.
— Кыайыыга эрэл ол түгэҥҥэ үөскээбитэ дуо?
— Мин бу от ыйын 9 күнүгэр 23 сааспын туоллум. 35-пэр диэри өссө да ыраах. Ол иһин, кырдьыгынан эттэххэ, арыый эрдэ дии саныырым. Анастасия Алексеева, Михаил Шамаев, Яна Нюргусова, Виталий Никифоров, Юрий Борисов, Альберт Шестаков, Софья Федотова, Станислав Иванов, Никита Аянитов, Арчыман Номоҕон курдук күүстээх олоҥхоһуттар кыттыбыттара. Билигин миэхэ наһаа улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, 2017 с. Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар оҕолорго эмиэ муҥутуур кыайыылаах буолан турабын.
Уопсайынан, 5 сааспыттан олоҥхо куонкурустарыгар кыттан саҕалаабытым. Онтукам эмиэ туспа остуоруйалаах.
Дойдум Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрэ. Дьыссаакка сылдьан наһаа кыбыстанньаҥ оҕо этим. Ыалдьыбыппар балыыһаҕа симтилэр. Оҕолор барахсаттар тэһийбэккэ, биир палаатаҕа түмсэн оонньуур буоллубут. Дьэ, мин онно сытыым киирдэ. Кэнсиэр да туруорабын, ыллыыбын даҕаны, ыытааччы да буолабын. Ону нөҥүө хоско сыппыт баспытаатал барытын истибит уонна иитээччибэр Айталина Николаевна Верховцеваҕа кэпсээбит: “Муся Аммосова саҥа-иҥэ, куолас бөҕө эбит”, — диэн. Ол иһин Айталина Николаевна ол сыл миигин бэлэмнээн, “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” күрэххэ кытыннарбыта.
Дьэ, онтон ыла кинилииин олоҥхолоох олохпут саҕалыммата. Оскуолатааҕы сылларбар көтүппэккэ күрэстэргэ кыттарым. П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта”, И.Бурнашев-Тоҥ Суорун “Дыырай Бөҕө”, Н.Степанов-Ноорой “Күн Эрэли” олоҥхолоруттан толорорум. Бу ыһыахха “Күн Эрэлинэн” кыайдым. Олоҥхоҕо аан дойду айыллыытын сэһэргиирбин ордоробун.
-Бэйэҥ култуура үлэһитэ идэлээх буоллаҕыҥ дии?
— Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн норуот уус-урун култуураҕа салаатын былырыын бүтэрбитим. Билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет магистратуратыгар үөрэнэбин. Фольклор өттүнэн. Ол иһин Дьокуускайга олоробун, эрдэҕэс оҕо киинин иһинэн “Одун” норуодунай ансаамбылга оҕолору сахалыы ырыаҕа-тойукка уонна төрүт үстүрүмүөннэргэ уһуйабын. Биир сыл үлэлээтим.
— Куорат оҕолоро сахалыыны төһө сэҥээрэллэр?
— Барыта 100-тэн тахса оҕону дьарыктыыбын. Итинтэн үс оҕотун олоҥхоҕо үөрэтэн эрэбин. Миигин эмиэ бастаан күүстэринэн олоҥхолотор этилэрэ ээ. Онтон “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” бэстибээлгэ сыл аайы сылдьан, наар кыттар оҕолору кытта бодоруһан, кэлин хаһан буоларын күүтэр буолбутум. Онон тута “сөбүлээбэт” диэн быһаара охсубакка, оҕо баҕатын сыыйа уһугуннарыахха эмиэ сөп.
Мин билигин олоҥхото суох олохпун сатаан оҥорон көрбөппүн. Олоҥхо симик бэйэбин арыйбыта, талааммын таһаарбыта, элбэх киһини билиһиннэрдэ, сахалыы куппун уһугуннарбыта, киэҥ эйгэҕэ таһаарда, олоххо тус суолбун булларда. Олоҥхоһут доҕотторум бары дириҥ өйдөөхтөр, саргылаах санаалаахтар, киэҥ билиилээхтэр, олохтоох толкуйдаахтар, ырааҕы анаарар дьоҕурдаахтар. Ол иһин оҕо олоҥхо тыыныгар, тылыгар, педагогикатыгар, үөрүйэҕэр иитиллэрэ киһи быһыытынан сайдыытыгар туһалаах диэн бигэргэтэбин.
— Кыайбыккын дьонуҥ истэн төһө эрэ үөрдүлэр…
— Соруйан эрдэ эппэтэҕим. Тэлэбиидэнньэнэн быһа эпиири көрөн билбиттэрэ. Үөрэн бөҕө буолбуттар. Биэс сааспыттан ыла солбуллубат уһуйааччым Айталина Николаевналыын иккиэн антах «Көмүс күрүө» түһүлгэтигэр куустуһан туран ытаспыппыт. Кини миэхэ иккис ийэм кэриэтэ күндү киһим буолар.
Түгэнинэн туһанан миигин олоҥхоһут оҥорбут, дьарыктаабыт, сүбэлээбит, эрчийбит дьоммор махтанабын: “Мичил” уһуйаан иитээччитэ Айталина Николаевна Верховцеваҕа, Төхтүр орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала Диана Егоровна Тарабукинаҕа, Аартыкатааҕы үнүстүүт преподавателлэрэ Зоя Андреевна Стрекаловскаяҕа, Лена Митрофановна Егороваҕа.
-Марфа, олоҥхолоох олоҕун дьоллоох-соргулаах буоллун!
Кэпсэттэ Анисия Иевлева