210 олоҥхоһут аймаҕа сибээскэ таҕыста - Сайт Олонхо
Главная / События / 210 олоҥхоһут аймаҕа сибээскэ таҕыста

210 олоҥхоһут аймаҕа сибээскэ таҕыста

ХИФУ Олоҥхо үнүстүүтэ 5 томнаах энциклопедияны бэлэмнииринэн, олоҥхоһуттар тустарынан чахчылары хомуйаары, аймахтарын сибээскэ тахсалларыгар көрдөспүтэ. Билиҥҥи туругунан 210 киһи биллибит.

Хаан уруу аймахтар саамай чопчу биографическай сибидиэнньэлэри биэрэллэрэ чахчы. Маныаха ордук түргэнник уонна эппиэтинэстээхтик Мэҥэ Хаҥалас Олоҥхотун дьиэтэ, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Муома, Орто Халыма, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн култуураларын управлениелара көмөлөспүттэр.

Бу «Энциклопедия Олонхо» Арассыыйа наукатыгар суох дьоһун таһаарыы буолуоҕа. Маннык энциклопедиялар информациялара 50 сыл суолталарын сүтэрбэттэр. Олоҥхону сэҥээрэр, толорор, үөрэтэр дьоҥҥо бу энциклопедия сүрүн тирэнэр тирэхтэрэ буолуоҕа.

Бастакы томҥа 513 олоҥхоһут киириэ. Туох да алҕас-сыыһа тахсыбатын туһуттан аймахтар сибээскэ тахсыталааҥ.

Поделитесь этой страницей