Айыы санаа айана Өймөкөөҥҥө – Олоҥхо ыһыаҕа - Сайт Олонхо
Главная / События / Айыы санаа айана Өймөкөөҥҥө – Олоҥхо ыһыаҕа

Айыы санаа айана Өймөкөөҥҥө – Олоҥхо ыһыаҕа

Үрдүк очуос хайалардаах, дохсун сүүрүктээх Индигир өрүстээх, киниттэн тардыылаах үрэхтэрдээх, сүүрүгүрэр үрүйэлэрдээх, ойуу тыа симэхтээх тыалардаах, ирбэт тоҥ муустаах, улуу Лабынкыр күөллээх, улахан эбэлэрдээх, үтүө кэрэ дьонноох ытык мааны Өймөкөөн сиригэр ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа дууһабытын тутта, сүрэхпитин сылаанньытта.

16-с төгүлүн ыытыллар «Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыта Сахабыт сиригэр сомоҕолоһуу уонна духуобунай сайдыы олохтоммутун көрдөрдө.
1924 сыллаахха Үрэх Баһыгар сиргэ Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн олохтооҕо, биллэр атыыһыт, меценат Н.О. Кривошапкин көмөтүнэн ыһыах ыһан, үс сэргэни Салгын кут бэлиэтигэр туруорбута билиҥҥи кэмҥэ Айыы санаа илдьитинэн буолла.
А.Е.Кулаковскай «Сайын кэлиитэ» поэматыгар саха киһитигэр тыйыс тымныы кэнниттэн айылҕа уһуктуутун, сайын кэлиитин ахтылҕаннаах хартыынатын сиһилии ойуулаан норуот кэскилигэр Итэҕэйэр күүстээх санааны Алгыс күүһүгэр баарын көрдөрбүтэ. Бу силистээх дириҥ Алгыстаах өйдөбүлбүт эһиил 100 сыла буолар.
«Сайын кэлиитэ» поэматтан олоҕуран филология билимин хандьытаата Л.А. Афанасьев-Тэрис Айыы үөрэҕин ис хоһоонноон тиһик оҥорон кэнчээри ыччакка хаалларбыта.


Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус олоҕун суолун арыйарыгар Баайаҕаттан Өймөкөөҥҥө сатыы сырыытыгар дьылҕата Үс Сэргэҕэ сырытаннарбыт, оһуорун-мандарын үөрэҕэ онтон саҕыллан барбытын сөҕө-махтана билэбит. Борис Федорович «Оһуор тыла — Айыы тыла» кинигэтигэр «Айыы Итэҕэлэ, Айыы Үөрэҕэ атаҕар турдаҕына тулхадыйбат кырдьыгы булуоҕа»диэн суруйбута.
Николай Осипович атыытын-эргиэнин нөҥүө төрүт үгэһин тыынын ылынан уонна ону олоххо-дьаһахха таба дьүөрэлээн илдьэ сылдьыбыта инникитин биһиги олохпут экэниэмикэтэ сайдарыгар ыйдаҥардар суолу арыйыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын өйөбүлүнэн Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэрэ уонна Сахабыт сирин улуустара Томтор бөһүөлэгэр түмсэн, сомоҕолоһон урукку утум, билии, үгэс түмүллүүтэ, өй-санаа сааһыланыыта олорор олохпутугар чахчы баарын көрдөрдүлэр. Иннибит хоту эрэл, өйдөһөр санаа үөскээтэ. Бу ыһыахха суол тэйиччитин аахсыбакка, Сахабыт сирин үгүс улуустара төрүт култуураларын көрдөрө хото кэлбиттэр.
Олохтоохтор айар-тутар олохторун ис хоһоонун эйэ дэмнээхтик тутан олорор буоланнар, кэлбит ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстүлэр. Томторго буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр Өймөкөөн улууһун бары бөһүөлэктэрэ: Уус Ньара, Томтор, Үчүгэй, Өймөкөөн, Төрүт, Сордоҥноох, Аартык, Орто Балаҕан нэһилиэктэрэ түмсэн биир тыынынан үлэлээбиттэрэ Ил, Эйэ, Сомоҕолор күүс баарын туоһулаатылар. Бу ыһыахха тугу көрбүппүн-истибиппин суруйарга холоннум.

Алгыс баһа сыаланнын

Ыһыах сиэрэ-туома суолталаах, уйгуну тардар, дьолу тосхойор. Бырааттыы уус Яроевтар оҥорбут Олоҥхо ымыыта, араҥыччыта — аарыма Аал Луук мас анныгар ыһыах сиэрин-туомун холумтана турбута саха санаатын иһинэн буолла, мустубут дьон кутун-сүрүн тутта.
Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев түс-бас дьонунуун хааман киирэннэр, Дьөһөгөй ыһыах тутулун туттулар. Быйыл Айсен Сергеевич ыллыктаах дьаһал таһааран, саханы саха гына сандаарбыт, үлэни-сатабылы түстүүр Күн Дьөһөгөй Айыы Таҥаралаах 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ Айыы санааҕа сирдиир.
Өйү-санааны сааһылыыр Өймөкөөн Томторугар ыһыллыбыт олоҥхолортон утумнаппыт саха төрдө буолбут Дьөһөгөй ыһыах Алгыһа киһи айылгытын күүһүн уһугуннарда, Айылҕа күүһүгэр сүгүрүйүү санааны олохтосто.
Аан тылы олохтоох ытык кырдьаҕас Р.С. Ефимов аман тылынан аһан көҥүлүн биллэрбитэ. Уруйдаах Олоҥхобут ыһыаҕын төлкөлөөх түөрэҕин түстээри үс Алгысчыт арыалдьыттарынаан аргыый аҕай түһүлгэҕэ хааман киирбиттэрэ.
Бастакы Алгысчыт Аан Уххан нөҥүө Айыылартан бэриллибит үрүҥ аһынан күндүлээн, намыын тылынан саҥаран барбытыгар мустубут дьон уоскуйдубут, холкутуйдубут. Кини дьону-сэргэни биһиктиир иччилээх дорҕоонугар олордон аар айылҕабытыгар батыһыннарда. Алгысчыппыт үс улуу сис киинигэр, төрүкү түөрт сир төрдүгэр өрөгөйдөөх Өймөкөөн сиригэр үрдүк Үрүҥ Аар Тойон тоҕус Үрүҥ айыыларын аат ааттаан, айыы суолунан Алгыс ситимин түһэрдэ. Ол кэнниттэн түөрт түөрэм туйахтаах маҥан аты сэргэҕэ баайдылар.
Иккис Алгысчыт сир-дойду иччилэригэр, ытык, улуу өбүгэлэргэ махтанан, сүгүрүйэн эрэкэ-дьэрэкэ оҕолору үөрдэн үтүө-мааны Күн Күрүө түһүлгэттэн көҥүл көрдөөтө, ийэ-аҕа уустарын ситиминэн кэнчээри ыччат кэскилин туһугар мичил аллайан аартык арыйда.
Үһүс Алгысчыт уйгу-быйаҥ туһугар Үрдүк Айыылартан көрдөһөн, саха дьоно дьоллоохтук олороллорун туһугар доллу кулгаахтаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон аатын ааттаан кымыс иһэр түһүлгэ сэргэтигэр бааллан турар маҥан сыспай сиэллээх акка тиийдэ. Уонна кымыһынан дьалбыырдаан, мааны матаахчаттан үрүҥ ас үрдүн амсатта, Дьөһөгөйгө аналлаах ыһыах тускулун туһаайда.
Өбүгэ саҕаттан утумнанан кэлбит сиэргэ-туомҥа үҥкүүһүт оҕолорбут төрүт хамсаныыларынан кынат буоллулар.
Алгысчыттарбыт бары ытык Өймөкөөн сирин дойдутун дьоно эбиттэр. Айыы ситимнээх Олоҥхо Ыһыах сиэрин олохтоохтор сүрүннээбиттэрин дьон ылына көрбүт. Сэмэн Сивцев айар-тутар дьоҕурдааҕынан биллэр, хоһоонньут, ырыаһыт, көмүс тарбахтаах уус, хаартыскаҕа түһэрэр. Эдэр киһи Николай Старков атыыһыт-меценат Н.О. Кривошапкин сыдьаана эбит. Үһүс киһибит – үлэни өрө туппут, сылгыһыт идэлээх Константин Винокуров. Алгыс саҕаланыытыгар тоҕус хопто субуруйан эргичийэ көппүттэрин эйэ, ил олохтоноругар, онтон бүтэһигэр үс хоптолор үөрэ көтө көппүттэригэр Үс Кут бөҕөргүүрүгэр айылҕабыт көрдөрдө диэн айылгылаах киһи бэлиэтии көрбүтүн эппитэ. Саргыбыт салалынна, тускубут туһаайылынна.

Билим уонна айар-тутар эйгэ

Социология билимин доктора, бэрэпиэссэр, уопсастыбаннай диэйэтэл Ульяна Винокурова тэрийбит билим уонна айар-тутар эспэдииссийэтин массыынатынан АГИиК, ХИФУ, ЧГИФКиС учуонайдарын кытта 12 буоламмыт сырыттыбыт.
Айаммытыгар үс билим доктора тутаах дьоммутунан буоллулар: АГИиК бэрэпиэссэрэ Ульяна Алексеевна, философия билимин доктора, ХИФУ бэрэпиэссэрэ А.С Саввинов, Санкт-Петербург судаарыстыбаннай университетын бэрэпиэссэрэ, философия билимин доктора, А-К.И.Забилионите. Бөлөхпүт салайааччыта – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, уопуттаах салайааччы К.Л. Местников. Идэтийбит суоппарбыт Гавриил Татаринов ыраах айаҥҥа олус үчүгэйдик мэһэйэ суох сырытыннарда.
Ыһыах бырагырааматынан Александр Протодъяконов, Аля Аммосова, Анна Холмогорова тэрийсэн ыытар “Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ” диэн «төгүрүк остуолбут» ис тыына бу эспэдииссийэ соругар сөп түбэстэ.
Ульяна Алексеевна норуотугар иэйэхситтээх санаатынан, сахалыы майгытынан куруук өйөбүл буола сылдьар. Кини бу саас бэчээттэтэн таһаарбыт «Биһиги сахалар…туруулаһыы» диэн кинигэтэ киэҥ сэҥээриини ылбыта. Ульяна Алексеевна Сахабыт сиригэр тургутуулаах кэмнэри тэҥнээн ханнык хайысхаҕа ситиһиилэр уонна алҕастар тахсыбыттарын ырытан, саха омук үүнэр-сайдар дьылҕатын Алгыс суолунан көрөн, биир мөһүлгэ тэҥэ, 12 оҥкулга арааран, сайдыы суолларын торумнаабыта ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыта.
Саха эйгэтин үөскэтиһэр бэрэпиэссэрбит Г.С.Попова-Санаайа бу кинигэҕэ билиҥҥи кэмҥэ аныгылыы үлэ миэстэлэрэ баар буолуохтаахтара көстөр диэн эппитэ.
Ытыктанар учуонайбыт У.А. Винокурова кинигэтигэр суруйбутун иннин хоту эспэдииссийэ айана Саха сирин норуоттарын төрүт култуураларын, духуобунай сыаннастарын, ытык өйдүбүллэрин өрө тутар соруктаах буолла.
Өксөкүлээх Өлөксөй атыыһыт-меценат Н.О.Кривошапкин көмөтүнэн Үрэх Баһыгар Салгын Кут бэлиэтигэр туруорбут Үс Сэргэтигэр, онтон чугас айанын сырыытыгар түһэн олорбут доҕорун Сыромятников балаҕаныгар, Томтор оскуолатыгар РФ үтүөлээх учуутала М.П. Баярова гулаг кэминээҕи устуоруйаны кэпсиир, Эбэ Хайаҕа Чысхаан муус дьиэтигэр сырыттыбыт.
Ыһыах бырагыраамата бииртэн биир үчүгэй ис хоһоонноох, кэрэхсэбиллээх. Оҕолор түһүлгэлэригэр Татьяна Романова кырачааннарга анаан туруорбут «Чысхаан остуорайата» испэктээгэр оһуор-мандар таҥастаах оҕолору көрөн бараммын: Сир Иччитэ ойуу-бичик оҕолоро – бу илэ сылдьаллар эбиттэр дии санаатым. Кэскили кэрэһэлиир, уйгуну төрүттүүр от анныгар обугунаспыт ойуу-мандар уолаттар, сэбирдэх анныгар сибигинэспит оһуор-бичик кыргыттарбыт оонньуу үөрэ сүүрэкэлээбиттэриттэн орто дойду олоҕо үөрдэ.
Билиҥҥи олохпутугар орто дойду ойуутун, оһуорун, мандарын бэйэлэрин дьылҕаларынан билэ-көрө уһуйуллубут бөлүһүөк дьоннорбутунан Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус, А.Н.Филиппова буолаллар. С.Ф. Попов-Айыы Сиэн уруу, хаан, аймах, билэ өйдөбүлүнэн “Сиһик Ойуута” билиитин ырытан, киһи ситимин ойуулуур үөрэх баарын биллэрбитэ. Кинилэртэн ситимнэнэн ойууһуттар баар буоллуллар.
Көмүс тарбахтаах Августина Николаевна эскиистэринэн Биэрэк Үрдэ оҕо саадын уһуйааччыта Н.Г.Уваровская бэйэтин уран тарбахтарынан кырачаан артыыстарга, оруолларынан наардаан, үгүс элбэх таҥаһы тикпитин сөҕө-махтана көрдүбүт. Иистэнньэҥ Нелли Геннадьевна ойууһут идэтин баһылаабыта көһүннэ.
Өймөкөөн дьахталлара үлэһит, сэмэй майгыларынан, айар-тутар дьоҕурдарынан уус, иис, удьуор ситимин тутан олороллор. Бу саас Томторго буолбут кэмпириэнсийэҕэ кытта кэлэ сылдьаммын, кинилэрдиин алтыһан бараммын, кэрэнэн сыдьаайар ис күүстээрин, барыны сатыыр дьоҕурдарын Аан Чаҥыйга холообутум. Мусуой үлэһитэ А.П.Иванова кинилэри бэйэтин айар-тутар эйгэтинэн ситимнии сылдьар, иистэнньэҥ дьүөгэтигэр Т.Г.Аммосоваҕа оҕус тириитин биэрбитигэр, Татьяна Гаврильевна симиир иһитин тигэн бүтэрэн аҕалан Олоҥхобут ыһыаҕын Алгыстаах түһүлгэтигэр маанылаах иһит гынан аҕалан туруорбут этэ.
Тааттаттан төрүттээх А.М. Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа «Дьүкээбил дьирбиитин иилиммит, ала бурку аргыстаах чысхаан тыал» олоҥхо матыыбынан айымньыта кинигэ буолан, Олоҥхо ыһыаҕар күн сирин көрдө.
Акулина Михайловна А.Н. Филиппова Чысхаан таҥаһын С.С.Сивцевкэ-Чыысхаҥҥа ойуулаан тигэн биэрбит таастарынан киэргэллээх оһуордарынан, ааптар быһыытынан бэйэтин айылҕатын көрүүтүнэн, кини өйүгэр-санаатыгар кэлэр баай тылын сүмэһининэн – олоҥхо тылынан айымньыны суруйбута «Уостубат утум: олоҥхо тыыннаах айымньылар» кинигэҕэ бэчээттэнэн таҕыста. Сэмэн Чысхаан тигиллибит сонун ойуулууругар бэйэтэ Акулина Михайловнаттан көрдөспүт. Икки айылҕалаах дьон чараас эйгэнэн өйдөспүттэрэ эмиэ дьикти, элбэх да таайыллыбат кистэлэҥнэрдээх эбиппит.
Дьохсоҕон Кыыһа Чысхаан сонугар Августина Николаевна айылҕа таастарынан ойуутунан тикпит оһуордара сэһэн буолан таҕыстылар: Тоҕус хаттыгастаах добун халлаан тойоно буолбут Үрүҥ Аар Тойон, сир-дойду Иччилэринэн иитиллибит Сиккиэр Тыал Алаас чээлэй отугар көччүйэн, Сири Сибиири сиксийэ, өрүстэринэн, Хотугу муустаах муоранан, Урал хайаларынан, Кытай, Дьоппуон, Индия сирдэринэн, күөллэринэн, хайаларынан туманы көтүтэн, ардаҕы түһэрэн … таммах, муус, дьүкээбил да буолан… араас өҥнөөх күндү таастары оҕуруонан оонньото Илин түһэр, Хоту көтөр, Соҕуруу айанныыр, Арҕаа тоһуйар, хайаларынан сүүрэкэлиир, окко-маска таалалыыр.
Чысхаан алтынньы ыйтан Тымныы оҕуһа буолан кыһыҥҥы кэмҥэ тыала томорооннонон үрэх баһа, киэҥ дойдуну кэрийэ, үлэтин-хамнаһын оҥоро көтө сылдьарын ойуулаабыта – Дьылбыт Эргиирэ эбит диэн ылынным. А.М. Егасова Сиккиэр тыал туһунан сэһэнэ биир ураты Олоҥхо айымньыта буолан таҕыста, ойууһут идэлээх дьоннордоох буоламмыт үгүһү-элбэҕи биллибит. “Ойуу тыла – Айыы тыла” дириҥ силистээх да өйдөбүл.

Н.О.Кривошапкин олорбут дьиэтигэр «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ» сэһэн-сэппэн түһүлгэтэ

Уопсастабынньыктар Александр Протодъяконов уонна Аля Аммосова “Айгы ситимэ” түмсүү тэринэннэр, Дьокуускайга, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан улуустарыгар сахалыы тыыннаах бырайыактаах элбэх дьон үлэлэрин ис хоһоонун истэннэр, ырытаннар биир ситимнээх үлэни ыыта сылдьаллар.
Өрөспүүбүлүкэбит Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Ф.В. Шишигина эдэрчи дьону Олоҥхо ыһыаҕар Николай Осипович үтүө аатын ааттаан, аныгы кэми кытта дьүөрэлээн, сэһэн түһүлгэтин тэрийэн иилээн-саҕалаан ыыталларыгар көрдөспүтүн долгуйа ылыммыттар. Миигин итиннэ көмөлөһөрбөр көрдөспүттэрин, ис кутум ылынан үлэлэстим.
2021 сыл, хамсык турар кэмигэр, Алтай, Хакасия оҕолоро саха сиригэр кэлэннэр “Боотур омооно” күрэхтэһиигэ кытталларыгар алгыстаах аартыгы уонна сүбэни Александр Кривошапкин  Дьокуускайга кэлэ сылдьан саҕан биэрбитэ. Этэҥҥэ ааспытыгар махталбыт улахан. Онно кини бөлүһүөк мындыр өйүнэн Өксөкүлээх Өлөксөй дириҥ силистээх санааларын ыпсаран кэпсээн биэрэн сэҥээрдибитэ.
Өймөкөөҥҥө айаным суолун норуот эмчитэ, сэһэнньит Виктор Кривошапкин ыллыктаабыта. Кини: «Дьон үксэ уруккунан уонна кэлэринэн (баҕа санааларынан) олороллор, билиҥҥинэн олоруубут – күннээҕини кытта кыайан дьүөрэлэспэт турукка аҕалла, мин дойдубар баран кэллэххинэ, бэйэҕэр туһалааҕы ылыаҕын», — диэн этиитэ миигин Өймөкөөҥҥө айаҥҥа кынаттаабыта.
Онтон иккис айаҥҥа турунарбар Дьылҕа хааным Александр Протодъяконовтыын билиһиннэрбитэ, эдэр киһи олоҕун аартыгын арыйаары сатыы “Саха дьоло туохханый?” диэн тус бырайыагынан Мэҥэ, Чурапчы, Таатта сирдэринэн сылдьыбыт. Александр саха омук бэйэтин философиятынан үлэ уонна биисинэс эйгэтин тутуохтаах диэн ыра санааны бигэтик тутан, олоххо киллэрэргэ дьулуһар, киниэхэ олоҕун аргыһа Аля тирэх, өйөбүл буолар.
Өймөкөөҥҥө айанныахпыт иннинэ Виктор Семеновиһы кытта көрсүбүппүт, онно кини биһиги сорукпутун билбит курдук, аймаҕын Лариса Кривошапкинаны уонна алгысчыт Далчаан Күн Баһылайы ыҥыран олорор этэ. Далчаан Күн Баһылай Амматтан төрүттээх дьиҥ айылҕа киһитэ, тыа хаһаайыстыбатыгар өр сыл Өймөкөөҥҥө үлэлээбит, биһигини сахалыы сиэринэн арчылаата. Виктор Семенович атыыһыт Николай Осипович быраатыгар, кини эһэтигэр, бэлэхтээбит таас иһитигэр сэрээттэммит ууну кутан биэрэн барыбытын күндүлээбитэ. Лариса Юрьевна удьуорун туһунан сэһэргээбитэ. Олоҥхо ыһыаҕар «төгүрүк остуолбутун» ыытарбытыгар тирэх санаалар түстэммиттэрэ.
«Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ» сэһэммит түһүлгэтэ бэс ыйын 30 күнүгэр атыыһыт-меценат Н.О.Криовошапкин балаҕаныгар, Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын култууратын уонна туризмын сайыннарар салаатын салайааччыта А.С.Сивцева уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Ф.В.Шишигина өйөбүллэринэн ыытыллыбыта.
Өймөкөөн кэрэ көстүүлээх Үүт Уурбут сиригэр Н.О.Кривошапкин балаҕанын сэргэ нуучча дьиэтин 1913 с. туттаран киирбит. Оҕонньор балаҕана 60-с сылларга диэри турбут.
Олоҥхо ыһыаҕар өрөспүүлүкэбит салалтата балаҕаны саҥаттан тутарга үп көрөн, саҥардыллар үлэни олохтоохтор ыыппыттар. Сөргүтүү үлэтэ барарыгар ытык киһи, кыраайы үрэтээччи Т.Е. Васильева элбэхтик туруорсубут. Тамара Егоровна дойдутун устуоруйатын матырыйаалларынан элбэх кинигэлэрдээх.
Мас уустара Тааттаттан В.В.Малгин, олохтоохтор С.С.Сивцев, Л.М.Кондаков балаҕан тутуутугар ылсан үлэлээбиттэр. Мастарын Тааттаттан аҕалбыттар. Өймөкөөн дьаһалтата уонна олохтоохторо атыыһыт олорбут тиэргэнэ, балаҕана, дьиэтэ сөхсүтүллэн бүппүтүн кэнчээри ыччаттарыгар анаатылар, оскуола-мусуой гына тэнитэн үлэлииригэр баҕалаахтар.
«Айылгы» фольклорнай бөлөх салайааччыта Сардаана Сивцева тардар хомус дьүрүскэн тыаһынан саҥа тутуллубут балаҕан аанын лиэнтэтин меценат атыыһыт хаан-уруу сыдьааннара: А.И.Кривошапкин, В.С.Кривошапин, О.О.Марков үөрүүлээх быһыыга-майгыга кырыйдылар.
Норуот бөлүһүөгэ Александр Ильич балаҕан көмүлүөк оһоҕун оһоҕун оттубутугар маһа сырдьыгыначчы тыаһаан умайан барда, чоҕо тахсар кэмигэр — киирии тылыгар атыыһыт удьуорун сырдатта, аймахтар ааттарыттан биир убаһаны оскуолаҕа диэн бэлэх уунна, бар-дьонугар махтанна. Онтон чуумпуран олорон, аал уотун одуулаан саҥата суох, иһигэр сибигинэйэн чараас эйгэнэн баай аймах эһэтигэр Николай Осиповичтыын ситимнэстэ, айах тутан күндүлээтэ. Виктор Семенович күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитин, ардах түннүккэ кыратык тамалаан түспүтүн оҕонньорбут көҥүл биэрдэ диэн бэлиэтээбитэ.
Устуоруйа учуутала А.Е.Алексеева сэһэн түһүлгэтин сүрүннээн ыытта. А.К.Протодъяконов үлэ уонна биисинэс төрүт үгэскэ ситимнэнэнэн барарыгар санааларын быһааран биэрбитигэр, кэлбит дьон кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. «Төгүрүк остуол» ыалдьыттарынан буоллулар: социология билимин доктора, АГИКиИ бэрэпиэссэрэ У.А.Винокурова, философия билимин доктора, ХИФУ бэрэпиэссэрэ А.С Саввинов, философия билимин доктора, Санкт-Петербург гос.университетын бэрэпиэссэрэ А-К.И.Забилионите.
Урбаанньыт Л.Ю.Кривошапкина таайа, инженер, меценат, новатор А.Е. Кривошапкин үлэтин сырдатта. А.А.Холмогорова Л.А.Афанасьев «Кулаковскай философията» үлэтигэр ситимнэммит дьыл эргииринэн үлэ эйгэтин үөскэтии туһунан билиһиннэрдэ. Атыыһыт-меценат олоҕун кэрдиистэриттэн сырдаттылар: М.В. Степанова, Р.П. Кондакова, Т.П. Винокурова, Л.З. Захаркина о.д.а. Бииртэн биир киһи санаатыгар киирэр этиилэр этилиннилэр. Николай Осипович атыыһыт идэтин кытта дьүөрэлээн норуотугар көмө-тирэх буолан олорбутун биир дойдулаахтара холобур оҥостоллор, киэн тутталлар.
Улахан төрдүлээҕин-уустааҕын, өбүгэлэриттэн улахан харысхаллааҕын аймахтара ахтан аһарбыттара. Аата мээнэ ааттаммат, хос хос эбээтэ, Бордуулаах удаҕан туһунан кинигэлэргэ ахтыы быһыытынан суруллубут. Кини 17 үйэҕэ атыыһыт аҕатыгар эппит: «Үс уол төрүөҕэ, биир уолгут саха аатын ааттатыа». Николай Осипович олорор кэмигэр, төһө да атын култуура дьайыытын күүһэ баарын үрдүнэн, сахатын итэҕэлин кутунан-сүрүнэн тутан илдьэ сылдьыбыт. Кривошапкиннар халыҥ удьуор аймахтар төрүччүлэрин үөрэтэн, чинчийэн, сааһылаан кинигэ оҥорон таһаарбыттар. Үгүстэрэ кэриэтэ айылҕаларынан күүстээхтэр, талан ылбыт идэлэринэн, олохторунан ньир-бааччы олороллор. Билиҥҥи кэмҥэ атахтарыгар турбут урбаанньыт дьоннордоохтор. Кинилэр биир сыдьааннара Чурапчыга кийииттээн олорор Светлана Старкова-Илгэйэ ураты дириҥ өйдөбүллээх хоһооннору суруйарынан биллэр, ыһыахха алҕаабыт уол Николай Старков кини бииргэ төрөөбүт убайын оҕото эбит.

ТҮМҮК

Атыыһыт-меценат Н.О. Кривошапкин эргиэн, үлэ, төрүт култуура, удьуор-аймах өйдөбүллэри дириҥник өйдөөн бэйэтин сатабыллаах олоҕунан эйгэ үөскэтэ сылдьыбыта билиҥҥи да кэмҥэ, улахан сэҥээриини ылар уонна үөрэтиини эрэйэр.
Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ или олохтуур эйэлээх, сүбэлээх үтүө өйдөбүлү иҥэрдилэр, бу үтүө холобур кэҥээн иһэригэр баҕа санаа үөскээтэ;
А.К. Протодьяконов саха омук билиҥҥи кэмҥэ олорор стратегиятын: саха киһитин олоҕун философиятын үөрэтэн уонна саха киһитин үлэтин уонна биисинэһин тутулун быһааран үлэлэтэр бырайыагын үлэтин өйүөххэйиҥ;
У.У Винокурова «Биһиги сахалар…туруулаһыы» кинигэтигэр киирбит сүрүн этиилэрин олоххо киллэрии:
ыаллыы олоруу майгыны бары таһымҥа дьаныһан туруорсуу;
айылҕаҕа сүгүрүйээччилэр олохторун отуорун ылынар туруктарын үөскэтии;
төрүт майгыны тутуһа да сылдьан, аныгы сайдыыга дьүөрэлэһэр сатабыллаах идэлэри баһылааһын;
киһи сааһыттан тутулуга суох айымньылаахтык дьарык араас өрүттэринэн бэйэтин арыйан, олохтон-үлэттэн астынар көҥүл майгытын сайыннарыы;
тастан дьайыы аныгы кэмҥэ бүгэн олорбут олохпут отуорун уларытыа, үтүөнү да мөкүнү да арыйыа. Онон аһыллыыны кытта хам тутуһан сабыылаах харысхал күүһэ эмиэ эбиллэн иһэрин ситиһии соруга турар;
үүнэр үйэҕэ Сир-Ийэ материктарыттан Азия инники күөҥҥэ тахсан эрэр. Биһиги олохпут очуордарын эрдээхтик туоруурга, дьылҕабыт көнтөһүн тутан, саха омук инникитин, ыччаппытын кэскилин туһугар туруулаһар кэм кэллэ;
тыа сирэ – ытык биһикпит, олохпут оҥкула. Норуот олоҕун кэскилин, тыыннаах туругун төрүт сиригэр эрэ арчылаатахха, олохпут туруга тупсуо;
хотугу удьуор тыынын батыһаммыт, сүбэлээх тапталы, аһыныгас майгыны уонна сиэрдээх ааты-суолу күөн тутаммыт, үтүөнү үксэтэргэ кыһанабыт;
олоххо Айыы аналгытын толорон, Иэйэхсиккитин кэлэппэккэ, Дойдугут Алгыс тыынынан угуттаныҥ;
Л.А. Афанасьев-Тэрис «Философия Кулаковского» тиһигин үгүс сыллааҕы эргиирин олоххо киллэрии;
Б.Ф Неустроев-Мандар Уус «Ойуу тыла – Айыы тыла» үөрэҕин ылынан тарҕатыы.

Анна ХОЛМОГОРОВА,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун алаас култууратын сайыннарар олохтоох “Урдаах” уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта

Поделитесь этой страницей