Уус Алдаҥҥа фольклору көҕүлүүр Ньургуйаана Никитина
Билигин дойдубутугар ыһыахтар алгыстара түстэнэр үтүөкэн күннэрэ үүннүлэр. Бу кэмҥэ саха буоларбыт ордук уһуктан, норуоппутугар, төрүт култуурабытыгар чугаһыыр курдукпут.
Маннык алгыстаах тэрээһиннэргэ олус үчүгэйдик унаарытан, хаһан да истибэтэх да матыыппытын сыыйан, эдэркээн кыыс сахалыы ыллаан эйээритэрин үгүс киһи сэргии истибит буолуохтаах. Кини ыллаатаҕына, киһи кулгааҕа сымныыр, чуумпуран, санааҥ сылаанньыйар.
Саха фольклорун, дэгэрэҥ ырыалары, хомуска матыыптары толорууга истээччилэр биһирэбиллэрин ылар эдэр үлэһит Ньургуйаана Никитина билигин Олоҥхо дьиэтин фольклорга салаатын исписэлииһин быһыытынан уонна улуустааҕы култуура тэрилтэлэрин ыччатын түмсүүтүн салайааччытынан сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини бэйэтэ Амма улууһуттан төрүттээх, култуура колледжын төрүт култуура салаатыгар үөрэнэ сылдьан, дипломнай практикатын 2015 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр ааһан, үлэтин мантан саҕалаабыт эбит.
— Найахы норуодунай хоругар фольклорнай композицияны толорууга сахалыы куоластаах кыыс наада диэн практикант көрдөөбүттэрэ. Онуоха миигин ыытан, үчүгэй баҕайытык практикаламмытым уонна үөрэхпин бүтэрбиппин кэннэ, оскуолаҕа миэстэ тахсан, музыка уонна эбии үөрэхтээһин учууталынан кэлэн үлэлээбитим. Найахыга бастаан кэлэрбэр анал фольклорнай куруһуоктар, дьарыктар суох этилэр. Саҥа үөрэхпин бүтэрбит киһи тугу да ыарырҕаппакка, тутатына үөрэтэн, үлэлээн барбытым. Бу үлэм биир сүрүн ситиһиитэ – фольклор көрүҥэр үөрэммит үөрэнээччилээхпин. Онон олус киэн туттабын, — диэн Ньургуйаана Найахытын нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин олус күндүтүк саныырын, хардары сибээстэһэ олороллорун туһунан үөрэн-көтө кэпсиир.
Билигин эдэр үлэһит Ньургуйаана улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин иһинэн тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, оскуола оҕолоругар фольклор араас көрүҥнэрин үгүстүк үөрэтэр. Хомуһу, оһуохайы, тойугу, норуот ырыаларын сөпкө, маастарыстыбалаахтык толороллоругар сыратын уурар. Найахыга оҕолорго “Арылхан”, улахан дьоҥҥо “Дьүөгэ”, “Симэх”, “Найахыына”, Дүпсүҥҥэ оҕолорго “Оһуор”, улахан дьоҥҥо “Ситим”, “Кэскилээнэ”, Бороҕоҥҥо улахан дьоҥҥо “Хатан” хомус бөлөҕө, “Уйгу”, “Куйаар” диэн фольклорнай бөлөхтөрү тэрийсэн үлэлэппитэ араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттан, эдэр салайааччыны өссө кынаттыыллар.
— Уус Алдаҥҥа, хомойуох иһин, фольклору толорууга анаан үлэлиир салаа суох этэ. Быйылгаттан улуустааҕы Олоҥхо дьиэтэ тэриллэн, бу өттүгэр саҥа үлэ саҕаланна. Олоҥхо дьиэтиттэн фольклор араас көрүҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыахтаах, сырдатыллыахтаах диэн соруктаахпыт. Билигин биһиги, фольклор салаатын исписэлиистэрэ улуус фондун кытта үлэлэһэбит. Хас биирдии улуус туспа фольклордаах, тойукка, оһуохайга, ырыаҕа тутуһар туспа матыыптаах. Ону хомуйан, үөрэтэн, киэҥ араҥаҕа тарҕатарга ылыстыбыт. Билиҥҥитэ саҕалааһын, кыралаан хамсааһын баар, онон инникитин өссө тупсуохпут диэн эрэллээхпит.
Ньургуйаана Никитина фольклору тарҕатыыга ситиһиилээхтик үлэлиир инникилээх исписэлиис буоларын туһунан биир идэлээҕэ, үгүс эдэр көлүөнэни кытары үлэлэһэн, төһүү буола сылдьар Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта Елизавета Данилова маннык бэлиэтиир: “Ньургуйаана эдэр киһи быһыытынан үлэҕэ баҕалаах, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир. Бэйэтин дьоҕурунан, сатабылынан уонна элэккэй, көрсүө майгытынан араас көлүөнэ дьонун кытары үлэлэһэ сылдьар. Билигин улууспут фондатын үөрэтэн, уус алданныы оһуохайы, бэйэбит ураты толоруубутун таһаарарга, улуус оһуохайдьыттарыгар тарҕатарга үлэлэһэр. Эдэр киһи өссө инникитин таһаарыылаахтык үлэлээн иһиэ, фольклор хайысхатын сайыннарыыга хамсааһыннары киллэриэ диэн эрэллээхпит”.
Саха фольклора олус дириҥ, баай. Сахалыы ыраас толоруу киһи уйулҕатын уһугуннаран, кутун-сүрүн хамсатар, чэбдигирдэр күүстээх. Аҥаардас ис кылыһаххын, ис салгыҥҥын таһааран, сөпкө тыынарыҥ киһи көхсүн кэҥэтэр, тыыҥҥын чөллөрүтэр. Ол да иһин ырыа, оһуохай, тойук, хомус тыаһа киһини эмтиир күүстээхтэр диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Бу сүдү баайбытын, ис кыахпытын сатаан туһанар уонна улууспутугар төрүт фольклорбут киэҥник, маассабайдык сайдарын туһугар үлэлэһэ сылдьар эдэр киһи Ньургуйаана Никитина олус кэскиллээх суолу иилии-саҕалыы, тэрийсэ, көҕүлүү сылдьара хайҕаллаах эрэ.
Кини: “Инникитин фольклор көрүҥүн интэриэһиргиир, туойартан кыбыстыбат, патриот санаалаах дьон элбиэн баҕарабын. Оччоҕо дьэ, чахчы ааттаныахпыт, сайдыахпыт этэ. Уус Алдан бэйэтин матыыбын таһааран, эдэрдиин-эмэнниин оһуохайга тоҕуоруһа мустуохпутун, тойук туойан, хомус дьүрүһүтэн төрүт дьарыкпытын өрүү өрө тута сылдьыахпытын баҕарабын”, — диэн этэр баҕа санаата дьонун-сэргэтин өйөбүлүнэн, таһаарыылаах үлэ, талаан, баҕа санаа күүһүнэн чахчы өрө тахсан, сайдарыгар, кэҥииригэр үтүө алгыспытын анаан, тирэх буола сылдьыаҕыҥ.
Екатерина Захарова,
«Мүрү саһарҕата»
Уус Алдан