Олоҥхо ыһыаҕын бастыҥ оһуокайдьыта — Каролина Харлампьева
От ыйын 1-2 күннэригэр кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн улууһун Томтор бөһүөлэгэр тэриллибит Олоҥхо 16-с өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕар оһуокайдьыттар күрэхтэригэр Бүлүү улууһун биллэр оһуокайдьыта Каролина Харлампьева бүлүүлүү оһуокайы толорон, Кылаан бирииһи ылары ситистэ.
Быйыл сайын тэриллибит оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэригэр бүлүүлэр, чуолаан, Үгүлээттэн төрүттээхтэр Федора Донская уонна Каролина Харлампьева дьоһуннук кыттыбыттарын, дойдуларын ааттаппыттарын, өрөгөй кыайыыларынан биир дойдулаахтарын үөрдүбүттэрин ахтыахха сөп.
Үс Хатыҥҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Улуу Туймаада ыһыаҕар оһуокайга Дархан этээччи аатын Үгүлээттэн төрүттээх Федора Егоровна Донская ылбыта. Аҕыйах хонугунан Өймөкөөн Томторугар тэриллибит Олоҥхо ыһыаҕар кини бииргэ оһуокайдаан саҕалаабыт эдьиийэ, эмиэ Үгүлээттэн төрүттээх Каролина Петровна Харлампьева оһуокай күрэҕэр Кылаан бирииһи ылары ситистэ!
Кылаан бирииһи уонна 100 тыһ. солк сэртипикээти ылбыт Каролина Харлампьева оһуокай этэччилэр күрэхтэригэр хайдах кыттыбытын, Олоҥхо ыһыаҕын туһунан биһиэхэ бу курдук кэпсээтэ:
— Соһуйдум уонна үөрдүм! Кыра оҕо эрдэхпиттэн оһуокай диэн муннукка ытаабыт киһибин. 1984 сылтан оһуокай киэҥ эйгэтигэр тахсыбытым. Оһуокайга кынаттанан тахсарбар Ньурба улууһун улахан оһуокайдьыттара Ньукутта, Чоомуут, Вадимир Лосотов, Гаврил Мостахов уо.д.а. күүс-көмө буолбуттара. 1989 сылга Ньурбаҕа тэриллибит Эдэр ыччат ыһыаҕар кыайбытым.
Оһуокайы улаханнык сыаналыыбын, таптыыбын уонна өрө тутабын! Былыргы дьыл мындааларыттан илдьэ кэлбит төрүт үгэспитин төһө кыалларынан сайыннара туруохтаахпыт дии саныыбын.
Олус үчүгэй уонна кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн сиригэр бэркэ тэриллибит Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан дуоһуйдубут, астынныбыт. Оһуокай күрэҕэр түөрт бөлөҕүнэн 88 этээччи кытынна диэбиттэрэ.
Оһуокайбар алгыс, байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар уолаттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин, дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буоларын, үлэ киһини киэргэтэрин туһунан эппитим. Ити күн төрөппүт ийэм Федосия Васильевна Харлампьева баара буоллар 100 сааһын туолуо этэ. Кини тойуксут, алгысчыт, оһуокайдьыт этэ.
Кылаан бириис миэхэ анаммытын истэн соһуйуом иннинэ дьон үөрэн «ураа» хаһыытаан өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Тыл этэрбэр оһуокайга Кылаан бирииһи ыларбар норуотум таһаарда диэн ахтыбытым. Норуот үөрүүтэ – мин дьолум! Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр улахан махталбын тиэрдэбин, үтүөнү-кэрэни баҕарабын!
Саха төрүт үгэһин сайыннарыыга, култууратын байытыыга ахсаабат кыһамньытын уурар, бүлүүлүү оһуокайы толорон, Олоҥхо ыһыаҕар Кылаан бирииһи ылары ситиспит Каролина Харлампьеваҕа истиҥ эҕэрдэ, махтал тылларын тиэрдэбит, салгыы ситиһиини баҕарабыт!
Николай Куприянов,
«Олох суола» хаһыат