Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ - оҕо аймах, ыччат мустар сирэ - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ - оҕо аймах, ыччат мустар сирэ

Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ — оҕо аймах, ыччат мустар сирэ

Намнааҕы П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олонхо дьиэтин сүрүн үлэтинэн, дьоҥҥо култуура эйгэтин, эстетическэй уонна духуобунай иитиигэ усулуобуйаны тэрийии буолаллар.

Олоҥхо дьиэтэ үгэс буолбут норуот айымньытын тарҕатар, сайыннарар аналлаах. Сүрүн болҕомтотун Саха норуотун култууратын нэһилиэстибэтин чөлүгэр түһэриигэ уонна тарҕатыыга уурар. 2022 сыл түмүгүнэн, сорудах туолуута 100% тэҥнэһэр – 10422 киһини хабан, 215 тэрээһин ыытыллыбыт.

Олоҥхо дьиэтигэр 17 үлэһит үлэлиир-хамсыыр. Олоҥхо дьиэтигэр 511 кыттааччылаах 23 общественнай түмсүү баар. Сыл устата араас хабааннаах акцияларга, субуотунньуктарга, тэрээһиннэргэ кытталлар. Олоҥхо дьиэтигэр тохтоло суох күрэхтэһиилэр, куонкурустар, быыстапкалар ыытыллаллар.

Ол курдук, Олоҥхо дьиэтигэр ый аайы алгыс сиэрэ-туома ыытыллар. Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр куруук оҕо-аймах, ыччат мустар сирэ буолар. Кинилэргэ анаан сиэр-майгы өттүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэр, кэпсэтиилэр, кылаас чаастара ыытыллаллар. Тэрилтэ Нам улууһун маастардарын кытта ситимнээх үлэ ыытара мантан көстөр – сыл устата куруук быыстапка туруоралларын кэлэммит, көрөн-истэн барабыт. Ону тэҥэ, баҕалаахтар маастар кылаас ылаллар.

Республикатааҕы таһымнаах тэрээһиннэри көрдөххө, сыл ахсын бэлиэтэнэр Олоҥхо декадатыгар коллектив куруук көхтөөх кыттыыны ылар. Оттон Нам маастардара республикатааҕы Норуот маастара күнүн, “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа көтүппэккэ кытталлар.

Нам улууһуттан улуус чиэһин көмүскүү аттанар олоҥхоһуттарга уонна фольклористарга сыл ахсын тэрилтэ анал бириис туруорарын бэлиэтиибит.

“Дьоһун саас” үтүө акцияны тэҥэ, сыл аайы «Биир курууска отон» тэриллэр. Киллэриллибит көмө бородуукта бүтүннүү Намнааҕы инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар, оҕолор реабилитационнай кииннэригэр бэриллэр. “Хардыы” түмсүү субуотунньуктары, “Сүбэ түмсүү” араас тэрээһиннэргэ алгыс сиэрин-туомун, “Ситим” коллекционердар түмсүүлэрэ конкурстары, быыстапкалары ыыталлар. Оттон “Ньургуһун” түмсүү бырайыактарын көмүскээн Нам улууһун баһылыгыттан 45 тыһыынча солк. суумалаах өйөбүл ылбыта.

Туох барыта үтүөнэнэн эргийэр, махталлаах буолар. Үлэ барыта сыаналанар дииллэринии, Россия норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин сылыгар П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтэ улахан ситиһиитэ, кыайыыта буолар – республика этнокултуурнай кииннэр үлэлэрин көрүүтүгэр, сыаналааһыныгар кыайыылааҕа. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ 500 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ харчынан наҕаарадаламмыта.

“Эҥсиэли оһуохайа” общественнай түмсүү 2023 сыллаахха үбүлүөйдээх 10 сылларын бэлиэтиир үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ “Энсиэли оһуохайа 10 сыла” таһымнаах тэрээһин ыытыллыбыт. Ый аайы Романова Д.М. ааптардаах Нам нэһилиэнньэтигэр маассабай оһуохай ыытыллар: бэнидиэнньик аайы Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ оскуолаларга, Намнааҕы педагогическай колледжка “Күн оһуохайа” оһуохайдар тэриллэллэр.

Быйыл Олоҥхо дьиэтэ көҕүлээһининэн, 2023 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников 24 нүөмэрдээх дьаһалынан Нам сэлиэнньэтигэр олунньу бастакы бээтинсэтигэр Оһуохай күнэ биллэриллибитэ. Олунньу 19 күнүгэр үөрэҕирии тэрилтэлэригэр, култуура кииннэригэр маассабай оһуохайдар буолбуттара. Ону тэҥэ, Арчы дьиэтигэр оһуохай күнүгэр үөрүүлээх тэрээһин буолбут. Буолбут бары тэрээһиннэргэ уопсайа 5000 кэриҥэ киһи кыттыыны ылбыт. Инникитин Олоҥхо дьиэтин сиригэр-уотугар оһуохай скверэ тутуута барара былааннанар. “Эҥсиэли оһуохайа” түмсүү чилиэнэ Н.И. Хордогосова Ленскэй нэһилиэк “Ытык киһитэ” түөскэ анньыллар бэлиэ хаһаайына буолбута.

Олоҥхо дьиэтэ араас тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлиир. Национальнай художественнай музейы кытта ситиһиилээхтик үлэлээн, «Нам улууһун уус-уран нэһилиэстибэтэ» кинигэ күн сирин көрбүтэ.

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, Өймөкөөн улууһун культуратын управлениетын кытта ыһыах тыаһа-ууһа, саҥатын устубуттар. “Түөлбэ” оҕо киин Нам улууһун бастакы фольклориһа Е.В. Соколова бириэмийэтигэр олоҥхо эдэр толорооччулара күрэхтэригэр сылын аайы кыттар. Фольклор уонна музыка музейын кытта «Удьуор утумун үйэтитии» диэн тэрээһин ыытыллар. П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ репертуарыттан “Олоҥхоһут тыыннаах куолаһа” аудиодиискэ таһаарыллыбыт. Инникитин В.Н. Попов-Бочоох олоҥхоһут аудиодиискэтэ таһаарыллара былааннанар. Нам улууһун тэрилтэлэригэр анаан араас тэрээһиннэри тэрийэллэр – Пенсионнай фонд, Намнааҕы 1 №-дээх орто оскуола, Намнааҕы улуустааҕы гимназията, Намнааҕы киин балыыһата, инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар дьиэлэрэ, оҕо реабилитационнай киинэ. Олоҥхо дьиэтэ Арчы дьиэтин, Култуура уонна искусство колледжын кытта ыкса үлэлэһэр. Олоҥхо дьиэтэ көмөтүнэн, өйөбүлүнэн 8 алгысчыт таһаарылынна.

Материальнай-техническай бааза: Саха норуотун култууратын салаатыгар сайдыы барарыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар Саха республикатын баһылыгын стипендията ананар балаһыанньатын бигэргэтии» ыйааҕынан маастардары, оһуохай этээччилэри өйүүргэ Нам улууһун дьаһалтатыттан Олоҥхо дьиэтигэр 500 тыһыынча солкуобай көрүллүбүт. Музейга анаан мас тээбириннэрэ – чорооннор, хамыйах, симиир иһиттэр мас ууһуттан Черноградскай В.П. ылыллыбыт. Норуот маастарыттан Слепцова А.Н. ынах тириититтэн оҥоһуллубут 3 панно, маастар Корнилова Н.И. сөрүө ыллыллыбыт. Фольклорнай ансаамбылга 2 кырыымпа ылыллыбыт, 10 барабаан-күпсүүр оҥоһуллубут. Ноутбук, музыкальнай оборудование, музыкальнай система, портативнай аудиоистема, «Тимир уустара» общественнай түмсүүгэ 5 фартук, сэлиэччик-кэһиэччик атыылаһыллыбыт.

Ситиһиилэр: Нам улууһун олоҥхоһута Е.Г. Охлопков-Буоратай үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт күрэххэ фольклор ансаамбыла “Эдэр тэтим” «Олоҥхо алыптаах эйгэтин хоһуйааччылар» номинацияҕа кыайыыта; Х.Т. Максимов 100 сааһыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи кэнсиэргэ кыттааһын; Туймаада Ыһыаҕар Гран-при уонна Үөһээ Бүлүүгэ буолбут XV үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕар 1 истиэпэннээх Лауреат; Фольклор уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар өрөспүүбүлүкэтээҕи «FEST СЕВЕР» фестивалга Лауреат; Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-айар «Моя история – Якутия» күрэххэ Лауреат; киэргэллэри уустаан-ураннаан оҥоруу искусствотыгар «Айталаан» күрэххэ Дипломан; Москваҕа Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт Ыһыахха уустаан-ураннаан оҥоруу искусствотын быыстапкатыгар кыттыыны ылыы; “Славься, моя Якутия” фестиваль күрэххэ Гран-при, лауреат; Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Буоратай аата үйэлэргэ дуорайдын” олоҥхоһуттар күрэхтэригэр фольклорнай ансаамбыл “Эдэр тэтим” «Олоҥхо алыптаах эйгэтин уһуйааччылар» номинация ылыыта; 2022 сыл түмүгүнэн МБУ ЦДРиНТ Олоҥхо дьиэтэ «Лучший творческий коллектив» номинацияҕа кыайыылааҕа; «Тараҕанам сайылыга» фольклорнай композицияҕа “Дьиэрэһийэр дэгэрэҥ” номинация; «Төрүт дорҕоон» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ “Эдэр тэтим” фольклорнай ансаамбыл 3 миэстэ; «Өбүгэ быстыбат ситимэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ «Айымньылаах толорооччу» номинация; «Чоргуй, чобуо чабырҕах» улуустааҕы күрэххэ «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай ансаамбыл 3 миэстэ; «Созвездие талантов» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ “Эдэр тэтим” фольклорнай ансаамбыл 1 истиэпэннээх Лауреат.

Ленскэй нэһилиэк пресс-сулууспата

Нам

Поделитесь этой страницей