Аата алмааска иҥэриллибитин бэлиэтээтилэр
2022 сыл алтынньы 3 күнүгэр “Юбилейная” трубкаҕа көстүбүт 66,99 караттаах алмаас тааска 2023 сыл тохсунньу 26 күнүгэр «АЛРОСА» аахсыйалаах хампаанньа салалтатын 01.11.-П бирикээһинэн РСФСР, Саха АССР үтүөлээх, Саха АССР норуодунай артыыһа, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону грампластинкаҕа толорбут Гаврил Гаврильевич Колесов аата иҥэриллибитэ.
Бу сайын бэс ыйын 2 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтигэр Гаврил Гаврильевич Колесов аатын алмаас тааска иҥэриллибитин бэлиэтиир тэрээһин ыытылынна. Бу күн Бэстээх устун Гаврил Колесов “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото дуораһыйда. Ыалдьыттары “Айыллыы” далбар хотуттара алаадьынан, быырпаҕынан көрүстүлэр. Алгысчыт, олоҥхоһут Петр Тихонов-Тэрчи аал уотун аһатан бар дьонун алҕаата.
Дьоро күҥҥэ “АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа судаарыстыбаннай былаас уорганнарын кытары үлэҕэ салаатын салайааччытын солбуйааччыта, философия билимин хандьыдаата, социолог Анатолий Бравин, Г.Г.Колесов кыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын симфоническай оркестрын концертмейстера Оксана Гаврильевна, уола, СӨ култууратын туйгуна, Муусука үрдүкү оскуолатын кэнсиэртиир духовой уонна ударнай үстүрүмүөннэргэ уһуйааччы Владимир Гаврильевич Колесовтар, СӨ Судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай билим хандьыдаата Матвей Мучин, П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Софья Баранова, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Михаил Апросимов, СӨ геокултуурунай сайдыыга киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылаана Адамова, СӨ норуотун айымньытын дьиэтин сүрүннүүр үлэһитэ Александра Васильева, РФ үтүөлээх мэхэньисээтэрэ, СӨ Дархан олоҥхоһута, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Догдоҥо нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Аркадий Захаров, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Душа России” национальнай бириэмийэ лауреата, “Кыталык” норуодунай үҥкүү ансаамбылын салайааччы Василий Винокуров, о.д.а. ыалдьыттаатылар. 2-с Баатара нэһилиэгиттэн Гаврил Колесов аймахтара, Баатара нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Галина Борисова, мусуой дириэктэрэ Альбина Ходулова уонна биир дойдулааҕа Светлана Акимова кыттыыны ыллылар.
Анатолий Бравин Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Ивановаҕа 66,99 карааттаах алмаас таас үүт-үкчү оҥоһуутун (куоппуйатын) үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда уонна хампаанньа үлэтин-хамнаһын кылгастык сырдатта. Гаврил Колесов аата иҥэриллибит алмаас таас дьиҥнээҕэ Мирнэй куорат мусуойугар туруоруллубут.
“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” МО баһылыга Дмитрий Тихонов ытык мааны ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ: «Бүгүн биһиги улууспутугар улахан суолталаах күн үүннэ. Сүдү киһибит Гаврил Колесов аатын алмаас тааска иҥэрбит үөрүүлээх күнүнэн биһиги улууспут дьонун-сэргэтин аатыттан барыгытын эҕэрдэлиибин! Гаврил Гаврильевич хайа да кэмҥэ дьонун-сэргэтин бэйэтин кэнниттэн батыһыннаран, үйэлэри уҥуордаан кэлбит олоҥхобутун үйэтитэн аҕалбыт чулуу дьоммутуттан биирдэстэрэ буолар. Олоҥхо бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбитигэр Гаврил Колесов киэҥ хабааннаах үлэтэ көстөр, олоҥхоһут ыччат элбии турарыгар кини улахан үтүөлээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ Виталий Никифоров курдук чаҕылхай олоҥхоһут ыччаттардаахпыт. Кэлэр көлүөнэлэргэ маннык ыччаттар өссө үүнэ туруохтара, саха тыллаах үксүү туруо, нэһилиэктэр аайы оҕо-ыччат олохсуйуо, дьон-сэргэ “һай-һат” диэммит бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үлэлээн-хамсаан олоруохпут диэн бүк эрэллээхпит. Онно биһиги биир улахан хампаанньабыт “АЛРОСА” материальнай эрэ өттүнэн буолбакка, норуот духуобунай баайын үйэтитэргэ ыытар үлэтэ – бу чахчы олохпут үтүө көстүүтэ буолар. Маннык үлэни ыыталларыгар “АЛРОСА” хампаанньаҕа уонна өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка махталбытын биллэрэбит”, – диэн туран, улуус дьаһалтатын аатыттан Махтал суругу уонна улуус уустара оҥорбут бэлэхтэрин хампаанньа салайааччытыгар Павел Маринычевка анаабытын туттарда, итиэннэ түгэнинэн туһанан, хампаанньа салалтатын улуус ыһыаҕар ыҥырда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын салайааччы Анна Исакова Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванованы туруоруммут сыалын ситиһэн, Гаврил Колесов аата алмааска иҥэриллибитинэн эҕэрдэлээн, махтанан, сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Г.Г.Колесов кыыһа Оксана Гаврильевна аҕатын туһунан истиҥ-иһирэх ахтыы оҥордо. Владимир Гаврильевич бииргэ төрөөбүт үһүөлэрин, аҕалара билиҥҥитэ 3 сиэннээҕин сырдатта.
Олоҥхо дьиэтин салайааччы Евдокия Иванова: “Бүгүн биһиги улууска дьоро күн үүннэ. Киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха норуотун улуу айымньытын олоҥхону Аан дойду үрдүнэн аар-саарга аатырдыбыт Гаврил Гаврильевич Колесов албан аатын тугунан үйэтитэбит диэн өр сыллаах толкуй кэнниттэн, бу киирэн олорор уораҕайбыт, саха олоҥхотун, ырыатын-тойугун, сиэрин-туомун үөрэтэр, тарҕатар улуустааҕы Олоҥхо дьиэтэ 2022 сыл кулун тутар 16 күнүгэр кини аатын сүкпүтэ. 2022 сыл алтынньы 3 күнүгэр “Юбилейная” трубкаҕа көстүбүт 66,99 караттаах алмаас тааска 2023 сыл тохсунньу 26 күнүгэр аата иҥэриллибитэ…” – диэн долгуйан туран сырдатта.
Евдокия Николаевна Олоҥхо дьиэтин «Үйэлээх үгэһи үксэтээччи” анал бэлиэтинэн олоҥхоһут Петр Максимович Тихоновы наҕараадалаата.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар дьоро күнүнэн илии тутуурдаах кэлэн эҕэрдэ тыл маанытын эттилэр. Улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова акация мас арассаадатын бэлэхтээтэ.
Бэлиэ күнү СӨ култууратын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан Ууһа, кырыымпаһыт Руслан Габышев, СӨ култууратын туйгуна, СӨ Дархан олоҥхону толорооччута Виталий Никифоров, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж уһуйааччылара Элла Соколова, Варвара Степанова-Арчыына, Артур Семенов, Аан дойдутааҕы Хомус түмэлигэр быыстапка салаатын салайааччы Туйаара Жиркова, Майатааҕы В.П.Ларионов аатынан орто оскуола фольклорга уһуйааччылара Ульяна Ефремова, Валентина Кривошапкина, о.д.а. ырыанан-тойугунан киэргэттилэр.
Гаврил Колесов 1932 сыл кулун тутар 8 күнүгэр 2-с Баатара нэһилиэгин Өргөннөөх учаастагар Күн сирин көрбүт. 1954 с. П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун аан бастаан толорбут. 1957 с. Москва куоракка ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыбыт. 1968 с. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун Ленинградтааҕы “Мелодия” фирмаҕа грампластинкаҕа уһултаран үйэлээх айымньыны оҥорор. Олоҥхоһут айар үлэтин туһунан видео сюжеттар көрдөрүлүннүлэр.
Олоҥхону аан дойду сүдү баайа оҥорбут улуу артыыс албан аата алмаас тааска иҥэриллэн, Сахабыт сирин үрдүнэн киэҥник ааттанарыгар олук ууруллубутуттан дьон-сэргэ үөрүүтэ үрдээтэ.
Марелла Баишева,
Мэҥэ Хаҥалас