Олоҥхо дьоруойдарынан паннолар - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо дьоруойдарынан паннолар

Олоҥхо дьоруойдарынан паннолар

Эркээйи Эргиирэ пилотнай бырайыак Саха Сирин үөрэхтээһинигэр тарҕанан иитэр-үөрэтэр үлэҕэ киэҥник туттуллар.

Өлөөн оройуонугар «Кэнчээри» уһуйаанын иитээччилэрэ бу бырайыагы күүстээхтик туһаналлар.

Эрэгийиэн таһымыгар тахсыбыт бырайыак пилотнай былаһаакката «Кэнчээригэ» иккис сылын үлэлиир.

Бу бириэмэ тухары орто бөлөх иитээччилэрэ Иванова Оксана Николаевна уонна Христофорова Сардана Мартовна күүстээхтик туһанан, оҕо тылын сайдыыта баай ис хоһоонноох буоларын ситиһэллэр, өйүн-санаатын култуураҕа сыһыарыы үлэтин ыыталлар.

Ол курдук, уһуйааҥҥа Олоҥхо нэдиэлэтэ ыытылынна. Үөһээ ыйыллыбыт бөлөхтөр иитиллээччилэрэ олоҥхо ис хоһоонун уонна дьоруойдарын кытта билистилэр. Оҕолорунан эрэ муҥурдаммакка,, бу киэҥ өйдөбүллээх тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр эмиэ кытыннылар. Кырачааннар ийэлэрэдьоруойдарын таҥаска синньэлээн, оһуордаан, панно оҥордулар.

Иитээччи Оксана Николаевна Иванова Атырдьах ыйынааҕы үөрэҕирии мунньаҕар кыттыыны ылан, бу бырайыак семинарыгар сылдьан, методическай босуобуйа аҕалан, үлэлэригэр тутта сылдьалларын киһи хайҕыан эрэ сөп.

Алла Петрова, Өлөөн

Поделитесь этой страницей