Марианна Сатанар: «Олоҥхоҕо физика сокуоннара элбэхтик көстөллөр»
Олоҥхону чинчийэр институт үлэһитэ Марианна Тимофеевна Сатанар олоҥхону естественнэй наука ньымаларынан чинчийэн үөрэтэр. Онуоха кини физик идэлээҕэ, айылҕа сокуоннарын билэрэ тирэх буолар.
Кини ХИФУ устудьуоннарын “Сырдат” диэн подкаст-бырайыактарыгар кэлэн, бу чинчийэр үлэтин туһунан кэпсээбититтэн сүрүнүн билиһиннэрэбит. Биэриини эдэр кэскиллээх учуонай Игорь Данилов бэркэ салайан ыытта.
-Марианна Тимофеевна, эн 2021 сыллаахха «Эпическая модель мира в якутском олонхо: структура и семантика» диэн тиэмэҕэ диссертацияҕын көмүскээн, учуонай истиэпэнин ылбытыҥ. Олоҥхоҕо соһуччу кэлииҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— 1993 с. СГУ физическэй факультетын бүтэрэн, Дьокуускай куорат 31-с нүөмэрдээх оскуолатыгар физика уонна астрономия учууталынан үлэлээбитим. 2010 сыллаахха саха поэзиятын умсулҕаннаах ухханыгар ыллараммын, хоһоон суруйан саҕалаабытым. Ол саҕыллыбыт саҥа сүүрээним
олоҥхо бараммат баай тылын дириҥ байҕалыгар тиэрдибитэ. Сахалыы билиибин хаҥатаары, 2016 с. магистратураҕа туттарсыбытым. Литература уонна фольклор салааларыгар иккиэннэригэр тэҥинэн киирбитим. Онуоха наука дуоктара В.Б. Окорокова сүбэлээбитэ: “Поэзия диэн дууһа чыпчаала, дууһаттан тахсар тыллар. Онно, арааһа, анаан үөрэммэтиҥ буолуо. Онон эн тылы дириҥник өйдүөххүн баҕарар буоллаххына, олоҥхоҕо барарыҥ ордук”, — диэбитэ. Поэзия диэн, кырдьык, “состояние души” буоллаҕа дии. Дьэ, онон В.В. Илларионов кафедратын магистрана буолбутум.
Бастакы күннэрбиттэн олоҥхону чинчийэр олус интэриэһинэйин, сыыһа талбатахпын өйдөөбүтүм. Олоҥхону физик быһыытынан көрөммүн, чинчийиилэрбин онтон саҕалаабытым. 2018 с. магистратурабын бүтэрэрбэр “наукаҕа барабын” диэн чопчу быһаарыммытым. Онон бу Олоҥхону чинчийэр институкка устунан үлэлии хаалбытым.
— Магистратураҕа үөрэнэ сылдьан, 2016 с. В.В. Илларионов үбүлүөйдээх кэмпириэнсийэтигэр олоҥхоҕо баар чыыһылалары үөрэтэн, ол туһунан дакылаат аахпыккын өйдүүбүн.
— Олоҥхоҕо чыыһылалар туттуллуулара элбэх, сорохторо сакральнай ис хоһоонноохтор. Итини таһынан физика сокуоннарын теорияларын холобурдара көстөллөр. Өссө геометрия өттүттэн чинчийиэххэ сөп. Уопсайынан, кэнсиэпсийэ баар — “наука диэн киһи өйүттэн, толкуйуттан тахсыбыт өйдөбүл” диэн. Оччотугар киһиттэн төрөөн тахсыбыт айымньы барыта, ол иһигэр олоҥхо эмиэ, физикаҕа, химияҕа олоҕураллар. Киһи айылҕа оҕото буоларын быһыытынан, кини өйүттэн-санаатыттан саҕыллан-айыллан тахсар барыта бүдүмүк өйүгэр-санаатыгар саһан сытар төрүкү архетипическай өйдөбүллэргэ, айылҕа көстүүлэригэр тирэҕирэр. Ол сокуоннар олоҥхоҕо да, ханнык баҕарар уус-уран айымньыга да, социология эйгэтигэр да, атын гуманитарнай билимнэргэ да — барытыгар көстөллөр. Маны дириҥник чинчийдэххэ, ол архетипическай өйдөбүллэргэ быһалыы тиийиэххэ сөп.
Биллэр литературовед А.Н. Веселовскай олоҕун тухары араас омуктар архетипическай өйдөбүллэрин үөрэтэргэ дьулуспута. Онно анаммыт наһаа үчүгэй кинигэлэрдээх. Чопчу ыйбатар да, контекстан ааҕан, наукаҕа тугу этэ сатаабытын өйдүүгүн.
Гуманитарнай наукаҕа вариативность өйдөбүлэ наһаа киэҥник баар. Ол курдук, архетипическай өйдөбүллэргэ тиийэриҥ ханнык ньыманан чинчийэргиттэн тутулуктаах. Точнай наукалар эмпирическай ньыманан сокуоннар теорияларын чопчу быһаараллар. Ол эмпирическай ньыманы гуманитарнай наукаларга туһаннахха, мин санаабар, киһи архетипическай бүдүмүк өйүгэр-санаатыгар быһалыы тахсыахха сөп эбит. Ол иһин мин универсалиялары вариативность быһыытынан үөрэтэбин.
— Судургутук эттэххэ, айылҕа сокуоннарын киһи айар-тутар оҥоһуктарыгар барытыгар туһанар. Ити бүдүмүк өй-санаа диэн этэргин сиһилии быһаар эрэ.
—Бүдүмүк өй-санаа диэн мифологическай өйдөбүллэр. Холобура, бу дьалхааннаах кэмнэргэ, мин санаабар, киһи мифологическай өйүн-санаатын дириҥник чинчийэр, ырытар олус тоҕоостоох. Тоҕо диэтэххэ, бу мифологическай өйдөбүллэр түҥ былыр киһи баар буолуоҕуттан өйбүтүгэр-санаабытыгар бааллар. Ол киһи олоҕор-дьаһаҕар барытыгар көстөр. Олоҕун оҥосторо эмиэ барыта ол сценарийынан барар. Ол иһин олох-дьаһах сатараабыт кэмигэр экэнэмиичэскэй да, этническэй да, экологическай да эйгэлэргэ сыһыаран, мифологическай өйдөбүллэри үөрэтэр олус суолталаах. Ол мифологическай өйдөбүлү өйдүүр буоллахха, уопсастыбаны өрө тардыахха сөп. Холобура, иитии да өттүгэр, биитэр инникини сылыктыырга даҕаны. Эбэтэр ону туһанан, киһини манипуляциялыахха эмиэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, бүдүмүк өйгө-санааҕа киһи бэринэр. Оннук күүстээхтэр. Холобура, олоҥхоҕо көстөр Үрүҥ Айыы тойон дьайыытын, кини орто дойду дьонун кытта сыһыанын үөрэтэн, билиҥҥи былаас норуотугар сыһыанын сүрүннүөххэ сөп.
— Оччотугар олоҥхону естественнэй билим ньымаларынан чинчийэн, туох түмүккэ кэллиҥ?
— Саҥа ньымалары апробациялаатым. Олоҥхо тиэкистэриттэн физика (теория относительности Энштейна, теория человека как космопланетарного феномена, квантовая теория поля), астрономия (теория света, корпускулярная теория света) курдук теориялары булан быһаардым. Ол эбэтэр олоҥхоҕо ойууланар быһыы-майгы кэтэҕэр мин айылҕа сокуонун көрөбүн.
— Ол естественнэй наукалар сокуоннарын эн олоҥхо тылыгар-өһүгэр көрдүүгүн дуу, биитэр уобарастарыгар дуу, эбэтэр сюжетыгар дуу? Биитэр бүүс-бүтүннүү систиэмэҕэ көрөҕүн?
— Семиотика хайысхатын тутуһабын. Судургутук эттэххэ, бэлиэлэр (знак) систиэмэлэрин курдук көрөн үөрэтэбин. Аан бастаан көстөр өттүгэр сытара — матыып уонна сюжет. Онтон иһирдьэ киирдэххэ — тыл структурата. Өссө иһирдьэ киирэн истэххэ – бэлиэлэр, символ, код. Холобурга биллэр эпическэй формуланы ылыахха: “Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойду”. Ити түгэҕэр туох баарый? Күн систиэмэтин аҕыс (билигин тоҕус буолбатах) планетата бэйэлэрин орбиталарын тула эргийэ-эргийэ, күнү батыһан баран иһэллэрэ — бу аҕыс иилээх-саҕалаах аан дойду. Олоҥхоҕо күн систиэмэтин хамсааһына барыта ойууланар.
Саха соннук мындыр. Ионова-Андросова олоҥхотугар Үрүҥ Айыы тойон бэйэлэрин оҕолорун халлааҥҥа олохтуур. “Урааҥхай саха орто туруу бараан дойдуга олох оҥосторугар көмөлөһүҥ” диэн. Бу халлаан хаттыгастарынан түһэртииригэр Пифагор чыыһылалар теорията ырылхайдык көстөн кэлэр. Аны геометрия өттүттэн көрдөххө, холобура, Үрүҥ Айыы тойонуҥ — биир туочука. Икки айыы — сурааһын. Үс туочука (айыы) — треугольник, түөрт — квадрат. Ситинник курдук “объем”, “плоскость” диэн өйдөбүллэр манна төрөөн тахсаллар. Оннук гынан, олоҥхо вселеннайын үс дойду быһыытынан уруһуйдаан таһаараҕын.
Ол уруһуйдаан таһаарбытым, арай, кини наһаа үчүгэй пирамидальнай конструкция буолан таҕыста. Пирамида уһук туочуката — Үрүҥ Айыы тойон. Халлаан хаттыгастарынан оҕолорун олохтообута – пирамида үөһэ өттө. Оттон пирамида ортоку чааһын эрэ ылан көрдөххө — “усеченная пирамида”. Ол туохха майгынныырый? Саха балаҕанын модела – орто дойду. Аны, пирамида аллараа өттө — аллараа дойду. Ол быһыыта олоҥхоҕо этиллэ сылдьар: кэтит үтүгэн диэн. Өксөкүлээх Өлөксөй “Научные труды” кинигэтигэр ону быһааран биэрбит: “баттаатар маталдьыйбат, үктээтэр өҕүллэҥнээбэт, кэйбэлээтэр кэдэллийбэт кэтит үтүгэн”.
Аны ити пирамидабыт хамсаан киирэн бардаҕына, бу пирамидальнай конструкциябыт конус буолан хаалар. Ол конус сир сүнньүн тула эргийэр — күн систиэмэтэ айаннаан иһэр. Итинник көрүүнү философия наукатын кандидата Акулина Попова “Логико-гносеологический анализ космогического содержания олонхо” диссертациятыгар аан бастаан киллэрбитэ. Мин кини үлэтин салҕыыбын.
Итини таһынан нуучча бөдөҥ фольклористарын үлэлэрин тирэх оҥостобун. Контекстарыгар баар, ону ылҕаан ылыахха эрэ наада. “Тоҕо бэйэлэрэ чопчу суруйбатахтарый?” диир буоллахха, кэмэ оннук этэ. Ол туһунан фольклорист, литературовед, этнограф Андрей Топорков наһаа үчүгэй ыстатыйалаах. Онно тоҕо бу хайысха сайдыбатаҕын быһаарар. Репрессия содула, Веселовскай “сравнительно-историческай оскуолатын” бобуу, сэбиэскэй идеология харгыстаан… Ол гынан баран, кинилэр үлэлэрэ теоретическай база буолаллар.
— Фольклористар уонна гуманитарийдар эн бу кэпсииргин хайдах ылыналларый?
— Бастаан уустук этэ. Оттон билигин элбэхтэ кэпсээммин, син өйдөөтүлэр дии саныыбын. Үчүгэй холобурдардаах элбэх ыстатыйаны суруйан бэчээттэттэххэ, научнай сообщество ылынар. Биллэн туран, теоретическай, методологическай өттүнэн күүстээх база наада. Кураанах сиргэ ыллыҥ да чинчийэн киирэн барбаккын. Майкопка бу үлэбин билиһиннэрбиппэр, адыгтар, калмыктар бэйэлэрин култуураларыгар ууран көрөн чинчийиэхтэрин баҕаралларын биллэрдилэр.
Холобура, “Новые исследования Тувы” сурунаал бастакы нүөмэригэр ыстатыйам тахсыбыта. Онно мин саха олоҥхотун тува эпоһын кытта тэҥнии тутан, точнай наука өттүттэн кодтарын чинчийбитим. Онуоха кинилэр эпостарыгар эмиэ пирамидальнай конструкция ойуута тахсар.
— Сочи куоракка кэмпириэнсийэҕэ кытта бара сылдьыбытым. Онно ядернай физикаҕа күүстээх үлэлэринэн биллэр Курчатовскай институт чинчийээччилэрэ: “Гуманитарнай хайысхаҕа естественнэй-научнай ньымалары туһаныахпытын наада”, — дииллэр. Ону биир эдэр уол туран: “Эһиги хайдах буолаҕыт, айылҕа сокуона уонна социумҥа бара турар бырассыастар отой атын быраабылалардаахтар ээ”, — диэн эттэ.
— Уопсайынан, аныгы наукаҕа конвергенция күүһүрэн эрэр. Ол аата наукалар бэйэ-бэйэлэригэр өтөн киириилэрэ, силбэһиилэрэ, хардарыта сабыдыаллара. Междисциплинарнай чинчийии тэнийиэхтээх. Ол сиэринэн, точнай наукалар гуманитарнай наукаларга өтөн киирэллэр, оттон точнай наукалар — гуманитарнай наукаларга. Тус-туспа аҥардастыы сайдаллара кутталы үөсктэр. Холобура, генетикаҕа клонированиены оҥорор буоллулар. Итиннэ гуманнай өттө суох буолан, киһи аймах бу хайысха сайдыан бопсор. Ол иһин наукалар хардарыта өйөһүөхтээхтэр, ханнык эрэ таһымҥа силбэһиэхтээхтэр. Оннук быдан тирэхтээх уонна сүүйүүлээх.
— Олоҥхо төһө былыргы айымньы эбитий?
— Олус былыргы. Мифологическай өйдөбүллэр ону кэрэһилииллэр. Мифологияны киһи аймах феноменын быһыытынан этиэххэ сөп. Онно бүдүмүк өйбүт-санаабыт кистэнэр. Ол бүдүмүк өйгө-санааҕа тэҥ архетиптар элбэхтэр. Ол гынан баран, хас биирдии норуот бэйэтин олорор сирин уратытын, ханнык тылынан саҥарарын, национальнай көрүүтүн бэйэтин призматын нөҥүө ол архетиптары көрөн, айымньытыгар соннук биэрэр. Ол национальнай уратытын нөҥүө көрөн чинчийдэххинэ, биир өйдөбүллэргэ, биир универсалияларга, биир инварианнарга тахсан кэлэҕин.
Ити, холобура, философия өттүгэр сыҕарыйда. Ол иһин “общенаучнай” ньымалары туһанар ордук. Бу аҕыйах сыллааҕыта эрэ баар буолбут өйдөбүл буолбатах. XVII-XIX үйэлэртэн философтар дьарыктана сылдьыбыттар. Урут Ньютоннаах эҥин саҕана, дьиҥинэн, билим гуманитарнай, естественнэй, точнай диэн арахсыбат этэ. Барыта биир наука курдук көрөллөрө. Билигин төттөрү оннук холбоһуохтарын наада дии саныыбын.
-Олоҥхоҕа мифологизм суолтатын туһунан кэпсээ эрэ.
-Миф диэни фантазия, сымыйа, остуоруйа, өйтөн оҥорон көрөөһүн курдук саныыллар. Дьиҥинэн, оннук буолбатах. Туох барыта мифологияҕа олоҕурар. Миф диэн, баҕар, историческай дьиҥнээх кэм кэрэһитэ буолуо. Ол гынан баран, ону норуот бэйэтин баҕатын сыһыаран, айылҕаны көрүүтүн уобарастаан тиэрдэн, олоҕун-дьаһаҕын оҥостуутун киэргэтэн кэпсээн, мифкэ кубулуппут. Холобура, олоҥхо тиэкиһигэр ол уус-уран тылынан ойуулана сылдьар. Ону, этэргэ дылы, сыгынньахтаан баран көрдөххө, математикаҥ чыыһыла быһыытынан, геометрия быһыы, фигура киэбинэн, физикаҥ айылҕа көстүүтүн дьүһүйүүтүнэн киирэ сылдьаллар. Онон мифология диэн дьиҥ чахчы түҥ былыргы киһи олоҕун таайтара сэһэргиир номох.
Мифологияттан биһиги палеолит, мезолит үйэлэрин саҕаттан, тимир үйэтин нөҥүөлээн, бу билиҥҥи кэмҥэ диэри киһи өйө-санаата хайдах сайдан кэлбит эволюциятын быһаарабыт. Олоҥхону фольклор систиэмэтин курдук көрдөхпүтүнэ, биһигиттэн тутулуга суох үйэ ахсын уларыйан испит. Уобарастаан эттэххэ, таҥаһын уларытар, оттон сүрүн сүнньэ хаалар. Кэми кытта трансформациялаан иһэр.
-Тувалар эпостарын чинчийбитиҥ. Универсальнай моделларыҥ, инварианнарыҥ кинилэргэ хайдах көстөллөрүй?
-Универсалиялар аан дойду бары омуктарыгар барыларыгар бааллар. Холобура, ол тува эпоһыгар аан дойду айыллыытын матыыбыгар кинилэр хайаларын сир киинэ курдук ойуулаан, эргиччи эргитэ сылдьан уустаан-ураннаан хоһуйаллар. Ол эпостарыгар бу хайалара аан бастаан кып-кыра томтор. Онтон сыыйа улаатар. Конус курдук буолар.
Пирамидальнай конструкция, уопсайынан, экэниэмикэҕэ, уопсастыбаҕа кытта баар. Холобура, дьиэ кэргэн тутула пирамида курдук дии: икки киһиттэн сиэн бөҕө элбиир, тэнийэр. Тэрилтэҕэ эмиэ: начаалынньык, солбуйааччылара, отдел сэбиэдиссэйдэрэ, исписэлиистэр. Онон ити архетипическай-геометрическай символ буолар. Эппитим курдук, күн систиэмэтигэр эмиэ оннук: биир вселеннайтан мөлүйүөнүнэн частицаларга диэри бытарыйан иһэр. Онон омугуттан тутулуга суох барыларыгар баар универсальнай модель.
— Аал Луук маһы эмиэ норуокка барытыгар баар диэн суруйбут этиҥ.
— А.С. Попова кинигэтигэр Аал Луук маһы биһиги сирбит курдук көрөр. Бэйэтин сүнньүн тула эргийэр “геомагнитное поле” диир. Олоҥхоҕо Үрүҥ Айыы тойон, кэбис, кыыһырыахтара диэн, төттөрү аллара түһэн, абааһы уола Арсан Дуолайга тиийэр. Онно мас саамай түгэх силиһэ кытта үөһэ сарайан тахсар. Маны А.С. Попова “сир хотугу полюстан соҕуруу полюска киирэр геомагнитнай полетын быһыыта Аал Луук мас” диэн быһаарар. Итинник ылан көрдөххө, туох барыта хамсыыр. Күнүҥ эргийэн баран иһэр, кэнниттэн планеталар бэйэлэрин орбиталарын тула эргэйэ-эргийэ эккирэтэн баран иһэллэр. Ол динамика Аал Луук мас ойуутун таһаарар. Вселеннай иһигэр галактика. Ол галактика иһигэр күн систиэмэтэ. Ол иһигэр сир. Сир иһигэр киһи. Киһи иһигэр микрочастицалар. Эмиэ конус, пирамидальнай конструкция быһыыта таҕыста.
-Олоҥхоҕо дьиибэргии көрбүт символыҥ?
-Үрүҥ Айыы тойон уобараһын былыргы архетипическай тиэкистэргэ олоҕуран чинчийбитим. Онуоха Үрүҥ Айыы уобараһынан “теория света” тахсан кэлбитэ (закон дисперсии света, корпускулярно-волновой дуализм света). Куруппа ойууҥҥа ити эмиэ наһаа үчүгэйдик ыйылла сылдьар: “Үрүҥ Айыы тойон – күн” диэн. Оччоҕо күн буоллаҕына, физика өттүттэн, нууччалыы эттэххэ, “одновременно является и волной, и частицей”.
Итинник бинарнай утарыта өйдөбүл күн уотун айылҕатыгар төрүкү киирэ сылдьар. Олоҥхоҕо буоллаҕына дьахтар уонна эр киһи уобарастарынан.
Олоҥхоҕо күн сардаҥата, уопсайынан, “теория света” эрэ буолбатах. “спектр света” эмиэ. Ол аата өҥ-дьүһүн курдук ырытыахха эмиэ сөп.
-Атын түүр-монгол төрүттээх норуоттарга эпостарын научнай-естественнэй ньымаларынан чинчийэллэр эбит дуу? Биитэр бу аан бастакы холонуу дуо?
-Биирдиилээн бааллар. Бу хайысха наукаҕа бытааннык киирэр. Холобура, биологияҕа “морфология” диэн тылы ньиэмэс улуу суруйааччыта Гёте киллэрбитэ. Билигин ити тиэрмини лингвистикаҕа, ботаникаҕа, анатомияҕа, геологияҕа, искусствоҕа – барытыгар туһанабыт. Тоҕо манныгый? Америка биир учуонайа этэн турар: “Туох баар учуонайдар бары биир ис дьиҥи була сатыыбыт”, — диэн.
Наука итинник конвергентнай буоллаҕына, быдан көдьүүстээх. Лев Гумилев эппитинэн, научнай проблема лабиринт курдук. Онно наһаа элбэх вариативность баар. Ол онтон сүнньүн көрдүү сатыыгын. Ол гынан баран, иһигэр олорон эрэ кыайан булбаккын. Бу боппуруоһу быһаарыаххын баҕарар буоллаххына, кыһалҕа үрдүгэр тахсан, үөһэттэн көрүөхтээххин. Онон “общенаучная картина мира” тахсарыгар наукалар бэйэ-бэйэлэригэр өтөн киириилэрэ күүһүрүөхтээх.
Анисия Иевлева бэлэмнээтэ.