Тааттаҕа — «Хомуур олоҥхо»
Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр «Иис-Уус Фест» диэн үөрэхтээһин форума ыытыллар.
Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананар буолан, суруйааччы «Мин туйгун норуотум — айар күүс кыһата» диэн этиитинэн тоҕоостоохтук ааттаабыттар.
Тэрээһин бырагырааматын кытта билсиҥ.
Форум чэрчитинэн балаҕан ыйын 8 күнүгэр «Хомуур олоҥхо» Чөркөөх түмэлин Моҕол ураһатыгар күнүс 14.00 ч. тэриллэр.
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан аҕыс үйэ тухары айхалланар, тоҕус үйэ тухары уруйданар «ДЬУЛУРУЙАР НЬУРГУН БООТУР» олоҥхотун Саха сирин бастыҥ олоҥхону толорооччулара олоҥхолуохтара:
🔹Афанасий Попов (Таатта)
🔹Александр Багардынов (Таатта)
🔹Алексей Николаев (Таатта)
🔹Виталий Никифоров (Мэҥэ Хаҥалас)
🔹Сусанна Лазарева (Чурапчы)
🔹Анатолий Христофоров (Чурапчы)
🔹Яна Ньургусова (Нам)
Тыл алыптаах эйгэтинэн тыыннаммыт, кылыһахтаах тойук дуорайар, олоҥхо дорҕооно тохтообокко кутуллар түһүлгэтин сэргэҕэлээҥ, уу хараххытынан көрүҥ, эт кулгааххытынан истиҥ, «ноо» диэн сэргээҥ!