Утуму салҕааччы - Сайт Олонхо
Главная / События / Утуму салҕааччы

Утуму салҕааччы

Дьааҥы сирин биир киэн туттар ыччата Игнатий Васильевич Слепцов Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөн Томторугар биир дойдулаахтарын – дьааҥылары — кытта  айаннаан тиийбит.  «Бэйэм Дьааҥыларбын кытта айаннаан тиийбитим, ол да буоллар уус алданнарым былдьаһыы бөҕө, оһуохайга уонна олоҥхоҕо бастаатаххына үллэстиэхпит дииллэр этэ, ол да үөрүүлээх, ол аата сыаналыыллар эбит», – диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Дьааҥыларга Игнаты билбэт, истибэтэх киһи суоҕа буолуо. «Урут 2013 сыллаахха Дьааҥы эдэр ыччатын Ыччат ыһыаҕар бэйэм баҕабынан хомуйан, барытын бэйэм спонсордаан, астаан-үөллээн, балаакка, утуйар мөһөөччүк атыылаһан илдьэ бара сылдьыбыт дьоллоохпун. Оччотооҕу эдэр ыччаттар бары билэллэр, күн бүгүн да өйдүүллэр. Ол онно биир баал тиийбэккэ, хоту улуустарга «УАЗ» массыынаны былдьатан турабыт, хантан да өйөбүлэ суох син сүрдээҕин киирсибит эбиппит диэн кэлин өйдүүбүн», – диэн ахтар.

Эргиччи талааннаах, саҥа хамсааһыҥҥа эрэллээхтик кимэн киирэр, Дьааҥыттан төрүттээх ыччаппыт Игнатий  Өймөкөөн сиригэр 10 сыл буолан баран иккис төгүлүн эргиллибит. Кини кэлиҥҥи сылларга прозаҕа, хоһооҥҥо бэрт үчүгэй суоллардааҕын биллэр суруйааччылар бэлиэтииллэр. Ону таһынан алгысчыт, ырыаһыт, олоҥхо толорооччу быһыытынан биллэр.

«Олоҥхо ыһыаҕа олус бэркэ ааста, биһигини Сордоҥноох нэһилиэгэ көрүстэ –  кэлиэхпититтэн барыахпытын тухары, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри, тото-хана үс күн устата аһаттылар. Ол эрэн ыһыах ыытыллар сирэ олус киэҥ, биир кыттар сиртэн иккис сиргэ диэри хаамыы 20 мүнүүтэ эрэйиллэр, оннооҕор мин курдук эдэр киһиэхэ. Онон ол соччо табыгаһа суох. Олус элбэх кыттааччы, олоҥхо өссө буоллун, атын көрүҥнэргэ кыттарга чопчу хаһан кыттаргын кыайан эппэттэр, инникитин итини хонтуруоллуо эбиттэр, биир күнтэн ордук кэтэһии, улуустан үстүү кыттааччы дииллэрэ ордук эбит, холобура, норуот ырыата, оһуохай, чабырҕах, дэгэрэҥ ырыа көрүҥнэригэр», – диэн элбэх улахан тэрээһиннэри тэрийбит салайааччы быһыытынан бэлиэтиир.

«Мин олоҥхоҕо кыттан баран, куолаһым олорон хаалан, атын көрүҥҥэ кыайан кыттыбатым, дьиҥэр, норуот ырыатыгар, оһуохайга киирсиэхтээх этим. Чэ ол өйдөнөр – ыраах буолан, айан массыыната да табыгаһа суох, быылынан оргуйа олорон айаннаабыппыт. Олоҥхоҕо сүүнэ улахан чороону бэлэхтээн соһуттулар», – диэн үөрүүтүн үллэстэр.

50-тан тахса олоҥхоһуттан 7-8 киһиэххэ анал бириис олохтоммутуттан биирэ – улахан мас ууһа ойуулаан-мандардаан оҥорбут биир атахтаах былыргы моһуоннаах мас чорооно Игнатий Слепцовка туттарыллыбыта — олоҥхо толорооччу толору киэбигэр киирэн эрэрин туоһулуур.

«Саха сиригэр ыытыллыбыт «Төрүччэ төлкөтө» 2-с сийиэскэ кыайан сылдьыбатах төрүөтүм диэн, манна үлэлиир сирбэр Сергей Васильевич Местников хос эһээтин олоҥхотун улахан презентацията буолла. Сийиэскэ кыайан сылдьыбатаҕым олус хомолтолоох, кэлэр өттүгэр хайаан да сылдьыам. Мин бэйэм аҕам ийэтин өттүнэн Дьааҥы Аммосовтарын 1760 сылтан ылата чинчийэн үөрэттим, билэбин.  Холобур, былырыын Болчур Бүөтүр диэн өбүгэбит төрөөбүтэ 240 сыла этэ,  аны 4 сылынан 245 сыла буолар,  билигин Аммосов аймаҕын ааҕан көрдөххө, 2000 тахса киһи баарбыт».

Кырдьыга, төрүччэтин дириҥник үөрэппит, арааһа, Дьааҥыга буолуохтааҕар өрөспүүбүлүкэҕэ да ахсааннаах буолуо.  «Игнатий Васильевич эһэтэ Алексей Иннокентьевич Аммосов Сартаҥ төрүт олохтооҕо, илиитигэр көмүс тарбахтаах уус, Сартаҥҥа аан бастакы туруорбах дьиэни туттубут, удьуорунан уһун үйэлээхтэр ахсааннарыгар киирбит киһинэн биллэрэ үһү. Эбэтэ, биллэр норуот ырыаһыта Мария Николаевна Слепцова – Кустуй Маарыйа олохтоох дьоккутаатынан ананан, төрөөбүт сиригэр Барыласка саҥа бөһүөлэги туруорсан арыттарбыт. 1960 сыллартан Сирэм учаастага Барыласка көһөрүллэн, саҥа тутуу үлэлэрэ ыытыллан, эдэр ыччат олохсуйан барбыт. Ол да иһин ыччаты тэнитэр алгыс түһэн, удьуор утума салҕанар. Дьааҥы олоҥхолоругар ойууламмыт курдук, ураты айылҕалаах дойдуга төрөөбүт эдэр киһи 1994 сыллаахха Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыт ыһыах  күнүн көрсүүтүгэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан, ыһыах түһүлгэтин олоҥхонон арыйбыттаах…» диэн сырдатыы «Дьааҥы аартыга» хаһыат нүөмэригэр бэчээттэнэн тахсыбыттаах.

Манна даҕатан эттэххэ, Игнатий Васильевич ааспыт үйэлэр араҕас саҕахтарын аннараа өттүгэр олорон ааспыт Аммосовтар халыҥ аймах төрүччэтин дириҥник ылсыһан чинчийэ сылдьара — Дьааҥы былыргы устуоруйатын арыллыбатах көмүс кылдьыылаах муннуктарын арыйыаҕа турдаҕа. Устуоруйа баараҕай салааларын ситимниир дьааҥылар түөлбэ тыллара, былыр-былыргыттан ынах сүөһү, сылгы ииттэн, хотугу саханы саха дэппит дьарыктара, былаас уларыйыыларын кэрдиистэригэр ол кэм олоҕун тутуспут, турууласпыт дьоннорун дьылҕалара, сирдэр ааттара, хаардаах очуостар, сыккыллар күрүлгэннэр, улуу хайалар тэллэхтэрин ыыраахтарынан уһун айаннар – бу барыта хоннохтоох чинчийии хаппахчытын аһан эрэр уорҕатыгар сыттаҕа.

Дьааҥыттан сыдьааннаах Игнат Васильевич Слепцов айар үлэтигэр, арыйыыларыгар ситиһиилэри баҕарабыт!

Боотто АСХААРАП

Үөһээ Дьааҥы

Поделитесь этой страницей