Тыараһа олоҥхоһуттара: чинчийии, үөрэтии, үйэтитии
Тыараһа нэһилиэгэр норуот тылынан уус-уран айымньыта — олоҥхо — бэркэ сайдыбыта. ХХ үйэ ортотугар диэри ситимэ быстыбакка кэлбитэ биллэр.
Дьыл-хонук ааспытынан, олох былыргы, эрдэтээҥи олоҥхоһуттар ааттара-суоллара сурукка ситэри киирбэккэ умнуллубут. Онон XIX үйэттэн ыла олорон ааспыт олоҥхоһуттары чинчийии, үөрэтии уонна үйэтитии хайысхаларынан көрөн, сырдатар баҕалаахпыт.
Чинчийии
Тыараһа олоҥхоһуттарын олохторун чинчийии ХХ үйэттэн саҕаламмыта.
- Таатта олоҥхоһуттарын олохторун, олоҥхолорун чинчийиини биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, сээркээн сэһэнньит Е.Д. Андросов оҥорбута. Тыараһа олоҥхоһуттарын туһунан Е.Д. Андросов маннык кинигэлэригэр баар:
-1993 с. «Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара» кинигэтигэр Маалыкыс Уйбаан, Сэмэн, Баһылай, Ньукулай Онтуонаптар тустарынан ахтан аһарбыта.
-2003 с. тахсыбыт «Олоххо тардыһыы күүһэ» кинигэтигэр Тыараһаттан 12 олоҥхоһуту сырдаппыта.
-2006 с. «Таатта олоҥхоһуттара» кинигэтин «Олоххо тардыһыы күүһэ» кинигэтигэр олоҕуран суруйбута. Егор Дмитриевич үлэлэригэр икки көннөрүүнү этэр тоҕоостоох:
Бастакыта, Чоҥолох ойуун Болтоҥо нэһилиэгин олоҥхоһута Тыараһаҕа алҕас киирбит. Кини туһунан 2016 с. бэтэрээн учуутал А.П. Чехордуна тастыҥ балта В.Ф. Решетниковаттан маннык иһитиннэриини ылбыта: «Чоҥолох ойуун – мин төрөппүт эһэм, ийэм аҕата, Аммосов Илья Федотович – ийэм төрөппүт аҕата. Болтоҥолор. Олоҥхолуура эбитэ үһү да, үчүгэйдик билбэппин». Онон Чоҥолох ойуун аата – Аммосов Илья Федотович. Кини Чурапчы улууһун Болтоҥотугар олорбут киһи, Тыараһаҕа олорботох.
Иккиһэ, кинигэҕэ Моттуев Михаил Пудович аата сыыһа киирэ сылдьар. Кини сурукка киирбит аата – Жерготов Михаил Пудович, гражданскай сэрии хорсун буойуна Пуд Степанович Жерготов төрөппүт уола. Михаил Пудович аҕата өлөн, эдэриттэн мөлтөхтүк көрөр ыарыһах уонна аҥардас буолан, Моттуев Петр Афанасьевичтааҕы кытары эҥэрдэһэн, кинилэргэ олорбут. Онон кэлиҥҥи дьон үлэлэригэр Моттуев диэн араспаанньанан киирбит буолуон сөп.
2. Е.П. Чехордуна, И.Д. Филиппова 2007 с. «Тыараһа олоҥхоһуттара» ыйынньык-кинигэни таһаарбыттара. Кинигэҕэ Тыараһа сиригэр-уотугар төрөөбүт 18 олоҥхоһут аата, кинилэр тустарынан кылгас иһитиннэриилэр суруллубуттара.
3. 2011 с. ааптардар «Тыараһа олоҥхоһуттара» ыйынньыктарын кэҥэтэн, эбии чинчийиилэрин киллэрэн, иккистээн таһаарбыттара. Кинигэ 3 түһүмэхтээх: 1-кы түһүмэх «Тыараһа – олоҥхо түөлбэтэ» ыстатыйа. 2-с түһүмэх «Тыараһа олоҥхоһуттара». Бу түһүмэххэ 18 олоҥхоһут туһунан эбии ахтыылар, иһитиннэриилэр, көннөрүүлэр оҥоһуллубуттара.
Кинигэ ордук сыаналаах булумньута С.И. Собакин-Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхото толору киирбитэ буолар. Олоҥхону оскуолабытын бүтэрбит, олоҥхоһут П.В. Аммосов кыыһа Евдокия Павловна Слепцова үөрэммит оскуолатыгар бэлэхтээбитэ. Олоҥхо толору аата «Көхсүттэн кынаттаах Кытыр Былыт аттаах Оҕо Ньургун», кээмэйэ 60 страница, ол эбэтэр 2630 устуруока.
Үһүс түһүмэх «Олоҥхо иитэр, үөрэтэр кыаҕа». Манна үөрэнээччилэр Миша Филиппов «Тыараһа олоҥхоһута С.И. Собакин-Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотун тутула», Володя Чемпин «Удьуор олоҥхоһут Антоновтар» саҕалаабыт үлэлэрин салҕаан, ситэрэн-хоторон, толору дакылаат оҥорбуттара киирбитэ. «Тыл улуу уустара, олоҥхоһут өбүгэлэрбит үтүө ааттарыгар» ыстатыйа, «Олоҥхо түүнэ» эссе эбиллибиттэрэ.
4. Интернеккэ 2011 с. музыковед Э.Е. Алексеев «Краткий отчет о фольклорной экспедиции в Якутскую АССР в сентябре-октябре 1966 г.» докумуона тахсыбыта. Ол докумуоҥҥа Тыараһа нэһилиэгин 7 олоҥхоһутун туһунан чинчийии баара.
5. Бэрэпиэссэр В.Н. Иванов сүрүн эрэдээктэрдээх «Олонхосуты Якутии» диэн ыйынньык 2013 с. бэчээттэммитэ. Кинигэни Л.Н. Герасимова, С.Д. Львова, В.В. Илларионов, С.Е. Васильев хомуйан таһаарбыттара. Бу ыйынньык В.В. Илларионов 1973 с. суруйбут дипломнай үлэтигэр олоҕуран тахсыбытын хомуйан таһаарааччылар ыйаллар. Дипломнай үлэҕэ кэнники архыып матырыйаалларын эбэн, өрөспүүбүлүкэ улуустарынан хомуллубут ыйытыктары наардаан, систиэмэлээн оҥорбуттарын бэлиэтииллэр. Ыйынньыкка Тыараһа нэһилиэгиттэн диэн бэлиэтээһиннээх 15 олоҥхоһут аата киирбит.
Бастакы салаа «Олонхосуты Якутии за период с XVII по XX в.». Манна киирбит 10 олоҥхоһут аата уонна олоҥхолорун ахсаана суруллубут: Аммосов Павел Васильевич-1, Антонов Иван-Онтуонап Уйбаан – 1, Жерготов Пуд Степанович – 1, Жерготов Михаил Пудович – 26, Захаров Григорий – 1, Киргиэлэй –1, Марбасытов Степан – 1, Мухин-Сылабыр – 1, Полускин Иван-Улуу Маалыкыс – 1, Собакин Семен Иванович-Дайдаҥ уола Сэмэтэй (Сэмэтэ) – 1.
Иккис салаа «Репертуар не зафиксирован. Таттинский улус». Бу салааҕа 8 олоҥхоһут аата баар: Антонов Василий Иванович, Белин Нестор Степанович, Захаров Иннокентий Григорьевич, Моттуев Михаил Пудович, Оргулаайап Сэмэн, Попов Антон Моисеевич, Чехордун Петр Афанасьевич, Чоҥолох ойуун.
Онон ыйынньыкка барыта 18 аат киирбит. Манна сыыһа-халты барбыт маннык иһитиннэриилэри ыйабыт.
-Собакин С.И. аата ыйынньыкка Сэмэтэй (Сэмэтэ) диэн суруллубут, дойдутугар кинини Сэмэтээй диэн ааттыыллара, ити аатынан биллэр.
—Моттуев Михаил Пудович алҕас суруллубут аат, кини бастакы салааҕа Жерготов Михаил Пудович 26 олоҥхолоох диэн аатын-суолун сөпкө суруйбуттар.
-Чоҥолох ойуун – Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин киһитэ. Тыараһаҕа киирбитэ сыыһа.
Итинэн ыйынньыкка Тыараһа нэһилиэгиттэн 16 олоҥхоһут аата киирбит буолар. Бу 16 киһиттэн 3 олоҥхоһут аата-суола ситэтэ суох: Киргиэлэй, Марбасытов Степан, Мухин-Сылабыр, кинилэр биирдии олоҥхолоохторо бэлиэтэммит.
6. Е.П. Чехордуна «Дэгиттэр олоҥхоһут П.А. Чехордун» диэн аҕатын туһунан кинигэтэ 2014 с. тахсыбыта. Кинигэ үс түһүмэхтэн турар. 1-кы «Олох эндирдээх суолунан» түһүмэххэ Петр Афанасьевич Чехордун олоҕо, үлэтэ сырдатыллар.
Иккис түһүмэх «Тыараһа олоҥхоһуттара» диэн ааттанар уонна онно музыковед Э.Е. Алексеев 1966 с. Тыараһаҕа үлэлээбит фольклорнай экспедициятын туһунан чинчийии сиһилэнэр.
Үһүс «Дэгиттэр олоҥхоһут Бүөтүр Чехордун» түһүмэххэ дьон биһирээбит, улахан чинчийээччи Э.Е. Алексеев сэҥээриитин ылбыт олоҥхоһут туһунан дьон ахтыыта, чинчийээччи бэлиэтээһинэ хото киирбиттэр. Кинигэ киирии тылыгар олоҥхону чинчийээччи, пед. наука канд. М.Т. Гоголева санаатын суруйбут, онно этиллэр: «Кинигэ өссө биир кэрэхсэнэр өрүтүнэн Тааттаҕа үлэлээбит экспедиция (Э.Е. Алексеев) атын да бэлиэтээһиннэрэ, П.А. Чехордун туһунан үөлээннээхтэрин, аймах-билэ дьонун ахтыылара, сэдэх хаартыскалар түмүллүбүт сыһыарыылара буолар. Кинигэ билиҥҥи ааҕааччыга сэҥээриллэр, сонун ис хоһоонноох суруйуу», – диэн сэҥээрбит.
Бу инники ыйыллыбыт чинчийиилэргэ олоҕуран, биһиги нэһилиэкпитигэр 26 олоҥхоһут баар буола сылдьыбытын быһаардыбыт. Кинилэртэн 20 киһи толору аата-суола, олорбут кэмэ, төрөөбүт сирэ быһаарылынна. 6 олоҥхоһут туһунан толору билэр өссө да кыалла илик. Олоҥхоһуттар репертуардарын быһаарарга эмиэ ыарахаттар бааллар. ХХ үйэ иккис аҥаарыттан ыла олоҥхо сүтэн, симэлийэн барбыта биллэр. Биһиги нэһилиэкпит олоҥхоһуттарыттан саамай элбэх олоҥхо аатын суруйтарбыт киһинэн М.П Жерготов буолар, кини 26 олоҥхону ааттаабыт. XIХ үйэ улуу олоҥхоһута Уйбаан Маалыкыс хас олоҥхону билэрэ, толороро чопчу биллибэт эрээри, дьон ахтыытыттан 5 олоҥхо аата сурулунна. 9 киһи олоҥхолорун аата биллибэт, ол эрээри кинилэр олоҥхолорун дьон истибиттэр. Эрдэтээҥи олоҥхоһуттартан Киргиэлэй, Марбасытов Степан, Мухин-Сылабыр биирдии олоҥхону толорбуттара ыйыллыбыт, атын иһитиннэрии суох. Марбасытов диэн араспаанньа нэһилиэккэ суох, онон Барбасытов диэни алҕаһаабыт буолуохтарын сөп. Степан Барбасытов ХIХ үйэ бастакы аҥарыгар олорбут киһи, 1917 с. биэрэпискэ Барбасытов Тимофей Степанович 32 саастаах киһи аата киирбитинэн сабаҕалаатахха, Степан Барбасытов чахчы олоро сылдьыбыт киһи.
Тыараһа олоҥхоһуттара сурукка киирбит олоҥхолорун ааттарыттан көрдөххө, 41 араас ааттаах олоҥхо баар, ол иһиттэн Таатта олоҥхотунан биллибит «Ньургун Боотур» олоҥхо 7 олоҥхоһут репертуарыгар көстөр. Олоҥхо толору аатын биэрэргэ М.П Жерготовтан суруйбут киһи бэрткэ кичэйбитэ көстөр. Бу олоҥхолор ааттарыгар киһи дьүһүнэ-бодото эрэ буолбакка, майгыта-сигилитэ, дьонтон уратыта, солото-чыына, миинэр миҥэтин уратыта эмиэ бэриллэр.
Хомойуох иһин, билиҥҥи туругунан Тыараһа олоҥхолоруттан икки олоҥхо сурукка киирбитэ биллэр: Аммосов П.В. «Хара кулун аттаах Хараҥаччы Сүүрүк бухатыыр», Собакин С.И.-Дайдаҥ уола Сэмэтээй «Көхсүттэн кынаттаах Кытыр Былыт аттаах Оҕо Ньургун бухатыыр» («Оҕо Ньургун бухатыыр») олоҥхолоро.
Нэһилиэккэ биирдиилээн олоҥхоһуттар толорууларыттан ураты олоҥхону оонньоон көрдөрүү Аҕа дойду 2-с сэриитигэр кыайыы кэнниттэн бэлиэтэнэр.1949-50 үөрэх сылыгар Абааһылаах алааска турар Тыараһа начаалынай оскуолатыгар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан туруора сылдьыбыттарын туһунан 2006 с. Мария Васильевна Романова, 67 саастаах, олоҥхоһут П.А. Чехордун улахан кыыһа ахтыыта көрдөрөр. Кини суруйар: «Оонньууга киһи (көрөөччү) бөҕөтө баара. Аҕыйах соҕус ыскамыайканы туруорбуттарыгар тилэри, олоппостору толору олороллоро, ону ааһан турааччылар буолунай этилэрэ. Оҕолору барыларын көрөөччүлэр иннилэригэр муостаҕа олордубуттара.
Дьон оччотооҕу кэмҥэ актыыбынайдара сүрдээх этэ. Эчи, оҥоһуулара да сүрэ бэрдэ! Ардаҕын, этиҥин-чаҕылҕанын барытын киһи этэ тардар гына оҥостубуттара сүрдээх дьулаан этэ! Тимир лиис тыаһаатар, уот күлүмнээтэр эрэ айыы, абааһы бухатыырдара ойуоккалаһан киирэллэрэ. Ол аайы оҕолор сарылаһа түһээт, дьоммут кэннигэр сөрүөстэрбит. Оннук күүскэ куттаммыппын өйдүүбүн. Абааһыбыт уола сирэйин ортотугар биир эрэ харахтаах, хап-хара таҥастаах, үҥүүлээх-батастаах Кеша Чемпин быһыылаах этэ. Уоннааҕы оонньообут дьону умнан кэбиспиппин.
Ити бириэмэлэргэ Кеша Чемпин хаста да биһиги аҕабытын оскуолаҕа илдьэ сылдьыбыта. Биир сырыыга эккирэтээри гыммыппын илдьибэтэҕэ. Онон аҕам оонньооботор да, сүбэ-ама буолбут буолуохтаах».
Ити курдук олоҥхо тыына кэмиттэн кэмигэр сөргүтүллэн, 1980-с сылларга диэри умуллан, уостан хаалбакка кэлбитэ. Онтон 1990-с сыллартан саҥа тыын ылан, саха үөрэҕин киэбинэн олоххо киирэн иһэр.
60-тан тахса сыл буолан баран, нэһилиэкпитигэр олоҥхону сценаҕа оонньоон көрдөрүүнү үөрэнээччилэр хатылаабыттара. Ол туһунан оччолорго 11-с кылаас үөрэнээччитэ Таня Турнина «Дьулуруйар Ньургун Боотур» – сценаҕа» дакылаатыттан быһа тардыыны билиһиннэрэбит.
«1993 сыл – Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо сыла. Ол иһин биһиги Тыараһа орто оскуолатын оҕолоро олоҥхону билсэн-көрсөн кулууппутугар П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун туруоран, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ыллыбыт. Олоҥхону эпизодтарынан көрдөрөн, кылаастар бары кыттыбыттара. Туруорааччы – Е.П. Чехордуна, худуоһунньуктар – А.К. Ефремова, А.Н. Алексеева, Н.П. Аммосов.
Биһиги олоҥхоҕо хардыыбыт табылынна. «Оҕолорбуттан астынным» диэн ыстатыйа ааптара В.Р. Николаева сыанабылыттан: «Тохсунньу ый 16 күнүгэр кулууп дьиэҕэ олоҥхоттон быһа тардыыларын кылаастар бары көрдөрөн астыннардылар. Бары олус кыһаллыбыттар, таҥастара-саптара, ырыалара-тойуктара, сцена декорацията бастакы саҕалааһыҥҥа олус үчүгэй. Ордук бэһис кылаастар олоҥхо киириитин кыайа туттулар. Сир-дойду иччитэ Маша Моттуева (6 кыл.) тыла-өһө тахсыылаах. Ону сиэттэрэн, от-мас иччилэрэ үҥкүүлээн көрдөрбүттэрэ дьону астыннарда. 7-с кылаастан Үрүҥ Уолан кубулуммут абааһы кыргыттарын кытта көрсүһүүтүн, онуоха ата үтүө сүбэни биэриитин көрдөрбүттэрэ биир солун көстүү буолла. Онтон салгыы Сорук Боллур – Турнин Проня (8 кыл.) кэлэн Ньургун Боотурга (Петя Чехордун) илдьит этиитин толоруута уолаттар да көхтөөхтүк кытталларын көрдөрдө. Аан Эскэл Хотун (Бучугасова Марианна) Ньургун Боотурга өлбөт мэҥэ уутун аҕалан биэриитин ситиһиилээхтик толордо. Айыы Умсуур удаҕан (Х кыл.) Үрүҥ Уолаҥҥа (Собакин Ваня) умайа сылдьар кымньыы биэриитин, Үрүҥ Уолан Уот Уһутаакыттан (Эллясин Захар) хотторуутун үчүгэйдик биэрдэ. Уот Уһутаакы (Турнин Сережа) Ньургун Боотурга (Федоров Костя) хотторуутун хамсанан көрдөрдүлэр. Туйаарыма Куо ырыатын Аня Алексеева ыллаан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла. XI кылаас оҕолоро олоҥхо бүтэһигин Орто туруу дойдуга дьоллоох олох эргийиитин көрдөрбүттэрэ. Онно Туйаарыма Куону – Турнина Таня, Нуоралдьын Куону – Павлова Таня толоруулара кэрэхсэннэ. Кыһалыннахтарына, оҕолор да олоҥхону туруоруохтарын сөп эбит. Инникитин өссө уолаттар ырыатыгар-тойугар кытталлара бэрт буолуо эбит», – диэн. Ити курдук, биһиги олоҥхоҕо бастакы ситиһиибит буолар. Оҕолор итинтэн олоҥхону интэриэһиргээн, ааҕан өссө эбии иккистээн үчүгэйдик тупсаран көрдөрөр кыахтаныахтара».
Манна эбии эттэххэ, 1993 сыллаахха сайын Чөркөөххө П.А. Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Ойуунускай I ааҕыыларыгар Тыараһа орто оскуолата 43 оҕо кыттыылаах «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону оонньоон көрдөрөн биһирэммиттэрэ.
Үөрэтии, үйэтитии
Нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт олоҥхоһуттар олохторун, олоҥхолорун үөрэх-иитии үлэтигэр туһаныы хас да хайысханан ыытыллар: бастакыта, оҕолор чинчийиилэрэ; иккиһэ, уруокка, кылаас чааһыгар туһаныы; үсүһүнэн, олорбут сирдэринэн сылдьан, араас тэрээһиннэри ыытан билсиһии уонна бэсиһинэн, олоҥхо ис хоһоонун үөрэтэн үйэтитии.
Оҕолор түөлбэ олоҥхотун, олоҥхоһуттар олохторун чинчийиилэрэ 1990-с сыллартан саҕаламмыта.
1993 сылы ЮНЕСКО аан дойдуга П.А. Ойуунускай сылынан биллэрбитэ. Ити иннинэ М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата 1992, 1993 сылларга учууталларга аналлаах «Олоҥхо – саха философията» диэн икки сыллаах түөрүйэ-быраактыка сэминээрин былааннаан, үлэлии сылдьар этибит. Онон 1993 сылы олоҥхонон көрсөргө быһаарынан, киэҥ өрүттээх, элбэх хайысхалаах үлэ барбыта. Ол түмүгэр 1994 сыллаахха олоҥхо сүрүн идиэйэтигэр, киһилии бириинсиптэригэр олоҕурбут «Сырдык аартык» бырагырааманы Үөрэх министиэристибэтигэр көмүскээммит, «Ыал – оҕо саада – оскуола – түөлбэ тэрилтэтин сыһыана» тиэмэнэн чинчийэр, холоон көрөр оскуола буолбуппут, үлэбитигэр бырайыакка ааттаммыт эйгэлэри кытыннаран, нэһилиэк барыта уһун сыллаах айымньылаах үлэҕэ киирбиппит. Онон олоҥхо сүрүн идиэйэтэ – киһилии сиэрдээх, чөл олохтоох киһини иитии үлэтэ билигин даҕаны салҕанан бара турар.
1994 сылтан холоон көрөр, чинчийэр үлэбит чэрчитинэн оҕону олоҥхоҕо сыһыарыы саҕаламмыта. Ол курдук, оҕо саадыгар куруһуок салайааччыта К.П. Мордовская иитиллээччилэрин олоҥхоҕо сыһыаран, оҕо ити сааһыгар сөптөөх ньыматын булбута. Кини оҕолорго анаммыт олоҥхо кинигэлэринэн, олоҥхону толорооччулар артыыс Г.Г. Колесов, төрүт култуура учуутала Е.Н. Сунхалырова, иитиллээччи Ваня эһэтэ И.П. Чехордун аҕатын олоҥхотуттан толорууларын иһитиннэрэн үөрэтиини саҕалаабытын туһунан «5-7 саастаах оҕолорго олоҥхоҕо интэриэһи үөскэтии» ыстатыйатыгар суруйбута. Мантан салгыы куруһуок салайааччыта Клавдия Петровна П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотунан дьүһүйүүнү бэлэмнээн, 2000, 2001 сылларга туруорбутун, Чөркөөххө П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 105 сылыгар анаммыт Ойуунускай ааҕыыларыгар кыттан, биһирэммиттэрин сырдаппыта. (8, с.23-25).
Оскуолаҕа I-IV кылаастарга биирдии чаас олоҥхо уруога киирбитэ, үөһээ кылаастарга хас биридимиэт аайы олоҥхо сырдык идиэйэтэ ытык өйдөбүллэринэн, саха төрүт билиитинэн киирэн испитэ; үөрэх-иитии үлэтигэр саха өйө-санаата федеральнай үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэн, олохтонон барбыта. Кыра кылаас учууталлара Г.Ф. Халыева, А.Е. Иванова, Е.Н. Чемпина, В.Е. Новгородова, И.Н. Литвинцева, бибилэтиэкэр В.И. Турнина, үөһээ кылаас учууталлара Ф.А. Попова, С.К. Соловьева, А.П. Чехордуна, А.К. Татаринова о.д.а. үөрэтэр биридимиэттэригэр табыгастаах ньымалары булан, ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Бу үлэни оскуола иһинэн «Олоҥхо педагогиката» Этно-киин салайааччыта, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала И.Д. Филиппова уһун кэмҥэ таһаарыылаахтык салайбыта. Кини оскуола салалтатын дириэктэрдэр П.П. Чехордуну, Р.А. Алексееваны, В.В. Попову, А.К. Татаринованы, П.В. Полускины, дириэктэри солбуйааччылар Е.Г. Яковлеваны, И.Н. Литвинцеваны, Я.С. Бучугасованы, оҕо саадын сэбиэдиссэйдэрин Е.Д. Слепцованы, Н.В. Чехордунаны, В.Н. Чемпинаны кытары биир өйүнэн-санаанан салайтаран, улахан көдьүүстээх үлэни ыыппыттара.
2007 с. үөрэх үлэһиттэригэр аналлаах «Олоҥхо педагогиката: олоххо киллэрии суола-ииһэ, ньымалара» өрөспүүбүлүкэтээҕи наука-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр элбэх киһи кыттыбыта, учууталлар, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр булбут ньымаларын билиһиннэрэн, киэҥ араҥа сэҥээриитин ылбыттара. Үгүс үлэттэн түөлбэ олоҥхотугар сыһыаран эттэххэ, үөрэнээччи Володя Чемпин «Удьуор олоҥхоһут Антоновтар», учууталлар И.Д. Филиппова «Тыараһа олоҥхоһуттара», С.Н. Собакина «Алаас ааттаах, дойду сурахтаах», үөрэнээччи Миша Филиппов «Тыараһа олоҥхоһута С.И. Собакин-Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотун тутула» дакылааттары иһитиннэрбиттэрэ уонна ити ыстатыйалар кинигэҕэ бэчээттэммиттэрэ.
Түөлбэ олоҥхотун үөрэтэр үлэ сылтан сыл кэҥээн, дириҥээн иһэр. Олоҥхоһуттартан Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотун 2022 сылтан оҕо саадыгар туруораллар. Иитээччилэр бу олоҥхону икки сыл ааҕан, үөрэтэн араас тэрээһиннэргэ кыттыбыттара.
Орто оскуола I кылааһын учуутала С.И. Турнина Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотунан, 2019-2020 үөрэх сылыттан саҕалаан, 4 сыл устата үлэлээбитэ. Бастакы кылаастан ыла олоҥхо ис хоһоонун ааҕыы, геройдарын ырытыы буолбута. Оҕо төһө өйдөөбүтүн тургутан уруһуйдааһын, олоҥхону толоруу (геройдарынан, бөлөҕүнэн ааҕыы, оонньоон көрдөрүү) ыытыллыбыта. Оҕолор сайдыыларын таһымын араас тэрээһиннэргэ кыттыыларынан билиэххэ сөп. Ол курдук, улуустааҕы фольклор бэстибээлигэр «Олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу» күрэхтэһиигэ 3-с миэстэни, «Олоҥхо алыптаах дойдута» уруһуй күрэхтэһиитигэр 9 оҕоттон иккитэ, «Кылыһах кырдала» (Чымынаайы) «Олоҥхону толоруу» куонкуруска икки оҕо 3-с үрдэли ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар: «Мин артыыс буолуом, дойдубун ааттатыам» Бахсы күрэхтэһиитигэр «Олоҥхо уобараһын арыйыы» хайысхаҕа икки оҕо бэркэ кыттыбыта. Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатын тэрээһинигэр «Олоҥхону толоруу» хайысхаҕа бөлөҕүнэн толорууга 3-с миэстэни ылбыттара, биирдиилээн толорууга 3 оҕо кыттыбыта. Маны таһынан, оскуола олоҥхоҕо «Тыараһа – олоҥхо дойдута» тэрээһиннэригэр барытыгар ситиһиилээхтик кыттан, үүнэн-сайдан иһэллэр.
2014 с. нэһилиэккэ «Олоҥхоһут удьуора» общественнай түмсүү тэриллибитэ. Түмсүү анал Балаһыанньанан үлэтин былааннаахтык тэрийэр. Үлэ сүрүн сыала – түөлбэ олоҥхотун чинчийии, олоҥхо эйгэтин тэрийии, утуму оҕолорго туттарыы. Түмсүү чилиэннэрэ оскуолаҕа Олоҥхо дэкээдэтинэн тэрээһиннэригэр 2 төгүл кытыннылар, С.И. Собакин-Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотунан 7 улахан панно тигиитигэр сүрүн күүс буоллулар, олоҥхоһут удьуордарын үөрэтиигэ, ыччаттарыгар тиэрдиигэ биллэр-көстөр үлэни ыыталлар. Онтон аҕыйах холобуру сырдатабыт:
- Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн 2014 сыллаахха V-VII кылаас оҕолоругар Сэмэтээй «Оҕо Ньургун» олоҥхотун учууталлар оҕолорго ааҕан иһитиннэрбиттэрэ. Е.Н. Чемпина Сэмэтээй төрүччүтүн кэпсээбитэ, үөрэнээччи Можарова Нарыйаана Сэмэтээй олоҥхотуттан толорбута.
- «Музыковед, гуманитарнай институт сотруднига Э.Е. Алексеев 1966 с. экспедициятын суолунан» тэрээһини VI кылаас салайааччыта У.Н. Варламова, ветеран учууталлар Е.Н. Чемпина, А.П. Чехордуна 2015 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара.
-Олоҥхоһут Бүөтүр Чехордун туһунан хос сиэнэ Уйгууна Халыева (5 кыл.), удьуор олоҥхоһут Онтуонаптар тустарынан Петя Литвинцев, Артем Максимов, Слава Соловьев (6 кыл.), Сэмэн Собакин-Сэмэтээй туһунан 7 кылаас оҕолоро, Байбал Аммосов туһунан сиэнэ Кривошапкина Мичийээнэ (9 кыл.) чинчийэн, ааҕан бэлэмнээбит матырыйаалларын кэпсээбиттэрэ.
-Оҕолор кэпсээбиттэрин кэнниттэн олоҥхо, түөлбэ олоҥхоһуттарын туһунан викторинаны ыыппыттара уонна «Саха» НКИК 2015 с. сэтинньи 19 күнүгэр биэриитин көрдөрөн, иһитиннэрэн, салгыы үлэҕэ сорук туруорбуттара, олоҥхоһуттар тустарынан чинчийэргэ, матырыйаал көрдүүргэ көҕүлээбиттэрэ.
-1966 сыллаахха Москваттан фольклору үөрэтээччи Э.Е. Алексеев Тыараһаҕа олоҥхоһуттары магнитофоҥҥа устан үйэтитэ кэлэ сылдьыбыта. Билигин биллэринэн, нэһилиэккэ 18 олоҥхоһут олоро сылдьыбыт. Олортон Эдуард Ефимович кэлэ сырыттаҕына, 6-та эрэ баара. Кини барыларын кэрийбит, кэпсэппит уонна 4 олоҥхоһуту: Бүөтүр Чохордууну, Алексей Хордоҕооһобу, Байбал Омуоһабы уонна Мэхээлэ Дьорҕоотобу ыллатан магнитофоҥҥа устубут. Онтон Сэмэтээй куобахха сылдьан, дэлби хаһыытаан, күөмэйэ бүтэн, онтон саамай эдэрдэрэ Николай Онтуонап кыбыстан: «Аныгы кэлиигитигэр ыллыам», — диэн уһуллубакка хаалбыттар эбит. Ол туһунан Эдуард Ефимович экспедициятын отчуотугар баар.
-1937 с. П.А. Ойуунускай Таатта 9 чулуу олоҥхоһутун талан, куоракка киллэрэн, республика бары улуустарыттан кэлбит бастыҥ олоҥхоһуттар күрэхтэһиилэригэр кытыннарбыт. Кинилэр истэригэр Баһылай Онтуонап баара. Кини манна кыттан, хайҕанан патефонунан наҕараадаламмыт. Онтун сылабаарга атастаһан тахсыбыт. Бу сылабаар уһун кэмҥэ сайылыктарынан, кыстыктарынан элбэх киһини чэйдэтэн кэллэҕэ. Билигин сылабаар аймах күндү мала буолан, Евдокия Николаевналаахха турар.
-Түмсүү бүтэһигэр хатыҥ үөһүттэн чэйи сылабаартан иһэн, арыылаах алаадьыны сиэн, оҕолорго былыргы билиитэ чэйи, куһуох саахары көрдөрөн, оҕолор сүһүөх күнүттэн бары астынан, санааларын этэн тарҕаспыттара.
3. Нэһилиэк «Уран» иистэнньэҥнэрин түмсүүтэ үс сыл үлэлээн, 2019 с. Сэмэтээй олоҥхотунан 7 улахан паннону оҥорон оскуолаҕа бэлэхтээбитэ. Бу дьоро күҥҥэ I кылаас оҕолоро (учуутал С.И.Турнина) кыттыбыттара. Паннолары кэлин оҕолорго олоҥхону билиһиннэриигэ, олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ, кылаас чаастарыгар туһаналлар, быыстапкаларга кытталлар. Олоҥхо тэрээһинигэр фон быһыытынан туһаналлар.
4. Улууска 2021 с. ыытыллыбыт кыраайы үөрэтээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр «Тыараһа олоҥхоһуттара: чинчийии, үөрэтии, үйэтитии» ыстатыйанан, Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ турбут «Түөлбэ олоҥхотун аартыгынан» быыстапкаҕа олоҥхоһуттар Антонов В.И., Аммосов П.В., Собакин С.И.-Сэмэтээй, Чехордун П.А. туттубут малларын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн кытынныбыт.
Ити курдук, Тыараһа олоҥхоһуттарын чинчийэр, тарҕатар, үйэтитэр үлэ дириҥээн, кэҥээн иһэр, утум ыччакка туттарыллар торумнааһына чопчуланар. Олоҥхо сырдык, ыраас санаата куһаҕан тыыны үтэйэн, суох оҥорон, сиргэ уйгулаах олох сириэдийэригэр бигэ тирэх буолар аналлаах.
Тыараһа нэһилиэгин олоҥхоһуттара
2021 сыл
- Аммосов Павел Васильевич, 1915-1981 сс. Олоҥхото: «Хара кулун аттаах Хараҥаччы Сүүрүк бухатыыр».
- Антонов Василий Иванович, 1891- Олоҥхолоруттан биир олоҥхо аата биллэр: «Толомон Баай тойон, Номоҕон Баай хотун».
- Антонов Иван Николаевич – Онтуонап Уйбаан, 1850-54 сс. диэки төрөөбүт буолуон сөп. «Дьулуруйар Тойон Ньургун».
- Антонов Семен Иванович, 1903-1943 сс.
- Антонов Николай Васильевич, 1929-1970 сс.
- Белин Нестор Степанович, 1896-1964 сс. «Үс саһаан үөл тимир үллүктээх, тоҕус саһаан чугуун тимир дугдалаах Дьүлэ Боотур».
- Догордуров Игнатий.
- Ефремов Дмитрий Афанасьевич, 1913-1983 сс. «Ахсыс оҕо Айталыына Куо».
- Жерготов Михаил Пудович-Буутабыс, 1900-1972 сс. «Тыллаах-өстөөх Чочугур Чуоҕур аттаах Уучукаан-Чуучукаан Тойон», «Күдэн араҕас аттаах Күн Кыыдаан бухатыыр»; барыта 26 олоҥхо.
10. Жерготов Пуд Степанович, 1878-1926 сс. «Ньургун Боотур».
11. Захаров Григорий (ХIХ ү.). «Дьэргэлгэн элэмэс аттаах улахан Күн Дьэргэстэй бухатыыр».
12. Захаров Иннокентий Григорьевич, 1870-1941 сс. «Эрбэхтэй Бэргэн», «Оҕо Тулаайах».
13. Киргиэлэй. «Сиикээн Эрилик».
14. Марбасытов Степан. «Үс күннүк сиртэн кулгаахтаах хараҕа чөрбөлдьүйэн көстөр үүт маҕан аттаах Айыы Дугуйдах Күн Туруйа бухатыыр».
15. Мухин-Сылабыр. «Үрүҥ Кыысчын».
16. Оргулаайап Семен Иосифович (ХХ үйэ I аҥаара), 1885-.
17. Полускин Иван – Улуу Маалыкыс (ХIХ-ХХ ү). «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Ытык Нуоҕай», «Умнаан икки оҕонньор аҕалаах, Иэдээн икки эмээхсин ийэлээх», «Алтан Даадар».
18. Попов Антон Моисеевич, 1903-1977 сс.
19. Собакин Иван Павлович-Дайдаанап, Дайдаҥ, 1885-…
20. Собакин Семен Иванович-Дайдаҥ уола Сэмэтээй, 1904-1980 сс. «Көхсүттэн кынаттаах Кытыр Былыт аттаах Оҕо Ньургун бухатыыр».
21. Сунхалыров Егор Иванович, 1878-1927 сс.
22. Толстяков Кирилл Львович, 1909-1967 сс. «Айҕат бухатыыр», «Төрөт Бэргэн бухатыыр».
23. Толстяков Семен Львович, 1912-1977 сс.
24. Хордогосов Алексей Яковлевич 1899-1985 сс. «Барыйан Боотур», «Кыыс Ньургун бухатыыр».
25. Черосов Герасим Дмитриевич-Хаппыт Дьарааһын.
26. Чехордун Петр Афанасьевич, 1905-1972 сс. «Үрүҥ Уолан», «Ньургун Боотур», «Толомон Баай тойон, Номоҕон Баай хотун», «Мүлдьү Бөҕө».
Сабаҕалааһын: 11 №-нэн суруллубут Захаров Григорий (ХIХ үйэ) уонна 13 №-нэн киирбит Киргиэлэй биир киһи буолуон эмиэ сөп.
Манна Тыараһаттан Болтоҥоҕо көһөн олорбут Куолай Уола уонна Иэгии Хотоок диэн икки сүдү олоҥхоһут Чурапчыга олоҥхолоон, ыллаан-туойан ааспыттарын эбэбит.
Куолай Уола Бүөтүр – Петров Петр Михайлович. 1870-1940 сс.
Петров П.М.-Куолай Уола аар-саарга аатырбыт олоҥхоһутунан биллибитэ. Кини Чурапчы улууһун Болтоҥотугар олорон ааспыта. Ол эрээри төрдө-ууһа Тыараһаттан силис тардарын туһунан ахтыылар бааллар. Олортон Тыараһа киһитэ, Чөркөөх олохтооҕо Е.Н. Легусин Аммосовтарга анаан маннык ахтыбыта: «Эһиги өбүгэҕитигэр Куолай Уола диэн киһи баара. Ийэтэ – Хабыйаас кыыһа Абааһы Аанчык. Былыр Дабыыдап баайдаахха Куолай Уола олоҥхолообутугар өһүө төбөтүгэр кэлэн абааһы ылласпыта дииллэрэ, алтан чаанньык лыҥкыныы олороро үһү». Куолай Уолун туһунан ордук сиһилии В. Ермолаев «Чурапчы олоҥхоһуттара» кинигэтин 37-39 стр. билсиэххэ сөп. (12. с.10).
Иэгии Хотоок. Иэгии Хотоок төрүт дойдута бастаан Таатта Тыараһата эбит, онтон кыра оҕо сааһыттан Болтоҥо нэһилиэгэр олохсуйбут. Кини былыргы киһи. Иэгии Хотоок сурукка-бичиккэ киирэринэн Ортойуукап Охонооһой буолуон сөп. Сэһэнньиттэр бары биир сүрүннээхтик кэпсииллэринэн, Иэгии Хотоок олорор дьиэтэ-уота, сүөһүтэ-аһа суох, быстар дьадаҥы олохтоох, үйэтин тухары соҕотоҕун сылдьыбыт. Олоҕун сүрүн дьарыгынан кэрийэ сылдьан олоҥхолооһун буолбут. Ордук Таатта уонна Боотуруускай улууһун Болтоҥо тулатынааҕы элбэх нэһилиэктэринэн сылдьан ыллаабыт-туойбут. Кырдьыга, Иэгии Хотоок олорон, ыллаан-туойан ааспыт үйэтэ биһигиттэн төһө да тэйиччитин иһин, кини уһулуччулаах олоҥхоһут буолан легендарнай сураҕа-садьыга тыыннаах ордон кэллэҕэ. Үрдүк искусствота Болтоҥо уонна ити эргин нэһилиэктэргэ саҥа көлүөнэ толорооччулар үүнэллэригэр үтүөкэннээх оскуоланан буолбута чахчы (6. с.15-17). «Иэгии Хотоок диэн кимий?» ыстатыйаттан.
Туттуллубут литэрэтиирэ
1.Алексеев Э.Е. Краткий отчет о фольклорной экспедиции в Якутскую АССР в сентябре-октябре 1966 г. Интернет.
2.Андросов Е.Д. Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара.1 чааһа. – Дьокуускай: Ситим КИФ, 1993. – 48 с.
3.Андросов Е.Д. Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара. 2 чааһа. – Дьокуускай: Ситим КИФ, 1993. – 48 с.
4.Андросов Е.Д. Олоххо тардыһыы күүһэ. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – 304 с.
5.Андросов Е.Д. Олоххо тардыһыы күүһэ. – Ытык-Күөл, 2006. – 40 с.
6.Ермолаев В. Чурапчы олоҥхоһуттара. – Дьокуускай: Бичик, 1994. – 48 с.
7.Киэн тутта ааттыыбыт. Республика үөрэнээччилэрин айымньылара. Нам: Сахаполиграфиздат.– 104 с.
8.Оҕону иитэргэ олоҥхо эйгэтэ/эпп. ред. Е.П. Чехордуна. – Дьокуускай, 2004. – 70 с.
9.Олоҥхо педагогиката: олоххо киллэрии суола-ииһэ, ньымалара: Респ. конф. Матырыйааллара (Таатта ул. Кыйы с., 2007 с.)/ [хомуйан оҥордулар: Е.П. Чехордуна, Н.И. Филиппова]. – Дьокуускай: Дьокуускай: Комп. “Дани-Алмас”, 2007. – 112 с.
10.Олонхосуты Якутии: справочник /[редкол.: гл.ред.проф В.Н. Иванов и др.]. – Якутск: Издат. дом СВФУ, 2013. – 156 с.
11.Таатта оскуолалара олоҥхо 10 сылыгар/хомуйан оҥордо А.А. Морхоева. – Ытык-Күөл: “Таатта” хаһыат ред. – 94 с.
12.Чехордуна Е.П., Филиппова И.Д.. Тыараһа олоҥхоһуттара. – Дьокуускай: Бичик, 2007. – 42 с.
13.Чехордуна Е.П., Филиппова И.Д. Тыараһа олоҥхоһуттара.– Дьокуускай: Бичик, 2011. – 110 с.
14.Чехордуна Е.П. Дэгиттэр олоҥхоһут П.А. Чехордун. – Дьокуускай, 2014. – 61 с.
Суруйда Чехордуна Екатерина Петровна, этнопедагог, п.н.к., кыраайы үөрэтээччи