Марк Жирков уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” – биир олох дьүккүөрэ - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Марк Жирков уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” – биир олох дьүккүөрэ

Марк Жирков уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” – биир олох дьүккүөрэ

Биһиги култуурабыт устуоруйатыгар араас түгэн элбэх, олор кэккэлэригэр “Ньургун Боотур” национальнай опера сыанаҕа туруута – бу саха ускуустубатын өрөгөйдөөх чыпчаала. СӨ Национальнай бибилитиэкэтэ “Кэм уонна муусука” диэн бырайыак чэрчитинэн Москубаҕа ыытыллыбыт Саха сирин Күннэрин 65 сылыгар, Марк Жирков 130 сыллаах үбүлүөйүгэр, “Ньургун Боотур” опера турбута 75 сылыгар анаан кэмпириэнсийэ тэрийэн ыытта.

Кэпсэтиини ускуустуба үтүөлээх үлэһитэ Лира Габышева иилээтэ-саҕалаата. Кини бу саха муусукатын үс бэлиэ түгэнэ өрөс­пүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар ааһан эрэрин чорботон бэлиэтээтэ.

Үөрэтиллэ илик “планета”

Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ устуоруйа билимин хандьыдаата, Саргылана Максимова М.Н. Жирков нуотаҕа түһэрбит айымньыларын сүрүн өттө Национальнай бибилэтиэкэ Киинигэр харалла сыталларын, айымньыларын толору хомуурунньугун таһаарар үлэ бара турарын эттэ. 10 туомтан күн бүгүн 5 туома тахсыбыт, сотору “Саха норуотун муусуката” диэн 6-с туому, билимҥэ үлэлэрин күү­тэллэр. Бибилэтиэкэ дириэктэрэ: “2017 сыллаахха бу бырайыагы С.Н.Винокуров көҕүлээһининэн саҕалыырбы­тыгар, “авантюра” курдуга, билигин ситэрэрбит 1-2 эрэ сыл хаалла. 10 туом тахсара биһиги култуурабыт биир үөрүүлээх түгэнэ буолуоҕа. Ону кытта быйыл Жирковка анаммыт Аан дойдутааҕы IV ааҕыыларын ХИФУну уонна Бүлүү дьаһалтатын кытта көмөлөөн ыытыахпыт. Ааҕыылары Москубатааҕы консерватория өйүө. Марк Жирков – бэйэтэ туспа эйгэлээх, ураты “планета”, кини дьылҕатыгар, үлэтигэр ситэ үөрэтиллэ, чинчийиллэ илик өссө да баар”, – диэтэ.

Опера туруон иннинэ…

Лира Габышева: “Ньургун Боотур” аан дойдуга “эталон” буолбут соҕотох олоҥхо-опера. Ол эрээри кини опера быһыытынан туруон иннинэ, уонунан сыллар устата дьаныардаах үлэ барбыта. Уустук кэмҥэ, өйдөммөт идеологическай быһыыга-майгыга, Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар, онтон кэнники тохтоло суох көрдүүр, үөрэтэр, сороҕор ыарахан үлэ барбыта. Марк Жирков кылгас олоҕу олорбута эрээри, хайдахтаах сүдү үлэни ыыппытай! Москубатааҕы консерваторияны бүтэрэн, Саха сиригэр төннөрүгэр, муусука сайдыыта хаалан турара, суох даҕаны этэ. 1936 сыллаахха туруорсан, национальнай хуор тэриллибитэ. Бу саха муусукатын бастакы лабаратыарыйата, мастарыскыайа буолбута.

17. Джулуруйар 1941 фото Замотаева

“Туйаарыма Куо”

– “Ньургун Боотуру” туруорууга биир сүрүн хардыы Ойуунускай суруйбут “Туйаарыма Куо” олоҥхото этэ. Марк Николаевич манан испэктээк туруорарга санаммыта. Аан бастаан испэктээккэ ааптар муусукатын үстүрүмүөннэргэ оонньообуттара, туруорууга артыыстары, хуор мусукааннарын сэргэ туораттан дьон кыттыбыта. Саҥа туруорууну олус кыһаллан бэлэмнээбиттэрэ. Жирков ырыаһыттары бэйэтэ ыллыырга үөрэппитэ. Дириэктэр Местников уонна худуоһунньук Туралысов Москубаҕа хомондьуруопкаҕа баран, мусуойдарга, тыйаатырдарга сылдьыбыттара, атын национальнай тыйаатырдары көрбүттэрэ. Мастарыскыайдарга саҥа уус-уран албастарга үөрэммиттэрэ, эскиис оҥороллоругар археология көмүүлэрин, этнографтар үлэлэрин үөрэппиттэрэ, быһата, ымпыктаан-чымпыктаан бэлэмнэммиттэрэ.

1957Лыткина

Охсуу

– Кинилэргэ мэлдьи көмө­лөһөр Былатыан Ойуунускай “кэллэхпинэ, испэктээги булгуччу көрүөм” диэн, Москубаҕа Үрдүкү Сэбиэт сиэссийэтигэр барбыта. Хомойуох иһин, кинини хаайбыттарын тыйаатырга ким даҕаны билбэккэ сылдьыбыта. “Туйаарыма Куо” премьерата 1938 сыллаахха кулун тутарга ситиһиилээхтик ааспыта. Дьон операны көрүөн баҕата дьикти этэ, улахан ”ажиотаж” буолбута, инньэ гынан, испэктээги хаста да көрдөрбүттэрэ. Сүрүн оруоллары Александра Новгородова, Кыыс Кыскыйдааны Екатерина Захарова, Үрүҥ Уоланы Михаил Жирков толорон, көрөөччү биһирэбилин ылыан ылбыттара.

Сотору “Ойуунускай – норуот өстөөҕө” диэн биллэрбиттэрэ, онтон тыйаатырга тутуу-хабыы, доппуруос саҕаламмыта. “Ойуунускайы кытта туох ситимнээҕи барытын алта хонук иһигэр суох гыныҥ!” диэн бирикээс кэлбитэ, испэктээги устан, тыйаатыр Ойуунускай аатын сүгэрин ылларан кэбиспиттэрэ. Тыйаатыр режиссёра В.Местников, худуоһунньук Г.Туралысов хаайыллыбыттара. Жиркову тыыппатахтара эрээри, композитор уонна кини хуора ыгыыга-түүрүүгэ түбэспиттэрэ. Оттон Былатыан Ойуунускай аата өссө да өр кэмҥэ ааттаммакка сылдьыбыта. Бу – улахан охсуу этэ.

29. Сотый ДЖулуруйар. 1943г. Юрюн Уолан Туйарыма и народ

Олоҥхоһуттары истэн

– Дьэ, ити кэмҥэ Марк Николаевич “Дьулуруйар Ньургун Боотур” испэктээккэ ылсыбыта хайдах курдук модун санаалааҕын, дьулуурдааҕын көрдөрөрүй! Саҥа драматическай либретто ааптарынан Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон буолбута. Кини “Оросина кэпсээбит олоҥхотун Пекарскай 1907 сыллаахха суруйбутунан либретто оҥорбутум, ол эрээри атын олоҥхолортон, холобур, Ойуунускай суруйбут “Туйаарыма Куо” либреттотын туһаммытым”, – диэбитэ баар.

Жирков норуот уус-уран тылынан айымньытын сыныйан үөрэппитэ. Саамай ыраах сирдэртэн Дьокуускайга олоҥхоһуттары ыҥыртаан, истиилэри тэрийэллэрэ, тута клавир уонна партитура оҥороллоро. Марк Николаевич кинигэтигэр “Биһиги испэктээги туруорарбытыгар дьиҥнээх олоҥхоһуттары истэн суруйбуппут”, – диэбит. Инньэ гынан, испэктээкил национальнай уратытын сүтэрбэтэҕэ. Эгэлгэ сахалыы мелодикалаах ырыалар аатырар олоҥхоһут Устин Нохсоров тойугуттан суруллубуттара. Бу туруорууга У.Нохсоров Ньургун Боотур оруолун аан маҥнайгы толорооччута буолбута. Марк Жирков бэйэтэ дирижёрдуура, үстүрүмүөҥҥэ оонньуура, хормейстер эмиэ кини этэ. Г.Туралысов эрэпириэссийэҕэ түбэһэн, худуоһунньук Петр Романов декорациялары уонна көстүүмнэри эскизтээбитэ. 1940 сыл кулун тутар 22 күнүгэр премьера буолбута, көрөөччү өрө көтөҕүллэн ылыммыта, ол туһунан оччотооҕу хаһыат ыстатыйалара толору. Бу олоҥхону туруоруу биир бэлиэ түгэнэ буолбута.

Screenshot 20220413 135641 Chrome

Операҕа суол

– Марк Жирков дьиҥнээх операҕа тиийэ кэҥэтэр санаата уоскуйбатаҕа. “Муусука дырааматыгар сүрүн миэстэни тиэкис ылар, операҕа – муусука, тиэкис көмөлөһөр эрэ. Мин саха муусукатын эгэлгэтин: олоҥхоһуттар толорууларын, сахалыы ырыаны, тойугу, оһуокайы – барытын туһана сатаатым”, – диэбитэ баар. Иккис кэҥээбит муусука дыраамата турарыгар күһүн 1940 сыллаахха Москубаттан ананан кэлбит композитордар Полина Розинская уонна Василий Попов, балетмейстер Климов көмөлөспүттэрэ. Туралысов босхолонон, тыйаатырга төннүбүтэ.

Испэктээк Муусука дырааматын тыйаатырын 10 сыллаах үбүлүөйүгэр 1941 сыллаахха тахсыбыта. Барыта 1200 страница муусука суруллубута, 8 антыраак, 5 хуор ырыата, 36 ария, 60 ырыа, 4 дуэт, эр дьон хуора о.д.а. суруллубута, быһата, баһаам элбэх үлэ! Ити саха операта бэйэтин суолун көрдүүр кэмэ этэ. Жирков, Местников, Суорун Омоллоон, Туралысов буолан салгыы үлэлээбиттэрэ. Уларыйыы киирбитэ, саҥа дьоруойдар баар буолбуттара.

9. Программа вторая Джулуруйар декабрь 1940 г

“Ньургун Боотур” – 100 төгүл

– Сэрии сылларыгар испэктээги 100 төгүл көрдөрүү 1943 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр буолбута. Тымныы тыйаатырга көрөөччүлэр биирдии оттук мас аҕалбыттара – оһоххо отторго диэн. Көрүөн баҕалаахтары барытын батарар кыах суоҕа. Жирков көҕүлээн, ити 100-тэ турбут испэктээк хомуйбут үбүттэн “Красная Якутия” тааҥка холуоннатыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн тааҥка тутуутугар анаан харчы ыыппыттара.

Салгыы Марк Николаевич көҕүлээһининэн Муусука тыйаатыр-устуудьуйата тэриллибитэ. Тыйаатыр иһинэн бэйэтэ устуудьуйаламмыта, талааннаах каадырдары салгыы киин куоракка үөрэттэрэ ыыталлара. Марк Николаевич дьиҥнээх национальнай операҕа ылсар баҕата өссө күүһүрбүтэ. Ол инниттэн Москуба композитордарын кытта үлэлиэхтээҕин өйдүүрэ. Ол – туспа сэһэн.

Тактик уонна стратег

ССРС култууратын туйгуна, Муусука үрдүкү оскуолатын дассыана, СӨ уонна РФ Композитордарын сойууһун чилиэнэ Зоя Кириллина М.Н. Жирков операҕа үлэтин туһунан кэпсээниттэн:

– Марк Николаевич тактик эрэ буолбатах, үчүгэй стратег этэ. Кини таһыттан дьайыыта суох, толору идэтийбит композитордар түмсүүтэ суох операны туруорар уустугун өйдүүрэ. Оччолорго да идэтийбит мусукааннар бааллара, ол эрээри кини соҕотох композитор этэ. Дьэ, ол иһин ыраахтан иэҕэн, базатын бэлэмнээбитэ. 1944 сыллаахха, өссө да уоттаах сэрии бара турдаҕына, култуура сайдыытыгар күттүөннэээх үбүлээһин суоҕар, Оҕо муусукаҕа оскуолатын тэрийэри, онтон айар үлэһиттэр биригээдэлэрэ Москубаҕа уопут хомуйа, үөрэнэ барарын ситиспитэ.

М.Н. Жирков: “Атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн хаалан иһэбит. Биһиги улахан формалаах национальнай ис хоһоонноох айымньыны туруорарбыт уолдьаста”, – диэн туруорсубута. “Саха АССР тэриллибитэ 25 сылын көрсө, саҥа айымньылары көрдөрүөхтээхпит”, – диэн, бэл, чопчу кэмин ыйбыта. Ити боппуруоһу Совнар­ком­ҥа, уоба­ластааҕы обкуом мунньа­ҕар көтөҕөн, Москубаҕа биригээдэ (эспэдииссийэ) аттаммыта, састаабыгар В.Местников, Д.К. Сивцев – драматург, Винокуров, Избеков – олоҥхоһут, С.А.Зверев бааллара.

МЖирков с Ньргун Ботурцами

Эспэдииссийэ – Москубаҕа

– Биригээдэ 1944 сыл сэтинньитигэр тиийэн Москубаҕа 1945 сыл тохсунньутугар диэри күүстээх үлэ барбыта. Бары тус эппиэтинэстээх этилэр. Марк Жирков муусука айымньыларын тупсарыахтааҕа, сахалыы ырыаны, үҥкүүнү муусукаҕа түһэрэн, элбэх айымньыны оҥорон таһаарыахтааҕа. Биригээдэ үлэтигэр атын исписэлиистэр, композитордар кыттыспыттара. Барыта 200 кэриҥэ айымньы айыллыбыта. М.Н. Жирков күн аайы кэриэтэ араас композитордар, эспиэрдэр, искусствоведтар кыттыһалларын ситиһэрэ, муусука, норуот үҥкүүтүн тыйаатырдарын кытта кэпсэтиилэри ыытара, дуогабардаһара, билим институттарын кытта сибээстэһэрэ.

Аны сиппит айымньыларга отчуоту тутара, онтун иһин харчы ааҕан биэрэрэ, бүппүт айымньылар истиилэрин тэрийэрэ. Үпкэ-харчыга эппиэттээх буолан, харчы кини аатыгар кэлэрэ, сууккаҕа туттуллар харчыны, суруйааччыларга, мусукааннарга гонорар ааҕара, онтон нолуогу ааҕан-суоттаан тутара. Бэйэтэ “нолуок көҕүрэтиитигэр ордук ыарырҕатабын” диэн суруйар эбит. “Барыта 678 тыһ. солкуобай уопсай үптэн 99 тыһыынча солк. нолуогу туттум”, – диэн суруйан хаалларбыта баар.

Биһиги дьолбутугар төрөөбүт

Аиза Решетникова, Муусука уонна фольклор түмэлин төрүттээччитэ уонна дириэктэрэ, СӨ норуодунай артыыската, ускуустуба хандьыдаата:

– М.Н. Жиркову кыра сылдьан тыйаатырга көрдөхпүнэ, туох ааттаах улахан киһитэй диэн, аһара куттанар этим. Өссө миигин көтөҕөн ылан өрө быраҕара. Мин үөһэттэн аллараны көрүмээри, харахпын быһа симэрим. Оччолорго 3-5 эҥин саастаах буолуом.

Марк Жирков ханна-ханна үлэлээбэтэҕэй! Норуот комиссариатын боломуочунайынан, реввоенсовет ыстаабыгар, буҕаалтырынан – ол барыта саха оператын туруорарыгар туһалаабыта. Бэртээхэй суруксут этэ, симфоническай аркыастыр тэриллиитигэр үбүлээһини көрдүүр суругуттан киһи сөҕөр. Кини онно муусуканы кытта сибээстээх тэрилтэлэр, холобур, киинэ тыйаатырын мусукааннарын ыстаатын ыйар уонна үбүлээһинин биһиэхэ биэриҥ, ол “син биир муусука туһугар” диир. Олус ылыннарыылаахтык туруорсар буолан, салайааччылары итэҕэтэрэ, “бу кыаллар эбит” диэн сөбүлэһэллэрэ.

Үлэтигэр мэлдьи даҕаны уустугу көрсөрө. Холобур, дьаныһан туран, 29 киһилээх хуор тэрийбитэ. Ол кэннэ Ойуунускай хаайыллан хаалбыта. Атын киһи эбитэ буоллар, саллан, хуорун ыһан кэбиһиэ этэ. Ону суох, хуору аатын уларытарга, өссө күүһүрдэргэ этии киллэрбитэ. “Саха судаарыстыбаннай хуора” диэн ааттанан, хуор ыстаатыһа үрдээбитэ, хамнастарын үрдэтэри туруорсубута. М.Н. Жирков уустуктары итинник туораан иһэрэ. Сүрдээх даҕаны киһи кэлэн, биһиги дьолбутугар айан-тутан хаалбыт эбит! Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуровка махтаныах кэриҥнээхпит, аатын үйэтитэ сылдьарыгар ахсаабат көмөтүн, дьулуурун иһин. В.И. Санников түмэл тэрийбитэ эмиэ олус үөрүүлээх.

1957 сыл: өрөгөй туоһулара

Оҕо муусука оскуолатыттан

СӨ норуодунай артыыската, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха сиригэр бастакы арфистка Лидия Новгородова Хамаҕаттаҕа детдомҥа сырыттаҕына, дьоҕурдаах кыысчааны 1949 сыллаахха Оҕо муусукаҕа оскуо­латыгар ыҥырбыттар. Онтон 1950 сыллаахха уон оҕону Ленинградка Римскэй-Корсаков аатынан Киин муусука оскуолатыгар ылбыттар.

– Онно 7 сыл үөрэммитим, тулаайах буолан, кэлэр-барар кыаҕым суоҕа. Сороҕор дойдубун ахтан, суорҕан анныгар кистээн ытыырым. 1957 сыл биһигини Москубаҕа ыытыллар Саха култууратын, ускуустубатын күннэригэр ыҥырдылар, онно учууталларбытын кытта кэллибит. Наар “Ньургун Боотур” эрэпэтииссийэтигэр сылдьарбыт. 7 сыл тухары саха тылын умна быһыытыйан, ону истэн, дойдубутугар сылдьар курдук сананныбыт. Көрдөөх да түгэннэр бааллара, биирдэ Сорук Боллур эмискэ баҕайы сүүрэн киирэн, тылын умнан кэбистэ. Биири хатылыы-хатылыы турар. Арай, хуордар сипсий да сипсий буолаллар, күлэн уҥа сыталлар.

Колоннай саалаҕа буолбут кэнсиэргэ миигин кытта үөрэнэр Марк Слепцов уонна Мария Иванова дуэт толорбуттара, мин бастаан сыанаҕа арфаҕа соло толорбутум, Глазунов “Раймондатын”. Туох таҥас кэлиэй, үөрэнэр пуормабынан тахсыбытым. Саамай үчүгэйэ, харчы биэрбиттэрэ, ол харчынан дойдубутугар 7 сыл кэнниттэн кэлэ сылдьыбыппыт. Оо, үөрбүппүтүөн, бэл, долгуйаммыт, ытаспыппыт!

1965 сыллаахха консерваторияны бүтэрэн, арфа тутуурдаах дойдубар кэлбитим. Тыйаатыр ырыаһыттарын да кытта, бэйэм да элбэх нүөмэри туруорбуппут. Кэлин оҕолору үөрэтэр буолбутум. Арфаҕа оонньуур талааннаах оҕолор, Гран-при, араас куонкурус лауреаттара таҕыстылар. Уһук Илин, Сибиир тыйаатырдарыгар, филармонияларыгар арфистар наадалар, ону биһиги эрэ бэлэмнии олоробут. Ол барыта ыраах 50-с сыллартан, муусуканы бэйэ каадырынан хааччыйыы туһунан толкуйтан, ону олоххо киллэрииттэн силис тардар. Ол идиэйэ хамнатааччыта Марк Николаевич Жирков этэ.

Хрущев, Суслов, Косыгин бааллара

СӨ норуодунай артыыс­ката, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Өргүөт нэһи­лиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Муусука үрдүкү оскуолатын дассыана Мария Николаева:

– Муусука училищетыгар 1955 сыллаахха киирэн, 3 кууруска сырыттахпына, “Москубаҕа Ускуустуба, култуура күннэрэ ыытыллаллар, онно эһигиттэн эмиэ талар буоллулар” диэтилэр. Хуордартан, ырыаһыттартан таллылар. Талыллыбыт дьон тыйаатырга үлэһит курдук киирэн үлэлээн бардыбыт. Истипиэндийэ таһынан өссө хамнас ыларбыт. Москуба диэни көрбөтөх дьон долгуйуу бөҕөбүт. Эрэпэтииссийэ быыһыгар кэмнии-кэмниилэр таҥас тикпиттэрэ. Оччотооҕу таҥас билиҥҥи курдук буолбатах, тигиитэ даҕаны мөлтөх соҕус этэ. Этэрбэспит өрбөх, ону быысыбайдаабыттара. Онтон Новосибирскайынан Москубаҕа диэри айаннаабыппыт. Москубаҕа олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ.

Икки испэктээги көрдөр­бүппүт, ол кэнниттэн “Якутская праздничная оратория” буолбута, ол барыта олус чаҕылхай этэ. Оратория кэнниттэн бырабыыталыстыба улахан салайааччылара тахсан эҕэрдэлээбиттэрэ. Хрущев бэйэтинэн, Култуура министиэристибэтиттэн Зуева диэн эмээхсин, ол кэннэ Ворошилов, Суслов, өссө Косыгин бааллара. Чахчы, өрө көтөҕүллүү, үөрүү-көтүү бөҕөтө этэ.

Киэн туттуу санаата

Анна Прокопьевна Алексеева, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, култуура бэтэрээнэ:

– 1957 сыллаахха мин Москубаҕа култуура институтун бибилэтиэкэ хайысхатынан үөрэнэ сылдьарым. Ол кыһын арай Саха бэрэстэбиитэлистибэтиттэн “ахсынньыга Саха сирин ускуустубатын күннэрэ буолаллар, устудьуоннар, кыттыстаххытына сатанар” диэн илдьиттээтилэр. “Ньургун Боотур” опера хуоругар кыттыаххыт, эрэпэтииссийэҕэ кэлэҕит” диэн күн болдьоотулар, сүүһүнэн устудьуонтан талан ыллылар. Эрэпэтииссийэҕэ үөрүүнэн сылдьарбыт, тоҕо диэтэххэ, бырайыаска 1 солк. 14 харчыны биэрэллэрэ. Ол биһиэхэ, дьадаҥы устудьуоннарга, баһаам. Болдьоммут күнүгэр барыбытыгар солко курдук таҥастан маҥан былаачыйа, кылгас баттахтаахтарга парик биэрдилэр. Сыанаттан уоран көрдөхпүтүнэ, биллиилээх дьон бөҕөтө кэлбит. Улахан артыыстар да, суруйааччылар да бааллар, Хрущев кэлбит дииллэр. Опера саҕаланна, сүрүн оруолу Анастасия Лыткина толоруохтааҕын, күөмэйэ ыалдьан, Анна Егорова ыллаабыта. Түмүк хуорга биһигини туруорбуттара. Испэктээк сүрдээх ситиһилээхтик барбыта. Өр да өр ытыс таһыммыттарын, бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн ылыммыттарын санаатахпына, ол киэн туттуу санаата тиллэргэ дылы…

* * *

Бырайыагы тэрийэн ыыппыт сүрүн бибилэтиэкэр Сардана Алексеева, кэмпириэнсийэни түмүктээн, М.Н. Жирковка анаммыт презентацияны билиһиннэрдэ, композитор туһунан кинигэлэри көрдөрөн, кэпсээтэ, кини айымньыларын саха артыыстара толорбут быластыынкаларын мунньубуттарын кэлэн истэргэ ыҥырда. Сыл бүтүөр диэри, бу операҕа анаммыт өссө икки кэмпириэнсийэ буолуохтаах. Ити курдук Саха сирин уһулуччулаах уола Марк Жирков муусуката, айымньылара саҥаттан саҥа көлүөнэни угуйа, тарда туруохтара.

Марк Жирков аатын үйэтитии

Лира Габышева:

– “Ньургун Боотур”– саха оператын өрөгөйө – буолбута, саха муусукатын аан дойду таһымыгар таһаарбыта. Ол эрээри аан бастаан Москубаҕа турбут “Ньургун Боотур” хаһан даҕаны хатыламматаҕа, “дэкээдэ туруоруутун” быһыытынан дьон өйдөбүлүгэр, тылга-номоххо эрэ хаалбыта. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго төрөөбүт сыанатыгар туруорар курдук, каадыр даҕаны, база даҕаны суоҕа. Кэлин, дьэ, хаста даҕаны тура сылдьыбыта, бүтэһигин 2006 сыллаахха Прокопий Неустроев туруорбута. Онтон ыла “Ньургун Боотур” төрөөбүт сыанатыгар турбатаҕа хас эмэ сезон буолла.

Бүгүн Саха операта профессиональнай өттүнэн сайынна, атаҕар турда, хайа баҕарар ирдэбилгэ эппиэттиир кыахтанна. Арктика тыйыс усулуобуйатыгар маннык тыйаатырдаахпыт бэйэтэ ураты көстүү. Ол барыта М.Жирков көҕүлээһиниттэн саҕаламмыта. “Ньургун Боотур” бүгүн соҕотох национальнай олоҥхо-опера. “Марк Жирков сыралаах үлэтин өйдөөн уонна сыаналаан, кини аатын бииргэ үлэлээбит үөлэннээҕэ Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон аатын сэргэ Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар иҥэрэр уолдьаста” диэн санаа сотору-сотору иһиллэр. Дьиҥинэн, бу этии бырабыыталыстыба таһымнаах докумуонунан бигэргэнэр. Бу уураах тоҕо туолбатаҕа ыйытыы быһыытынан хаалар.

Ол курдук, 434№-дээх 1971 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи Саха АССР Совминын уурааҕын 1 пуунугар “Миниистирдэр Сэбиэттэриттэн Муусука тыйаатырыгар бастакы саха профессиональнай композитора, Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Марк Николаевич Жирков аатын иҥэрэргэ” диэн этиллэр.

Опера уонна балет тыйаатырыгар – Марк Жирков аатын

Култуура үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Гаврил Местников:

– Автономия – 100, Марк Николаевич төрөөбүтэ – 130, опера Москубаҕа туруоруллубута 65 сылыгар Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар Марк Жирков аатын иҥэрэр туһунан уопсастыбаннас туруорсуутун тиэрдэбин. Биһиги Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуровы кытта көрсөн кэпсэтэрбитигэр көрдөһүүнү бэлэмнээн, Бүлүү улууһун уопсастыбаннаһын уонна култуура, ускуустуба үлэһиттэрин аатыттан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар киллэрэргэ диэбиппит. Ол – биһиги улуу киһибитигэр махталбыт туоһута буолуоҕа.

Владимир Ксенофонтов, композитор:

– Биһиги 1991 сылтан бу туһунан кэпсэтэбит да, тоҕо эрэ дьыала сыҕарыйбат. Бу боппуруоһу быһаартарар уолдьаста. Муусука тэрилтэлэрин, үөрэх кыһаларын тэрийбит, композитор, каадыры бэлэмнээһини олохтообут сүдү киһибит аатын дьоһуннук үйэтитэр наада.

“Сыгый Кырынаастыыр” – бүлүүлэр махталлара

Бүлүүттэн Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Тамара Николаевна Семёнова:

– М.Н. Жирков үбүлүөйүн көрсө кини төрөөбүт куоратыгар – Бүлүүгэ “Сыгый Кырынаастыыр” опера-олоҥхо турбута бүлүүлэр биир туспа чаҕылхай бырайыактара буолла. Уус-уран самодеятельность артыыстара, норуодунай хуор солистара кытыннылар, кинилэри Саха норуодунай үстүрүмүөннэрин аркыастыра доҕуһуоллаата. Итинник норуот матырыйаалыгар оҥоһуллубут испэктээкиллэр кылаассыканы киэҥ эйгэҕэ таһаарар. “Сыгый Кырынаастыыр” композитор төрөөбүт дойдутугар турбута – улахан сабыытыйа.

Нина Герасимова бэлэмнээтэ.

Поделитесь этой страницей