Айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр эриэккэс талаан
РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха норуотун фольклорун, олоҥхотун, оһуокайын уһулуччулаахтык толорбут, киэҥник сырдаппыт, ыччаты сахалыы кылыһахтаах ырыаҕа-тойукка ахсаабакка уһуйбут учуутал, алгысчыт Гаврил Гавриилович Колесов бу ыйга төрөөбүтэ 90 сылын туолла.
Драма артыыһын, конферансье, сахалыы кылыһахтаах ырыаны-тойугу уһулуччулаахтык толорооччу уонна уһуйааччы быһыытынан норуот бүттүүнэ билинэр урааҥхай саха омук ньургуна, киэн туттуута Гаврил Колесов, чахчы, хатыламмат чаҕылхай талаана үйэлэргэ умнуллубат аналлаах.
Убайа сирдээн
Өрөспүүбүлүкэҕэ култуура, бэчээт сайдыыларыгар биллэр-көстөр кылааттарын киллэрсибит Лука уонна Гаврил Колесовтар мин күн-күбэй ийэм Ефросинья Гаврильевна Колесова (Попова) бииргэ төрөөбүт бырааттара, онон таайдарым буолаллар.
Улахан таайым Лука Гавриилович Колесов бииргэ төрөөбүт быраата Гаврил, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба көрөн, олох киэҥ аартыгар сирдээн киллэрбитин — саха норуотугар оҥорбут биир сүҥкэн үтүөтүнэн-өҥөтүнэн ааҕабын. Ол курдук, 1941‒1951 сс. Дьокуускайга араадьыйа кэмитиэтигэр дииктэринэн үлэлии сылдьыбыт Егор Васильевич Попов-Сахатаай өй уган, педучилище устудьуона Лука 18 саастаах быраатын Ганяны, илиититтэн сиэтэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа кэмитиэтин салайааччыта Гаврил Васильевич Тихоновка, оркестр хорун дирижера Галина Михайловна Кривошапкоҕа илдьэн билиһиннэрбит. Ити 1950 сыллаахха. Оннук көрсүһүннэрэн, Гаврилы хорга үөрэнээччи ырыаһытынан ылалларын ситиспит.
- Лука Гавриилович Колесов, Нина Павловна Колесова, Галина Михайловна Кривошапко
Оччолорго олоҥхо, сахалыы ырыа-тойук эргэ олох хаалынньаҥа, көстүүтэ диэн умнулла, көйгөтүллэ сылдьар кэмэ этэ. Норуот өстөөҕүнэн ааҕылла сылдьыбыт Былатыан Ойуунускай сырдык аата чөлүгэр түһэриллэн барбытынан, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэллэр, суруналыыстар Николай Алексеевич Кондаков, Сергей Степанович Васильев, таайбын таба көрөннөр, «Эрчимэн Бэргэн», «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолортон быһа тардыылары араадьыйаҕа толороругар көрдөспүттэр.
Дьэ, итинтэн саҕалаан, Гаврил Колесов 40-ча сыллар усталарыгар ырыаһыт, драма артыыһа, кэлин сахалыы ырыаны-тойугу, олоҥхону бүтүн аан дойду түһүлгэтигэр күлүмүрдэтэ өрөгөйдөппүт суруйааччы, уһуйааччы буола тыллан-хабыллан тахсыбыта.
Олоҥхону саҥардыбыта
1950 сылтан Дьокуускайдааҕы араадьыйа кэмитиэтигэр хор ырыаһыта, 1955 сылтан драма тыйаатырын артыыһа араадьыйанан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону 1955‒1956 сс. ыллаан-туойан, норуот биһирэбилин ылбыта.
1968 сыллаахха Ленинград куоракка «Мелодия» устуудьуйаҕа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону грампластинкаҕа суруйтаран, кэнэҕэһин 2006 сыллаахха саха норуотун эпоһа ЮНЕСКО-нан киһи аймах тылынан уонна култуура матырыйаалынайа суох нэһилиэстибэтин аан дойдутааҕы чулуу айымньытынан билиниллибитигэр быһаччы үтүөтэ-өҥөтө мэлдьэһиллибэт.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1990 с. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүт суруналыыс Николай Кондаков «Кыым» хаһыакка 1971 с. олунньу 12 күнүгэр «Дьоһуннаахтык «Ноо!» диэххэйиҥ» диэн ыстатыйатыгар суруйан турардаах:
«Саха норуота дьоһуннаах бэлэҕи тутта. «Ньургун Боотур» киһилии кэпсээтэ, сахалыы саҥарда. Олоҥхо ‒ норуот тылынан айымньыта. Ол тылынан толорулуннаҕына, кулгааҕынан иһилиннэҕинэ эрэ, киһи дууһатыгар тиийэр. Онон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо тойуктара, П.А.Ойуунускай айымньыларын томнарыгар киллэриллэн, саҥата суох көмүс кылаат буолан сыппыт буоллахтарына, билигин, дьэ, саҥаран-иҥэрэн, тылланан-өстөнөн , ыллаан-туойан кэллилэр. Бар дьону үөртүлэр. Билигин норуоппут олоҥхо курдук улуу айымньылааҕын истибэтэх итэҕэйдэ, билбэтэх биллэ. Гаврил Колесов өссө да элбэҕи эрэннэрэр ырыаһыт, артыыс, ону ааһан суруйааччы. Ол гынан баран, кини сыччах «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» эрэ толорбута да буоллар, онтон ураты тугу да айбатаҕа да буоллар, аата хойутун-хойут төрөөбүт норуотугар син биир ааттана туруо этэ. Аны билигин олоҥхо тойугун, толоруллуутун үтүктээччилэр, ону билинээччилэр да, көҕүһэ-көҕүһэ, куоталаһа-куоталаһа тыыллан-хабыллан үүнэн иһиэхтэрэ диэн эрэниэххэ сөп».
Итинник хабааннаах үрдүк сыанабылы фольклору үөрэтэр элбэх учуонайдар, ускуустубаны чинчийээччилэр, суруйааччылар биэрбиттэрэ, кэнэҕэһин биэриэхтэрэ да турдаҕа.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олоҥхону киэҥник тарҕатыыга үлэлэһэ сылдьар ытыктыыр биир дойдулаахтарбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр толорооччулар Петр Максимович Тихонов, Аркадий Михайлович Захаров уо.д.а: “Гаврил Колесов грампластинкатыттан «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» истэммит, олоҥхону сэргиир, сэҥээрэр, бэйэбит эмиэ онно холонор буолан барбыппыт”, — диэн мэлдьитин ахталлар.
Олоҥхону толоруу куонкурустарыгар хас да төгүл муҥутуур кыайыылаах, лауреат үрдүк аатын сүкпүт, Лоомтукаттан төрүттээх, 33 саастаах эдэр толорооччу Виталий Никифоров араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн биэриилэргэ, олоҥхону сэҥээрээччилэри кытта көрсүһүүлэргэ Гаврил Гаврильевиһы улуу олоҥхоһут диэн ааттыыр, ытыктыыр, сүгүрүйэр. Талааннаах эдэр олоҥхоһут илэ бэйэтинэн ыччаты көҕүтэ, ыллыы-туойа сылдьара, кырдьык даҕаны, астык. Билиҥҥи кырдьаҕас да, эдэр да олоҥхоһуттарбытыгар биһиги: «Ноо!» ‒ диэн сэҥээрэн, көҕүтэн, тэптэрэн биэриэҕиҥ, доҕоттоор!
«Оҕо ‒ үтүктээйи», ‒ дэһэллэрэ былыр-былыргыттан. Дьыссааттарга, оскуолаларга, үөрэх орто уонна үрдүкү кыһаларыгар ыччаттарбытыгар Гаврил Колесов толорбут, компакт-диискэлэргэ үйэтитиллибит «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун чаастатык иһитиннэрэ сылдьаллара буоллар, биир көдьүүстээх дьаһалынан буолуох этэ.
- Кэргэнэ Нина Павловналыын
Түөрт аҕыраабат абылаҥа
Гаврил Колесов 1957 с. «Стауд» диэн уочаркатынан, 1960 с. «Сэриигэ кыайбыт генерал» курдук кэпсээнинэн литературнай куонкурустарга кыттан, үһүс уонна бастакы миэстэлэргэ тиксибит. Кини «Олоҕум ‒ иннибэр», «Саллаат санаата» кэпсээннэри, «Тымныы саас» сэһэни, «Кэлэн ааспыт кэмнэр кэрдиистэрэ», «Доҕордоһуу туонатыгар» эссе-сэһэннэри суруйбута. Ити айымньылара ааҕааччылар сэҥээриилэрин, биһирэбиллэрин ылбыттара. Ол да иһин буоллаҕа, 1982 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн ылыллыбыта.
Бу айымньыларга Гаврил Гаврильевич бэйэтин тус олоҕо, айар үлэтэ-хамнаһа ырылхайдык көстөн кэлэр.
«Кэлэн ааспыт кэмнэр кэрдиистэрэ» диэн тус бэйэтин олоҕун туһунан суруйбут эссе- сэһэнин үһүс түһүмэҕэр, «Үс аҕыраабыт абылаҥнарым» диэн кинигэтигэр, ырыаһыт, драма артыыһа, суруйааччы буолуутун бастакы, иккис, үһүс абылаҥнарынан, кэлин сахалыы ырыанан-тойугунан, олоҥхонон ыччаты уу сахалыы тыыҥҥа иитэр уһуйааччы буолуутун төрдүс абылаҥынан ааҕыммыта. Бэйэтэ этэринэн: «Санаабынан саантыыбын, сүрэхпинэн сөбүлүүбүн, эппинэн-хааммынан илистэ иэйэр-куойар курдукпун…» ‒ диэн.
Кэриэс-хомуруос этиитин толорон
“1941-1942 сс. сатыылаабыт сут-кураан содулуттан Өргөннөөххө 32 ыалтан 50-тан тахса киһи өлбүтүттэн дьаарханнаҕа буолуо, эн аҕаҥ Арамаан Ньукулаайабыс оччолорго Табаҕаҕа сельпо бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлии сылдьан, аҕабыттан уонна ийэбиттэн көҥүллэтэн, Луканы, Ганяны уонна бииргэ төрөөбүт убайын кэргэнэ Татыйааһы, оҕолорун Өрүүнэни, Дьөгүөрү, Килимиэнтийи 1942 сыллаахха Табаҕаҕа көһөртөөбүт. Оттон 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэни тутаат, кэргэнигэр Ефросиньяҕа уонна убайын кэргэнэ Татыйааска туһаайан: “Дойдугутугар Өргөннөөххө көһүҥ, аймах-билэ дьоҥҥут кэм өйүөхтэрэ, көмөлөһүөхтэрэ, «ойуурдаах куобах охтубат баҕайыта», — диэбит үһү”, ‒ диэн кэпсиир-ахтар буолара таайым, саха суруналыыстыкатын аксакала, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Лука Колесов.
“Аҕам Хабырыыс оччолорго 53 саастааҕа. Кини кыыһын, биһиги бииргэ төрөөбүт эдьиийбит, эһиги күн-күбэй ийэҕит Ефросинья үс уолаттарын, ытыһын үрдүгэр түһэрэн, бэркэ диэн харыһыйан бүөбэйдээбитинэн барбыта. Мин оччолорго 14, быраатым 10 саастаах этибит. Эһиги аҕаҕыт бэркэ уйадыйан, миэхэ туһаайан эппитэ: «Мин сэриигэ бардым. Эдьиийгитигэр көмөлөһө сылдьаарыҥ. Ити уолаттарбын Бүөтүрү, Бииктэри, Дьууруйу үөрэхтээх дьон оҥорторо сатыыргыт буоллар дуу». Күтүөппүт ити кэриэс-хомуруос этиитин быраатым, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буола үүммүт Гаврил Колесов буоламмыт толоро сатаатыбыт”.
Ити курдук, ийэм үс оҕотун кытта 1943 с. атырдьах ыйыттан Табаҕаттан Баатара Өргөннөөҕөр эһэм аахха көһөн күккэрээн тиийбит үһү. Лука Табаҕанан, Сыымаҕынан, Дьокуускайынан, убайым Бүөтүр Сыымаҕынан, Төҥүлүнэн, Дьокуускайынан үөрэммиттэрэ. Быраатым Юрий Хаптаҕайга оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ. Оттон мин эһэбин уонна эдьиийим Александраны, таайым Ганяны кытта эҥэрдэһэн, Өргөннөөххө 1950 с. диэри олорон үөрэммитим. Дьонум «Сталинец» холкуоска сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри көмүс көлөһүннэрин тоҕон үлэлээбиттэрэ. Эһэм, эдьиийим уонна таайым Лука «Үлэҕэ килбиэннэрин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.
Холкуостаах эһэм Гаврил Михайлович барахсан оччолорго туох баайдаах-дуоллаах буолаахтыай? Ол да буоллар, биһиги бэйэбитин ыаллар оҕолоруттан итэҕэс санаммат этибит. Эһэбит түһэҕэр көтөҕөн олорон, төбөбүтүттэн сыллаан ыла-ыла, Соломуон Муударай, Биэс ынахтаах Бэйэбэрикээн эмээхсин, Ат Бөҕө, Кус Быһый бухатыырдар тустарынан кэпсиир, аргыый аҕайдык тойуктуур, олоҥхолуур буолара.
Оннук итэҕэтиилээхтик оонньууллара
1950 с. диэри Өргөннөөххө олорбут, үлэлээбит сылларыгар Ганя устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах олоҥхоһуттары, оһуокайдьыттары, тойуксуттары батыһа сылдьан истэр, бэйэтэ кинилэри үтүктэн хоһуйар-туойар, оһуокай таһаарар үөрүйэхтэммитэ.
Биир дойдулааҕа, чугас аймаҕа Семен Терентьевич Мучин Москубаҕа быластыыҥкаҕа уһултарбыт «Куоска олоҥхото» диэнин. Амма биллиилээх олоҥхоһута Устин Нохсоороп ырыатын-тойугун тылыттан тылыгар түһэрэн толорор, оһуокай таһаарар этэ. Гаврилы, 16-18 саастаах эдэркээн уолу, Өргөннөөҕөр кулууп сэбиэдиссэйинэн анаабыттара.
Оччолорго, билиҥҥи курдук, электрическэй уот, тэлэбиисэр, киинэ, араадьыйа суох кэмнэригэр, олохтоохторго собус-соҕотох сынньанар, кэпсэтэр-ипсэтэр кииннэринэн кулууп буолара. Ганя кулуупка сотору-сотору Семен Мучин, Гурий Шергин, Егор Захаров‒-Оһумуой, Михаил, Василий Тастыгиннар, Римма Попова, Гаврил Попов-Сыкка, Мария Осипова курдук ыччаттары түмэн, саха классик суруйааччыларын айымньыларынан «Айаал», «Тиэтэйбит», «Күкүр Уус», «Кыһыл Ойуун», «Лоокуут уонна Ньургуһун», «Дьадаҥы Дьаакып», «Ини-бии» о.д.а драмалары, пьесалары туруоран биһирэппитэ.
Арай биирдэ Арыылаах алааһыгар кыстаан олордохпутуна, Ганя аймахпыт Варвара Николаевна Колесова кыыһын Таанньаны уонна миигин бойбоччу таҥыннаран баран, сыарҕалаах атынан Өргөннөөх кулуубугар аҕалла. Сэбиэдиссэй аймахтара буоламмыт, инники эрээккэ олорон, «Күкүр Ууһу» көрө олордубут. Күкүр Уус оруолун толорон, Ганя уус кыһатыгар тугу эрэ уһанар-чапчыйар, тойук туойар. Ол олордоҕуна, саалаах-саадахтаах, синиэллээх Гаврил Попов-Сыкка байыаннайдыы хааман дьирэлдьийэн кэлэн, муор-туор таҥастаах Ганяны саҕатыттан харбаан ылла да, сыанаттан соспутунан барда. Аттыбар олорор Таанньа ойон тураат, бокуойа суох сыана диэки тарбачыста. «Таайбын илдьэ барда, өлөрдө», ‒ диэн кыламмахтаата, ытаахтаата ахан. Көрөн олорор өмүрэх эмээхситтэр тура ойуоккаластылар, быһата, айдаан-араллаан бөҕөтө буолла. Көр, дьоммут оннук итэҕэтиилээхтик оруолларын толорор буолаллара. Ити түбэлтэни ыал ийэтэ буолан олорор саҥаспытыгар Татьяна Егоровнаҕа кэлин аҕыннахха-санаттахха этэр буолара: «Оҕо эрдэхпинэ итинтэн сылтаан, кырдьык, Сыккаҕа өргө диэри өстүйэ сылдьыбытым баара».
Уруһуйдуур дьоҕурдааҕа
Ганя кулууп сыанатын кэтэҕэр биллиилээх худуоһунньук Исаак Левитан «Кыһыл көмүс күһүн» («Золотая осень») хартыынатын үүт-үкчү гына үрүҥ таҥаска маслянай кыраасканан уруһуйдаабыта 1960-с сылларга диэри бэрт кичэллээхтик хараллан сылдьыбыта. Харандааһынан, маслянай кыраасканан кумааҕыга, таҥаска уруһуйдуура. Сэрии кэнниттэн Өргөннөөх олохтоохторун сэбэрэлэрин уруһуйдаан хаалларбыта билигин ыччаттарыгар сыа-сым курдук тутуллан харалла сылдьарын билэбит. Хаартыскаҕа бэркэ түһэрэрэ. Тимиринэн, маһынан эмиэ уһанара. Чөл олоҕу тутуһан, куһаҕан дьаллыктарга ылларбатаҕа. Сааһыран баран, остуол тиэнниһинэн, дуобатынан үлүһүйбүтэ. Өргөннөөххө сыл ахсын кэриэтэ тахсара, оҕо сааһын доҕотторун, кырдьаҕастары кытта көрсөрө, сэһэргэһэрэ, бултуура, сир астыыра.
Таайдарым барахсаттар
Аҕыйах сыллааҕыта олох субу аттыбытыгар үлэлии-хамсыы, үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэ сыдьыбыт чугас дьоммут, норуот билиниитин, ытыктабылын сүкпүт ытык таайдарым тустарынан ахтыы суруйар, барытын ааспыт кэмҥэ туттан «этэ» диир олус хомолтолоох, абалаах да буоллаҕа. Күн сиригэр букатыннаахтык кэлбит киһи суох эрээри, кинилэр үтүө ааттара дьоһун олохторунан, оҥорбут үтүөлэринэн, киллэрбит кылааттарынан үйэлэргэ умнуллуо, симэлийиэ суоҕа диэн бүк эрэллээхпин.
Улахан таайым Лука Гавриилович кэргэнэ учуутал идэлээх Мария Даниловналыын икки оҕолоро үрдүк үөрэхтээх дьон буолбуттара. Кыыстара Галина Лукинична устуоруйа учуутала, хомсомуолга, уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ салайааччынан, Бэчээт дьиэтигэр бибилэтиэкэринэн үлэлээбитэ, СӨ култууратын туйгуна. Уоллара Александр тутааччы-инженер, Арассыыйа Бочуоттаах тутааччыта, Арассыыйа Федерациятын тутуутугар эспиэр этэ.
Кыра таайым Гаврил Гаврильевич бүттүүн дьиэ кэргэнинэн ускуустуба эйгэтин үлэһиттэрэ. Олоҕун аргыһа Нина Павловна Дьокуускайдааҕы хореографическай училищены бүтэрэн баран, тыйаатырга балеринанан үлэлээбитэ. Оҕолоро үһүөн бары Римскэй-Корсаков аатынан Ленинградтааҕы консерваторияны үөрэнэн бүтэрбит мусукааннар.
Кыыстара Оксана Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырын оркестрыгар скрипкаҕа оонньуур, СӨ үтүөлээх артыыһа. Улахан уоллара Владимир дирижер идэлээх, билигин Муусука үрдүкү оскуолатыгар преподавателинэн үлэлиир. Кыра уол Константин үрэр үстүрүмүөннэргэ оонньуур, Карелияҕа Петрозаводскай куоракка олорор, муусука оскуолатыгар кафедра сэбиэдиссэйэ, байыаннай оркестрга доҕуһуоллуур. Колесовтар удьуордарын билигин сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар.
Таайдарым барахсаттар күтүөттэрин, биһиги аҕабыт Роман Попов кэриэс-хомуруос этиитин сүрэхтэринэн-быардарынан ылынан, ону чиэстээхтик толорбуттара: улахан уол Петр Романович Дьокуускайга муусука училищетын бүтэрэн, Майаҕа, Лоомтукаҕа оркестр тэрийбит мусукаан-педагог, Хаҥалас улууһун I Дьөппөнүгэр сэбиэскэй-партийнай салайар үлэҕэ үлэлээбитэ, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, 4 оҕолоох, кыра уол Юрий Романович Хабаровскайга, Дьокуускайга орто үөрэхтэргэ үөрэнэн, Хаҥалас Өктөмүгэр Чапаевка өр сылларга киинэ мэхээньигинэн үлэлээбитэ, нэһилиэк Бочуоттаах гражданина, 3 оҕолоох, орто уол мин, Виктор Романович, бэчээккэ олохпун анаан, төрөөбүт оройуонум хаһыатыгар үлэлээбитим, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолабын, 2 оҕолоохпун.
Виктор ПОПОВ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
суруналыыс.