Эдэр дьону олоҥхоҕо уһуйан
Бу күннэргэ С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан норуот айымньытын киинигэр СӨ Олоҥхо тыйаатырыттан Саха сирин биир бастыҥ олоҥхону толорооччута, тыйаатырга уһуйааччы маастарынан үлэлиир, СӨ үтүөлээх учуутала Никандр Тимофеев олоҥхону толорорго холонон көрөр дьоҥҥо бэйэтин маастар-кылааһын ыытта.
Тоҕоостоох түгэн көстүбүччэ, Никандр Прокопьевичтан олоҥхону нэһилиэнньэҕэ хайдах гынан тириэрдэн, маассабай култуура биир сүрүн көстүүтэ буоларын ситиһэбит, хайдах сайыннарабыт диэн ыйыттым.
Билигин олоҥхону сайыннарабыт диэн үгүс кэпсэтии барар. Онтулара араас өрүттээх. Кинигэ да тахсар, араас таһымҥа ырытыы барар, оскуола оҕолоругар олоҥхо туһунан кэпсииллэр, худуоһунньуктар олоҥхо сюжетыттан ылан уруһуйдууллар. Өссө араас сэминээрдэр сотору-сотору буолаллар уонна аан дойдуга таһаарабыт диэн буолар. Ити курдук араас өрүттээх үлэ барар. Ол гынан баран, мин өйдүүрбүнэн олоҥхо саамай дьиҥнээхтик сайдыыта биһиги билиҥҥи көлүөнэ дьону олоҥхолуурга чахчы үчүгэйдик тэрийэн, салайан туруордахпытына, элбэх былыргы олоҥхоһуттар үгэстэрин тутуһан олоҥхолотор буоллахпытына олоҥхо дьиҥнээхтик сайдыаҕа. Биллэн турар, учуонайдар ырыталлара, оҕолорго араас дакылааттары суруттараллара наадата суох диэн буолбатах, син биир наадалаах. Итинтэн оҕолор олоҥхо туһунан өйдөбүлү ылаллар, санааларын этэллэр. Ол өйдөбүлү дьиҥнээхтии олоҥхо сайдарыгар туһанар буоллахха, бэрт этэ. Оччотугар олоҥхолуур дьоммут элбиэ этилэр. Уонна олоҥхо толоруллар хаачыстыбатын дьон, истээччилэр сэҥээриэхтэрин наада. Дьэ, оннук олоҥхоһуттары үөскэттэхпитинэ, иитэн таһаардахпытына эрэ, чахчы, биһиги олоҥхону сайыннардыбыт диэхпитин сөп.
Гаврил АНДРЕЕВ.
Сунтаар