Олоҥхо тыйаатырыгар тоҕо сылдьабытый?
Оҕолорбун кытта Олоҥхо тыйаатырыгар 3-5 саастарыттан сылдьан саҕалаабыппыт. “Улуу Даарын”, “Дьырыбына Дьырылыатта”, “Кыыс Дэбилийэ”, “Хардааччы Бэргэн”, о.д.а. олоҥхолору биһирии көрдүбүт.
Афишаны эрдэттэн манаһабыт, билиэт ылан баран, долгуйа кэтэһэбит, үөрэ-көтө испэктээккэ барабыт уонна астына-дуоһуйа көрөбүт.
Олоҥхо испэктээгин көрүү куорат оҕолоругар сахалыы эйгэни кэҥэтэр, төрөөбүт тылга умсулҕаны уһугуннарар бэртээхэй ньыма дии саныыбын. Оҕолорум уу сахалыы саҥараллар, ааҕаллар-суруйаллар. Онно Олоҥхо тыйаатыра улахан өҥөлөөх диэн бигэ өйдөбүллээхпин.
Олоҥхону көрүү-истии ньымаларын төрөппүккэ, эбэҕэ-эһэҕэ көмө быһыытынан билиһиннэриэхпин баҕарабын:
1. Олоҥхону кытта билсии ураты долгутуулаах буолуохтаах. Ол иһин оҕолорбор “Сотору Олоҥхо тыйаатырыгар барыахпыт, наһаа үчүгэй испэктээкилгэ билиэт ыллым”, — диэн үөрэ-көтө этэбин, үөрүүбүн үллэстэбин. Саамай сүрүнэ диэн, эрдэттэн бэлэмнэниитэ, долгуйуута буоллаҕа.
2. Испэктээк иннинэ олоҥхо сюжетын билсэбин. Интернеккэ матырыйаал баар буолааччы. Испэктээги көрө олорон, тута өйдөммөт түгэннэри быһаарабын, персонажтары билиһиннэрэбин. Эрдэ кэпсээри гыннахпына, “спойлердаама”, диэн бобон кэбиһээччилэр.
3. Оҕо саха култууратын ытыктыы, сөҕө, хайгыы ылынарыгар “вау” эффект баар буолуохтаах. Онно Олоҥхо тыйаатыра, биллэн турар, бэрт күүстээх улахан дьайыылаах. Оҕолорум артыыстар оонньуулларын, таҥастарын, уоту-күөһү, муусуканы, реквизиттэри, уопсайынан, барытын наһаа умсугуйан ылыналларыттан астынабын. Ордук бухатыырдар охсуһууларын, ат айанын, бухатыыр симэҕин-сэбиргэлин, үҥүүтүн-батыйатын, абааһы бухатыыра киһиргээһинин, о.д.а. сөҕө-махтайа көрөллөр.
Олоҥхо тыйаатырын артыыстара ыллыыр-туойар талааннарыгар эбии олус үчүгэй физическэй бэлэмнээхтэрин биһириибит, сыана үрдүнэн “көтө” сылдьалларын айахпытын атан олорон көрөр дьоммут.
4. Олоҥхо икки чаастаах испэктээгин көрүү улахан кээмэйдээх информацияны ылынары сатаабат, билиҥҥи үйэ тиэтэллээх оҕотугар арай кыаллыа суох курдук. Ол эрээри, оннук буолбатах: олоҥхо оннук умсугутуулаах, интэриэһинэй, астык! Балачча уһун испэктээкили биир тыынынан көрөн кэбиһэр үтүө үөрүйэххэ кубулуйар. Тыйаатыртан сылайбыты умнан, эрчимнэнэн, үөрэн-көтөн тахсан барабыт эбээт! Ол кэннэ ырытыһабыт, кэпсэтиһэбит, хас да күн испэктээкили санатыһабыт!
5. Олоҥхо тыла уустугун оҕоҕо эрдэттэн сэрэтэр сөп. Архаическай (эргэрбит) лексиканы улахан да киһи өйдөөбөтүн туһунан быһаарабын. Онуоха эбии эдэр киһиэхэ тойугу истэр эмиэ бастаан уустук курдук буолуон сөп. Ол барыта кэлин үөрүйэххэ кубулуйар, онтон толлубаппыт, куттаммаппыт, эрдэттэн ыарырҕаппаппыт. Олоҥхоҕо саамай сүрүнэ—сахалыы дорҕоон тэтимэ, сахалыы өҥ-дьүһүн, уобарас, идиэйэ! Онтон атынын оҕо сахалыы толкуйунан, түгэх өйүнэн, иэйиитинэн, сүрэҕинэн сэрэйэр, ситэрэр, уһугуннарар.
6. Аныгы дьэрэкээн анимацияҕа үөрэммит оҕону саха хараҕа сөбүлүүр өҥүгэр, тыаһыгар, дорҕоонугар үөрэтиэххэ, норуот эстетикатыгар чугаһатыахха: тыыннаах доҕуһуол (кырыымпа, хомус, күпсүүр тыаһа), хара, маҥан, бороҥ, от күөх өҥ көрөөччүнү уоскутарга, налытарга, ураты турукка киллэрэргэ дылы буолаллар.
Омук киинэлэрин (боевигы, фантастиканы), дьэрэкээн ойуулуктары (“Смешариктары”, “Фиксиктэри”) көрө улааппыт “клиповай толкуйдаах” аныгы саха оҕотун саха олоҥхотун тэтимигэр чугаһатарга, налыччы олорон, дьоһуннанан истэргэ, болҕойон көрөргө үөрэтэр, айар-тутар баҕаны уһугуннарар олоҥхобут кыаҕа муҥура суох.
Олоҥхо курдук улахан, уустук, дириҥ матырыйаалы аныгы оҕоҕо, ыччакка билиһиннэрэр, далаһа быраҕар бэртээхэй бырайыагы—Олоҥхо тыйаатырын дьиэ кэргэҥҥитигэр билиһиннэриҥ, оҕолоргутун сырытыннарыҥ, сайыннарыҥ!
Төрөппүт, оҕоҥ эйгэтин кэҥэтиэххин, өйүн-санаатын сайыннарыаххын, саха баай култууратын билиһиннэриэххин баҕарар буоллаххына, Олоҥхо тыйаатырын көрөөччүтэ буол!
Саргылана Карманова-Ноева,
филологическай наука кандидата,
“Ийэ тыл кэскилэ”, “Ааҕар Саха сирэ” түмсүү кыттыылааҕа.