«Олоҥхолоох айан» бырайыак граҥҥа тигистэ
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин https://new.nlrs.ru/ сайтын иһинэн “Олоҥхо” диэн портал баар.
Манна эһиги ааспыт үйэлэр олоҥхоһуттарыттан саҕалаан, аныгы кэм олоҥхону толорооччуларыгар тиийэ сибидиэнньэлэри булуоххутун сөп.
Быһатын эттэххэ, олоҥхо диэн тугун, өйдөбүлүн быһаарар матырыйааллар, чинчийиилэр, ырытыылар, олоҥхо тиэкистэрэ, кинигэлэр, хартыыналар, олоҥхону толоруу, испэктээктэр, лиэксийэлэр, о.д.а. — барыта биир сиргэ түмүллэн эрэр. Ону https://olonkho.nlrs.ru/ сигэнэн киирэн көрүҥ, ааҕыҥ.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, күннэтэ олоҥхоҕо сыһыаннаах сонуннар тиһигин быспакка тахса тураллар. Быһата, олоҥхо летопиһа сурулла сылдьар.
“Олоҥхо” порталын партнердарынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха Сирин култуурата» айар холбоһук, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ, Олоҥхону билим өттүттэн чинчийэр үнүстүүт, Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо ассоциацията, СӨ Национальнай художественнай түмэлэ буолаллар. Дьэ, бу балар («Олоҥхо ассоциацията» СӨУоТ, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, АГИКИ) өйөбүллэринэн, кыттыгас бырайыак быһыытынан, 2022 сыл муус устарыгар “Олоҥхолоох айан: НОО!” диэн десант Бүлүү бөлөх улуустарынан сылдьыбыта.
Ол туһунан “Олоҥхолоох айан” кыттыылааҕа, Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин үлэһитэ Татьяна Хомоксонова сиһилии сырдаппытын манна ааҕыаххытын сөп: https://new.nlrs.ru/news/7359
“Олоҥхолоох айантан” элбэх матырыйаал хомуллан, ыччат да сэргэхсийэн, олоҥхону толорооччулар да биһирээн, бэртээхэй бырайыагы салҕыырга сорунан, РФ Бэрэсидьиэнин пуондатын култуураҕа, ускуустубаҕа, креативнай индустрияҕа туһуламмыт граннарын куонкуруһун иккис түһүмэҕэр биэрбиттэрэ кыайыылаах тахсан, балаҕан ыйын 26 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Махтал суругун тутар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытыннылар.
Бу федеральнай граҥҥа өрөспүүбүлэкэттэн барыта 180 сайаапка киирбит. Итинтэн 15 бырайыага ааспыт. Олор граннарын уопсай суумалара холбоон 18 876 123,39 солкуобайга тэҥнэспит.
“Олоҥхолоох айан” бырайыак туһунан этэр буоллахха, сыала-соруга – олоҥхону тарҕатыы уонна үйэтитии. Ол эбэтэр билиҥҥи олоҥхоһуттары, олоҥхону толорооччулары киинэҕэ устан, “Олоҥхо” порталга видеоматырыйаал быһыытынан киллэрэн, куйаар ситимигэр, сыыппара эйгэтигэр үйэ-саас хаалларыы. Итиэннэ олоҥхону пропагандалыыр тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри ыччакка тэрийэн ыытыы.
Маныаха “Олоҥхолоох айан” быйыл Таатта улууһун 4 нэһилиэгин хабыа: Дьохсоҕон, Кыйы, Харбалаах уонна Чычымах.
Бырайыак кыттыылаахтара: Национальнай бибилэтиэкэ “Олоҥхо” порталын иилээн-саҕалаан таһаарар эрэдээктэрдэр Анисия Иевлева (ОУЦР) — салайааччы, Татьяна Хомоксонова (медиа-киин) – сүрүннээччи, АГИКИ кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент, культорология наукатын кандидата Зоя Стрекаловская – “Олоҥхолоох айаны” тэрийээччи, “Одун” норуодунай ансаамбыл фольклорга бөлөҕүн салайааччыта Марфа Аммосова – олоҥхону толорооччу, уһуйааччы.
Дьэ, онон 2022 сыллаахха Бүлүү бөлөх улуустарынан сылдьыбыт десант курдук, быйыл Таатта улууһунан “Олоҥхолоох айанын” сырыыта сындылыйыа, суола сундулуйуо.