«Мэҥэ тойук» – түүр тылын сайыннарар кинигэ
Турцияҕа турок тылын билбэт саха киһитэ олохтоохтор тылларын тамаҕыттан өйдөөн, иннин-кэннин холкутук быһаарсыан сөп. «Эт, балык баар» диэн сурук-бичик суол кытыытынааҕы кафеларга үгүс. Киэҥ сиринэн тарҕанан, түүр омуктар тылбыт төрдө биир, төрүт култуурабыт майгыннаһар буолан, киһи түргэнник ылынар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков «Мэҥэ тойук» кинигэтигэр түөрт түүр омугун эпическэй айымньытын тылбааһа киирдэ. Кинигэни Александр Жирков «Аан дойду норуоттарын эпоһа» норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциациятны төрүттээбит доҕоругар, Кыргызстаан өрөспүүбүлүкэтин дьоруойун, норуот суруйааччыта Бексултан Жакиев кэриэһигэр анаан таһааттарда. Кини быһаччы туруорсуутунан, Бишкек куорат килбэйэр киинигэр сир учаастага көрүллэн, ССРС норуодунай худуоһунньуга, биллииллэх скульптор Тургунбай Садыков өрөспүүбүлүкэбитин төрүттэспит тумус туттар киһибитигэр Максим Аммосовка пааматынньык туруорбуттара.
Олоҥхобут сюжета майгыннаһар
Александр Жирков олоҥхону тылбаас көмөтүнэн киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга, үйэтитиигэ уонна түүр тыллаах норуоттар эпическэй айымньыларын хардарыта тылбаастааһыҥҥа санаатын ууран, дьоһун үлэни ыытар. Кини көҕүлээһининэн, кыргызтар «Манаас», алтайдар «Маадай Хара», башкирдар «Ураал Баатыр» айымньылара сахалыы тылбаастаммыттара. Соторутааҕыта тывалар «Кунан Хара» эпостара тылбаастанан күн сирин көрбүтэ.
Кинигэ ааптара этэринэн, түүр тыллаах омуктар олоҥхолорун сюжеттара майгыннаһар, оннооҕор тыллара-өстөрө хатылыы. Аныгы олоххо олоҥхо тарҕаныытын тэтимэ олус бытаан. Атын омук тылыгар тылбаастаатахпытына биирдэ олоҥхобут эйгэтин кэҥэтэр уонна атын омуктарга билиһиннэрэр кыахтаахпыт.
«Мэҥэ тойук» былыргы дьыллар тыыннарын ааҕааччыга тиэрдэр, ааҕааччы түҥ былыргы түүр хаанын уһугуннарар күүстээх. Уруулуу тыллаах омуктар сүдү баайдарын, эпическай айымньыларын тылбаастаан, хомуурунньук оҥорон таһаарбытынан, кинигэ сүрэхтэниитинэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев ааҕан иһитиннэрдэ.
— Саха олоҥхотун үйэтитиигэ Александр Николаевич өр кэмҥэ дьаныһан туран үлэлээтэ. Уруккута «Бичик», билиҥҥитэ «Айар» кинигэ кыһатын кытта бииргэ үлэлэһэн, норуот уус-уран баайа, олоҥхобутун кэнэҕэски ыччакка хаалларар туһугар сүҥкэн улахан үлэни ыытта. Сиэрийэ быһыытынан тахсан, элбэх олоҥхо үйэтитилиннэ. Онон саха дьоно Александр Николаевичка сүгүрүйүөхтээхпит уонна махтаныахтаахпыт.
Ону таһынан, Александр Николаевич ийэ тылын, саха олоҥхотун, фольклорун чинчийээччи-учуонай, тылбаасчыт быһыытынан норуотугар биллэр, — диэн Афанасий Иванович санаатын үллэһиннэ.
«Ньургун Боотур» сотору хаһаахтыы саҥарыаҕа
Олоҥхону дириҥник чинчийэн үөрэтэр бэрэпиэссэр, филологическай наука дуоктара Василий Илларионов 40 сыл тухары Александр Николаевиһы кытта бииргэ алтыһан үлэлээбитин туһунан кэпсээтэ. Кини саха олоҥхотун аан дойдуга тарҕатыыга сүҥкэн улахан үлэни ыыппытын кэрэһэлиирин биллэрдэ. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхобыт түүр тыллаах омуктар түөрт тылларынан тахсар суола тобулунна.
— Түүр омуктар эпостара майгынныырын ааһан, хоһооннорун тутула, аллитерациянан этэллэрэ барыта сөп түбэһэр. Салгыы хаһаахтар эпостарын тылбаастаан таһаарыахтаахпыт. Оттон «Ньургун Боотурбутун» кинилэр бэйэлэрин тылларыгар тылбаастыахтаахтар.
Итинник хардарыта тылбааһы Сахабыт Сиригэр Александр Жирков төрүттээбитэ историяҕа хаалыаҕа, — диэн Василий Васильевич чиҥэтэн эттэ.
Тыл дэгэтин кумааҕыга үҥкүүлэтэр
СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин тылбаас оҥорор бэйэ айарынааҕар өссө уустугун, элбэх үлэттэн, сыраттан турарын бэлиэтээтэ. Саха уһулуччулаах бэйиэтэ Леонид Попов тылбааска үлэлээбитэ, Амма Аччыгыйа Лев Толстой айымньыларын тылбаастаабыта. Уһулуччулаах тылбаасчыт Григорий Тарскай Максим Горькай отучча айымньытын тылбаастаабыта.
— Александр Николаевич «Мэҥэ тойук» кинигэтин аахпытым, бу тылбаас саха тылын дэгэтин кумааҕыга үҥкүүлэтэр, кими баҕарар үөрдэр алыптаах. Кини көтөр аалынан айаннаан иһэн, балыыһаҕа сытан эрэ кытта суруйар, ханна да буоллун, санаата куруук үлэҕэ тиийэр. Тылбааска Александр Николаевич историк идэлээх буолан ордук табыллар, киэҥ ыырынан сылдьан ааспыт үйэтээҕи дьон мөккүөрдэрин сурукка тиһэр, — диэн эттэ Иван Мигалкин.
Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институтун саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбааска хаапыдыратын дассыана Акулина Васильева Александр Николаевич кинигэ бэчээккэ барыар диэри тылбаас уларыйарыгар, тупсарыгар, чочулларыгар улахан кылааттааҕын билиһиннэрдэ.
— Көннөрө сатаан баран, бэйэтэ тылбаастыыр түгэннэрэ кытта баар буолааччы. Тылбаас төһө толору, чопчу, итэҕэтиилээх буолара бу киһи билиитэ-көрүүтэ төһө киэҥиттэн, тыла баайыттан, мындырыттан тутулуктаах. Хоһооннор, сэҥээриллэр улахан айымньылар тылбаастара элбэх көрүҥнээх буолар. Хаапыдыра үлэһиттэрин сэргэ Александр Жирков аата тылбаасчыт быһыытынан билиниллэр, — диэн эттэ Акулина Васильева.
Тылбаасчыттар түмсүүлэрэ тэриллиэхтээх
Тыл үөрэхтээхтэрэ Александр Николаевич тылы ымпыктаан-чымпыктаан, ыйааһыннаан-ыараҥнатан туттар киһи быһыытынан сыаналыылларын биллэрдилэр. Итиэннэ тылбаас түүр норуоттары бэйэ-бэйэлэригэр чугаһатар, сомоҕолуур күүс буоларын бэлиэтээн туран, Саха Сиригэр тылбаасчыттар түмсүүлэрэ тэриллэрэ буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр.
Дойду Хотугулуу-Илиҥҥи уокурук олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр кыһа саамай үрдүкү наҕаарадатын, «Ийэ тылы уонна төрүт култуураны сайыннарыыга» кылаатын иһин ытык бэлиэни Александр Жирковка бу дьоро киэһэҕэ туттардылар. Ону таһынан, тылбааска бырабыыталыстыба иһинэн үлэлиир кэмитиэт тэриллэрэ наадалааҕын, онно Александр Николаевиһы салайааччынан талар тоҕоостооҕун эттилэр. Киирбит этиини саалаҕа олорооччулар бары өйөөн, дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр эрээри, Александр Николаевич:
— Тылбаас түмсүүтэ тэриллэрэ саамай сөп, салайар киһини аҕыйах хонугунан быһаарыахпыт, — диэтэ.
«Мэҥэ тойук» кинигэ сүрэхтэниитинэн Александр Жиркову улуус баһылыктара, СӨ Кыргызтар диаспоралара, видеонан Кыргызстантан, Алтайтан, Башкорсторстантан, Тываттан тиийэ эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр биһиги бары биир төрүт тыллаахпытынан, уруулуу омук буоларбытынан киэн тутталларын эттилэр.
Бу дьоро киэһэҕэ АГИКИ устудьуоннарын толоруутугар түүр тыллаах уруулуу омуктарбыт национальнай эпостарыттан быһа тардыыны иһиттибит.
105 кинигэни таһаартарда
«Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров эҕэрдэ тылыгар Александр Жирков саха литературатын, култууратын, төрүт өйүн-санаатын, олоҥхотун, эйгэтин барытын өрө тутан, сайыннаран, үйэтитэ сылдьар киһи быһыытынан биллэрин иһитиннэрдэ.
— Элбэх хайысхалаах судаарыстыбаннай үлэтин быыһыгар тылбааһынан дьарыктанар, айымньылаахтык үлэлиир. Биир да мүнүүтэни таах халтайга ыыппакка, оннооҕор сөмөлүөккэ олорон кытта суруйар, бириэмэни туһаҕа таһаарар. Ити курдук, олус суолталаах, дьоһун кинигэ күн сирин көрдө.
Александр Николаевич аҥаардас мэҥэ тойуктары эрэ тылбаастыыр киһи буолбатах. Кини нуучча, башкир, кыргыз, о.д.а. омуктар суруйааччыларын айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Ону эһиилги былааҥҥа киллэрэн, кинигэ таһаарыахпыт.
Бүгүҥҥү быыстапкаҕа 105 кинигэ турар, бу Александр Николаевич 34 сыл устата илиитин иһинэн ааспыт, кини оҥорсубут бырайыактара, сороҕун бэйэтэ суруйбут, тылбаастаабыт кинигэлэрэ, — диэн кэпсээтэ.
«Мэҥэ тойук» — көҥүл тыыннаах көс омуктар былыргы олохторун уус-уран тылынан сиэдэрэйдик ойуулуур дьоһун кинигэ түүр тыллаах хаан уруулуу дьоммутун кытта сибээспит бөҕөргүүрүгэр бигэ тирэх буолуо. Инникитин турок, татаар, туркмен, узбек, азербайджан о.д.а. түүр омуктар эпостарын хардарыта тылбаастаан истэхпитинэ олоҥхобут аан дойдуга өссө киэҥник тарҕанан иһиэ.
Марианна Тыртыкова