«Олоҥхо» ассоциация ыҥырыыга кыттыһар
Саха сирин оскуолаларын үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэригэр, учууталларыгар, уопсастыбаннай актыбыыстарыгар, Дьокуускай уонна улуустар үөрэҕириилэрин тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр ыҥырыы сурук
Билигин саха оҕото барыта нууччалыы саҥарар, кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтанна. Биир өттүнэн көрдөххө ити олус үчүгэй: саха оҕото саҥаны ылымтыатын, сайаҕаһын, тобуллаҕаһын туоһулуур сайдыы бэлиэтэ. Атын өттүттэн көрдөхпүтүнэ, аҥардас нуучча тылынан баран хааллахпытына, кэлэр көлүөнэ төрөөбүт тылын сүтэрэр куттала үөскүүр.
90-с сыллартан саха тылын туруулаһан кэлбит «Ийэ тыл» (Е.П. Жирков) общественнай хамсааһыны 2021 сылтан кэҥэтии үлэтэ саҕаламмыта.
2022 сылга «Ийэ тыл» Сүрүннүүр Сүбэтэ тэриллибитэ, бэрэссэдээтэлинэн норуодунай суруйааччы Н.М. Михалева – Сайа талыллыбыта. Билигин «Ийэ тыл» чэрчитинэн маннык уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлииллэр: «Ийэ тыл кэскилэ» (В.Н. Никитина), «Олоҥхо» ассоциация (Ф.В. Шишигина), саха тылын учууталларын түмсүүтэ «Сайдыы» (Ж.Ф. Барашкова), «Саха тыла 400» (Я.И. Угарова), «Ааҕар Саха сирэ» (Кириллина М.А.) уо.д.а.
Маннык түмсүүлэр элбээн, кэҥээн, сайдан иһиэхтээхтэрин бары өйдүүбүт. Ол гынан баран төрөппүттэр, учууталлар, уопсастыбанньыктар, дьаһалталар–салалталар аҥардастыы бэйэбит үлэлиирбит оҕоҕо быһаччы тиийимиэн сөп. Саха тылын харыстыыр, чөлүгэр түһэрэр үлэ хас биирдии оскуола, кылаас иһигэр илэ-чахчы тиийдэҕинэ эрэ дьиҥнээх хамсааһын саҕаланыаҕа.
2022-23 үө.дь. үһүс чиэппэриттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ саха тылын харыстааһын үлэтин саҕалаабыппыт. Ол курдук педсовет уонна оҕолор кыттыылаах төгүрүк остуол буолан ааспыта, төрөөбүт тылга сыһыаннаах айти-хакатон, видео устуутугар күрэх тэриллибиттэрэ. Оҕолор уонна учууталлар кыттыылаах төгүрүк остуолу видеограф Н. Павлов – Мукучу түһэрбитин ватсапка, телеграмҥа тарҕаппыппытын көрөн, Нам оскуолатын төрөппүтэ О. Васильева: «Лицей үөрэнээччилэрэ үчүгэй баҕайытык сахалыы саҥараллар эбит, оҕолоргутун илдьэ кэлэн биһиги оҕолорбутун кытта көрсүһүннэрэргит буоллар», — диэбитэ.
Ыам ыйын 19 күнүгэр сүүрбэччэ оҕолоох түөрт учуутал Намҥа тиийэн биэстии-алталыы оҕонон үллэрэн, түөрт оскуолаҕа мунньах ыыппыппыт үчүгэй түмүктээх буолбута: оҕо тыла оҕоҕо быдан тиийимтиэтэ көстүбүтэ.
Дьэ, ити арыйыы кэнниттэн ыам ыйын бүтүүтүгэр, бэс ыйын саҥатыгар илин эҥэр оскуолаларын Майаҕа, Бүлүү эҥэрдэри Үөһээ Бүлүүгэ, киин улуустары уонна куорат оскуолаларын Республика лицейигэр мунньан, «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэлэрин» тэрийбиппит ситиһиилээхтик ааспыттара, эрэлбитин күүһүрдүбүттэрэ. Үс түһүлгэ кыттыылаахтарыттан сүүрбэччэ оҕону сүүмэрдээн, бэс ыйын 7-15 күннэригэр лицейгэ сайыҥҥы оскуола тэрийбиппит. Сайыҥҥы оскуола кыттыылаахтара «оскуолаларга, кылаастарга саха эйгэтин үөскэтэр, сайыннарар, саха тылын харыстыыр оҕолор общественнай хамсааһыннарын тэрийиини көҕүлүөххэ» диэн санааҕа кэлбиттэрэ уонна ол үөскүөхтээх оҕо түмсүүтүн «Күн» диэн ааттаабыттара.
Билиҥҥи туругунан «Күн» актыбыыстара Республика лицейигэр, Саха гимназиятыгар, Дьокуускай 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар, Айыы Кыһатыгар, Хаҥалас, Нам, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Уус Алдан, Ньурба, Амма улуустарын оскуолаларыгар баар буоллулар.
Биһиги иннибитигэр саҥа үөскээн эрэр үөрэнээччилэр «Күн» түмсүүлэрин республика үрдүнэн тэнитэр, сайыннарар сорук турар. Төрөөбүт тылларын таптыыр оҕолор түмсүүлэрэ хас биирдии оскуолаҕа тэриллэн, улуус аайы кииннэнэн үлэлээн бардахтарына саха тылын харыстыыр үлэ чахчы саҕаланна диэн эрэниэххэ сөп этэ. Дьокуускайга, улуустарга, нэһилиэктэргэ баар «Ийэ тыл», «Ийэ тыл кэскилэ», «Сайдыы», «Олоҥхо», «Ааҕар Саха сирэ» түмсүүлэр актыбыыстарын, Дьокуускай куорат уонна улуустар үөрэҕириигэ управлениеларын үлэһиттэрин, оскуолалар салалталарын оҕолор тэрийэ сылдьар «Күн» түмсүүлэрэ Дьокуускайга, улуус, нэһилиэк аайы атахтарыгар туралларыгар көмө, тирэх, сүбэ-ама буоларгытыгар ыҥырабыт!
«Ийэ тыл» Н.В. Михалева – Сайа
«Ийэ тыл кэскилэ» В.Н. Никитина
«Сайдыы» Ж.Ф. Барашкова
«Олоҥхо» ассоциация Ф.В. Шишигина
«Ааҕар Саха сирэ» М.А. Кириллина
Алтынньы 3 күнэ, 2023 сыл