Олоҕун киэргэлэ - кылыһаҕа - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҕун киэргэлэ - кылыһаҕа

Олоҕун киэргэлэ — кылыһаҕа

Оҕо сылдьан кини бэрт тэбэнэттээх этэ. Оннооҕор сибиинньэни айааһыыр, ат өрөҕөтүгэр биирдэ баар буолар харса суох кыысчаан этэ. Күрүө үрдүгэр биир атаҕар дугунан туран, бэрт имигэстик үөһэ салгыҥҥа эргийэ түһээт, төттөрү оннугар тура түһэр кыаҕы Люба эрэ баһылыыра. Киниттэн ураты итини ким да сатаабата.

Мэник кыысчаан кэмиттэн кэмигэр дьиэтин таһыгар турар тыаҕа элэстэнэн хаалара. Онно от-мас сипсиһэр суугунун, аттынааҕы күөлүн күөх долгунун ураты матыып гынан ылынара. Иһийэн-чуумпуран олорон, айылҕа тыыннаах дорҕоонун арааран истэрэ. Ол долгураҥҥа кэрэни кытта кэпсэтэн, устунан тойуктаан барара…

Итинник айылҕалыын алтыһыыттан саҕаламмыта норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор уонна ырыа куонкурустарын, фестивалларын лауреата, Гран-при  хаһаайката, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин айар мастарыскыайын “Олоҥхо” устуудьуйатын солиһа, биллиилээх тойуксут Любовь Каратаева кылыһаҕынан киэркэйбит олоҕун суола.

Ытыс тыаһа дьикти иэйиилээх

                    —  Мин сахалыы сиэри-туому өрө туппут Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээхпин. Эһэлээх аҕам тойуктуур этилэр. Аҕам оһохпут иннигэр миигин ньилбэгэр олордон эрэ туойарын өйдүүбүн.

                       Ырыаҕа уһуйбут учууталым К.С. Тихонова тойуктуур дьоҕурбар далаһа уурбут эбит. Бастакы холонуум үһүс кылааска, соһуйуом иһин, Москуба улахан сыанатыттан саҕаламмыта. Онно аан бастаан саалаттан дохсун ытыс тыаһын истибитим. Ити олус долгутуулаах түгэҥҥэ куустаран, өссө да өр туруохпун баҕарбытым. Итинник дьикти иэйиилээх буолар эбит, эн толоруугун биһирээн, биирдэ барчалана түһэр дохсун ытыс тыаһа. Онтон бэттэх ытыс тыаһын доҕуһуолунан төһөтө сыанаҕа тахсыбытым буолуой?! Ол тухары, сыанаҕа саҥа тахсар киһи курдук, куруук долгуйабын…

                            Бэйэм идэбинэн омук тылын учууталабын. Айылгыбынан туойабын, ыччаты саха төрүт култууратыгар угуйабын. Мин туойар, ыллыыр дьоҕурбар тирэх уурбут учууталым А.С. Федоров буолар. Кини миигин Култуура уонна искусство Илин Сибиирдээҕи академиятын Саха Сиринээҕи салаатыгар дьарыктаабыта. Оччолорго бу хайысхаҕа үөрэтии ньымата да диэн суоҕа. Онон Афанасий Семенович уонна ити саҕана  Култуура колледжыгар үлэлээбит Анатолий Иванович Васильев миэхэ ыйан-кэрдэн, айар дьоҕурбар үтүө сабыдыалы оҥорбуттара. 

                             Онтон силистэнэн, үгүс фестивалларга кыттан, араас сиргэ-дойдуга сырыттым. Кылыһаҕым итинник олохпун киэргэттэҕэ. Ол курдук, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Лукина салайыытынан биһиги “Олонхо” айар мастырыскыайбыт Кытайга, Францияҕа, Бельгияҕа, Германияҕа, Польшаҕа, Туниска, Скандинавия дойдуларыгар лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. Айар үлэбэр кинини сэргэ А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Николаевна Корякина уонна этническэй хайысхам салайааччыта Любовь Егоровна Шишигина өйөбүл буолалларыттан үөрэбин.

                                             “Дьээ-буо!” этно-бөлөх

                    —   “Дьээ-буо!” этно-фолк бөлөхпөр дьоҕурдаах ыччаты ыҥыран дьарыктыыбын. Баҕа өттүнэн да кэлээччилэр бааллар. Салайааччы быһыытынан хас биирдиилэригэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһабын. Айар киһи олус уйан буолар. Ким эмэ хатыылаах тыла ити дьоҕурун самнарыан да сөп. Эбэтэр хайҕабыл саҥа таһымҥа таһаарыан, кынат үүннэриэн сөп. Бэйэм кыраттан да үөрэр майгылаахпын. Тойукпун биһирээн, үтүө тылы эттэхтэринэ, дайан барыах курдукпун. Дьон сыанабылын ылыы – улахан үлэттэн тахсар. Хайдахтаах да талаан кэмигэр чочуллан, кырыыланан тахсыбатаҕына кэхтэр. Ол иһин үөрэтэр оҕолорбор итини өйдөтөбүн, кэнсиэрпитигэр кэлбит хас биирдии киһиэхэ истиҥ дуоһуйууну, кут-сүр бөҕөргүүр күүһүн иҥэрэргэ үөрэтэбин.

                           “Дьээ-буо!” этно-бөлөҕүм тойуксуттарыгар кылыһах кистэлэҥин тиэрдэ сатыыбын. Кинилэргэ олус ирдэбиллээхпин. Тойугу толоруу уратытын быһаарабын. Дьон иннигэр тахсыы – улахан эппиэтинэс. Хайдах таҥнан-симэнэн тахсаргыттан, бэл, ис туругуҥ, уобараскар киирииҥ улахан тутулуктаах. Ол иһин саха уран симэҕин, киэргэлин, сиэдэрэй таҥаһын-сабын сөпкө дьүөрэлииргэ кыһаллабыт. Маны ылыммат, ситэ өйдөөбөт да дьон баар буолар. Оттон бу – таһым, көрөөччүгэ ытыктабыл. Ол иһин оҕолорбор аҥаардас сыанаҕа эрэ тахсыыны буолбакка, киһитийии киэбин тиэрдэн, саха кэрэмэһэ буолар сырдык санааны иитэргэ дьулуһабын.

                           Дьарыктыыр оҕолорум айар суолларын кэтиибин. Ситиһиилэриттэн үөрэбин. Иллэрээ сыл Сочига норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга үөрэнээччим Аня Филиппованы кытта лауреат буолан кэлбиппит. Урукку састааппар дьарыктаммыт ыччатым номнуо айар суолун тэлэн, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьарынан киэн туттабын.

                                                    Дорҕоон күүһэ

                           —  “Дьээ-буолар” ырыаларбыт муусукатын кырыымпаһыт, талааннаах муусукаан Прокопий Сыроватскай таҥар. Ырыаларым матыыбын Л.М. Иванов-Лүҥкүр оҥорор. Дьоҕурдаах дьон тиһэн таһаарбыт муусукалара буолан, ис-испиттэн  арыллан толоробун. Онон кинилэргэ олус махтанабын.

                              Дорҕоон күүһэ, энергетиката хайдах турукка киирэн туойаргыттан тутулуктаах. Туойарбар ураты турукка киирэбин: этим-сииним сылыйар, күүрэр-наскыйар, сүрэҕим күүскэ тэбэр. Дорҕоон куйахабынан киирэн, көхсүм хараҕынан дьырылаан барар. Маннык дьикти иэйиини тэлбит Айыыларбар махтанабын!

 Кылыһах – айылҕаттан бэриллэр дьоҕур. Ийэ-айылҕа барахсан бэйэтин киэҥ далайын кистэлэҥин арыйар күүһэ. Арааһа олус элбэх. Ону барытын арааран истэбин.

                             Бэйэм эмиэ олоҥхо туруорабын. Онуоха  хас биирдии дьоруойбар хатыламмат мөссүөнү толкуйдуубун, дорҕоон күүһүнэн ситэрэн-хоторон биэрэбин. Ол эбэтэр көрөөччү ити уобараһы толору ылынар кыаҕын айан таһаарабын.

Самныбат санаа

       Любовь Каратаева айылгытынан олус сэмэй киһи. Ол эрээри кэм тирээн кэллэҕинэ, туруоруммут соругун тиһэҕэр тиэрдэр күүстээх санаалаах. Ол кини оҕо эрдэҕинэ түстэммит дьиҥ ис күүһэ.

        Биир күһүн ыалларын уолаттарыгар туохтан да куттамматын итэҕэтээри, дьиэ үөһэтигэр тахсыбыт. Алларааны көрбүтүгэр, мэйиитэ эргийбит эрээри, ылсыбыт санаатын ыһыктыбатах. Төһө да салыннар, бэрт бытааннык үскэ диэри ааҕан саҕалаабыт. Баҕар, төттөрү түһэрин көрдөһүөхтэрэ диэн эрэх-турах санаалааҕа. Оттон уолаттарга бу сонун көстүү этэ. Оҕотук санааларыгар маннык үрдүктэн кыыс оҕо хайдах курдук ыстанан түһэрин кинилэр тыыммакка да туран көрөргө бэлэм этилэр. Ити бүрүүкээбит тыҥааһынтан хайдах да куоппатын сэрэйэн, Люба аллара ыстанан кэбиспит… Хагдаҥ окко кэлэн түспүт кыысчаан, өйүн сүтэрэн, уолаттара кинини дьиэтигэр соһон эрэллэрин онон-манан өйдүүр.     

                            Ити түгэни Люба дьонугар кэпсээбэтэх. Бэйэтин ис күүһүнэн аһарыммыт. Ол эрэн сүүрэн истэҕинэ, эмискэ атахтара баата курдук тугу да билбэт буолар түгэннэрэ элбээбит. Онон физкультура уруогуттан босхолообуттар. Ол эрээри хорсун кыыс бэриммэтэх, күн аайы сарсыарда эрдэ туран хайыһардыыр буолбут. Сыыйа ити ыарыытын умнубут.

                            Итинник күүстээх ис тутуллаах, самныбат санаалаах буолан, Любовь Афанасьевна билигин тапталлаах кэргэн, үс оҕо ийэтэ, элбэх сиэн эбэтэ буоларын сэргэ, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьарын көрүөххэ олус үчүгэй!

Тапталынан сыдьаайан

                       —  Кыра сылдьан ааппын аат да курдук ылыммат этим. “Таптал диэн иэйии, ити аат буолбатах”, — диирим. Ийэбиттэн атыннык ааттыырын туруорсарым.   Онуоха ийэм барахсан: “ Эн Люба буолбатаххын. Эн аатыҥ-Любовь! Эн  Таптал диэҥҥин!-” диэн чиҥник этэрэ. Ийэм барахсан ити иччилээх тыллара кэлин олоххо таптал иэйиитинэн күрүөлэнэрбэр тирэхтээбит эбиттэр.                         

                         Любовь Афанасьевна кэргэнигэр Данилга, чугас дьонугар, ыччатыгар, дьүөгэлэригэр уонна тойугар, кылыһаҕар таптала тус олоҕун дьолунан симиир. Ол иһин СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, биллиилээх тойуксут, сахалыы дьиҥ эйгэлээх, чахчы, кэрэ сэбэрэлиин олоҥхо Туйаарыма Куотугар холоонноох Любовь Каратаева тулатыгар таптал сырдык сыдьаайа саҕыллар. Ол иһин дьон киниэхэ тардыһар, кини тулатыгар үтүө олохтонор.

                                                                                                 Альбина Тарабукина.

Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан.

Поделитесь этой страницей