Олоҥхону предмет быһыытынан үөрэтэргэ
Алтынньы 14 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ мунньахха сырыттым. 20 сыл буолла маннык муста-муста: «Сомоҕолоһуохха, үлэлиэххэ», — дии-диибит, сыл аайы уһуйааччылар аҕыйаан иһэбит.
Онно биир эппиэт баар: бары ипотекалаахпыт, бары кыһалҕалаахпыт. Билигин үйэ атын: энтузиаст буолан хамнанар кэм тохтоото. Бу биһиги коммунистическай партия тобоҕор иитиллибит дьон эрэ хааллыбыт. Ыччаттарбыт хамнас кыра буолан, анал үөрэххэ үөрэнэн баран, салгыы элбэх хамнастаах сиргэ барарга күһэллэллэр, онон олоҥхобут хаалан иһэр.
Өскөтүн олоҥхо диэн предмети оскуолаларга киллэрэллэрэ буоллар эбэтэр искусство оскуолаларыгар штат көрөллөрө буоллар, дьэ, сайдыа этибит. Хамнас улахан оруоллаах дии саныыбын.Эһиги туох санаалааххыт?
Аҋталина Моҋтохонова,
Олоҥхо оскуолатын Кэнтиккэ төрүттээччи.
Үөһээ Бүлүү