«Хардааччы Бэргэн» — «Кыһыл көмүс мааска» бириэмийэҕэ бэлиэтэннэ
Арассыыйа тыйаатырдарын «Кыһыл көмүс мааска» национальной бириэмийэтин лонг-лииһигэр Саха Сириттэн 3 испэктээк киирдэ: «В ЧАЩЕ» ( аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар тыйаатырдара), «ОЙУУР» ( П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра) уонна «ХАРДААЧЧЫ БЭРГЭН» (Олоҥхо тыйаатыра).
Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута Андрей Титаров «Хардааччы Бэргэн» диэн олоҥхотун 2022 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар анаан туруорбуттара. Киин куоракка премьерата 2023 сыл кулун тутар 17, 19 күннэригэр Саха тыйаатырын сыанатыгар буолбута.
Сахалыы тыыннаах доҕуһуол дьүрүскэнэ, итиэннэ рок-муусука тэҥҥэ силбэһиитэ — испэктээк уратыта буолар. Күпсүүр, барабаан тыаһыгар «Чолбон» рок-бөлөх ырыалара эбиллэн, оонньууну киэргэтэллэр. Сүрүн оруоллары Олоҥхо тыйаатырын бастыҥ артыыстара Гаврил Менкяров уонна Анастасия Алексеева толороллор.
Майя Власьева инсценировката, сыана худуоһунньугунан Михаил Егоров, көстүүм худуоһунньугунан Сардаана Федотова үлэлээбиттэрэ.
«Хардааччы Бэргэн» олоҥхо туһунан сиһилии бу сигэнэн киирэн аах: https://olonkho.nlrs.ru/archives/1790
Кинигэтэ https://new.nlrs.ru/open/81730