Станислав Иванов: “Олоҥхоҕо саха олоҕун тутула баар”
Саха норуота дириҥ силистээх-мутуктаах, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр баай култууралаах, дьиҥ итэҕэллээх, баай тыллаах омук буоларбытын олоҥхобут толору кэрэһилиир.
Саха мындыр өйдөөх омук буоларын өссө биир үтүө уратыбытынан олох бары эйгэтигэр, сүрүннээн айар үлэҕэ, тылга энтузиаст дьоннордоохпут буолар. Ол да иһин, төһө даҕаны араас кэм бүрүүкээбитин иһин, норуот тыынын өллөйдүүр дьонноох буоламмыт, олоҥхобут толоруллара, үөрэтиллэрэ, уостан уоска кэпсэнэрэ. Билигин олоҥхобут биһиги култуурабыт тутаах куода, саха норуотун духуобунай баайа.
Киһи үөрэрэ баар, кэлин ыччат олоҥхоҕо киирдэ. Олоҥхо ыһыаҕа онуоха олус улахан суолтаны ылла. Эдэр олоҥхоһуттар ааттара күөрэйэн тахсар. Сотрутааҕыта НВК ханаалга “Олоҥхо баттл” күрэһи көрөн астынныбыт. Култуурабыт, итэҕэлбит, тылбыт ыччакка салҕанарын көрөн дуоһуйдубут. Күрэскэ муҥутуур кыайыылааҕынан Станислав Иванов буолла.
Биһиги бүгүн Станиславы кытта сэһэргэстибит.
-Станислав, туох-ханнык иннинэ кыайыыгынан эҕэрдэлиибит! Бу күрэскэ хайдах кыттыбытыҥ, бэлэмиҥ, кимниин күөн көрсүбүтүҥ туһунан билиһиннэрэр эрэ.
-Махтал буоллун! Ытык Өймөкөөн сиригэр Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр “Олоҥхо Баттлга” кыттарга диэн ыҥырыы суругу туттарбыттара. Оннук ыҥырыыны 15 эдэр олоҥхону толорооччу туппута. Дьэ, ол кэннэ сыта-тура, уһун-киэҥ толкуйга түспүтүм. Күрэс ирдэбилин үөрэтэн баран, чуолкай быһаарыныыны ылар эбиппин дии санаабытым. Ол гынан баран, кыттааччылары сүүмэрдиир тустаах кэм үүммүтүгэр толломмун, кыттыбатым дуу диэн толкуй киирэ сылдьыбыта. Ол эрээри, күрэскэ кыттар сайаапкалары хомуйар бүтэһик күҥҥэ санаам буолбакка, кыттабын диэн тэрийээччилэргэ биллэрбитим.
Бастакы түһүмэх билсиһии курдук буолан судургу этэ. Уопсайа 10 ыччат кыттыыны ыла кэлбитэ. Кинилэри сыл аайы олоҥхо түһүлгэлэригэр көрсөр буоламмын, билэр дьонум. Күрэскэ кыттарбар А.Р. Исакова салайааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата, Екатерина Петровна Ефремова салайааччылаах Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан народнай театр артыыстара, режиссер Данил Николаевич Осипов төһүү күүс буолбуттара. Кыайыыга бэлэммит күүстээх этэ.
Күрэскэ кыттыбыттартан Бүлүү улууһуттан сылдьар Михаил Шамаев, Амма улууһуттан Анна Кириллина, ону тэҥэ Уус Алдан улууһуттан Диана Петухова диэн күүстээх олоҥхоһуттары кытта күөн көрсүбүтүм.
— “Олоҥхо баттлга” кыттыыҥ эйиэхэ тугу биэрдэ?
-Бу күөн-күрэскэ кыттыым миэхэ бэрт күүстээх дьарыгы, уопуту, саҥа доҕоттору бэлэхтээтэ.
— Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах ыччаккыный?
— Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгэр Валентина Дмитриевна, Александр Платонович Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Култуура уонна искусство Аартыкатааҕы институтун бүтэрэн, Амма улууһун кэрэ-мааны кыыһын Мария Иванованы (Бандерованы) сүрэхпинэн сөбүлээн, ыал буолбуппут. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олоробут. Кэргэним Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр фольклорга исписэлииһинэн, мин улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатыгар методиһынан үлэлиибит. Дьиэлэнэн-уоттанан, уоллаах кыыс оҕолонон саха ыалын сиэринэн олохсуйан олоробут.
— Хайдах олоҥхолуур буолбуккунуй? Ким уһуйбутай?
— Алын кылаас сүһүөҕэр үөрэнэ сырыттахпына, төрөппүттэрим олоҥхо, оһуохай дьарыгар биэрбиттэрэ. Ол сылдьан биирдэ ити дьарыктарга сылдьыахпын баҕарбаппын диэбиттээхпин. Оҕо сылдьан ыарырҕаттаҕым буолуо. Онуоха төрөппүттэрим күүстэринэн кэриэтэ дьарыктанаҕын диэннэр, ыллыыр-туойар буолбутум. Икки өттүттэн эһээлэрим Харлампьев Дмитрий Михайлович, Иванов Платон Васильевич оройуоннарыгар биллэр оһуохайдьыттар этэ, баҕар, ол да иһин төрөппүттэрим олоҥхоҕо, оһуохайга удьуор тартахтара буолуо. Маҥнайгы уһуйааччыбынан Дария Егоровна Алексеева буолбута.
— Олоҥхо диэн эн көрүүгэр тугуй?
— Олоҥхо диэн норуоппут тылынан уус-уран баайа буоллаҕа. Олохпут тутула, суолтата, итэҕэлбит, сиэрбит-майгыбыт барыта олоҥхоҕо сурулла, кэпсэнэ сылдьар. Ааҕарга уустук, ол эрэн өйдөөн, билэн бардахха, олохпут оҥоһуута барыта кэпсэнэ сылдьар.
— Олоҥхону бэйэҥ айаҕын дуу эбэтэр нойосуус үөрэтэҕин дуу?
— Бастаан олоҥхону нойосуус үөрэтэбин. Оччотооҕу олоҥхоһуттарбыт тылларын-өстөрүн баайа, хоһуйуулара дириҥэ, оту-маһы тыыннааҕымсыталлара кэрэтэ… Ол онтон күннээҕи олоххо тутта үөрэниэххэ табыгастаах. Оҕо эрдэхпиттэн олоҥхону ордорбут буоламмын, билигин бэйэм айбыт “ХАРА БУУРАЙ АТТААХ ХОРСУН-ХООДУОТ ХАТАН БООТУР” диэн дьоҕус соҕус олоҥхолоохпун. Ол олоҥхобун электроннай кинигэ быһыытынан таһааран, бар дьонум дьүүлүгэр тарҕатар былааннаахпын.
— Эн курдук эдэр дьон олоҥхонон төһө үлүһүйэллэрий?
— Ыччат дьон олоҥхоҕо сыстар буолан эрэр, сылтан сыл аайы саҥа ааттар тахсан иһэллэр. Бииртэн биир эриэккэс куоластаах эдэр олоҥхоһут үүнэн иһэрэ баар суол.
— Саха тылын аныгы туругун туһунан тугу этиэҥ этэй?
— Саха тыла үүнүө, сайдыа диэн бигэ эрэллээхпин. Билиҥҥи туругунан үгүс ыччат аччаабыта икки омук тылынан тэҥинэн саҥараллара эриэккэс буолбатах. Саха тыла сүтүө, симэлийиэ диэни итэҕэйбэппин.
— Ийэ тылбытын хайдах хараанныыбыт? Ыччат көрүүтэ хайдаҕый?
— Кэм кэрдии уларыйыытын туһанан, сахабыт тылын араас аныгы ньымаларынан тарҕатан иһиэххэ наада. Төлөпүөн оҕолоро улаатан эрэллэр дииллэр, ол төлөпүөҥҥэ сахалыы саҥалаах оҕо киинэлэрин, оонньууларын айан таһааран, эргэрбит тыллары тарҕатан иһиэххэ, оччотугар ийэ тылбыт умнуллуо суоҕа.
***
Биллэрин курдук, “Олоҥхо баттл” НВК Саха ханаал бырайыага. Бу күрэс туһунан НВК Саха генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Олег МАРКОВ бу курдук кэпсээтэ:
-Биһиги хампаанньабыт саха тыла, култуурата салгыы сайда, тутуллар эйгэтэ кэҥии турарын туһугар үлэлиир сүрүн соруктаах. Ол курдук, олоҥхоҕо анаан бырайыак толкуйдуур былаан турбута ыраатта. Олоҥхолуур ыччаты өйүүр сыаллаах бырагыраама толкуйдаабыппыт, бырабыыталыстыба бэрэссэдэтээлин солбуйааччы Сергей Местников өйөөн, хамаанда тэринэн, үлэлээн барбыппыт. Олоҥхону былыр балаҕаҥҥа олорон эрэ уончалыы буолан истэр буоллахтарына, билигин Саха Сиригэр киэҥник тарҕанар, дьон олоҥхону истэ үөрэнэр. Эдэр олоҥхоһуттарга маннык күрэһи ыытаммыт, ыччаты олоҥхоҕо уһуйабыт. Ону кытта эдэр олоҥхоһуттары өйүүбүт. Кыайыылаах тахсыбыт Станислав Иванов бастакы түһүмэхтэн саҕалаан, күүстээҕэ биллибитэ. Үчүгэй бэлэмнээх кэлбит. Эһиил күрэспитин өссө күүстээхтик ыытыахпыт. Дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт күрэспит олоххо киирбитигэр кыттыбыт дьоҥҥо, Олоҥхо тыйаатырыгар, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэригэр, кэлэктииппэр махтаныбын.
Айталина НИКИФОРОВА, sakhaparliament.ru