“Кыырай халлаан кыыһа” тэттик олоҥхону истэ кэлиҥ - Сайт Олонхо
Главная / События / “Кыырай халлаан кыыһа” тэттик олоҥхону истэ кэлиҥ

“Кыырай халлаан кыыһа” тэттик олоҥхону истэ кэлиҥ

Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ өбүгэлэрбит сэргэхсийээри, балаҕаннарыгар олорон, олоҥхо, остуоруйа истэр, таабырын таайсар, остуол оонньууларын оонньуур үгэстээхтэрэ. Чэйиҥ, ону санаан, төрүт үгэһинэн толоруллар тэттик олоҥхону истиэххэйиҥ!

Олоҥхо тыйаатыра сэтинньи 3 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска Хай-Мөрий норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл III истиэпэннээх лауреата (Хакассия, 2018), Олоҥхо ыһыаҕын III истиэпэннээх лауреата (Өлүөхүмэ, 2021), Олоҥхо ыһыаҕын I истиэпэннээх лауреата (Өймөкөөн, 2023) Василина БАЛАНОВА аатырбыт олоҥхоһут Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхотунан “КЫЫРАЙ ХАЛЛААН КЫЫҺА” тэттик олоҥхотун төрүт үгэһинэн толоруутун истэргитигэр, мааны астаах сандалы тула олорон, олоҥхо алыптаах эйгэтигэр ыалдьыттыыргытыгар ыҥырар!
Буолар сирэ: Петр Алексеев уулуссата, 49/1, “Дорҕоон дойду” айар түмсүү түһүлгэтэ (киириитэ — Лермонтов уулусса өттүнэн)

Поделитесь этой страницей