Дьохсоҕон Кыыһын олоҥхотун кинигэтэ сүрэхтэннэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Дьохсоҕон Кыыһын олоҥхотун кинигэтэ сүрэхтэннэ

Дьохсоҕон Кыыһын олоҥхотун кинигэтэ сүрэхтэннэ

«Олоҥхолоон оҕонньор,
Эриэккэстик этэн-тыынан
Эҕилдьитэн киирдэҕинэ —
Урааҥхай саха барахсан
Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан:
«Ноо!» диирэ эбитэ үһү…

(«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон)

Сэтинньи 3 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр, сырдык эйгэлээх «Алгыс» балаҕаныгар,
билиҥҥи кэм олоҥхону суруйааччыта, киэн туттар биир дойдулаахпыт, дьоһун Дьохсоҕоҥҥо Лөкүөрүйэ, Мэхээлэ Мочкиннар бастакы оҕолоро, күн сиригэр улуу олоҥхону аныгы кэмҥэ айар аналлаах төрөөбүт, Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо, Дьохсоҕон «Куорсун» литературнай түмсүүтүн айар дьоҕурдааҕа Акулина Михайловна Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа «Оллоонноон олорон «Ноо» дэһиэҕиҥ!» диэн ааттаах саҥа кинигэтин биһирэмэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Балаҕаҥҥа көмүлүөк оһох күлүбүрүү умайан, олоҥхо күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Дьохсоҕон «Көмүс сүүтүк» иистэнньэҥнэрэ тикпит «Дьулуруйар Ньургун Боотур» улахан көбүөрдэрэ кэрэ көстүү буолан, ааптар Дьохсоҕон Кыыһа айымньыларын уонна бүгүҥҥү саҥа олоҥхотун уруһуйдарынан ситэриллибит кинигэ быыстапката, толору астаах-үөллээх баай сандалы ыалдьыттарын кэтэһэн, киэргэтиллэн турара кэлбит дьон сүргэтин көтөхтө, олоҥхо дьоро күнэ буолаары турарын биллэрдэ.


Ыраахтан-чугастан кинигэни таптаан ааҕааччылар, олоҥхону сэҥээрээччилэр, учууталлар, иитээччилэр улууспут алта нэһилиэктэриттэн саҥа кинигэни сэргээн кэлбиттэрэ кэрэхсэттэ, тоҕуоруһа мустубуттара үөртэ. Кинигэ биһирэмин арыйыыга алгыс тылынан арчылаан, аал уоппутун арыылаах саламаатынан, алаадьынан айах тутан, дьөһөгөй оҕотун сиэлинэн сыт таһааран, күндүлээн-маанылаан Ийэ Олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр стипендиата, СӨ култууратын туйгуна, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан кыайыылааҕа А.Н.Николаев олоҥхоттон толоруутунан үөрүүлээхтик саҕалаата.


Кини кэнниттэн ааптар бастакы олоҥхотуттан быһа тардыыны толордо Ытык олоҥхоһут В.П.Харайданова-Эбээ Валя.
Ааптар Егасова А.М. айар үлэтин эйгэтин, оҕолорго аналлаах саҥа олоҥхолорун СӨ Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ, А.Е.Мординов аатынан лицей директора, олоҥхону тарҕатааччы И.А.Сивцева, Олоҥхону толорооччу СӨ Култууратын туйгуна, Көһөҥө Бүөтүр аатынан бириэмийэ стипендиата Р.С.Маркова, Таатта хомоҕой тыллаах хоһоонньута В.В. Пинигина-Арылы сиһилии ырытыыларын истэн, айымньылары тула истиҥ кэпсэтиигэ истээччилэртэн элбэх киһи санаа атастаһыытыгар көхтөөхтүк кытыннылар.


А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейтан эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор саҥа олоҥхоттон «Аан дойду арыллыытын» быһа тардан салайааччылара А.Н. Шестаков салалтатынан чуор куоластарынан чобуотук толорон көрөөччүлэри үөртүлэр.


Аҕата П.Е.Решетников — Көһөҥө Бүөтүр олоҥхотуттан быһа тардыыны олус уратытык, хатыламмат кэрэ куолаһынан туойан, кэпсээн толордо Р.П. Докторова.
Таатта оҕолорун олоҥхоҕо уһуйааччылар маннык оҕоҕо аналлаах олоҥхо матыыбынан суруллубут киэҥ эйгэлээх, оҕоҕо үөрэтэргэ сөптөөх чэпчэки тыллаах-өстөөх, оҕолорунан уруһуйдаммыт чаҕылхай хартыыналардаах тупсаҕай кинигэ тахсыбытыттан олус үөрбүттэрин эттилэр.

Ааптарга махтаннылар, кинигэттэн оҕолорго үөрэтэр баҕаларын биллэрдилэр. Суруйааччы Дьохсоҕон Кыыһыгар саҥа кинигэтэ тахсыбытын үрдүктүк сыаналаан, эҕэрдэлээн, махтанан туран, Таатта улууһун баһылыга А.С.Бурцевтан, Дьохсоҕон уонна Тыараһа нэһилиэктэрин баһылыктарыттан, улуустааҕы уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин Норуот айымньыларын дьиэлэриттэн, Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Лука Турнин аатынан орто оскуолалартан, Тааттатааҕы Киин библиотечнай ситимтэн, Дьохсоҕоннооҕу, Тыараһатааҕы библиотекалартан, «Уран тыл», «Куорсун» айар түмсүүлэртэн,улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан, «Дьохсоҕон олоҥхоһуттарыттан», автор оҕо сааһын доҕотторуттан, Чычымахтан кэлбит үөлээннээхтэриттэн Бочуотунай Грамоталары, эҕэрдэ суруктары уонна бэлэхтэрин туттардылар.


Улуу киһибит Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө тахсыбыт оҕолорго аналлаах саҥа кинигэ биһирэмигэр кэлбит ыалдьыттар олоҥхолору билэн-көрөн, истэн-сөҕөн, оҕолорго үөрэтэр, тарҕатар сыаллаах тарҕастылар.

Биһирэмҥэ күндү эдьиийдэрин, күн күбэй ийэлэрин үөрүүтүн үллэстэ кэлбит аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ уонна оҕолоро үтүө баҕа санааларын, сэмэй бэлэхтэрин туттаран улахан үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Эриэккэс эҕэрдэлэрин, барҕа баҕа санааларын Акулина Михайловна бииргэ төрөөбүт быраата айар-суруйар дьоҕура арыллыбыт Дьөгүөр Таатта суруйбут хоһоонун ааҕаннар, авторга тиэртилэр.

Санатан эттэххэ, Дьохсоҕон Кыыһа иккис оҕолорго аналлаах кинигэтин, олоҥхону оҕо эрдэҕиттэн өрө тутан, саханы аатырдыбыт улуу убайбыт үбүлүөйүн көрсө бүтэрэн таһаарда. Онтон биэс сыллааҕыта Б.Ойуунускай үбүлүөйдээх ыһыаҕын кэмигэр оҕолорго аналлаах бастакы олоҥхо айымньыта ааҕааччыларын үөрдүбүтэ бу баар курдук дии. Биһирэм бүтүүтэ ааптар Дьохсоҕон Кыыһа доҕотторугар — дьүөгэлэригэр, кинигэтин эдэр худуоһунньуктарыгар махталын биллэрэн, саҥа кинигэтин автографтаан уонна «Көмүлүөк» сахалыы иһиттэрин бэлэх уунна. Олоҥхону айар, суруйар айылҕаттан айдарыылаах күндү Эдьиийбит саҥа кинигэтин биһирэмигэр сылдьыбыт дьон-сэргэ үөрэн-көтөн, астынан, үс улахан олоҥхоһуттар А.Н.Николаев, В.П.Харайданова, Р.П.Докторова толорууларын дуоһуйа истэн, «Ноо» дэһэн тарҕастылар.
Бу курдук талыы-талба Тааттаҕа биллэриллибит «Ойуунускай күннэрэ» оҕоҕо аналлаах олоҥхолордоох буруолуу сылдьар саҥа кинигэ өрөгөйдөөх биһирэминэн саҕаланна. Бу кинигэҕэ наадыйааччылар автортан уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин библиотекатыттан билсиҥ.

Галина Другина, Дьохсоҕон библиотекара.

Таатта

Поделитесь этой страницей