Уол оҕону олоҥхолуурга уһуйуу
Өбүгэм үгэһэ үрдүгүн, өйдөөҕүн, кэрэтин, дириҥин,
төһөлөөх миэхэ күүс биэрэрин
мин өрүү сөрү диэн сөҕөбүн.
Сэмэн Данилов.
Олоҥхону оскуола оҕотугар уһуйуу майгы-сигили, өй-санаа, үөрэх-билии сайдыытыгар, сиэрдээх буолууга үөрэтэр-такайар суол буолар. Олоҥхо сүрүн өйдөбүллэрэ биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр, сиэрбитигэр-туоммутугар, олохпутугар-дьаһахпытыгар бигэтик сөҥө сылдьаллар.
Олоҥхоҕо сырдык күүстэр хараҥа күүстэри утары охсуһуулара уонна кыайыылара, орто-туруу бараан дойдуга дьоллоох, ким да кими да атаҕастаабат, көҥүл, эйэлээх олоҕо туругурара кэпсэнэр. Аны айыы бухатыырдарын дьүһүлгэннэригэр урааҥхай сахалар үйэлэрин тухары илдьэ кэлбит эстетическэй көрүүлэрэ бэриллэр. Олоҥхо бухатыыра дьүһүннээх үтүөтэ буоларын ааһан, майгылаах бастыҥа, дууһалаах туйгуна, эппит тылын толорор туһугар өлөрүн да кэрэйбэт, атаҕастаммыты-баттаммыты араҥаччылааччы, кырдьыктаах дьыала иһин охсуһааччы. Ол иһин хайа баҕар олоҥхоҕо айыы бухатыыра үгэс быһыытынан, өстөөхтөрүн өһөгөйдөөн, кыайарынан-хоторунан түмүктэнэр. Онон уол оҕону иитиигэ олоҥхо суолтата муҥура суох дириҥ.
Билигин хаһааҥҥытааҕар да эпическэй эйгэ суолталанар буолбут кэмигэр саха оҕотун өйө, толкуйа, иэйиитэ иитиллиитэ, олоҕуруута, биллэн турар, норуот мындырын, сиэрин иһинэн барар. Оҕо эрэ барыта олоҥхоһут, айар тыл ааттааҕа буолбат эрээри, сахалыы тыыннаах, сиэрдээх, норуотун ураты ис кэрэтин тута сылдьар, айылҕаттан бэриллибит кыаҕы таба туһанар дьон буолан тахсалларыгар олоҥхо сүдү суолталаах. Олоҥхо эйгэтигэр уол оҕону иитии, кини өйө чочуллуутугар, толкуйдуу үөрэнэригэр, уйулҕата айыы суолугар тардыстарыгар, тыла-өһө тобуллаҕас буоларыгар көмөлөһөр.
Ис кыах
Олоҥхо уол оҕо ис кыаҕын уһугуннарар, айылгытын сайыннарар, үрүҥү-хараны араарарга үөрэтэр, өйүн-санаатын кэҥэтэр. Оҕо дьарыкка истибитин дьиэтигэр чуумпуга олорон ааҕан, олоҥхо ис дьиҥэр чиҥэтэн киирэр, ырытан өйдүү үөрэнэр. Уол оҕо атын дьон иннигэр эппиэтинэстээх, дьонун-сэргэтин харыстыыр, көмүскүүр дьулуурдаах уонна онно баҕалаах буола иитиллэр.
Омук төһөнөн сайдыылаах да, соччонон өбүгэлэрин ытыктыыр буолар диэн этиинэн сирдэтэн, биһиги улуу олоҥхобут айыытын сыралын дьаныһан туран, ыччаттарбытыгар тыыннаахтыы тиэрдэр иэстээхпит. Олоҥхо курдук уустук тутуллаах, баай тыллаах сүдү айымньыны ис эйгэтин өйдөөн туран уһуйуллар, уонна онтон төлө көтөн куота сатаабакка сылтан сыл эйиэхэ дьарыктанар уол оҕо баара дьол диибин. Ол уолтан үтүөкэн майгылаах, киһи киһитин иитэн таһаарар сорук турар.
Былыр олоҥхоһут сүрүннээн эр киһи буолара, дьахтар олох сэдэхтик бу эйгэҕэ иҥнэн хаалара. Кини ыал ийэтэ буолан, хара сарсыардаттан түүн үөһүгэр диэри үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, дьиэ-уот бүппэт түбүгэр сылдьара. Эр киһи олоҥхоһут буолар дьылҕаланнаҕына, үксүгэр ыал буолар суолтан матара. Кини олоҕун устатыгар түөлбэлэри кэрийэ сылдьан, сындалҕаннаах айаннары айаннаан, ыҥырыллан-кэтэһиллэн айымньытын толорор олус күүтүүлээх киһи буолара. Биһиги киэҥ дойдубутугар оннук тэлэһийэн сылдьар киһи хаһаайыстыба тэринэн олорор кыаҕа суох этэ. Бар дьон ыйы-ыйдаан дуу, сылы-сыллаан дуу, кэтэһэр, күүтэр киһилэрэ буолан, толорор олоҥхолорун таптыыр дьахтарын, төрөппүт оҕолорун курдук сүрэҕэр-быарыгар иҥэрэн, «биһиктээн» олоҕун устатыгар илдьэ сылдьара. Кини дууһатын иэйиитэ, сылааһа, муҥурун булларбат баай тыла барыта олоҥхотугар этиллэн, ылланан норуокка тиийэрэ, кинилэр ыарахан олохторугар сулус курдук сандааран киирэрэ. Кыра уолаттар эр киһи, дурда-хахха, көмүскээччи буола улааталларыгар чахчы да, иитэр, үөрэтэр “оскуола” этэ.
Билигин олоҥхоһут оннугар уһуйааччы ити үтүө ис-хоһооннох сүгэһэри илдьэ сылдьар. Онон олоҥхо философиятын олоххо дьүөрэлээн, уол оҕону иитии суолтата сүппэккэ күүһүрэн истэр ханнык. Оннук санаанан салайтаран, “олоҥхоҕо уһуй”— диэн кылаас салайааччыта аҕалбыт оҕолорун остуоруйанан, хоһоонунан, чабырҕаҕынан, тылларын эрийэн-мускуйан дьарыктаан бараҕын. Биллэрин курдук сахалыы саҥарар тылларын саппааһа муҥутуур кыра, «тоҥ» тыллаах оҕолор кэлэллэр. Онон кинилэри сахалыы тыл имигэһигэр, алыбар сыыйа киллэрэр үлэ барар. Остуоруйаттан, хоһоонтон, чабырҕахтан саҕалаан, норуот ырыатыгар киирэбит. Дэгэрэҥ ырыа, дьиэрэтии, онтон тойук. Тойугу балачча сатыыр буоллулар да, олоҥхо персонажтарын ырыаларын төһө кыалларынан үөрэппитинэн барабыт. Биллэн турар бастаан кылгас ис-хоһоонун кэпсиигин. Олоҥхону элбэхтэ ааҕан, аахтаран истэххэ, уол оҕо олоҥхо ис дьиҥэр сыыйа киирэн барар, тэбис тэҥҥэ айаннаһан иһэр. Сорох уолга «өйгө баара» (генная память), уһуктан барар быһыылаах. Ол туохтан көстөрүй, диэтэххэ; оннук оҕо атыттартан чорбойон тахсар – аахпытын эбэтэр истибитин суххайдык өйүттэн хатылыыр, олоҥхо толоруллар интонациятын сыысхала суох этэр, сирэйигэр-хараҕар сэргиирэ, дириҥник өйдүүрэ көстөр. Бөлөххө баар уонтан тахса уолтан иккитэ-үһэ даҕаны дириҥээн, иҥэн киирдэхтэринэ, бу үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын. Ол гынан баран сиэр-майгы, төрүт кут уһуктуутун туһунан этэр буоллахха, бөлөххө дьарыктанар хас биирдии уол оҕо өйүгэр санаатыгар тиэрдэр сорук турар. Оҕо олоҥхо ис тутулун, ис хоһоонун, айыы аймаҕа туох сыаллаах олорорун, ону ситиһэргэ туох – ханнык дьайыылар баралларын тэҥҥэ айаннаан, дууһатын ууран баран иһиэхтээх. Олоҥхо уол оҕону анааран толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар көмөлөөх дии санаатым. Оннук буолуон да сөп.
Арыллыы
Уһуйар уолаттарбыттан бастыҥнара Марк Данилов сайдан иһэр холобуругар кэпсиим. Марк быйыл алтыс сылын дьарыктанар. Кыратыттан үөрэххэ, спортка дьоҕурдаах. Үс олоҥхоҕо кыттыгастаах буолан, хас да бухатыыр уобараһын билэр. Икки кэлин олоҥхотун соҕотоҕун олоҕурбут ньыманан толорор уонна ол толорууларыгар балачча ситиһиилэрдээх. Олортон улаханнара “Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээл кыайыылааҕа. Аан дойдутааҕы бэстибээллэргэ Гран-при, лауреат буолуталаабыт ситиһиилэрин этэ барбаппын, олоҥхо толоруутун дьиҥ сыаналааччы, үрдүктүк тутан суолталыыр бэстибээлбит биллэн турар өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» буолар. Манна хас да сыл кыттан араас биһирэм ааттарга тиксибитэ. Дьэ, онон уолум холобуругар олоҥхо уол оҕоҕо сабыдыалын арыйан көрөргө холонуум. Маҥнайгы сылбытыгар уол уйулҕатын туруга балачча халбархай этэ. Кыраттан тымтыан сөбө, оҕолорун кытары бурайсан да ылааччы. Кылаас салайааччыта эмиэ оннук буолааччы диирэ. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, хас да олоҥхо бухатыырын, ол эбэтэр сүрүн геройдар уобарастарын иҥэринэ сылдьар. Бу килбиэннээх, модун боотурдар уобарастара Марк уол оҕо буолан улаатан, сайдан иһэригэр оруоллара баар дии саныыбын. Ону кини майгыта үтүө өттүгэр уларыйан иһэриттэн, тутта-хапта сылдьарыттан, бөлөҕүнэн үлэҕэ уолаттары лидер быһыытынан тутарыттан, хайа баҕарар быһыыга – майгыга сөптөөх суолу тобула охсоруттан, билигин оҕоҕо соччо көстүбэт бэйэни дьаһанар (самоуправление) кыаҕыттан көрөбүн. Санкт–Петербург куоракка соҕотоҕун 15 оҕону бэстибээлгэ илдьэ барбыт кэммэр көмө буолбута. Метроҕа биир уолбут хаалан хаалбыт түгэнигэр сөптөөх дьаһаныыны кини тобулбута. Былырыын сайын өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕар тэрийэр хамыыһыйа итэҕэһиттэн үрдүк наҕараадаттан маппыт түбэлтэтигэр ылыммыт быһаарыныыта бастаан миигин соһуппут – хомоппут эбит буоллаҕына, кэлин «сөпкө гыммыт» диэн санааҕа тиэрдибитэ. Ытыктабыллаах дьүүллүүр сүбэ оҕо ситиһиитин сөптөөхтүк сыаналаан, тиһэҕэр тиийэ чуолкай түмүгү таһаарарга кыһаллыахтаах. Ол түбэлтэҕэ Марк Францияҕа барар путевкаттан аккаастаммыта уонна эппитэ: «Мин чиэһинэйэ суох суолунан кэлбит путевканан барбаппын, кэнники үчүгэйдик дьарыктанан баран, путевканы ситиһиэм». Бу түбэлтэҕэ кини маннык быһаарыммыт эбит. Маны нууччалыы «юношеский максимализм» диэххэ сөп эрээри, «чиэһинэйэ суох суолунан» диэбит тыллара олоҥхо бухатыырын ыраас, эҥкилэ суох сырдык уобараһын санаталлар. Онтон Кэрэ Куоҕа сыһыан туһунан эттэххэ, быйыл дьүөгэлэннэ да, ону мин ыйыталаспаппын, арыый эрдэ дуу, дии санаан билбэтэҕэ буола сырыттахпына, ол кыыһы миэхэ ыйан ыыппыт. Кыыс олоҥхо тиэмэтигэр дакылаат суруйар эбит, онно көмөлөһүннэрэ. Бу да сорунуута уолбун үтүө өттүн көрдөрөр. Балтыгар сыһыаныгар убай киһи быһыытынан араҥаччылыыр, көмүскүүр майгы көстөр. Үһүс олоҥхотугар (Н.Степанов-Ноорой «Күн Эрили») иллэрээ сыл куолаһа уларыйар сааһа тирээн кэлэн, балтын Алинаны кыыс ырыатыгар кытыарбытым. Дьиэ кэргэҥҥэ бу оҕолор иккиэлэр, олоҥхобутугар эмиэ Күн Эрили бухатыыр балтынаан иккиэйэҕин олороллоро кэпсэнэр. Бу икки уобараһы олус сөп түбэһэн толороллор, санаабар кинилэргэ анаммыт курдук. Олоҥхо күөн күрэһигэр кытта диэн Кэбээйи Мастааҕар түүнү быһа айаннаан сарсыныгар күн ортото тиийбиппит. Ол айаҥҥа Бүлүү трассатыттан туораан, дулҕалаах курдук, анньыллыбатах суолунан барбыппыт. Кыыспыт илистибитэ, тоҥмута, Марк суолу быһа балтын харааннаан айаннаабыта.
Олоҥхону таһынан успуорка эмиэ дьаныардаах. Гимнастикаҕа сылдьыбыта, билигин хапсаҕайга олус сөбүлээн дьарыктанар, ситиһиилэрдээх. Сайынын тыаҕа аймахтарыгар тахсан от үлэтигэр көмөлөһөр, оттуурун олус сөбүлүүр. От үлэтигэр чугас уол оҕо өбүгэлэрбит дьарыктарыгар сыстара, айылҕа кэрэ кэмиттэн күүс-уох ылара, удьуор утумугар уһуйуллар кэрдиис кэминэн буолар. Тыа дьонун ортотугар дьиҥ сахалыы ураннык кэпсэтэр. Оскуолатыгар сценкаҕа оонньуур, доклад ааҕар кэмнэригэр тыла-өһө тобуллаҕаһын оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар хайгыы истэллэрин миэхэ хайаан да тиэрдэллэр. Ол ситиһиилэрин барытын олоҥхоҕо дьарыктанарын кытары ситимнииллэр, оҕолортон уһулуччу диэн бэлиэтииллэр эбит. Оттон олоҥхолоон иһитиннэрбитигэр, оҕолор муҥура суох сөхпүттэрин учуутала А.К.Чиряев кэпсиир.
Марк өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээрбэр таһымнаахтык кыттыбыта, олоҥхотун толоро олордоҕуна кэллиэгэм Оксана Александровна кумаҕынан графика кутан, олоҥхо ис хоһоонун экраҥҥа көрдөрө турбутун бары сэҥээрбиттэрэ. Ону таһынан кини 6 сыл миэхэ дьарыктаммытын устатыгар төрөппүттэрэ кыһаллар тикпит-тиктэрбит көстүүмнэрэ, бухатыырга оҥорбут атрибуттара, ситиспит бириистэрэ, кырааматалара быыстапкаҕа дьоһун миэстэни ылбыттара. Түмүгэр альбомҥа маннык суруйан хаалларбыт эбит: «Ытыктабыллаах Наталья Иннокентьевна, мин эн уһуйааҥҥар киириэхпиттэн ыла тосту уларыйдым, сахалыы толкуйу тобулан иитилинним, ыраас өйдөнөн-санааланан, сахалыы тыыннанан, өйбүн тутан эрэбин. Баҕарабын – олоххор өрүү сырдык күн сыдьаайдын, чэгиэн-чэбдик сырыт, уонна инникитин да атын оҕолору сахалыы тыыннаан, уйулгуларын уһугуннаран, иитэн таһаараргар. Барҕа махтал буоллун!».
Ити Марк холобуругар. Онтон атын уолаттарым эмиэ элбэх дьарыктаахтар: успуорка, олимпиадаларга, научнай-практическэй кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилэрэ баһаам буолар. Олоҥхоттон дьоҕурдара аһыллар. «Азия оҕолоро» олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнэн күн аайы бассейҥҥа харбаан эрчиллэр оҕолор бааллар. Бу барыта уол оҕо сиэр-майгы, күүс-уох, өй-санаа өттүнэн сайдарыгар, олоҥхотун кытта дьүөрэлээн бэртээхэй урааҥхай буола улаатарыгар олук буолар.
Уол оҕо барахсаны төрөппүт сөпкө өйдөөн олоҥхо диэки хайыһыннара сатыыра буоллар, элбэх оҕо боотур, эр киһи быһыытыгар, өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр, сатабылыгар иитиллиэ этэ. Оттон биһиги үлэбититтэн көрдөххө хайдаҕый? Үксүн төрөппүт буолбакка, кылаас салайааччыта оҕолорун барытын аҕалан уһуйааччыга туттарар. Дьиҥэр олоҥхоҕо уһуйар уустук үлэ. Бэрэпиэссэр Попова Г.С.-Санаайа этэр: «Уол оҕоҕо айылҕаттан өй күүһэ, айар күүс баһыйа бэриллэр уратылаах. Айдарыыта күүстээх, ону арыйан дьоҕурун сайыннаран, сөпкө сайдар кыах биэрэн, айылҕатын кэспэккэ уолу уол курдук иитиэххэ наада. Киһи тыыннаах буолар сүрэҕин баҕата икки аҥы хайдар эбит. Биирэ тус бэйэ көмүскэллээх, тыыннаах буоларга дьулуһар. Оҕо ис эйгэтэ, сахалыы айылгыта, сымыыт курдук бүтэй. Сөпкө ииттэххэ, ол бүтэй иһиттэн кэмиттэн кэмигэр оҕо айдарыыта арыллар, өйө тобуллар, талаана тахсар».
Наталья Иннокентьевна Мордовская,
СӨ култууратын туйгуна, үрдүкү категориялаах учуутал.
sakhaetigentyla.ru