Сомоҕолоһуу күн Мыланыыскай "Кыыс Ньургустай Куо" олоҥхотун иһиттибит - Сайт Олонхо
Главная / События / Сомоҕолоһуу күн Мыланыыскай "Кыыс Ньургустай Куо" олоҥхотун иһиттибит

Сомоҕолоһуу күн Мыланыыскай «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхотун иһиттибит

Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар сүрдээх истиҥ-иһирэх сахалыы тыыннаах дьоро тэрээһин буолан ааста.

Таатта улууһун Тыараһатыттан 12 киһилээх дэлэгээссийэтэ Турнин Прокопий баһылыктаах Хаптаҕай нэһилиэгэр кэскиллээх кэпсэтиилээх, дириҥ билиини биэрэр элбэх сонуннаах кэлэн ыалдьыттаатылар.

1
Таатта Тыараһатын дэлэгээссийэтэ

Билсиһии сүрүн төрүөтүнэн Таатта Тыараһата уонна Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар баар Тыараһа түөлбэлэрэ биир Күн Күһэҥэнтэйтэн төрүттээхтэрин билинэн, ону сиһилии үөрэтэргэ, бэйэ-бэйэлэрэ тугу билбиттэрин үллэстэргэ сөбүлэһиилэрэ буолла.

Саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык.

Кэлбит күндү ыалдьыттары сахалыы үгэс быһыытынан арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан сахалыы таҥастаах мааны далбар хотуттар – «Күөгэйэ” түмсүү кыттыылаахтара көрүстүлэр.

2 1
“Күөгэйэ” түмсүү кыттыылаахтара

Ыалдьыттар, бастатан туран,  Хаптаҕай сирин үс Геройын пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, кыраайы үөрэтэр мусуойга сылдьан, нэһилиэк историятын сиһилии билистилэр. Салгыы даҕаны билсиһии, өйөнсүһүү, доҕордоһуу, аймахтаһыы барарыгар анаан аал уоту уматан, алгыс тылы СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хаптаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо АльбертТерентьев эттэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Павел Григорьевич Романов-Мыланыыскай олоҕун сырдатар (автобиографиялаах, кини оҥорбут Күн Күһэҥэнтэй уонна Харгыйалар төрүччүлэрдээх, үлэтин-хамнаһын сырдатар информациялаах, олоҕун салгыыр сиэннэрин, хос сиэннэрин хаартыскалардаах) стендэтэ арылынна.

3 1
Павел Григорьевич Романов-Мыланыаскайга аналлаах стендэни арыйыы.

Таатта дэлэгээссийэтэ Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара Анна Прокопьевна Скрябина, Социалистическай  Үлэ Геройа Гаврил Семенович Самсонов мусуойдарыгар сырытта.

Тэрээһин улахан суолталаах түгэнинэн Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Зыков нэһилиэктэр икки ардыларыгар өр кэмҥэ үтүө сыһыаны, доҕордоһууну, өйөнсүһүүнү,  сомоҕолоһууну олохтуур дуогабарга илии баттаһыылара буолла.

4
Таатта Тыараһатын уонна Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайын баһылыктара

Бу үөрүүлээх көрсүһүүгэ тыараһалар делегацияларын кыттыылаахтара: СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «За вклад в развитие народного творчества” бэлиэ хаһаайката, Лука Турнин аатынан Тыараһа нэһилиэгин мусуойун сэбиэдиссэйэ Собакина Светлана Николаевна, алгысчыт, Тыараһа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “За вклад в развитие улуса” бэлиэ хаһаайына Кладкин Сергей Федорович, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Президенин гранын хаһаайката, Таатта улууһун норуотун маастара, “За вклад в Моҕол ураса”, Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин муниципальнай “За вклад в развитие Тыарасинского наслега” бэлиэлэрин хаһаайката, СӨ норуотун айымньытын маастара, Таатта улууһун “Үйэтитии” бэлиэтин хаһаайката, “Тыараһа 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ”,  “Дьөһөгөй айыы удьуорун тэниппит Тыараһа сылгыһыттара” кинигэлэр ааптара Матвеева Ульяна Васильевна,“За вклад в развитие Таттинского улуса” бэлиэлээх, Тыараһа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Турнина Нина Ивановна – Тыараһа нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччилэрин дириҥ ис хоһоонноох, саҥаны, урут биллибэтэҕи хасыһан үөрэппит, хорутуулаах,  научнай хабааннаах төрөөбүт сирдэрин үөрэппит матырыйааллаах дакылааттарын Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо олус сэргээн иһиттилэр.

Быйыл 2023 сылга биһиги биир дойдулаахпыт, талааннаах салайааччы, краевед, фольклорист, уулаах олоҥхоһут Павел Григорьевич Романов – Мыланыыскай, төрөөбүтэ 130 сылын туолла. Мыланыыскай сэрии ыар сылларыгар 1942-45 сылларга Хаптаҕай нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.  Кини төрөөбүт-үөскээбит Тыараһатын уонна Харгыйалар аҕа уустарын төрүччүлэрин 17-18 үйэлэртэн саҕалаан оҥорбут,  үгүс кырдьаҕастары кытта алтыһан, элбэх номохтору, үһүйээннэри хомуйбут уонна «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхону суруйан, 1945 сыллаахха саха литературнай институтун архыыбыгар харайтара туттарбыта буолар.

Бэйэтэ суруйбут олоҥхотун сэргэ Ларионов Гаврил –Халлаан Уола, Алексеев Бүөтүр-Маастар олоҥхолорун сурукка түһэрэн, институкка хараллалларын, Афанасьев Константин –Боруорбах олоҥхото радиоҕа толорулларын саха тылын институтун корреспонденынан үлэлии сылдьан ситиспитэ хайҕаллаах.

  Павел Григорьевич 1942 сыллаахха бэйэтэ айан суруйбут олоҥхото үгүс сылларга институкка хараллан сыппыта. Онтон 2013 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Уруйдан, улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар» диэн девизтээх Олоҥхо сыла биллэриллибитигэр РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, краевед, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, С.Н.Васильев аатынан Хаптаҕай нэһилиэгин музейын өр сылларга салайбыт учуутал Захаров Валентин Иванович гуманитарнай институт архыыбыгар киирэн: «Хаптаҕайтан төрүттээх олоҥхоһут баар дуу, суох дуу?» — диэн ыйыталаспытыгар, бастаан «суох» диэбиттэр, онтон биир кырдьаҕас  үлэһит: “Тыый, доҕоор, хаптаҕайдар биир толору суруллан сылдьар олоҥхолооххут ээ. Романов-Мыланыыскай диэн ааптардаах “ — диэн, көрдөөн булан биэрбит.

Ити түгэн туһунан Валентин Иванович олоҕун аргыһа, сүбэһитэ , педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, РСФСР үөрэҕин туйгуна, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Розалия Герасимовна Захарова, кэпсээтэ. Ол чап-чараас илиистэргэ 300 страницаҕа суруллубут, өр сытан илдьирийэ сыспыт (Ф.5,оп.7, ед.хр.52) матырыйаалы Валентин Иванович туруорсан ылан, нэһилиэк бүтүннүүтэ илиистэри ааҕарга,  бэчээттээн, кинигэ таһаарарга бэлэмнииргэ көмөлөһөн,  кинигэ таһаарааһынын үбүлүүргэ нэһилиэк баһылыга Гаврильева Екатерина Романовна, Мэҥэ Хаҥалас УНО-тын начальнига Шишигина Феврония Васильевна сөбүлэҥнэрин ылан, күүстээх үлэ саҕаламмыта. 2013 сыллаахха «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхотун кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин чаҕылхай талааннаах, үтүөлээх артыыһа, драматург, худуоһунньук, норуот маастара, эргиччи талааннаах күндү киһибит Софья Иннокентьевна Сергучева-Баранова аан бастаан “Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхобутун 2022 cыллаахха  бэс ыйын 1  күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар «Этиттэрии” диэн соҕотох артыыс оонньуутугар аналлаах турук олоҥхо оҥорон, бэстибээл чэрчитинэн оонньоон көрдөрбүтэ. Иккиһинэн, Үөһээ Бүлүүгэ  буолбут Олоҥхо ыһыаҕар ионо-испэктээк турбута. Үсүһүнэн, Горно-Алтайскайга олоҥхоһуттар фестивалларыгар, итиэннэ “Кылыһахтаах ырыа” номинация күрэҕэр кыттан, бастакы миэстэни ылбыта.  Софья Баранова кылыһахтаах куолаһынан саха норуотун биир сүдү баайын — олоҥхону аан дойдуга толорон иһитиннэрэн,  биһирэбили ыла турарыгар  алгыс тылбытын аныыбыт.

Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллар Олоҥхо декадатын бастакы күнэ Мыланыыскай 130 сылыгар аналлаах тэрээһини кытта сөп түбэспититтэн, тэрээһиҥҥэ «Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхо ааптара Павел Григорьевич Романов-Мыланыыскай төрөөбүт сиригэр-уотугар толоруллубутуттан олус  үөрдүбүт, олохтоохтор уонна ыалдьыттар кэрэ-нарын «Кыыс Наҥначаан Куо”, алдьархай ааҥнаабытыгар, дойдутун, дьонун көмүскээбитин туһунан олоҥхону биир да тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ истэн, сүрэхтэринэн сөбүлээн, иһийэн олорон иһиллээн, болҕомтолоохтук, биир дойдулаахтара айбыт, биир дойдулаахтара кэлэн олоҥхолообут олоҥхотун болҕойон иһиттилэр-астыннылар.

5
Софья Баранова «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхону толорор

 Софья Иннокентьевна олоҥхо хас биирдии геройун олох атын-атын куолаһынан сүрдээх итэҕэтиилээхтик, киһи олох истэ, долгуйа олорорун гына туойан доллоһутар. Олоҥхо диэни сорох-сорохтор истэ да илик дьон, олор истэригэр Романов-Мыланыыскай соҕотох тапталлаах кыыһа Анна Павловна оҕолоро, сиэннэрэ наһаа сэҥээрэн, олоҥхо киһини умсугутар аптаах тылларын сөҕө-махтайа ылына иһиттилэр.

6

Тэрээһини эрдэттэн, былааннаахтык тэрийсэн, сүбэлэһэн, ыытыстылар:  Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын  салайааччыта Исакова Анна Руслановна, Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта Васильева Айта Семеновна, улуустааҕы кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрин салайааччыта, «Гражданскай килбиэн”, “За вклад в развитие семейной политики”, “За заслуги перед районом” бэлиэлэр  хаһаайкалара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Артемьева Татьяна Ивановна, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей научнай специалиһа Эверстов Александр Владимирович, Томтор нэһилиэгиттэн олоҥхоһут-алгысчыт, Ил Дархан Олоҥхоҕо стипендиата, Учууталлар учууталлара Петр Максимович Тихонов.

Дьэ, бу маннык ҮТҮӨ САНАА, ИЛ-ЭЙЭ, СОМОҔОЛОҺУУ дьоро түһүлгэтин тэрийэн ыыттылар Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтата, Таатта улууһун Тыараһатын уонна Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайын даһалталара.

Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Зинаида Игнатьева;

Хаптаҕай нэһилиэгин историятын кинигэтигэр Тыараһа түһүмэҕин бэлэмнээбит “Т.С. Мальцев” мэтээл кавалера, “Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар өҥөтүн иһин» бэлиэ хаһаайката Антонина Суходольская;

СӨ Ытык сүбэ бэлиэ хаһаайката, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Кривошапкина.

Поделитесь этой страницей