Олоҥхо тыйаатырын «эһээтин» айар дьоро киэһэтэ
“Олоҥхо дэкээдэтигэр анаан Олоҥхо тыйаатырын биир эмэ испэктээгин иннинэ артыыстар туруктарын, кулиса кэннинээҕи олоҕу билис” диэн эрэдээксийэм сорудаҕын толорор соруктаах сэтинньи 17 күнүгэр тыйаатыр былааныгар турар испэктээккэ тиийдим. Мин табылынным. Бу күн тыйаатыр артыыстара таптаан “эһээ” диэн ааттыыр киһилэрэ Никандр Тимофеев айар дьоро киэһэтэ буолар эбит.
“Дорҕоон дойду” айар түһүлгэҕэ Никандр Прокопьевич толоруутугар С.А. Зверев, Г.М. Васильев “Айхал эйиэхэ, аар-тайҕа!” олоҥхо-тойуктарын үһүс ырыатын, саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап “Хаар” поэматын толорор айар киэһэтигэр үгүс көрөөччү кэлбит.
Саалаҕа ордук ыччат элбэҕэ, олус сэргээн истэ олороро харахха быраҕыллар.
Бэркэ тиэтэйэ-саарайа «хойуутаатым…» диэн ыксаан кэлбит ытык кырдьаҕаһы оҕолоро иннигэр олордон кэбистилэр.
Никандр Тимофеев олоҥхо-тойугун саҕалаан барда.
Испэктээх саҕаланыан 15 мүнүүтэни артыыстар уһуйааччыларын кытта миэхэ анаатылар. Кэпсэтиэм иннинэ артыыстары анаан үөрэтэн көрдүм. Ким да кимиэхэ да кыһаммат “айар мүнүүтэтигэр – турукка киириигэ” түбэстим. Бу олох ураты түгэн – тылынан тиэрпэккин. Маны илэ көрүөххэ уонна истиэххэ наада…
Олоҥхону сайыннарыыга ыччаттары кытта үлэлэһэр 90 саастаах ытык кырдьаҕас тыйаатыр артыыстарын кытта бииргэ сылдьара – көлүөнэлэр ыкса ситимнэрин туоһута.
Барыларыттан уопуттаах артыыс Василина Баланова холкутуйан туран, ким хайдах бэлэмнэнэрин көрө турарын бэлиэтии көрөн, кэпсэттим: https://www.youtube.com/watch?v=LPD-u377SWg
Олоҥхо тыйаатыра дьиэтэ суох буолан, куорат тыйаатырдарын сыаналарынан – сороҕор Суорун Омоллоон аатынан Балет уонна опера тыйаатырыгар, сороҕор Саха тыйаатырыгар, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, уопсайынан, ханна сыана көстөрүнэн испэктээктэрин көрдөрөллөр, дьоро киэһэлэри ыыталлар, араас тэрээһиннэргэ кытталлар. Бу туһунан тыйаатыр тутаах артыыһа маннык кэпсээтэ.
Никандр Тимофеевы артыыстар таптаан «эһээ» диэн ыҥыраллар. Ытык кырдьаҕас ыччаттары олоҥхоҕо уһуйбута быйыл 24-с сыла. Никандр Прокопьевич үлэтин туһунан кэпсиир: https://www.youtube.com/watch?v=113tT54qgp4
«Олоҥхолооһуну “буоллун-хааллын” диэн дэлби кылгатан ыччаттарга олоҥхолотор буоллахпытына, сайдыы тэтимэ бытаарара буолуо», — диэн санаатын үллэстэр Никандр Прокопьевич.
«Билигин мин оҕолорго тойугу үөрэтэ сылдьабын. Ол олоҥхоҕо “көһөн” тиийэр кыахтаах. Тойугу сатаан туойар, уус-ураннык дьон сатаан таттаран истэр гына саҥарар буоллахтарына, оччоҕуна чахчы дьон сэргиир олоҥхоһута тахсан кэлиэ диэн толкуйдаахпын», — диэн санаатын тиэртэ артыыстар эһээлэрэ.
Елена Потоцкая,
Ааптар түһэриилэрэ, устуута