Тааттаҕа — олоҥхо марафона
Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, уһулуччулаах судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи, улуу бэйиэт Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытылла тураллар.
Былатыан Ойуунускай төрөөбүт Тааттатыгар нэһилиэк ыччата, тэрилтэ салайааччылара, олохтоохторо Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур » олоҥхотун дорҕоонноохтук ааҕыы марафонугар кытталлар.
Сэтинньи 23 күнүгэр Игидэй нэһилиэгэр олоҥхоһут, тойуксут, олоҥхону сурукка-бичиккэ киллэрбит Көстөкүүн Оруоһун төрөөбүтэ 165 сылын бэлиэтиир дьоро күнэ ыытыллар. Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону К.Г.Оросинтан сурукка киирбит сирин устун Дэбдиргэ – Көндү – Киэҥ сыһыы – Харыҥ Табы туристическай маршрут былааннанар.
Ити курдук Таатта улууһун 14 нэһилиэгэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» тоҕус ырыатын толору иһийэн олорон истэр дьоро киэһэлэр салҕаналлар.