Балыктаахха олоҥхоҕо анаммыт тэрээһиҥҥэ чугастааҕы нэһилиэктэр ыалдьыттаатылар
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытылла турар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн олоҥхону истии киэһэтэ Балыктаахха «Уруйдан, Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» диэн тосхоллоох тэрилиннэ.
Манна чугас сытар нэһилиэктэри ыҥыран, Дойду, Мөҥүрүөн, Мэҥэ нэһилиэктэрин ыччаттарын хамаандаларын икки ардыларыгар өбүгэ оонньууларын күрэхтэһиитэ ыытылынна.
2006 сыллаахха ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи аймах өйүнэн уонна тылынан айбыт култууратын шедевринэн билиммитэ. Өбүгэбит хаалларбыт улуу айымньытын дьоҥҥо, эдэр ыччакка тиэрдэр-өйдөтөр сыалтан ыытылынна.
Тэрээһин саха фольклоруттан эҕэрдэ нүөмэрдэринэн саҕаланна. Хомусчуттар бөлөхтөрүн толоруутугар Айсен Аммосов репертуарыттан «Дьөһөгөй», «Ай-Тыас» бөлөх толоруутугар «Чаа Буо» аныгылыы чабырҕах, Дойду нэһилиэгиттэн ыалдьыттар толорууларыгар норуот ырыатынан попурри,»Татыйаас» ырыаны Дария Андросова ыллаан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
«Олоҥхо оҕо хараҕынан» тиэмэҕэ оскуола үөрэнээччилэрин уруһуйдарын быыстапката дьон интэриэһин тарта, сөхтөрдө.
Бу дьоро киэһэ ыҥырыылаах ыалдьытынан Дьабыыл нэһилиэгин ыччата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е.Николаев аатынан бириэмийэ стипендиата,Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуокай этээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан оһуокай этээччитэ, алгысчыт, эмчит Денис Оконешников «Дьорҕостой бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны итэҕэтиилээхтик толорон истээччилэр биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Үс нэһилиэк ыччатын «Өбүгэ оонньуулара-2023» күрэхтэһиилэрэ олус сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Барыта сэттэ көрүҥҥэ ыалдьыттар уонна олохтоох ыччаттар хамаандалара илин-кэлин түһүстүлэр.
Күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытта Балыктаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала,мас тардыһыыга тренерэ Андрей Николаевич Винокуров. Судьуйанан Иван Мохначевскай, Павел Кычкин үлэлээтилэр. Бастыҥнарынан ааттаннылар «Кырынаастааһын» көрүҥҥэ Щербак Андрей, Мөҥүрүөн нэһилиэгин ыччата. «Ойбонтон уулааһын» — Евгений Кривошапкин,Дойду нэһилиэгэ. «Түү мээчиги быраҕыы» — Дмитрий Фадеев,Мэҥэ нэһилиэгэ. «Өһөс торбос» — Петр Кычкин,Мөҥүрүөн нэһилиэгэ. «Кириэс тэбии» — Михаил Попов, Дойду нэһилиэгэ. «Тутум маһы эргийии» — Николай Мордискин, Мэҥэ нэһилиэгэ. «Күлүүстэһии» ‒ Айтал Васильев, Мэҥэ нэһилиэгэ.
Күрэх балаһыанньатын быһыытынан көрүҥ аайы эриэ-дэхси түмүгү көрдөрөн, бастакы миэстэ Мэҥэ, иккис миэстэ Дойду, үһүс миэстэ Мөҥүрүөн ыччаттара тигистилэр. Кыайыылаахтар анал мэтээллэринэн, грамоталарынан бэлиэтэннилэр. Саха дьонун үгэһинэн мустубут дьон, тэрээһин кыттыылаахтара чыпчаал оһуокайы оройуттан туттулар, оһуокайы Денис Оконешников таһаарда.
Алыптаах олоҥхону, оһуохайы уонна өбүгэ оонньууларын өрө тутан, үтүө үгэстэрбит өссө да сайда турдуннар диэн санаалаах сылдьыбыт-кыттыбыт дьон-сэргэ бу сэргэх тэрээһини биһирээбиттэрин биллэрэн астынан тарҕастылар.
Мария Захарова. Балыктаах